Кэпсээ
Войти Регистрация

Санаа ыллыктара

Главная / Кэпсээн арааһа / Санаа ыллыктара

K
02.07.2021 12:07
Атыыһыт        Киирик Бааһынай ырыынагар тиийбитэ, уочарат бөҕөтө буолбут – собо атыылыыллар. Саҥардыы бултаабыттар быһыылаах: кутуругунан лаһыйааччы кытта баар. Үрүҥ халааттаах, онуоха дьүөрэлии үрдүк халпаагын кырааскалаах баттаҕар чөкөччү иҥиннэрэн кэбиспит, сааһыра барбыт сонос дьахтар атыылыырын быыһыгар:      – Чэ, ылар буоллаххына – ыл, киилэтэ икки мөһөөх. Туох даа? Сыаната ыарахан диигин дуу? Кэбээйи собото эрээри, хайдах оччо буолуо суоҕай?! Көрбөккүн дуо, хайдах курдук лаһыгыраспыттарын. Итинниги өссө амсайа илигиҥ буолуо. Ылбаппын даа? Оччоҕо дьону мэһэйдээмэ, халбарыйан биэр! – диэн умайыктанар.    Сибиэһэй, субу бултаммытынан балыгы сиэх баҕалаах элбэх да, сыанатыттан саллан, дьон тэпсэҥнээһин бөҕө. «Саатар, балтараа мөһөөх гыныаххын, эчикийэ, Орто Халыма чыыра буоллаҕай» дэһэллэр. Атыыһыт онуоха эрэ кыһаммат, ыйаастыгас сытыы хараҕынан суптурута көрөн кэбиһэр уонна үрүҥ көмүс ытарҕата эйэҥэлии түһүөр диэри төбөтүн хамсатар, чыпчырынан ылбахтыыр.    Киирик саараан турар дьон быыһынан кыбыллан киирэн икки бөдөҥ собону ыйатта, онтугар түөрт мөһөөхтөн ордугу төлөөн баран, хата, мөҕүллүбэтэҕиттэн үөрэн, тэйиччи тахсан тыын ыла турда. Бу атыыһыты хаһан эрэ көрбүт курдук да, субу диэн ончу өйдөөбөт. Дьахтар ыйаастыгас хараҕынан тургутардыы көрөн ылара, опера ырыаһытын курдук эҥсиллэн иһиллэр куолаһа – барыта кими эрэ, бэркэ сөбүлүүр, чугас, истиҥ киһитин санатар. Ол турдаҕына били атыыһыт аттыгар муора балыгын атыылыыр биир дьахтар «Киристиинэ, бу тыһыынчалааҕы бытарыта оҕус, мөһөөхтүүлээҕинэн биэрдэргин» диэн тырыбынаата.    «Киристиинэ! Ол иһин да. Сүрэҕим сэрэйээхтиир эбит. Ол эрээри сонообута тугун сүрэй. Миигин билбэтэ быһыылаах». Киирик өйүгэр бииртэн-биир санаа субуллан, ыллык омооно буолан көстөн кэлэргэ дылы гынна...   Оҕо эрдэххэ      Киристиинэ уонча биэрэстэлээх сиргэ – Кубалаах диэн кыра бөһүөлэккэ – олорбута.  Киириктэн үс хас сылынан аҕа быһыылааҕа. Аҥаардас ийэ үһүс оҕото буолан, үксүн интэринээт оскуоланы кэрийэн улааппыта. Ырыаһыта диэн оһуобай этэ. Уопсайынан даҕаны, Киристиинэлээх удьуор ырыаһыт быһыылаахтара – хайа да улахан кэнсиэр кинилэрэ суох саараама буолбата. Ол иһин даҕаны бу кыыһы – букатын атын оскуола үөрэнээччитин – Киирик өйдөөн хааллаҕа.    Төрдүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, биирдэ Элгиэт интэринээт оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччилэрэ үөлээннээхтэрин кытта күрэхтэһэ, араас биридимиэккэ, олимпиадаҕа тургутуһа кэлбиттэрэ. Киэһэ кэнсиэрдээбиттэригэр биир кырасыабай баҕайы кыыс хас да ырыаны ыллаабыта, ону таһынан үҥкүү бөлөҕөр кыттыбыта. Олоххо син араас дьикти буолар эбит. Начаалынай кылаас үөрэнээччитэ эрээри, бу ситэн-хотон, эт тутан эрэр Киристиинэ диэн ааттаах кыыска олус ылларбыта. Сыана иннигэр табаарыс уолаттарын кытта муостаҕа лигиччи олорон көрдөҕүнэ, таптал туһунан иэйэн-куойан ыллыыр кэрэ кыыс хараҕын киниттэн ончу араарбат курдуга. «Аныгы оҕо эрдэ ситэр буолбут» диэн ийэтэ аах кэпсэтэллэрэ оруннаах быһыылааҕа: Киирик бу сыанаҕа тахсан ыллыы турар кыыс киһи ымсыырыах үчүгэй атахтааҕын (курдары көстөр хоппуруон чулкуну кэнсиэргэ эрэ көҥүллүүр этилэр), томтоҕор түөстээҕин, хап-харанан тургутардыы көрө-көрө, араастык бары туттарын олус чугастык ылыммыта, сүрэҕэ битиргии тэппитэ. Урут хаһан да маннык турукка киирбитин өйдөөбөт. Маныаха холоотоххо, бииргэ үөрэнэр кыргыттара маралара, этиһииктэрэ, сорох-сорохторо уолаттары кытта тэбис-тэҥҥэ сутуруктаһаллара, дьэ, сүрдээх этэ.    Кэнсиэр кэнниттэн оскуолаҕа байаан доҕуһуоллаах үҥкүүлээн сыыйбыттара. «Интэринээт оскуолаҕа үҥкүү арааһын үөрэтэллэр үһү» дииллэрэ чахчы эбит. Ыалдьыт кыргыттар уолаттарыныын биир кэм вальстаан эргичийии! Олохтоох оскуолаттан арай үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ эрэ көрүдүөрү биир гына эргийэн элэгэлдьиһэллэрэ, оттон Киирик курдук муҥкуктар, сыыҥтарын өрө сыҥа-сыҥа, үҥкүүһүттэргэ ымсыырартан атыны билээхтээбэттэр этэ.    Киристиинэни онус кылааска үөрэнэр, эрийсиигинэн аатырбыт Баламат Бааска үҥкүүгэ ыҥыран, биилиттэн кууһан тэлээрдибитинэн барбытыгар Киирик абаккара санаабыта да хайаахтыай. «Хаһан эрэ мин да кыыһы ити курдук кууһуом» диэн ыралана турдаҕына үҥкүүлэрэ хайыы-үйэ бүтэн хаалбыт эбит.    – Тоойуум, үчүгэй баҕайы уол эрээригин муннугун соттуоххун, – диэн баран, били, сөбүлүү көрбүт Киристиинэтэ чаҕылыс-игилис көрө-көрө, сакалаат кэмпиэти ууммута уонна Киириги төбөтүттэн имэрийэн ылбыта. Киирик өс киирбэх кэмпиэтин суутун арыйан айаҕар уктубута уонна ытыһын көхсүнэн сыыҥтаах муннун туора-таары соттумахтаабыта.   Наар аанньа      Уол биир сайын иһигэр хороччу улаатан, элбэх киһини сөхтөрбүтэ. Үөрэҕэр ортоһуор да буоллар, саахымат оонньуутугар умсугуйан туран кинигэнэн дьарыктаммыта, инньэ гынан оскуола хамаандатыгар киирэн оройуон күрэхтэһиитигэр кыттар буолбута. Ити дьарык биир үчүгэйэ диэн, уһун өрөбүлгэ ыытыллар бэстибээлгэ, күрэхтэһиигэ элбэх оҕону кытта алтыһыы, элбэх саҥа табаарыстаныы. Киирик алтыс кылааска тиийиитигэр Киристиинэ урукку Элгиэтиттэн атын нэһилиэккэ, онус кылааска үөрэнэрэ. Биирдэ оройуон киинигэр күрэхтэһиигэ киирэ сылдьан универмаг таһыгар Киристиинэни көрсө түспүтэ. Кыыһа өссө тупсубут, муус устар ый саҥатыгар ылааҥы күннэр тураннар, баайыы бэргэһэлээх, хоппуруон чулку курдат атаҕа биир кэм кылбаҥнаан олорор. Киирик, хомойуох быатыгар, ыра санаа оҥостубут кырасаабыссата былырыын педучилищены бүтэрэн ырыа уруогун үөрэтэр учууталы кытта бодуруускаласпыт, күлүүтэ-үөрүүтэ ырааппыт этэ. Уол сүрэҕэ мөҕүл гына-гына, дорооболоһоору дугдуҥнаабытыгар биирдэрэ өрө көрө түспүтэ уонна аахайбатах киэбинэн тэйдэр тэйэн, киһитин кытта соннук ыксаласпытынан ыраата турбуттара.     Ол саас сурах-садьык бөҕө оройуону биир гына тилийэ көппүтэ «кэргэннээх, оҕолоох эдэр учуутал онус кылааска үөрэнэр Киристиинэни ойох ылан эрэр үһү» диэн. Оччо буолбут киһини хомсомуолуттан чыыскалыыллар, эбиитин «хомуньууһуму тутааччы сиэригэр-майгытыгар, педагог ээтикэтигэр сөп түбэспэт» диэн учууталыттан кытта усталлар. Онтон сотору соҕус буолаат, Киристиинэ, үөрэҕин быраҕан, били киһитин батыһан Дьокуускайдаабыт сураҕа иһиллэр.    Киирик санаа ымыыта оҥостубут, бэл, түүнүн түһээн көрөр күндү киһитэ итинник дьылҕаламмытыттан санаа-оноо иччитэ буолан, ньим курдук бүгэн хаалыаҕын, кылааһын кыргыттара диниэбинньигэр наар Киристиинэ туһунан суруйбутун булан ааҕаннар, биир туспа айдаан көөнньөн тахсыбыта.   Көрсүһүү      Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Онтон ыла хас эмэ сыл ааспыта. Киирик аармыйалаан-хайаан, номнуо сүүрбэ иккилээх эр бэрдэ буолан сылдьара. Киристиинэ да умнулла быһыытыйбыта, ол эрээри син биир хаһан эмэ түүлүгэр көстөн ааһара.    Биирдэ, арааһа, үнүбэрсиэккэ, иккис кууруска үөрэнэ сылдьан быһыылааҕа, устудьуоннар тутар этэрээттэригэр киирсэн Сайылык диэн нэһилиэккэ хотон тута тиийбитэ. Дьэ, үлэ диэн онно этэ – үлэлээ да үлэлээ! Киириги хамыһаарынан таланнар, кыратык да иллэҥ кэм кылах гыннаҕына, туох эмэ кинигэни, сурунаалы ааҕан байыастарын «сырдатар» эбээһинэстээҕэ. Ол иһин биир киэһэ, эрдэ бүппүччэ, бибилэтиэкэҕэ тиийбитэ. Арай кинигэтин бэлиэтэтэ туран өйдөөн көрбүтэ – Киристиинэтэ бу олорор! Уларыйбыт, кубархай сирэйдээх, хараҕын аннынан, бэл, мырчыстаҕас сурааһын баар буолбут. Киириги билбэтэ. Хантан да билээхтиэй, дьөрү, кэпсэппиттэрэ да диэн суоҕа. Хата, бибилэтиэкэҕэ киһи суох буолан, син өр кэпсэппиттэрэ. Киристиинэ, кинини бэркэ билэр устудьуон истиҥник кэпсэппититтэн сүргэтэ көтөҕүллэн, имэ тэтэрэ кыыспыта. Иккиэн даҕаны ол киэһэ өр кэмҥэ сүтэрбиттэрин дьэ булбут курдук, күө-дьаа буолан арахсыбыттара. Ити кэнниттэн Киирик бибилэтиэкэ аанын саппат буолбута.    Киристиинэ, били, ырыа учууталын кытта иллэрээ сыллааҕыта арахсыбыт, билигин сыры-сыллата икки кыыһын кытта уопсай дьиэҕэ олорор эбит. Эрэ кулуупка үлэлии сылдьан, биир ырыаһыт дьахтары батыһан хоту түһүммүт. Итинник курус кэпсээни истэн, Киирик, төттөрүтүн, эгди буолбута, өр кэмҥэ саһыаран сылдьыбыт санаата көрдүгэннээн барбыта.    Биир субуота киэһэ Киристиинэ дьиэтигэр ыҥырбыта. Үстээх-хастаах кыргыттара хосторугар оонньоон ырааппыт этилэр. Саҥа киһи кэлбитигэр кэмчиэрийэ-кэмчиэрийэ кэлэн дорооболоспуттара, ааттарын эппиттэрэ уонна ийэлэрэ мааны остуол тардыбытын дьэ көрөн, үөрэн чаҕаарыһа түспүттэрэ.    Киристиинэ аһаҕас уолуктаах былаачыйатын кэтэн, бүтүннүү сырдаан көстөрө. Хайа эрэ сахтааҕы кэрэ кэм хаттаан эргиллибит курдуга. Киирик хаһан да дьахтарга маннык ыалдьыт буола илигэ таайан, эт-этэ итийтэлээн ылара, долгуйан хаалан, тылыттан маппыта. Аа-дьуо олорон аһаабыттара. Уһун атахтаах бакаалга сухуой арыгы куттан тылларын минньиппиттэрэ, дьэ ол кэнниттэн тыллара арыый өһүллүбүтэ. Оҕолор котокулар ас минньигэс өттүттэн тутуспахтаат, таһырдьа туораахтана турбуттара.     Аһаан бүтэн баран, сүбэлэспит курдук, иһиттэрин үрүм-арым туппуттара, Киристиинэ – сууйааччы, Киирик иһит сотооччу буолбуттара. Онтон Киристиинэ оҕолорун киллэрэн утуталаабыта, ыалдьытыгар кыра хоско – дьыбааҥҥа таҥас бэлэмнээбитэ. Күһүҥҥү халлаан хараҥара быһыытыйбыта...    «Дьэ, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түгэнэ күөрэс гынара бу буоллаҕа. Хас эмэ сылы быһа санаа ымыыта оҥостубут кырасаабыссатын дьиэтигэр кэлэн, ураты дьикти сыттаах таҥаһыгар утуйаары сыттаҕа. Туох дии саныыра буолуой? Хаарыаны, арай манна киирэн кэллин?! Хайыа этэй?» Ити курдук санаа кулута буолан сыттаҕына, хос аана аһыллан кэлбитэ уонна Киристиинэ, түүҥҥү соруочуката туналыйда-туналыйбытынан, Киирик үрдүгэр сапта түспүтэ.    Эдэр дьахтар ууруура-сыллыыра, тугу да умнан туран имиллэҥниирэ, мускуллаҥныыра, онтун быыһыгар эмискэччи тохтоон, тугу эрэ иһиллээн ылара уонна эмиэ түһүөлээбитинэн барара. Түүҥҥү мөлтөх уот сырдыгар толору икки эмиийэ Киирик сирэйигэр, түөһүгэр, онтон аллараа диэки  куталдьыйан киирэн бардаҕына, инчэҕэйдиҥи сып-сылаас обугуркаан уос ымсыырбыт-баҕарбыт сиринэн ыалдьыттаатаҕына, хайа-хайалара да иһийэн хаалаллара, онтон чочумча буолаат, туох да өй мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолан, уһуутаһан ылаллара...   * * *    Киирик, били, Сайылыкка устудьуон эрдэҕинээҕитин курдук (40-ча сыл ааспыт эбит), сүрэҕэ битиргии тэппитэ, атыыһыкка чугаһаан кэлбитэ.   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан