Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аҕам хотуурдара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аҕам хотуурдара
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.02.2022 19:45
Ахтыы кэпсээн Аҕам оту илиинэн охсорун сөбүлүүр этэ. Төһө эмэ ходуһатын көнө сирдэрин от охсор массыына арааһын булунан, охсор буолбуппут да кэннэ, «бу сиргэ косилкаҕыт хаамыа суоҕа» диэн, дулҕалаах, тамалҕаннаах сирдэрин илиитинэн охсоро. Онтон, алта уончатын ааһыыта: «Сааһырдым, мотуордаах илиинэн охсор тэрил наада эбит, аа-дьуо, сылдьан эрэ, кырыйа сылдьарбар», — диэн, сүгэ сылдьан охсор «Робин» мотокоса ылыммыта. Ол эрэн онтунан биир сайын охсон баран, «тыаһа улахана бэрт, буруолаах» диэн тохтообута, эһиилгититтэн эмиэ илиитинэн охсор буолбута. 1986 сыллаахха, ийэбит биэнсийэҕэ тахсыбытыгар, аҕабыт тарбыйахтаах ынах атыылаһан, ыкса ыалбыт Спиридон Ушканов эргэ хотонугар сүөһүтүн кыстатарга кэпсэтэн, дьоммут кэтэх хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Оччолорго сопхуоска бырыһыаҥҥа оттонуллар этэ. Ол аата, сай устата, холобура, уон туонна оту оттоон баран, уон бырыһыанын, ол аат биир туоннатын, бэйэҕэр ыларыҥ. Ходуһа сирин көрдөөбүтүгэр, сэбиэттэр Отордообут диэн киэҥ нэлэмэн сыһыы хоту баһыгар, Малдьаҕарга барар суол диэки өттүгэр, Мутук диэн муокас ааттаах көлүкэ тула икки гаа кэриҥэ сири биэрбиттэрэ. Бэрт үүнүүлээх сир этэ. Ото да сымнаҕаһа, күрдьүгэс күрүөтэ, араас сибэкки быыстаах үүнэр буолан, сүөһү сөбүлээн сиирэ. Арба, аҕам тарбыйахтаах ынаҕы ийэбититтэн ыйыппакка эрэ атыыласпыта. Биир үтүө күн көннөрү: «Доҕоор, хаһаайыстыбалаах ыал буоллубут. Тахсан сүөһүлэргин көр, ынаххын ыа», — диэн соһуппута. Ийэм, хайыай, кэлбит ынаҕы тахсан көрөн, ыан киирбитэ. Сонно тута ыыр биэдэрэ, тарбыйах эмсэҕэ, ынах аһатар биэдэрэ, мас күрдьэх булунар түбүккэ түспүттэрэ. «Сүбэлэһэн баран ылыаҥ этэ буо», — диэбитэ ийэбит, өскүөрүтүн, солуобатыгар. Ынаҕы тыһыынчаҕа, тарбыйаҕы икки мөһөөккө атыыласпытын истэн, саҥа баайын ийэбит Маҥаачык, ньирэйин Биһилэх (биир көмүс биһилэх саҕа сыаналаах эбит) диэн ааттаабыта. Ынахпыт бэрт үүттээх этэ. Чэй үүтүттэн ордорон, сүүрдэн, сибиэһэй сүөгэйдэммиччэ, дагда, арыы, көбүөр, суорат, быыппах, иэдьэгэй оҥостор буолбуппут. Аҕам ыһыах кэнниттэн лааппыттан икки хотуур, үс кыраабыл, хас да атырдьах атыыласпыта. Кыраабыл арааһын уһанар дьон: сэрии бэтэрээнэ Корнил Саввинов, сопхуос исписэлииһэ Василий Наумович Николаев, учуутал Николай Егорович Елисеев о. д. а. оҥорон лааппыга туттараллара. Хотуурдарын таптайан чапчыйан, табаарыһыгар Сылгыһыт Уйбааҥҥа уктатан баран, от ыйын саҥатыгар ходуһабытыгар оттуу барбыппыт. Ходуһабыт бөһүөлэктэн үс биэрэстэ этэ. Онно бэлисипиэтинэн тырылатан сылдьарбыт. Арыт «Планета-3» матасыыкылбытынан барарбыт. Бастакы сайыммытыгар уонча туоннаны оттоон туттарбыппыт. Бырыһыаммытыгар туонна от кэлиэхтээҕэ. Онно эбэн талах быыһыгар биир орто кээмэйдээх оту кистээн, «кэтэххэ» диэн, чөкөччү кээспиппитин, хата, биригэдьиир быалаабатаҕа. Онон сүөһүлэрбит дьылы тахсар оттоммуттара. Аҕам маҕаһыынтан ылбыт хотуурдара сэриийинэй, собуот оҥоһуктара этилэр. Ньаалбаан курдуктара. Оннук хотууру сытыылаатахха кылаана тута тахсан кэлэрэ эрээри, охсон киирэн бардахха, уонча хаамыыны барыаҥ кэрэх, кылаана тохтон, сыппаан хаалара, марайа-марайа, мас кэрдэрдии, дайбыахха наада буолара. Оннук охсор, биллэн турар, олус сылаалаах этэ. Аттыбытыгар Дьууруй Бааска диэн уруккута холкуоска үлэлээбит, онтон почтаҕа монтердуур, норуот ырыаһыта, оһуокайдьыт киһи оттуура. Биирдэ кини, таабырбытыгар кэлэ сылдьан, аҕам хотуурун көрөн баран сирбитэ: «Кириилэбис, атыны булунууһугун, бу чаалбаан тэрил оту хотор көрүҥэ суох», — диэбитэ. Бэйэтэ былыргы, сэрии иннинээҕи, ыстаал хотуурдааҕын, онто туурата тостубутун аныгы хотуур тууратыгар сыбааркалатан оҥотторбутун кэпсээбитэ. Сарсыныгар аҕам күнүскү омурҕаҥҥа Дьууруй Бааскаҕа баран, ол хотууру көрөн, охсон көрөн, боруобалаан кэлбитэ. — Дьэ, сытыы тэрил эбит. Охсорго сынньалаҥа бэрт. Таах, салгыны дайбыыр курдук. Мин эмиэ саҥа хотуур булунууһубун, — диэбитэ кэлэн баран. Ыстаал хотуурга бэркэ ымсыырбыт этэ. Лааппыттан үчүгэй хотууру булар кыаллыбат этэ, ол иһин тас дойду хотуурун булунар санааланан, Монголияҕа, Улан-Баатарга олорор, ыалбыт Пелагея Семеновна кыыһыгар Розалия Антоноваҕа хотуур үлэспитэ. Эһиилигэр Роза кэргэнин Алгааны кытта сайылыы кэлэллэригэр кэһиилэрин хотуур илдьэ кэлбиттэрэ. Хотуур Кытайга оҥоһуллубут этэ. Олус уһун тумустааҕа. Уон биирдээх, баараҕай улахан этэ. Кытай хотуурун аҕам улахан уус табаарыһыгар – Иван Семенович Николаевка, Доҕолоҥ Уйбааҥҥа – уктатан, таптайтаран оҥотторбута. Онтон ходуһаҕа илдьэ баран, охсон көрөн баран, таабырбыт аттынааҕы үрдүк хатыҥ лабаатыгар ыйаан кэбиспитэ: кытай хотуурун тимирэ лааппы да хотуурунааҕар сымнаҕаһа, биитин туппат этэ. Ол сайын таайыттан, Ньукулай Уйбаанабыс Ыстаппаанаптан, (уруккута «Ленин» холкуос бэрэссэдээтэлэ, Малдьаҕар сэбиэтэ) хантан чобуо хотууру булуохха сөбүн ыйыталаспыта. Аҕабыт таайын биһиги, оҕолор «абаҕабыт» диирбит. Ону сорохтор «кырдьаҕас таайгыт» диэччилэр. Абаҕабыт оройпуонан эргитэн, райсовет тыыран үллэрэр, спецсталь тавролаах, халлаан күөх кырааскалаах, «аныгы буускап» хотуурдарыттан биирдэстэрин ылан, аҕалан биэрбитэ. Эбиитин бэйэтэ уктаан, тууратын аныгылыы (нууччалыы) туран эрэ охсорго анаан олордон баран, таптайан биэрбитэ. Дьэ, лааппы хотууруттан таһы-быһа ордук, сытыы тэрил эбит этэ. Аҕам былыргылыы, төҥкөйөн охсорун ордороро, онон «аныгы» уктаах «саҥа буускабынан» охсоругар сотору-сотору сири уоптарара. Онон ол хотууру миэхэ биэрбитэ, бэйэтэ урукку хотуурдарыттан биирдэстэринэн охсон барбыта. Саҥа, сытыы хотуурданан, мин күннээбитим, аҕам охсорун саҕаны холкутук охсор буолбутум. Боростой ньаалбаан хотуурунан даҕаны аҕам түөрт-биэс суотайы таах охсоро. Онон иккиэйэх гектар сирбитин аҕыйах хонук охсон бүтэрэрбит уонна дьон бырахпыт сирин, талах, дулҕа быыһын тирбэҕэлэһэрбит. «Киэҥ сирдээх киһии… — дии саныырым испэр, — уонча гаалаахпыт буоллар, ама, отучча- түөрт уонча туоннаны баҕас оттуо суох этибит дуо?» Аҕам сытыы, хатан тимирдээх хотууру көрдөөн, сылдьыбыт сирин аайыттан: Ньурбаттан, Дьокуускайтан, Жатайтан хотуур ылан аҕалара. Хас саҥа хотуурун улаханнык кыһанан уктуура (уктуурга үөрэммитэ), үөтүнэн туура оҥороро. Мин туураны нууччалыы: угун үүттээн, хамсаабат гына, уһун, синньигэс буолтаҕа олордор буолбутум. Тууратын олордор ньымабыт да элбээбитэ: былыргылыы тирии быанан, кэтит ньаалбаанынан, сыыҥка турба кэрчигэр, буолтанан тимир хомутигынан тартаран уонна онтон да атыннык оҥорор буолбуппут. Онон хотуурдарбыт оҥоһуктара сырыы ахсын тупсан иһэллэрэ. Хотуурбут ахсаана уонтан лаппа тахсыбыта. Бары кэриэтэ анал ааттаах этилэр. «Абаҕабыт Хотуура», «Айталин Хара Хотуура», «Бороҥ Хотуур», «Кэрдиистээх» диэннэринэн табыллан охсорбут. Быраатым Кыдаан оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр Иннокентий Васильев –Соччо Киэсэ звенотугар оттоспута. Онтон сопхуоска Валерий Платонов звенотугар оттуур буолбута. Оттон кыра иним Айталиҥҥа анаан, табаарыһын Афанасьев Бочуок аҕата, Ньукуу, хап-хара тимирдээх хотууру оҥорон, уктаан биэрбитэ. Уга олус табыллан олордуллубут буолан, охсорго сүрдээх табыгастаах хотуур этэ. Кыра, сэттэлээх буолан, уобуута да кырата. Кылаанын балачча тутара. Онон охсорго сылаата суох этэ эрээри, бытаан, таһаарыыта суох этэ. Күннүгүлүү дайбаан, биэс-алта суотайтан таһаарыллыбат этэ. «Сезон арыйарга, эти үөрэтэргэ», — диэн, окко киирбит бастакы нэдиэлэбитигэр туттан баран, тохтоторбут, атын хотуурдарбытынан салгыы оттуурбут. Сельпоҕа уочараттаан, «Иж-Юпитер-5» диэн, кыһыл өҥнөөх, кэлээскэлээх матаһыыкыл ылбыппыт. Окко барарга-кэлэргэ атах тардыстар саҥа көлөлөнөн абыраммыппыт. Саҥа, киэҥ ходуһа сирин Куорбакы нэлэмэн сыһыытын ортотугар ылбыппыт. Баҕабыт хоту элбэҕи оттуур кыахтаммыппыт. Куорбакы сэлиэнньэбититтэн биир көстөөх сиргэ, өрүс үрдүгэр сытар киэҥ сыһыы. Ходуһабыт аттынааҕы кэриигэ баар элгээни дьон-сэргэ «Баһылай Кириилэбис элгээнэ», онтон кылгатан «Кириилэбис элгээнэ» диэн ааттыыр буолбута. Элгээммитигэр илимнээн, 35, 40 харахтаахха собо бөҕөтүн ылан, харчаагынан туулаан мундуну солуурчаҕынан хоторон, үтэһэҕэ үөлэн да, мииннэнэн да абыранарбыт. Куобах баар дьылыгар атырдьах ыйыттан туһахтаан, күн аайы иккилии-үстүү куобаҕы ылан, хортуоппуйу кытта чугуун иһиккэ буһаран сиирбит. Ходуһаҕа кэлэ-бара айанныырга бириэмэ барарын иһин балаакканан хоно сытан оттуур буолбуппут. Онтон 1990 сыллаахха ходуһабытыттан элгээҥҥэ киирэр кырдалга туруорбах балаҕан туттубуппут. Эмиэ ити, 1990 сыл сайыныгар, аҕам австрийскай хотуур булуммута. Кэтит, ыарахан ыйааһыннаах, хатан тимирдээх хотуур этэ. Сорохтор оннук хотууру тэлэн, синньэтэн, ыйааһынын кыччатан баран охсоллоро. Оттон аҕам тэлэ сатаабатаҕа. Ол оннугар бастакы, иккис сылларыгар таптайбакка, бурууһунан сытыылана-сытыылана охсубута. Оннукка хотуур тимирэ түргэнник чарааһыыр. Онон үһүс сылыгар австрийскайбыт тэлиллибит хотуурдар саҕа буолбута, лаппа чэпчээбитэ. Дьэ, таптайан, кылааннаан, аны игиинэн, хататынан эрэ кылаанын таһаара-таһаара охсор буолбуппут. «Абаҕабыт Хотууруттан» итэҕэһэ суох хотуур буолбута. Эбии икки австрийскай хотууру булунан, аны омук хотуурунан эрэ оттуур буолбуппут. Кыдаан ыал буолан, туспа көспүтэ, аны звеноҕа барбакка, бэйэтигэр оттуур буолбута. Кыдааннаахха «Катунь» диэн, «Дружба» эрбии мотуордаах, бэйэтэ хаамар от охсор тэрили кэргэнин Ирина убайа Валерий Васильевич Николаев Сунтаартан аҕалан биэрбитэ. Мин эмиэ Дьокуускайтан, «Айхал» киинэ тыйаатырын аттынааҕы ыскылаат-маҕаһыынтан оннук косилка ылан аҕалыммытым. «Катунь» барахсан, охсорго сынньалаҥ эрээри, гөрүүчэйи олус элбэҕи сиирэ, барылатан, тыаһа да улахана бэрдэ. Сайын устата балтараа сэнтиниэр бензини «үрбүтэ». Ол иһин Кыдаан «чех косилкатын» булуммута. «Варта» диэн, үс араас ускуорастаах (икки иннин диэки барарыгар, биир кэннинэн хаамар), кыһыл косилка түөрт таактаах буолан, бензини отой кыраны сиирэ. Техниканан ходуһабыт улахан аҥаарын охсорбут эрээри, илиинэн охсор сирбит элбэх буолан, хотуурдарбытын мэлдьи илдьэ сылдьарбыт. Аҕам былыргы буускап хотууру булуммута. Онтуката үрүҥ көмүс курдук кылбагыр тимирдээҕэ. Улахан, уоннаах этэ. Сүүстэн тахса сыл туттуллубут буолан, синньээн, өнчөҕөр чугаһаан эрэрэ. Онтун бэркэ кыһанан таптайан, сытыылаан баран туттара. Дьэ, сытыы хотуур диэн ол этэ. Австрийскайтан, аныгы спецстальтан таһы быһа ордуга. Иним Кыдаан ол хотуурунан охсон көрөн баран: «Махсыым, манан охсоргун көрө-көрө, барара тоҕо түргэнэй!» диирим, бу тэрил сытыыта бэрт эбит дии! Киһи таах хотуурун эрэ сырса сылдьыыһы!» — диэбитэ. Кырдьыга да, оннуга. Барбах эрэ далайан баран, сотон ылыллара. Охсуллубут от косилка охсубут отунуу, субурҕаламмакка, миэстэтигэр тэлгэнэн охторо, оннук сытыы этэ. 1997 сыл сайыныгар, окко киирбиппит нэдиэлэ буолбутун кэннэ быраатым Кыдаанныын сүбэлэстибит: «Хотуурдарбытын кичэйэн сытыыланан баран, сарсын биирдии гааны дайбыахха». Аҕабыт ону боппута: «Ким ону ситэн мунньар?!» Мунньууга аҕабыт ийэбитинээн уонна балтыбыт Саара сылдьаллара. «Таак да, мунньуохха диэтэххэ, киэҥ сир буолсу», — диэн, сөбүлэһэн, гаа аҥаардыытын эрэ охсубуппут. Аҕабыт сарсыарда эрдэ, от сииктээҕэр эрэ, сэрээккэлиир кэриэтэ от охсоро. Икки хотуурдаах киирэрэ: буускабын кытта биир австрийскайы илдьэ сылдьара. Охсор сирин отун үүнүүтүттэн, ото төһө кытаанаҕыттан-сымнаҕаһыттан көрөн, ити хотуурдарыттан биирдэстэринэн охсоро. 15-20 бугул тахсар отун охсон нэлэһитэн баран, омурҕанныы тахсара. Биһиги турбуппут кулуһуҥҥа чэй оргуйан, үтэһэлээх мундулар саһарчы буһан, хочулуокка хоргуннаах миин бычалыйан, тимир, эмээллээх тэриэлкэҕэ буспут бөдөҥ соболор кэчигирэһэн сытар буолаллара. Аҕам сынньана таарыйа хотуурун таптайан чабырҕатара. Ол олорон бүгүҥҥү үлэни былаанныыра. Ааспыты эргитэ санаатахха, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар эбит. Максим Ксенофонтов, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Хаартыскаҕа: 7 dach.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан