Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Хаһааҥҥа диэри ыт сааҕар умньанабыт?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Хаһааҥҥа диэри ыт сааҕар умньанабыт?
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.04.2023 17:50
Төһө да «ыт – киһи доҕоро” диэтэрбит, ордук куорат сиргэ, ыттаах-куоскалаах аһара элбээн, тулалыыр эйгэ санитарнай туругар, дьон-сэргэ, чуолаан, оҕо аймах доруобуйатыгар буортулаах дьайыыта олохпут биир сытыы боппуруоһунан буолбута ыраатта. Онуоха түөрт атахтаах доҕотторбутун: ыты-куосканы буруйдуур кэрэгэй. Тыыннаах дууһалар буоллаҕа, наадаларын хайыахтарай. Хаһаайыттара, кинилэр курдук хара баһаам икки атахтаахтар кыһаммат, көрбөт-хомуйбат буолбуттарын кэннэ. Бары билэ-көрө, тэпсэ, биһиллэ-умньана сылдьабыт эрээри, үөрэнэн хаалан, дьыалайдаабаппыт. Ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, өһүөннээҕинэн кынчыаттыыр тарбыйах саҕа апчаарканы, хаппыт хаптаһыннарынан чапчыйан эрэрдии иэрийэ-иэрийэ үрэн ньаргыйар сутурук саҕа тэллэх ытын подъеһыҥ айаҕар, тэлгэһэҕэ оҕо оонньуур былаһааккатыгар ииктэтэ-саахтата турар дьээдьэҕэ, чүөчэҕэ самычаанньа оҥордоххуна кырбаныаххын, үөҕүллүөххүн, ытырыллыаххын сөп. Көрдөрөн туран, киһи киэниттэн итэҕэһэ суоҕунан холлон баран, туох да буолбатаҕын курдук күүлэйдии, “салгын сии” ааһа туруохтара. Кыһынын өссө ньучубуо, тоҥон хаалбыты туора тэбэ-тэбэ ааһа туруоҥ. Саас, сир хараарыыта, түөрт атахтаах “доҕотторбут” ииктэрэ-саахтара ирэн, “тиллэн”, икки атахтаах эрэйдээхтэр аспаал иэннээх уулуссаларбытынан, хаалыктаах хаамар даамбабытынан, сандаарыспыт болуоссаттарбытынан, халлааҥҥа харбаспыт килэгир таас олорор дьиэлэрбит анныларынан, тулаларынан, бэл, кырачааннарбыт оонньуур былаһааккаларыгар холкутук үктэнэр, атыллыыр сири булуоҥ суоҕа. Биир бэйэм, иллэрээ күн, ирэн баран тоҥмут килиэ муус устун хаалыктарбар тэптэрэн хааман хантаарыҥнаан иһэммин, халты тэбинэн тиэрэ таһылла түстүм. Дөйүөрбүтүм ааһыыта, илиим-атаҕым бүтүннэриттэн таҥараҕа махтанан, нэһиилэ туран, сарт түспүт көлөһүммүн соттоору абааһы хабархай сыт саба биэрэн, ытыспын көрүммүтүм, ыт сааҕар тайана түһээхтээбиппин. Дьэ, бу дьаабытын… Куораппыт эдэр тойотторо-хотуттара быыс булан хаамаллара-сүүрэллэрэ буолуо дуо, бу мин курдук халтарыйаллара, умньаналлара буоллар… тугу да гынар кыаҕа суохпуттан, кыһыыбыттан сэтэриир санаалар охсуллан аастылар. Туох алдьархайай, аныгы үйэҕэ сайдыы чыпчааллара ол-бу араас IT-технологиялары өрө тутан, аан дойду таһымыгар тарбачыһа сылдьан, хаһааҥҥа диэри ыт сааҕар умньана олоробут? Бу 400 сүүсчэкэ тыһыынча нэһилиэнньэлээх сүүнэ куорат санитарнай туругар, дьон, чуолаан күннэтэ умньанар оҕо-ыччат доруобуйаларыгар сүһүрдэр дьайыылаах ииги-сааҕы буолуохтааҕын курдук үрдүттэн кэһэ сылдьарбыт тоҕо сүрэй. Аһара гумааннайдаабыта буоламмыт, киһини хадьырыйар, сиир бэйдиэ ыттары харыстаабыта, көмүскээбитэ буолабыт. Ыт аатыттан ааспыт, кыыллыйбыт адьырҕалар уопсастыбаҕа кутталы таһаарбакка, дьууктаныахтаахтар, суох оҥоһуллуохтаахтар. Ыттарын дьаарбатар хаһаайыттар сиэптэригэр салапаан мөһөөччүктээх сылдьан, холлубутун тута ыраастаан иһэллэрин курдук булгуруйбат сокуон ылыллыахтаах. Сокуону кэһээччилэр гуманитарнай буолбакка, дьайымтыалаах экэнэмиичэскэй миэрэлэргэ тардыллыахтаахтар!
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан