Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэрэ Кэтириис

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэрэ Кэтириис

K
06.05.2021 15:29
Хоноҕор Хонооһой түөрт уончатын ааспыт түс-бас киһи, хоһуун үлэһит. Оту охсорунан чугаһынан тэҥнээҕэ суох, ойоҕо Огдуустуун олус бэркэ олорбуттара. Наһаа иллээх ыал этилэр. Онтон баар-суох уончалаах уолчааннара соһуччу ыалдьан суох буолуоҕуттан ыал аатыттан ааһан барбыттара. Хомолто хоммута, аһыы-аба арахпакка муҥнаталаабыта. Киҥ-наар буолан, тыл-тылга киирсибэт буолуу саҕаламмыта. Ити кэмҥэ Өндүрэй диэн эдэрчи киһи Кэрэ Кэтириис диэн дьахтары кэргэн ылан, сүгүннэрэн аҕалбыта. Дьэ, кырдьык даҕаны, кыыс киэнэ кылааннааҕа буолан биэрбитэ. Тэбэ сылдьар тэрэгэр эмиийдээх, мэтэгэр бэйэлээх, синньигэс бииллээх, имэҥнээх көрүүлээх, имиллэҥнээн хаампыт, кэлбит-барбыт, кэпсээбит-ипсээбит Кэрэ Кэтириис этэ. Хайдахтаах да бэйэлээх эр бэрдин хаанын хамсатар, сүрэҕин өрүкүтэр барахсан. Хоноҕор Хонооһой, ол дьахтары көрөөт, харааччы иирэн хаалбыт. Хонооһой даҕаны хонойон түһэн дьахтар сүрэҕин хаанын дьүрүһүтэ сүүрдэр хотой. Аны туран, кыбыстар-саатар диэни билбэккэ илэ иликичиһэр буолбуттар. Оттон Кэтириис эрэ киһи киэнэ мас көнөтө, адьас кумаардаан да көрбөт көрүҥнээҕэ. Бука, Кэтирииһин таптыыра оччо буолуо. Отчуттар үрэх сиргэ оттуу сылдьыбыттар. Охсооччулар мас төрдүгэр, адьас халлаан анныгар, хоноллор эбит. Бары кэриэтэ оҕочоостор. Сэрии кэннинээҕи кэм буолан, эр дьон олус аҕыйахтара. Хонооһойу хараҕа эргэлээх уонна өссө туох эрэ ыарыылаах буолан, аармыйаҕа ылбатахтар. Охсубут отторо хатан, мунньааччылар кэлэр күннэрэ буолбут. Хоноҕор Хонооһой этиитинэн отуу туппуттар. Ол отууларыгар мунньааччы дьахталлары, кыргыттары кытары бииргэ хоммуттар. Сарсыныгар аармыйаттан саҥа кэлбит Көөһөй Көстөкүүн охсооччу уолаттарга кэпсиир: — Хонооһойдоох Кэтириис утуппатылар. Уон алталаах-сэттэлээх уолаттар: — Хайдах? — Оттон хоонньоһон ходьоҥноһон таҕыстылар,— диир, сыҥааҕырдыырын быыһыгар. Оҕолор обургулар тэбиэһирэ-тэбиэһирэ күлсүбүттэр. Күнүс Көөһөй Көстөкүүн Кэтириискэ: — Утуппатыгыт! – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. — Утуйума диэбэтэхпит. Оттон иҥсэрбит буоллаххына «бэрис» диэҥ этэ буоллаҕа,— диэн саайбыт. Онтон эбиитин: — Оттон, били, Көрдүгэн Күөлгэ күрүө тута сылдьан эн биһикки тугу гынныбыт этэй? – диэн баран дьирикинэччи көрбүт. Оруо маһы ортотунан балыйтаран, соһуйан, Көстөкүүн ах баран хаалбыт. Уолаттар: — Ол тугу гыммыккытый? – диэн сотору-сотору ыйытан сорун сордообуттар. Кэтирииһи уолаттар күлүү гынаары гыммыттарыгар: Хоноҕорбун кытары Хоонньоһоохтуу туруоҕум, Хомсомуол уолаттары Холдьоҕуталаан ыытыаҕым,— диэн хоһоонноох буолбут. Көстөкүүн орто уҥуохтаах, дараҕар сарыннаах, симмит курдук толору эттээх-сииннээх, маадьаҕар атахтаах, көһөн иһэр курдук оргууй көөһөҥнөөн хаамарын иһин Көөһөй Көстөкүүн диэн аатырбыт, дьэлтэй дьэтигэр сылдьар эр бэрдэ. Көнө, көрсүө киһи. Кэрэ Кэтириис Көөһөйү көрө-көрө ымсыырар, ыксалаһыан баҕарар бадахтааҕа. Онто, саараама, чугаһаппат. Эҥин араастаан эйэргэһэн эрийэ сатыыра туһалаабатын иһин, сырыы аайы хатыылаах тылынан суустаан тахсар. Оннооҕор элбэх киһи истэн турдаҕына маннык диэбиттээх: — Көстөкүүн, били, Көрдүгэн Күөлгэ күрүө тута сылдьан тугу гына сатаатыбыт этэй? Көскөйө сытыйан, көдьүүстээбэтэҕиҥ дии. Көппөҥнүөх курдук гынан иһэн, көннөрү буолан хаалбытыҥ. Эн баҕас эр киһи буолуоҥ дуо? Көлөөк Көстөкүүн буоллаҕыҥ дии! – диэн дьону соһуппут. Ити
курдук көрдөҕүн аайы сулуйар, үөҕэр үһү. Онто олох онно суоҕун үгүстэр билэллэр үһү да, «мыык» диэбэттэр эбит. Кэрэ Кэтириис тииһигэр ким киирэн биэриэн баҕарыай? Кэтириис куруук түөһэн тахсар Көрдүгэн Күөллээҕи хоонньоһуу, дьиҥэр, маннык эбит. Кини Көстөкүүн хоонньугар киирбит. Биирэ үүрэн ыыппыт. Холдьоҕуллубут кыһыы кэрэбин дэнэр Кэтирииһи мэлдьи кэрбии, ситис диэн кигэ сылдьыбыт. Кырдьык даҕаны, кыһыылааҕа буолуо. Атын дьон сырса сатыыллар, кинини кытары кэпсэтэ да түһэллэрэ үрдүк үөрүү. Арай көөһөйө сытыйбыт Көстөкүүн сирэр. Көстөкүүн Кэтириис киирэ-тахса сатыырын, араастаан үөҕэрин адьас истибэт курдук туттар эбит. Ол аайы Кэтириис эбии сэтэрээн ыыстыыр буолбут. Биирдэ холкуос бырабылыанньатыгар хас даҕаны дьахтар ньамалаһа олорбуттар. Көстөкүүн көһөн киирбит. Үгэһинэн Кэрэ Кэтириис кэрээнэ суох саҥаран барбыт: — Эр киһи элээмэтэ буолан сылдьаахтыыгын! Ханнык акаары дьахтар эйиэхэ ойох тахсыай?! Ойохтонон да ороҥҥо туһалыаҥ суоҕа! – диирин кытта, истибэт курдук туттан олорбут Көстөкүүн көрүөх бэтэрээ өттүгэр сулбу ойон туран Кэтэриис куоптатын уолугуттан ылан өрө ыйаан таһаарбыт, биир харыстаах быһаҕын кыыныттан кылбачытан таһааран дьахтар хабарҕатыгар тирээн баран, бобулла-бобулла: — Тохтоо! Тохтуугун дуу, суох дуу?! – дии-дии субу хабарҕатын быһыах курдук бардьыгынаабыт. Биир даҕаны эр киһи суох үһү. Ким быыһыа буоллаҕай?! Хаһан киһи хабарҕатын быһа сотон эрэллэрин көрбүттэрэ баарай, дьахталлар сарылаһа түһэн баран, ким таһырдьа ыстаммыт, ким дьиэҕэ саспыт, уолуйан уҥа сыһан, эппэҥнии олорбут да баар үһү. Дьахтар хараҕа уһуллуох курдук улаатан тахсыбыт, дьикти баҕайытык иччитэ суоҕунан тиэрэ көрбүт. Киһи куйахата күүрүөх хатан баҕайытык сарылаабыт уонна түүрүллэ түһэн баран, киһитин ахтаҕа тэппит. Көстөкүүн самаҕын харбаммытынан олоро түспүт. Кэтириис хаһыы-ыһыы бөҕө буола-буола дьиэттэн сулбу ойон тахсан хоту диэки тэлээрэ турбут. Ити курдук Кэрэ Кэтириис сордоох харааччы иирэн хаалбыт. Нэһиилэ булан, тутан ылан иирээки балыыһатыгар ыыппыттар. Оттон Көөһөй Көстөкүүн хаарыаннаах “хаһаайыстыбатын” илдьи тэптэрэн, иэдэйэ сыһан баран, нэһиилэ өрүттүбүт. Кырдьык, эр киһи быһыытынан көннөрү буола сыспыт. Дьахтары куттаан иирдибит буруйугар хаайыыга барбыт. Сураҕа, ол дойдуттан этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, ойохтонон, уон оҕолонон олорбут үһү. Кэрэ Кэтириис эрэйдээх эргиллибэтэх. Оттон Хоноҕор Хонооһой Кэтириистиин отууга хоонньоспут сылыгар өлөөхтөөбүт. Дьон “сордоох сотору өлүөх быатыгар, содура көбөөхтөөбүт эбит” дэспиттэр. Николай Сафонов-Дьырылы.
kyym.ru сайтан