Кэпсээ
Войти Регистрация

“Эрэммэт буолбутум, эбэтэр эр-фобия”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Эрэммэт буолбутум, эбэтэр эр-фобия”

K
10.06.2021 12:12
  Соторутааҕыта олоҕун орто омурҕанын бэлиэтээбит дьүөгэбитин, идэбитинэн, сатамматах бастакы тапталын кэнниттэн ыал буоларга тоҕо холоммотоҕун токкоолоһобут. Тас дьүһүнүнэн, ис майгытынан, киһи да быһыытынан биһиги Ларочкабытыгар тэҥнээх, арааһа, аҕыйах буолуо.        Ларочка сүүрбэ иккитигэр сылдьан ыал буолбута. Бэйэтиттэн аҕа, үрдүкү кууруска үөрэнэр уолга тахсыбыта. Барахсаттар олус да барсар этилэр. Аны, киһибит романтичнайа. Элбэх кыыс, арааһа, кинини хайҕаатаҕа, сүгүрүйээччи уоланыгар холобур гынан кэпсээтэҕэ. Омуннаах таптал уостара эмиэ биир оннук түргэн уонна эмискэ буолар быһыылаах. Дьиҥинэн, устудьуоннуур кэмнэригэр олус үчүгэйдик олорбуттара. Бүтэһик кууруска уоллара “баар буолбута” биллибитэ. Этэҥҥэ дьупулуому көмүскээн, киһитэ үөрэҕин бүтэрэригэр анатан барбыт сиригэр үлэ миэстэтэ көстөн, табыллыбыт дьон кинилэр курдуктара.    Эр киһини соҕотоҕун ыраах ыытар эбэтэр эдэр, саастаах да ыал тус-туһунан уһун кэмҥэ олороллоро хаһан баҕарар бэрдэ суох быһыылаах. Эр киһи хаана оонньоон, антах дьахтарданарын биһиги кыыспыт эрдэ сэрэйэн да көрбөт эбит. Арай ол онно сыл аҥаара курдук үлэлээн баран, уолун көрсө кэлбит. Кыыстарын үлэлэтээри, сиэннэрин оччолорго Лара дьоно көрөллөрө. Дойдутугар сылдьан, оҕотун көрөн, сөбүгэр астынан баран, Лара киһитигэр соһуччу бэлэх оҥороору, көтөн тиийэр чыыһылатын, саатар, эппэккэ тиийэргэ быһаарбыт. Кэһии-той бөҕө мунньунан, дойдутуттан ас арааһын хааланан тапталлаах доҕорун үөрдээри, мичийэ сэгэйбитинэн, дьиэтигэр киирбит. Киирэр аан аттыгар турар көхөҕө, арай билэр баҕайы дубленката ыйанан турар үһү. Олус диэн сөҕө санаан, саҥа таһаарбакка бастаан куукунатын өҥөйөн көрбүт. Ким да суох үһү. Онтон хоһугар киирбитэ, иннигэр күҥҥэ-ыйга тэҥниир тапталлааҕа ийэттэн төрөөбүтүнэн сыгынньах, биир оннук Ева дьахтардыын ыбылы куустуһа, таптал таҕыллаах чааһыгар күннүү-күөнэхтии сыталлар аҕай үһү... Бу абатын, кыһыытын! Саатар, кинилэр оронноругар, тапталларын биһигэ буолбут сирдэригэр буоллаҕа үһү!    Киһитэ, абарыан иһин, итиччэ көрдөрбүтүнэн тутуллан баран, улахаҥҥа уурбатахтыы туттубут. Биллэн турар, ол көссүү дьахтарын кыл түгэнинэн атаара охсубут. “Аны хаһан да итинник буолуо суоҕа” диэн араастаан андаҕайыы, тапталга билинии буолунай үһү. Баҕар, атын дьахтар оҕотун туһугар, били, этэллэрин курдук, “муударай” буолаары бырастыы гына сатыа эбитэ буолуо. Ону баара, биһиги Ларабыт мас тосторун курдук быһаччы киһи. Быһаарынна да – бүттэ. Ити курдук хаарыан ыал олус хобдохтук арахсан хаалбыттара. Сэмэн ол түгэн кэннэ икки сыл буолан баран биирдэ ыал буолбута быһыылааҕа. Күлүүлээҕэ, ол көссүү дьахтарын ылбатах этэ. Атын дьахтары ылбыта да, эмиэ уһуннук олорботохтор. Били.... көссүү дьахтарыныын сытарын тутан, бэрт айдаанынан арахсыбыттар этэ. Кэлин ол сырыы аайы туора мас буолар дьахтарын ылбыта эбитэ дуу, суоҕа дуу? Билбит суох.    Лара дойдутугар көһөн үлэлээн иһэн, куоракка кэлэн, дьиҥнээхтик олохсуйда. Бэйэтэ этэринэн, киһитин олус таптаабыта, эрэммитэ бэрт буолан, таҥнарыы охсуутун аныаха диэри сүрэх бааһа оҥостор. «Бэл, Сэмэним таҥнарбыт, миигин сиргэ-буорга тэпсибит буоллаҕына, атыттарга кэлэн эрэниэм дуо?!” – диэн тыллаах. Кыргыттар ону дьээбэлээн “эр-фобиялаах” диэн сонньуталлар.    Ол эрээри мин эрэниэхпин баҕарабын, Лара олоҕун суолугар дьиҥ аналлааҕа син биир баара буолуо. Кэлиэҕэ, көрсүөҕэ, таптал бааһа оһуоҕа. Оттон Ларочка ол аайы курустук сонньуйар эрэ. Кини этэринэн, Сэмэн да уһун сонноммотох: «Дьиҥнээх тапталым Лара, эн эрэ буолаҕын”, – диир үһү, акаары баара. Уолун уруутугар кэлэн кыттыбыта, үбүнэн көмөлөспүт этэ. Уол уол курдук аҕатын куһаҕаннык санаабат үһү. “Бэйэлэрэ билиэхтэрэ, кинини буолбатах, миигин таҥнардаҕа аҕабыт”, – диэхтиир.    Эр дьон, онон акаарытыйыаххыт, уҥа-хаҥас хаамыаххыт иннинэ санаан, толкуйдаан көрөр буолуҥ эрэ. Дьахтар эрэ таҥнарыыны бырастыы гыммат. Арай бэйэтэ “туоралыыр”, күүлэйдиир кэрэ аҥаар билэ-билэ билбэтэх буолуон сөп. Хайдыбыт ыстакааны хайа да бэйэлээх силиминэн силимнээ, саҥатыгар түспэт. Арай тас көстүүтүгэр оннугар түспүт курдук буолуо. Бырастыы да гыммыт дьахталлар өһү-сааһы син биир киэр кыйдаан кэбиспэттэр эбит, иһиттэххэ. Кэмиттэн кэмигэр санаа баттыга гынан, доруобуйаларын айгыраталлар.   В. Николаева.
kyym.ru сайтан