Кэпсээ
Войти Регистрация

Арааһы санаатым

Главная / Кэпсээн арааһа / Арааһы санаатым

K
31.05.2021 16:40
   «ТНТ» ханаалга көстөр «Битва экстрасенсов» биэриигэ киһи эрэ дьиктиргии, сөҕө, ардыгар сэрэхэдийэ истэр түгэннэрин көрдөрөллөр. Ол курдук, биир дьахтар тоҕо эрэ эр дьону кытта эрдии-ойохтуу буолар сыһыаҥҥа киирэн баран, араас төрүөтүнэн ыал буолбакка сылдьара, ол сүрүн төрүөтэ туох буоларын билээри экстрасенстары ыҥырбытын кэпсээбиттэрэ. Кини өссө урут кэргэннэнэ сылдьыбыт, онтуттан оҕолоох эбит.      Мин түүлбэр эмиэ наар биир илэ хаһан да билбэтэх-көрбөтөх киһим дөрүн-дөрүн киирэр. Иккитэ-үстэ өр буола-буола түһээбитим. Кэлин көһүннэр ханнык диэн саныыр буоллум. Илэ баҕас көрө иликпин. Тьпу, тьпу, тьпу, оннук баҕас көстүбэтэр ханнык этэ. Санаабар, ол түүлбэр буоллаҕа дии, кинини олус таптыыр, күүтэр аҕай эбиппин диибин. Наар бииргэ сылдьабыт, тэҥҥэ үөрэбит-көтөбүт. Уураһабыт-хайыыбыт, Илэ курдук, астынабын даҕаны. Хас туттуута-хаптыыта, дьүһүнэ, быһыыта-таһаата санаам иһинэн курдук. Култууралах баҕайы. Абарабын ээ, дьиҥ олоххо да кини курдук киһи баар буолбат, миэхэ көстүбэт диэн. Акаарыбар, ол киһим курдук эр бэрдин өрүү көрдүүр курдукпун. Суоҕа бэрт. Киһи куһаҕантан сонньуйар. Хаһан эрэ биир дьүөгэбэр быктаран ааспыппар: «Сэгээр, ол эн гормоннарыҥ оонньууллар. Тыый да, бу кыыс обургу уол оҕо курдук буолан түһэн, өссө астынабын диэ», — диэн күлүүгэ кубулутан кэбиспитэ. Кырдьык, оннук да буолуо ээ. Саас ыраатта. Оҕолонор сааһы баттаһа, саатар, биир кырачааны күн сиригэр көрдөрбүт киһи дии саныыбын да, ханта-ан. Биирдэ эмэ оннук түгэн мичик да гыннаҕына, үөскээбэт. Аны, ыл да бу киһиттэн оҕолонуом диэтэххэ, сөптөөх киһи көстүбэт. Ойохтоохтору чугаһаппаппын. Холостуой эр дьон мин саастыыта суоҕун тэҥэ. Баар да буоллахтарына, иһэр-аһыыр адьынаттаах киһиттэн ким оҕолонуон баҕарыай. Ама да, мин буолбутум иһин. Медкииҥҥэ бара сырыт дииллэр да, кыбыстыыта бэрт курдук. Хайа, уонна бу аҕыйах ахсааннаах өрөспүүбүлүкэттэн хомуллубут «сиэмэ бааныгар» төһө бэйэлээх киһи туттарбыт үһү. Аны, ол «бэриһиннэрэн» ылбыт оҕом биологическай аҕатын атын оҕотун таптаан кэбистин? Эчи, эбии кыһалҕа буолаарай.    Онон эдэр кыргыттарга сүбэлиэм этэ, киһи олоҕо, эдэр саас диэн олус кылгас эбит. Хаһан кэлэрэ-кэлбэтэ биллибэт үрүҥ аттаах уоланы (принц) кэтэһэ сылдьан, төрүүр-ууһуур сааһы куоттарыахха сөп. Эр дьоҥҥо, дьиҥинэн, сирдэрбэт дьүһүннээхпин, үөрэхтээхпин, син эрийсэ сатааччылар да бааллар. Ордук устудьуон сылларбар «успех» бөҕө курдугум... Оҕо ииттэ ылыахпын санаталыыбын да, хайдах оҕо түбэһиэй, доруобуйата, төрдө-ууһа? Аны, онтулара улахан уочарат дииллэр иһиттэххэ. Бэйэм омугум оҕотун ыла сатыах этим. Кырдьыгынан эттэххэ, син биир бэйэм аналбын, оҕом аҕатын көрсүөм диэн эрэл кыыма дууһам түгэҕэр саһа сылдьар. Оттон күн-дьыл ону күүппэт, бэрт түргэнник бүтэн-оһон иһэр. Төрөөбүт күнүм кэлбитэ баар буолан иһэрин бэйэм да бэркиһии саныыбын. Урут төрөөбүт күммүн олус күүтэр курдук буоллахпына, билигин курус салгын дууһабар сатыылыыр. Түүлүм киһитигэр тэҥнэһэр киһи бу сиргэ баара буолуо дуу? Арааһа, суох буолуо. Урукку олорон ааспыт олоҕум персонаһа сылдьара эбитэ дуу, туох билиэй. Киһи бу сиргэ хаста да кэлэн барар дииллэр дии.    Киһи Орто туруу-бараан дойдуга кэскил тэринээри, ыал буолаары, оҕо төрөтөөрү кэлэр. Ону билинэбин, ол гынан баран сүрэх таптаабатын, дууһа тардыспатын хайыыр да кыах суох. Эр дьоммут тыа сиригэр (куоракка да ордук буолуо дии санаабаппын) арыгыга олус охтор буолла. Бу киэһэ тугу сиибин, сарсыҥҥым хайдах буолуой диэн, ыйдаҥардан толкуйдаабакка олорооччу элбэх курдук. Баҕар, оттон олохторо табыллыбатын, кинилэри тэҥниир, ыал буоларга сөпсөһөр кэрэ аҥаар суоҕун аһыы уунан сайгыыр дьүһүннэрэ буолуо. Ол гынан баран ол туһуттан бары амсайар, итирэр-кутурар буоллахпытына, сүрэ бэрт буолаарай. Чэ, ити курдук. Улууспун, ааппын, биллэр төрүөтүнэн суруйбаппын. Валя.
kyym.ru сайтан