Кэпсээ
Войти Регистрация

Кийиит Маарыйа

Главная / Кэпсээн арааһа / Кийиит Маарыйа

K
14.05.2021 15:42
   Былыр өрдөөҕүтэ нэһилиэкпитигэр кылгас кэмҥэ биир кийиит дьахтар баар буола сылдьыбытын туһунан номоҕу истэр этим. Ол кийиит Маарыйаны киһи барыта «Ньылхантан дуу, Айаантан дуу төрүттээх» дииллэрэ. Быһата, биһиги дойдубут киһитэ былыр ханнык эрэ тардыыга хабыллан, таһаҕас тиэйсиитигэр барса сылдьан илдьэ кэлбит. Ити ааспыт үйэ отутус сылларын диэки буолуон сөп. Биһиги киһибит Бөөхүллэ Өлөксөй диэн ааттыын-суоллуун да бэрт сыппах киһи эбит буоллаҕына, ойоҕо Маарыйа тыыллан-хабыллан дьахтар талыыта үһү. Эриттэн биир төбө үрдүгүн, үс төгүл күүстээҕин, уон бүк сытыытын кэпсииллэрэ.          Ойох ылан кэлэн баран төрүкү ыарыһах Өлөксөй туох эрэ дьаҥыгар хаптаран өлөн хаалаахтаабыт. Маарыйа эрин улаханнык аһыйбыта үһү. Эрэ өлбүтүн кэннэ дьахтары нэһилиэкпит сулумах эр дьоно бары кэриэтэ күргүөмүнэн ойох ылаары кэргэн кэпсэтэн ынньаҕалаппыттар да, Маарыйа туллаҥнаабатах. Бэйэтэ ол курдук эр киһини иирдэр-умсугутар туох эрэ ураты хаачыстыбалаах дьахтар эбитэ үһү. Нэһилиэк оччотооҕу сулумах да, ойохтоох да дьоно бука барылара бу дьахтарга харааччы иирэн хаалбыттар.    Эрин харайбыта хас да сыл кэнниттэн буолуо, бука, тыгыалыы сылдьар итии-буһуу хааннаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр дьахтар айылҕатыттан ханна куотуой, бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн «сылдьан» барбыт. Холобур, холкуос кытаанах үлэтин-хамнаһын быыһыгар, кылгас сайыҥҥы түүҥҥэ икки көскө чугаһыыр Ураһалаах алааһыгар олохтоох Бөкүнүк Бүөтүр диэн киһиэхэ баран көссүүлэһэн кэлэр буолбут. Ол киһитэ эмиэ тутум уҥуохтаах, бүрэ, киһи итиччэ ыраах сатыы хааман эрэйдэнэригэр остуойута суох, киһи мыынар киһитэ этэ дииллэрэ. Ити эрэ буолбатах, Маарыйа хас да мэлдьи сылдьыһар дьоннордоммут. «Сүрэҕим сөбүлүү көрдө да хайдах да туттунар, тохтоон олорор кыаҕым суох, барбыппын бэйэм да билбэккэ хаалабын» диэн кэпсиирэ үһү. Аны туран көссүүлэрэ барылара, этиллибитин курдук, талбыт курдук бүрэ, кыра-хара дьон. Бука, бэйэтэ сытыыта, күүһэ-уоҕа, талыыта-мааныта бэрт буолан мөлтөххө-кыаммакка тардыһан эрдэҕэ. Сыыйа, нэһилиэк дьахталлара түүн эрдэрин манаан утуйар уулара көппүт, олохторо барыта огдолуйбут, үлэ-хамнас айгыраабыт. Түүн Маарыйа олорор сайылык дьиэтин тула (онно хас да ыал буолан дьукаахтаһан олороллор) кини үтүө мөссүөнүн көрөөрү, табылыннаҕына, сүрэҕэ сөбүлээн ыҥыран ылыа диэн уончалыы киһи ытыахтарыгар диэри симэнэн баран сөрүөстэҥнэһэн тахсаллар эбит. Маарыйа сырыыларыттан холкуоска улахан айдаан, күнүүлэһии күөдьүйэн барбыт. Үҥсүһүү-харсыһыы саҕаламмыт.    Оройуонтан хонтуруоллуу тахсыбыт боломуочунай, холкуос актыыбын мунньаҕар сылдьан, Атылааһаба Маарыйа аатыгар киирбит үҥсүүлэри үөрэтэн баран, суос-суодал бөҕө буолан ыанньыксыттар биригээдэлэригэр тиийбит. Кылабачыгас саппыкылаах, быакаччы курдаммыт киитэллээх, тос курдук туттубут былаас бэрэстэбиитэлэ титииккэ чиккэлдьийэн тиийэн хаһыы-ыһыы, хамаанда бөҕөтүн түһэрбит: «Гражданка Атласованы биир мүнүүтэ иһинэн манна баар гыныҥ!» — дии-дии остуолу үлтү сынньыбыт. Оччотооҕу оройуон боломуочунайа диэн ыраах тыа кэнэн дьонугар тыыннаах таҥара, илэ-бодо илиэһэй, кыра Сталин кэриэтэ буоллаҕа. Ыанньыксыт дьахталлар куттанан кутуйах иинин кэҥэппиттэр, сири-буору тарбаабыттар. Суостаах боломуочунайтан, арай, Маарыйа
бэйэтэ куттамматах. Муус холкутук үтүөмсүйэ мичээрдээбитинэн: «Хайа, доҕоор, бу туох үлүгэр айдаанын тоҕо тартыҥ?» — диэбитинэн аа-дьуо наскыйа хааман, кубалыы устан киирбитигэр, хаһыыра-хаһыыра сири тиҥилэхтии турбут боломуочунай ах барбыт. Таарыйа санаттахха, былаас дьулаан бэрэстэбиитэлэ Маарыйа түөһүн эрэ тылыгар тиийэр кыра, куурбут-хаппыт киһи эбитэ үһү. Боломуочунай үтүө дьахтар алыбыгар баттатан-долгуйан, хара-хара уонча мүнүүтэлээх «өйдөтөр үлэ» ыыппыта буолан бобуллаҥнаабытт. Уонна ол кэм иһигэр суоһа-суодала барыта суураллан, тэллэх ытыныы тыһытыйбыт, тэстибит хабахтыы уостубут. Тиһэҕэр, уулан «манна холкуос дьахталлара батарбат буоллахтарына, оройуон киинигэр үлэ булан көһөрүөм» эҥин диэн эрэннэрбит. Ол кэпсэтиини ким иһиллээн турбута биллибэт да буоллар, бу кэпсэтии ис хоһоонун билэн баран, «дьэ, оҕо барахсаммытын боппуруоһун быһаардыбыт, боломуочунай оннугун булларар баҕайыта ини!» диэн сэтэрии күүппүт холкуос сорох күнүүһүт дьахталлара кэлэйэн сиргэ силлээбиттэр. Оттон сорохтор «биһиэхэ да оройуон тойотторуттан букатын торуттубакка, биир муостаҕа туран тэҥҥэ аахсар дьон бааллар эбит» диэн Маарыйаларынан киэн тутта санаабыттар.    Боломуочунай ол күн салгыы хас да сайылыкка сылдьан баран төннөн кэлбит (дьиҥинэн, салгыы барыахтааҕа үһү) уонна кинини хонноро түһэрбит ойдом турар ампаар дьиэлэригэр Маарыйаны «салгыы бэсиэдэ ыыта» ыҥыртарбыт. Онно тиийэн кинилэр тугу «бэсиэдэлэспиттэрэ» биллибэт. Ол эрээри, бэрт сотору буолаат, дьиэ аана тэлэллэ түспүт... Ону кытта кийиит Маарыйа тутум уҥуохтаах боломуочунайы аҥаар илиитинэн саҕатыттан, иккиһинэн дабыдалыттан ыйаан таһааран, тиэргэн нөҥүө кыыраппыт. Кийиит күүстээҕин ол да инниттэн бары билэллэрэ эрээри, боломуочунай дьиэ ааныттан хас да хаамыы тэйиччи турар үс мастаах күрүөнү үрдүнэн таарыйбакка көтөн ааспытын сөҕөн кэпсииллэрэ. Туох да этиһии-үөхсүү, хаһыы-ыһыы суоҕа үһү.    Ол кэннэ боломуочунай түүннэри атын үрдүгэр түһэн оройуоннаан хаалбыт. Оттон Маарыйа ситэ биир нэдиэлэ буолбакка бу дойдуттан букатыннаахтык көһөн барбыт. Оҕото-уруута суох дьахтар тутуллара туох да суох буоллаҕа. Үүт-тураан олох бүппүтүн, салгыы син биир сүгүн олордубаттарын өйдөөтөҕө. Ханна барбытын ким да билбэт. Сорохтор «дойдулаабыта буолуо» дииллэр, сорохтор кэлин «Дьокуускай куоракка сылдьарын көрбүттэр үһү» дэһэллэр.    Чэ, ол улахан суолтата суох. Саамай сүрүнэ, дойдум эр дьоно билиҥҥэ диэри «былыр хаһан эрэ биһиги дойдубутугар хантан эрэ олус мааны, кырасыабай, биир да эр киһи умсугуйбакка-ылларбакка эрэ утары көрбөт дьикти дьахтара кэлэн кийииттээн барбыта үһү. Дойдубут хас да быстар мөкү, мөлтөх, төрүкү ыал буолбатах эр дьоно ол дьахтар тапталын билэн, биирдэ төрөөбүт айыыларыгар сирдээҕи дьол диэн тугун билбиппит диэн анараа дойдуга үөрэ-көтө барбыттара үһү» диэн номох оҥостон кэпсииллэр.    Оҕо сылдьан ол дьиэни мин көрөр этим. Сайылыкка бардахпына онно олохтоох улахан уолаттар «биир чүөчэ тойону саҕатыттан ылан бырахпыта, субу манна кэлэн түспүт үһү» диэн ол дьиэттэн уонтан быдан тахса миэтэрэлээх сири ааҕан көрдөрөллөрө. Ол, биллэн турар, омун буоллаҕа. Ити да гыннар,
боломуочунай ол ааҕыллыбыт сир аҥаарыгар да баран түспүт буоллаҕына, чахчы күүстээх дьахтар эбит, ол кийиит Маарыйалара.
kyym.ru сайтан