Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал таарымтата

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал таарымтата

K
25.06.2021 12:36
   Күһүн. Таһырдьа иккис күнүн киһи эрэ сүрэҕэлдьиэх, субу тохтуох курдук буола-буола, эбиллэн кэлэр хаар аат-харата кыыдамныыр. Үлэбин кыайымына, дьиэбэр бүтэриэхтии, “лөкөччү сүгэн” кэлбитим да, ылсыам суох. Айа! Биир кэм: «Үлэ – дьиэ – үлэ”. Салгымтыалаах! Бу курдук чуҥкук кыраапыгынан олохпун моҥуом диэтэххэ, эчи, хобдоҕун!        Кыһайбыт курдук, сылытыы холбоно илик. Сөрүүнүн ааһан, туоххаһыйбыт санаабар, истэри-тастары курас салгын сатыылыыр. Ийэм куораттыырбын эппиппэр “Хата бэрт. Куоракка баҕар, аналгын булуоҥ” диэн, сэргэхсийэ түспүтүн санаан, сонньуйабын. Киһи бэйэтиттэн сатаан куоппат эбит. Дьылҕаҥ биэрбэтэҕинэ, эмньик эрдэхтэн күүтэр, ыра санаа оҥостор “үрүҥ аттаах принцпит” тыһыынчанан да дьон аалыҥныыр сиригэр көстөн быстыбат быһыылаах. Баар да буоллаҕына, ол барахсаным миигин ханна, хайдах таба тайанан, үрүҥ сылгытын арҕаһыгар олордон, олох суолунан дьигиһитэ сүүрдүө эбитэй? Оптуобус тохтобулугар дуо?! Үлэм аанын айаҕар дуу. Оннук эрийсэр киһи да баар буоллаҕына, туох иирээкитэй диэн куота көтөрүм чуолкай...    Дьиҥэ, бу барыта – бэйэни албыннаныы. Тус миэхэ ханнык да атын принц наадата суох. Сүрэҕим курдаттыы тартарар үрүҥ уоланнаахпын. “Миэнэ” диэҥҥэ барсыбат да буоллар, баар. Киниттэн атыны умсугуйа көрүөм, таптыам да дии санаабаппын. Акаарыбар, наар атын дьоҥҥо киниэхэ маарынныыр өрүтү көрдүү сатыыбын. Кыратык санатары, маарынныыры. Оннук суох буоллаҕа. Сэгэрим сыыһа, сыттыын-сымардыын ураты, миэхэ чугас! Ону баара... иккиэн бииргэ буолар кыахпыт суох. Тус-туһунан өрүс сүүрүгэр олорсон, аны хаһан да бииргэ буолбат гына, ардыбыт ардар-атан иһэр. Куоракка “куотуум” төрүөтэ кини. Ырааттахпына, баҕар, умнуом диэн алы гыныммытым. Кинини санатары барытын суох гыммытым. Бэл, кинилиин уора-көстө көрсүһэрбитигэр кэппит таҥаһым өйдөөн хаалбыт өттүн, хаалларбытым. Кинини санаамаары, хара аньыыга кииримээри. Эгэ, хаартыскатын, ылыам дуо?! Хаалларыахха да баар эбит. Оо, ахтыбыппыан! Дьон аалыҥнаһар сиригэр кинини санатары көрдөхпүнэ, һык гына түһэр турукпун киэр үүрэ сатыыбын. Оо, арай киирэн кэллин, саатар эрийдин! Сэрэйэбин, хайдахтаах да күүс, кытаанах бириинсип, тутуо суох этэ. Сүүрэн тиийэн, туох баар ахтылҕаммын таһааран, сыллаан-уураан, уҥа-таала таптаан, аны ханна да ыыппаттыы, ыксарыы да ыксары кууһуом, ис иэйиим дириҥин биллэриэм этэ...    Билэбин, оннук буолбат. Бу туругум ааһыа. Идэбинэн “бар, кэбис, эйигин таптаабаппын, мээнэ” диэн туос сымыйаны эрдэн турар киһи буолуохпун бэркэ билэбин. Ыыппытым, тэйбитим. Онон бүтүөхтээх. Хайа уонна суотабайбын кини да буоллар, хантан булан эрийиэй? Акаарыбын даҕаны-ыы!!    Идэбинэн, бэйэ-бэйэтин утарсар ииччэх-бааччах санаабар буккуллумахтаат, сылаас суорҕан аннын булбучча, утуйан хаалбыппын. Ким эрэ аан звоногун бастаан сэрэнэн, онтон сыыйа эрчимнээхтик баттыалаамахтаан барбытыгар, төһө да баҕарбатарбын турарбар тиийдим. Эмиэ тугу эрэ атыылаары, эбэтэр ыаллары ыйытаары кэллэхтэрэ! Сүгүн да сынньаппаттар! Тимир тириибин кэтэн, абааһы кыыһа илэ бэйэтинэн буолан, дьэ, ааммар тиийдим ээ! Сытартан арбайбыт баттахпын да, дьоҕойон көннөрүммэтим быһыылаах. Кыыһырбыт омуммар, икки бүк ааным хас да хаттыгас хатыырын тыастаахтык төлүтэ тардыалаат, кыһыылаах тыллары тамнааттаан дуоһуйуохтуу, ааммын арыйа баттаатым.    Уой... Мэктиэтигэр харахпын симириҥнэтэн ыллым. Суох. Бу көстүү сүппэт. Кини, мин тапталлааҕым, турарын курдук турар.    Санаабар, тоҥ күөс быстыҥа саҥа таһаарар кыахпыттан матан, даллайан турдум. Эмискэ оҥостубатах сэбэрэбин санаат, ааммын төттөрү “лип” гына сабаат, өссө биир туорайы “лас” гына тардан кэбистим. Сиэркилэҕэ элэстэнэн тиийээт, бэрт ыксалынан сирэйбин-харахпын тупсарынным. Быыһыгар баттахпын көннөрүнэбин. “Чэ, син аҕай буоллум” диэхтии санаан иһэн өйдөөбүтүм, ааным, хайдах саппыппынан “ньим” турар. Тоҥсуур да суох, саҥа да иһиллибэт. Эмискэ: «Барда буолбаат?! Оо, тоҕо? Сирэйим оччо ынырык буоллаҕа дуу? Кэлбитин кэмсиннэҕэ”, – диэн айманыы күөрэс гынна. Түһээбэтэхпин бигэргэтэн бэйэбин кымыстанан көрдүм. Сүрэҕим субу уһулу ойон тахсыахтыы тэбиэлиир.    Ааммар хат чугаһаан, бу сырыыга төһө кыалларынан тыаһа суох, сэрэниин сэрэнэн арыйдым. Киһим тэйиччи, ааҥҥа көхсүнэн буолан, коридор түннүгүнэн таһырдьаны одуулаһар! Хата, барбатах! Баар!! Көрөрбүн тута сэрэйдэ, эргиллэ түстэ. Саҥата суох утары көрдө-көрбүтүнэн, аргыый чугаһаан кэллэ. Бу түгэҥҥэ кини хайдах, кимтэн бу манна олорорбун булан кэлбитин туһун санаабат киһи буолан биэрдим. Ол суолтата суох. Сүрүнэ, баар! Иккиэн да олус ахтыспыппытын саҥата суох тута өйдөстүбүт. Бу көрүүнү, бу алыптаах, ханна да суох көрүүнү мин туохха да биэрбэппин! Сибилигин ким эрэ кэлэн иккиэммитин үрүө-тараа тутуоҕун курдук, ыксарыы-ыксары куустуһа түстүбүт. Тапталлаах доҕорум хатыламмат, ураты истиҥ сытын ис-испиттэн түөспүнэн толору эҕирийэн, өйдүүн-санаалыын туймааран, тулабар туох баарын умнан ыллым. Сүтүкпүн буллахпыын!    Олус билэр, күүппүт уостарбытын булсан, омуннаах уураһыы, имэҥнээх имэриһии манна саҕаланна. Сол оннук уураспытынан, дьиэбитигэр киирэн, кэннибинэн туран, ааным олуурун хатаатым бадахтаах. Иккис аанын киһим сапта. Бу тухары саҥа суох.    Эр киһи уонна дьахтар имэҥнээх тардыһыытын, имэҥ-дьалыҥ омуннаахтык өрө көбөн кэлэр туругун киһи тылынан хайдах хоһуйуо эбитэ буолла? Ахтылҕаннаах көрсүһүү тыына сыппыы быһыытыйан, аны, эт эккэ, сымнаҕас сымнаҕаска сыстыһар, айылҕа анаабыт аналын, оҕо оҥоһуллар дьайыытын толоро охсор баҕа бүтүн бэйэбитин бүрүйдэ. Бүрүүкэ курдары тыылыы тэппит баҕалаах “бытта сыата” тэрил баарын былыр үйэ биллэрэ охсон, туох буолуохтааҕын сэрэйэн, дьахтар таайыгас сүрэҕэ ууллан барар. Ыксаатахха, бу таҥас элбэҕин! Тимэх сүөрүллэ охсубаты-ын! Сүрэх тэбиэлэс, тыын бөтүөхтэс...    Мааҕын аҕай курас, тымныы хоһум сылыйа охсубут. Таптаһыы, таптатыы дириҥ иэйиитин билбит дьоллоох хотун дьахтар түннүк нөҥүө аргыый кыыдамныыр хаары астына одуулаһабын. Туорхаһыйбыт туругум таптал кутаатын суоһугар сылыйан, кустук араас өҥүнэн тыгыалыырга дылы. Мин эйигин таптыыбын!   Күнүүһүт көрүдьүөһэ      Мариналаах Женя дьүөгэлиилэр. Иккиэн эрдээхтэр. Маринатын кэргэнэ, этэргэ дылы, күлүгэр кытта күнүүлүүр сордоох. Наар кини күнүүлээн бурҕаҥнатарын айдаана. “Ити кимниин кэпсэттиҥ?», «Тоҕо бачча хойут эрийэр?», «Тоҕо, уопсайынан, кини эрийэр?» диэн ыаһахтыыра – саамай боростуойа.      Биир үтүө күн дьүөгэлиилэр төлөпүөнүнэн маҕаһыын кэрийэ барыах буолан болдьоспуттар. Маринкатын эрэ, идэтинэн, кулгааҕын уһугунан истэ олордоҕо, ойоҕо бааннаҕа киирбитин тутуу баттаһа, төлөпүөнүн хаба тардан ылан, кимниин көрсүһэргэ болдьоспутун билэргэ санаммыт. Күнүү – ыарыы дииллэрэ оруннаах. Марина суотабайын “контактарыгар” ааттарын сэргэ, кэргэнэ күнүүһүтүн билэр буолан, быһаарыылаан суруйар идэлээх эбит. Ол быһыытынан дьүөгэтин “Женя – подруга” диэбит. Эр бэрдин, бэл, ол тохтоппотох. Эрийэн саайбыт. Дьахтар хоруйдаатаҕына, ууран кэбиһэр санаалаах эбит. Онто доҕоор, эр киһи сөҥ куолаһа иһиллибит. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук, Сергей сирэйэ кубарыччы таттарбыт буолуохтаах! Маатырыһыта да бэйэтин киэнэ, сэттэ этээстээҕи кута-симэ: "Эн кимҥиний?!", "Тоҕо мин ойохпор эрийэҕин?!" — бөҕөнү түһэрбит. Анараа да киһи хара ааныттан маатырылаабыт киһиэхэ эйэргии хоруйдаабатах быһыылаах. Онтубут да ыгыма дэлэ дуо. Саатар, тоҕо эрэ “эн, бэйэҥ кимҥиний?!» диэннээх үһү...    Арай Марина тахсыбыта, ханна да барар санаата суох курдук олорбут эрэ тас таҥаһын кэтэн дыдайан турар үһү. Ханна баран эрэрин ыйытыахча буолан эрдэҕинэ: "Суолас! Эйигин кытта кэлэн баран кэпсэтиэм!" — диэт, тилир гынан хаалбыт...    Бу дьон ханна эрэ “стрелкалаһан” көрсүбүттэр. Уолуктаһан турбуттар. Тимэхтэн тимэх, замоктан замок ордубатах. Кэлин син киһи эрэ буоллар, өйдөөн-дьүүллээн быһаарсан, “дьиҥ хартыынаны дьэҥкэрдэн” өйдөспүттэр. Устунан эйэ дуогабарын түһэрсэн, пивбаар диэки айаннаабыттар.   Бэлэмнээтэ Тапталина.
kyym.ru сайтан