Кэпсээ
Войти Регистрация

Аныгы дьиэ кэргэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Аныгы дьиэ кэргэн

K
04.06.2021 17:06
   Дьокуускай куорат. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга үлэтин кэнниттэн кэлэн дьыбааҥҥа сытар. Тэлэбиидэнньэ бырагырааматын нэлэҥнэтэ-нэлэҥнэтэ, үлэтигэр олус сылайбытын, турар да кыаҕа суоҕун туһунан тугу эрэ баллыгырыыр. Тэлэбиисэр дистанциятын чочоҥнотор. Кини саҥатын интэриэһиргээн истэ да сатыыр киһи суох.        Дьиэ хаһаайката куукунаҕа ас астаан иһити-хомуоһу халыгыратар. Дьиҥинэн, кини аһы астыырын олус сөбүлүүр үтүө асчыт дуу, кулинар дуу буолбатах. Куукунаҕа баар кыра тэлэбиисэргэ лоп курдук бу кэмҥэ кини сөбүлүүр «күүгэн» сериаллара көстөллөрүн эрэ иһин кини бу манна дугуйдаммыт. Аҕалара сөпкө да гыммыт. Куукунаҕа тэлэбиисэр турбата буоллар, ким кинилэри мэлдьи астаан абырыа эбитэ буолла...    Бу кэмҥэ дьиэ кэргэн икки чилиэнэ хосторугар бүгэн олороллор. Оскуоланы бүтэрэн эрэр кыыс, куолутунан, төлөпүөнүнэн кими эрэ кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ тыҥыраҕын лаахтанар. Кини туттар кэсмиэтикэтэ, араас муодунай сурунааллара оронугар күөдэл курдук ыһылла сыталлар. Кыыс ороно эрэ буолбакка, төбөтүн иһигэр эмиэ маннык күөдэл, ыһыллыы-тоҕуллуу. Хайыай, кыыс улааттаҕа. Билигин кинини Барби куукула буолбакка, уол аймах ордук долгутар.    Уол эмиэ бокуойа суох. Кини бэйэтин хоһугар өстөөхтөрү кытта тэҥэ суох хапсыһыыга сылдьар. Суох, кини чулуу охсуһуук, боксер буолбатах. Кини көмпүүтэргэ курдары ылларбыт геймер. Көмпүүтэринэн «сэриилэһэр». Барахсан, дьиҥнээхтик сэриилэһэ оонньуон, мэниктиэн иһин, уулуссаҕа биир да доҕоро-атаһа суох. Күнү-күннүктээн маннык олорор.    Дьиэ кэргэн толору дьоллоохтук бэйэтин дьыалатынан дьарыктана олордоҕуна, арай, уоттара баран хаалар! Ытыс таһынар ыас хараҥа саба бүрүүкүүр. Аҕалара дьыбаантан ыадастан туран, уот тоҕо барбытын, хаһан кэлэрин билээри хараҥаҕа төлөпүөнү көрдүү сатаан балайданар. Куукунаҕа сериал саамай интэриэһинэй кэмигэр уот барбытыттан (ас астыыр кыах сүппүтүттэн буолбатах) кыйахаммыт дьахтар тугу эрэ үөхсэн саҥарар, атаҕын тыаһа лаһыччахтыыр. Уоллаах кыыс хосторуттан сырсан тахсан уопсай аймалҕаҥҥа кыттыһаллар. Кыыс түргэн-түргэнник ханнык эрэ «подлость» сокуонун туһунан үөхсэн талыгырыыр (хата, биир сокуону билэр эбит). Сибилигин табаарыһын көрсө барыахтааҕын тыҥыраҕын ситэ кырааскаламматах, оттон суотабайын харчыта бүтэн хаалбыт. Уол «тугун кыһыытай, саамай үрдүкү таһымҥа тахсыбытым, элбэх баалы ылан рекорка баран истэхпинэ...» диэн бэйэтигэр холооно суох кырыктаахтык тугу эрэ ботугуруур.    Бары куукунаҕа мусталлар. Хараҥа обургу кинилэри барыларын бииргэ түмэр. Саҥа суох. Хабыс-хараҥа. Бары остуол тула олороллор.    Уонча мүнүүтэ олорон баран аҕалара кыыһыттан өссө хас эксээмэнэ хаалбытын ыйытар. «Бэҕэһээ эмиэ эппитим ээ! Үс!!!» Кэпсэтии онон бүтэр. Өссө уонча мүнүүтэ буолан баран ийэлэрэ уолуттан «саҥа диискэ наада диэн эрэриҥ, онтуҥ ханна атыыланарый, ылыа этибит». «Ону эппитим хас да ый буолла. Табаарыспыттан уларсыбытым. Аны наадата суох».    Чаас холобурдаах бары саҥата суох тус бэйэлэрин санааларыгар баттатан тугу эрэ толкуйдуу олороллор. Кинилэр бу курдук бары бииргэ түмсэн олорботохторо хаһыс да сыла буолбут эбит. Кэнники Саҥа дьыллары барытын тус-туһунан ылбыттара. Ол эрээри, саҥа суох, ким да тугу да саҥарбат, кэпсээбэт. Тугу кэпсэтиэхтэрэй, уопсай тиэмэлэрэ да суох. Туора дьоннор. Хардарыта туох да интэриэһэ суох харахтарынан бэйэ бэйэлэрин көрсө-көрсө хараҥаҕа олороллор.    Бу олордохторуна уот сандаарыс гына түһэр. Бука бары үөрэн уһуутаспытынан бэйэлэрин хосторугар ыстаҥалаһаллар. Бары сөбүлүүр, билинэр, долгутар дьиҥнээх бэйэлэрин олохторунан олороору.    Оттон эһиги ханнык эрэ таптал, имэҥ, иэйии эҥин туһунан кэпсээхтиигит.   Егор Неустроев, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан