Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хотой кырыыһа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хотой кырыыһа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
13.08.2021 13:22
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүҥ тыынын өрүhүнэр түбүккэ түстэ. Ол курдук, оргуйа турар сэрии кутаатыттан, суттан-кураантан тэскилээн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки көтөн күпсүйбүтэ. Ууну-уоту ортотунан ааhан, бэрт өр көрдөөн, ыран-быстан, этэҥҥэ көрдөөбүт сирин дьэ булла быhыылаах... Yрдүк халлаан өрөҕөтүттэн анааран көрдөҕүнэ, алаата оҕолоор, тоҕо бэрдэй! Киэҥэ-куоҥа, салгына ырааhа, чуумпута-наскыла... Улаҕата биллибэт халыҥ тайҕата күндү түүлээҕинэн, араас кыылынан-сүөлүнэн, отунан-маһынан, үөнүнэн-көйүүрүнэн, ырыаhыт чыычааҕынан толорута, кырылыы устар ыраас уулаах үрэхтэрэ-өрүстэрэ, күөллэрэ-чүөмпэлэрэ көмүс хатырыктааҕынан, баҕатынан-чохутунан аhара барбыта, өлөрсүүнэн-өhөрсүүнэн иирбит икки атахтааҕа аҕыйаҕа – тыынар тыыннаах эрэ барыта олохсуйарыгар, төрүүрүгэр-ууhууругар анаммыт дойду эбит, доҕоттоор! Ордук бу, халлааҥҥа харбаспыт үрдүк харыйалардаах, эрийэ-буруйа сүүрэр түргэн сүүрүктээх, сырдык уулаах үрэх түҥкэтэх түөлбэтэ Хотой сүрэҕин ортотунан киирдэ. Манна киhи-сүөhү суоҕун кэриэтэ. Хаhан эмэ, буор сыбахтаах кыракый балаҕаҥҥа бүкпүт балыксыт оҕонньор үрэххэ киирэн, илимиттэн балык арааhын хоторор. Онтун ый баhыгар-атаҕар туос тымтайыгар сүгэн бөһүөлэккэ киллэрэн, дьонугар-сэргэтигэр түҥэтэр. Онно өр буолбат, чэй-табах, бурдук оҕото булунан баран ыыспатыгар төннөн кэлэр. Соҕотоххо ханыы, доҕор буолуохха диэн, Хотой кыыл бэрт өр чуҥнаан баран, оҕонньор илимин үтэр үрэҕин тоҕойугар үүммүт саамай үрдук харыйаҕа модун кынаттарын сараппытынан көтөн кэлэн сахсас гына олоро биэрдэ, таныытын чардырҕатан кини бэйэлээх кэлбитин биллэрдэ. Уу чуумпуга илимиттэн балыгын араара олорбут оҕонньор, күтүр улахан көтөр кыыл төбөтүн оройун үрдүнэн баараҕай кынаттарынан сири-сибиири сабардаан, биирдэ баар буола түспүтүттэн соhуйан, тыытын дуомун түҥнэрэ сыста, куhаҕан саҥаны таhаарда: – Бачах-татат! ¤уу, бу туох үлүгэрэй? – арыычча тыын ылан, тыытын көннөрөн, кэлбит ыалдьыты чарапчыланан өрө көрөн одууласта. – Аар-татай! Бу күтүр тоҕо миигин буулаата?! Киэр! Арах! Киэр буол! Көстүмэ! – диэн үргүтээри, суос бэринэн, баргыытаан хаhыытаата, илиитинэн далбаатанна. Тоҕо эрэ, Тойон кыылы ытыктыыр, кэлбит ыалдьыты күндүлүүр өбүгэтин үгэһин умунна: булдуттан-алдыттан, сириттэн-уотуттан көҥөннө. Тойон кыыл, тойон тойон курдук, сүр баттаппата, үргүбэтэ, толлубата. Оҕонньору сытыы хараҕынан утары көрдө, «балыккыттан күндүлээ» диэн чардырҕаан соруйда, харыйатыттан түһэн утары хааман түөрэхтэнэн кэллэ. – Куһаҕан тыын! Арааһата эн миигин куһаҕаҥҥа буулаатыҥ! Төрүөхпүттэн ордууламмыт бэйэлээтэр бэйэм Оҕуй бараан дойдубуттан тэскилэтээри суоһурҕанныҥ ээ, быһыыта! Тыын – тыыҥҥа, хаан – хааҥҥа! Арах! Арах! – оҕонньор тыытын түгэҕиттэн субуйааҥкы саатын сулбу тардан ылан Хотой кыылы туһаайан ытан хабылыннарда. Итини эрэ күүппэтэх көтөр барахсан хараҕа хараҥара түстэ, тыына-быара хаайтарда: – Сорбуун! Оҕолорбун-урууларбын өрүһүйэр, быыһыыр-абырыыр аналлаах үтүө дойдуну буллум диэбитим, хара санаалаах икки атахтаах манна да баар эбит! Абатыын! Көмүс чыычаахтарым, хотун кэргэним, эрэнэ хаалбыт бииһим ууһа имири эстэр, суорума суолланар быалара буоллаҕа?! Хара дьайдаах улуу күтүр! Таҥнары саргылан, төттөрү түөрэхтэн! Сэттэ үйэ тухары мин кырыыһым эн аймах-билэ дьоҥҥун ситэн сиэтин! Кырыыс! Кырыыс! Кырыыс! Хотой өһөн эрэр хараҕын оҕонньортон араарбакка, утары үнүөхтээтэ. Саа тыаһа иккиһин сатараата. Хотой эмискэ хараҥаҕа умуста... Иннин-кэннин баардылаабат, өбүгэ үгэһигэр хараҕа сабыллыбыт урааҥхай баҕайы тыытын кытылга тиксэрдэ. Биэрэккэ харбыалаһан тахсан, сууһарбыт кыылын аттыгар кэллэ. Манна да “аньыыны оҥоробун” диэн сүрэҕэ көппөтө, алҕаһы оҥордум диэн сүһүөҕэ хамсаабата. – Сараһын! Умса түстүҥ ээ! – диэт хамсаабат буолбут кыылы ылан, олорбут харыйатын мутугар илдьэн таҥнары ыйаан кэбистэ, үчүгэйи оҥорбуттуу астынан ытыһын суураланна. Тойон кыылы суулларан, улуутук сананна, үрдүктүк тутунна. Сиэри-туому тутуһан, Тойон кыылы ытыктаан харайбата, аньыытын-харатын боруостаан, аатын ааттаан бырастыы гынарыгар көрдөспөтө... * * * Нина аанньа утуйбата. Ыалларын ыта, адьас дьахтар ытаан суланарын курдук, түүнү быһа улуйан уутун уйгуурдан кэбистэ. Инньэ гынан, сарсыарда тоҕус сорунан ыбыс-ыарахан төбөлөөх хойутаан турда. Суунан-тараанан, тэлэбиисэрин холбоон, чэйин сыпсырыйбыта буола-буола «Сонуннары» көрө олордо. Эмискэ аттыгар киһи күлүгэ барыс гыммытыгар, кыыс соһуйан чааскытын ыһыкта сыста. – Һук, Аана, хата киһини соһуттуҥ! Киир, аас, көххө чэйдэ иһис, – диэн өмуттүбүтэ ааһан, эбии чааскы ылан чэй куппутунан барда... Нина ыалын, Аана эмээхсини, истибэтигэр «Түүлээх уллуҥах» диэн ааттыыр. Олох тыаһа-ууһа суох сыбдыйан кэлэн биирдэ баар буола түһэр, кэлбитин курдук саҥара олорон эмискэ сүтэн хаалар идэлээҕин иһин. Аанаҥ, хата, илии тутуурдаах, өттүк харалаах сылдьар. Сугун барыанньалаах киирбит. Аана, төһө да бытаан буоллар, барыны бары ким хайа иннинэ бүтэрбитэ-оһорбута, билбитэ-көрбүтэ эрэ баар буолар. – Хайаа, Аана, сугуну бүтэрбиккин дии! Сорох быйыл тыаны өҥөйөн көрө илик. Олор, кэпсээ. Ону-маны түһээн, ыт улуйарын иһиллээн, аанньа утуйбакка хойутаан турдум, – Нина сугун барыанньатын иһиккэ кута-кута күө-дьаа кэпсээни саҕалаата. Аана үгэһинэн остуол биир өттүгэр чөм түһэн чөкөллөн олордо. Уоһун үмүрүччү туттан чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа Нинаны өрө мыҥаата. Ити эмиэ кини идэтэ. Саҥата суох мылайан истэн олорооччу, онтон нэһиилэ сыыбырҕаан саҥа таһаарааччы уонна тохтообокко бара турааччы. Билигин эмиэ кэтэтэн-манатан баран: – Буолумуна! Куһаҕаны биттэннэҕэ! Эйиэхэ илдьит тиэрдэ киирдим. Чэйдээт хонтуораҕа тиийиэҥ үһү. – Тыый! Ол туох буолла? – Оҕолор ууга былдьаммыттар... Дьэ, алдьархай диэтэҕиҥ... – Кимнээх?! – Ыалыҥ балтылара. Били Дьокуускайтан кэлэ сылдьар кыыс уонна Сиэстэрэ Өрүүнэ уола Диимискэ... – Оо, бу иэдээни-ии... Өрүүнэ барахсан иэдэйэр буоллаҕа... – Иэдэйэн... Муҥар, дьиэлэригэр суохтар үһү. Өрүүнэ били хаһан да дойдулаабат бэйэтэ уоппускатыгар “дьоммун көрбөтөҕүм ыраатта” диэн Лиэнискэйдээбит. Аҕалара ону илдьэ таарыйа дьиэ маһын тиэйэн кэлиэм диэн барсыбыт. – Төннөөхтүүр буоллахтара... – Төннөн... Кыыс барахсан дьонун эмиэ ыҥыртарбыттар үһү. Эйигин ити хонтуораҕа кэлэн венок онорсуо этэ диэтилэр... – Бары-ан-баран... Диимискэ барахсан миэхэ дьыссаакка сылдьаахтаабыта. Улаатан киһи киһитэ буолан эрэр диэн сэмээр үөрэ саныырым. Ити буолан хаалаахтаатаҕа...– Нина эбии чэй куттаары оһоҕор эргилиннэ. Чааскытын тутан төттөрү эргиллибитэ – Ааната мэлигир. Кураанахтаммыт чааскытын бүлүүһэтигэр умса уурбут уонна киирбитин курдук тыаһа суох сүтэн хаалбыт. «Ити икки ардыгар ханна бара охсон хаалла?» – диэн түннүгүнэн өҥөйбүтэ, олбуор аанын диэки эмээхсинин көхсө аҕыйахтык элэҥнээн хаалла. Нина саҥата суох олорбохтоото, онтон сымсатык ойон турда: – Уу, олорон хаалаары гынным... Иһити сайылыы охсоот хонтуоралыахха... Сатана ыта ол иһин улуйбут эбит буолбаат! Буолар да эбит. Нина иһитин-хомуоһун үмүрү тутаат, тулламай саппыкытын сиирэ-халты анньынан хонтуора диэки тэбиннэ... Хонтуораҕа уонча дьахтар мустубут. Бары саҥата-иҥэтэ суох остуол тула олорон, эрдэ бэлэмнэммит харыйа лабааларынан венок өрөн бардылар. Бу олорон ибир-сибир бу буолбут быһылааны токкоолостулар. Оҕолор барахсаттар сөтүөлүү сылдьан былдьаммыттар. Икки кыыс ууга түһэн аймалҕан буолбутугар, Диимискэ киирэн бастакы кыыһы таһаарбыт, иккистээн киирбитин уолуйа куттаммыт кыыс саба баттаан кэбиһээхтээбит... – Олох амтанын билбэккэ бараахтаатылар, барахсаттар... Эдэрдэрэ бөҕө... Олох тыйыһын! Диимискэ аҕата эмиэ ууга түһэн суох буолбута дии... – Оннук! Диимискэ – бүтэһик Өндөрүөйэп этэ. Ити хос эһэлэрин аньыыта- харата таайан...– баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут саамай кырдьаҕастара Сөдүөрэ саҥа таһаарда. – Туох даа?! – Өрүүнэ барахсан итини сэрэйэн уолун араспаанньатын уларыттара сатаахтаабыт эбит, иккистээн кэргэннэнэн баран... Ону ити аҕатын эдьиийдэрэ “соҕотох Өндөрүөйэби суох оҥороҕун” диэн үлтү түнэйдээн уларыттарбатахтара...... Өндөрүөйэптэр бүттүлэр... Бары биир дьылҕаланнылар... – Хайдах ол? – Бары, бары.. ууга суорума суолланнылар... Хос эһэлэрэ, эһэлэрэ, Диимискэ аҕатын Куола бииргэ төрөөбүт убайдара Уйбаан, Балантыын... Уонна ити Диимискэ... – Эчи ынырыгын! Ол хос эһэлэрэ туох ааттааҕы гыммытай? – Тугу да долоҕойугар тохтоппот, уһуну-киэҥи толкуйдаабат, иннин-кэннин барыгылдьыппат бүтэй күтүр этэ. Мин Борокуоппайым ол сайын сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн кэлээхтээбит этэ. Хантан кэлэн хаалбыта буолла, кини ыырыгар Тойон кыыл кэлбитин, күтүр күтүрэ өтөн, балыгыттан көҥөнөн ытан кэбиспит. Онно үтэһэтэ туолбакка, кини аҕай буолан: «Өссө куһаҕан баҕайытык кыланардаах баҕастаах...» – диэн чабыламмыта үһү. Улуу кыыл ааттыын да улуу кыыл, мээнэҕэ саҥа таһаарбатах буолуохтаах. Туох барыта сэттээх-сэлээннээх... Ол күһүн тыыта түҥнэстэн илимигэр иилистэн сытарын булбуттара... – Эчи ынырыгын! Куһаҕанын! Ол биир киһи хара аньыыта бүтүн аймаҕы эһэрэ... – Дьэ оннук. Икки атахтаахха бу орто дойдуга бэрт кылгас кэрчик бэриллэр. Дьэ ону киһилии сүгүн олорбокко, бу сиргэ букатын кэлбит курдук дьүһүлэнэбит ээ... – Сөдүөрэ абарбыттыы тутан олорбут харыйатын лабаатын күүскэ эрийэ тутта. – Онтон ону хайдах да көннөрүллүбэт дуу? – саамай эдэрдэрэ Настенька уу-хаар баспыт хараҕынан эмээхсин диэки быыһатыах-абыратыах курдук көрдө. – Аны кэлэн туох көнүөй? Туох да көмөлөһөөхтөөбөт буоллаҕа-аа... Көмөлөһөн да диэн, аймах аймаҕынан эһиннэҕэ ити дии. Сайыннахпыт аатыран өбүгэ үгэһин умнубуппут төлөбүрэ ол буоллаҕа. Аны кэлэн, ону сөргүтэр да киһи хаалбата быһыылаах... – Сөдүөрэ дириҥник үөһэ тыынна... Дьахталлар бары саҥата суох үлэлэригэр умса түстүлэр... Оксана Гаврильева-Айсана.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан