Кэпсээ

Үөттээххэ буолбут быһылаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөттээххэ буолбут быһылаан

К
Кыым Күлүк
20.06.2025 13:46
Үөттээххэ буолбут быһылаан
Былыр Үөттээх диэн сиргэ Нэгийээн диэн күүстээх киһи олорбут. Түөрт уоллаах. Улахан уола Бото уус көмүһү кутан уонна тардан араас киэргэллэри, симэхтэри оҥорор идэлээх. Иккис уола Омук уус көмүһү уонна тимири уһанар, биллэр-көстөр уус. Үһүс уола Маппар уус эмиэ көмүһү, тимири уһанар улахан уус. Төрдүс уола Минньигэс Баһылай диэн аатырбыт тойуктаах киһи. Бу дьон төрдүөн  баайдар. Хоро нэһилиэгэр  Сортоҕор аҕатын ууһа диэн талбыт курдук, уус уонна баай дьонноох бастыҥ аҕа ууһа.        Нэгийээн түөрт уолугар  төрүүр тахсыбат буолан, дьадайан бараллар.    Ойуун бөҕөтүн кыырдараллар эрээри, туһа тахсыбат. “Аһаҕас сиргэ олохсуйбуккут, өлүү аанын үрдэ, сиргитин уларытан көрүҥ” диэн сүбэлииллэр. Нэгийээнигэр Харыйалаах үрэҕиттэн Үүөттээх диэн сиргэ көһөн олохсуйаллар.    Саас. Ынах сүөһү саҥа төрөөн эрдэҕинэ, Нэгийээн улахан уолугар Бото ууска күүлэйдии тахсар. Дьиэҕэ киһи суох, хаҥас диэки саҥа төрөөбүт икки ньирэй бааллан утуйа сыталлар. Онтон оҕус ньирэй, баттатан, хараҕын эриэнинэн-бураанынан көрө-көрө, орулуу сытар. Нэгийээн ону көрбүтэ – арбаллыбыт кугас баттахтаах, тирии курдук таҥастаах кыра оҕо тарбыйах үрдүгэр сытан тэбиэлэнэ оонньуур, ол аайы тарбыйах орулуу сатыыр эбит.    Нэгийээн үөмэн тийиэн били кыра оҕону баттаҕыттан икки илиитинэн харбаан ылар. Оҕо күүһэ сүрдээх эбит. Нэгийээни соспутунан хотоҥҥо куотар. Нэгийээн хотоҥҥо киирэр, аан боруогуттан тирэнэ-тирэнэ тардар да, кыайбат. Ол таһырдьа туран били оҕо аҥаар этэрбэһин тура тэбиннэ, Нэгийээн мүччү тутан кэбистэ, кыра оҕо хотон орто баҕанатыгар өйөнөн туран, уу сахалыы: “Тойон буолбут чоппойбун бырах эрэ”,  диэбит. Онуоха Нэгийээн этэрбэһин быраҕан биэрбитин кэтэ турдаҕына, саах күрдьэ сылдьар Нэгийээн кийиитэ Налыах Мааппа оҕону күрдьэҕинэн төбөҕө сырбатар. Онуоха куһаҕаннык часкыйаат, сүтэн хаалар. Налыах Мааппа тойонун сэмэлээбит: “Этэрбэһинэн быстарыа диэн биэрэҕин дуо? ”диэн.    Итинтэн ылата Нэгийээннэргэ муруннаах тарбыйах өлбөт буолан, устунан уруккуларын курдук байан-тайан бэркэ олорбуттара үһү диэн, Хоро олохтооҕо Егор Дмитриевич Иванов 1943 с. олунньу ыйга сэһэннээбитэ.    Оҕо баттаҕын сытыган сыта Нэгийээн илиитигэр икки сылтан ордук сылдьан сүппүтэ үһү. Ити оҕону “тарбыйах абааһыта” диэн быһаараллара. Итинник абааһы туһунан сэһэн элбэх, өссө сорох ардыгар оҕону кытары оонньоһор диэн баар. Кини тугу аһаан-сиэн, ханна олороро, туох төрүттээҕэ-уустааҕа эмиэ биллибэт. Үөттээххэ буолбут быһылаан ити курдук түмүктэммит.   Өллөөх абааһыта    Элгээйитээҕи “Коминтерн” аатынан холкуос Сунтаардааҕы “Толстой” аатынан холкуостан от атыылаһан, Өллөөх диэн сиргэ эргэ дьиэтин ылан, ону күһүөрү кыһын өрөмүөннээн, биэс уон субан сүөһүнү уонна ыан иһэргэ икки ыанньыгы ылан, Уйбаан кэргэниниин күһүн көһөн кэлэллэр. Иккиэн да бэртээхэй үлэһит хоһуун дьон. Аҕа дойду Улуу сэриитин иккис сыла. Олох олус күчүмэҕэйэ, хоргуйан өлүү элбээн эрэрэ. Эргэ хотону уонна эргэ ампаар дьиэни хаарынан хайан, сүөһү сааҕынан сыбаан, тоҥмокко-хаппакка үчүгэйдик
олороллор. Отторун холкуос бэрэссэдээтэлэ Михаил Михайлов биэрбит нэрээтинэн Дмитрий Степановтан толору тутан олороллор. Бэрт дэлэгэйдик кыстык саҕаланар.    Арай биирдэ дьахтар хотонтон тахсыбыта – иистэнэр массыына көтүрүллэн баран остуолга ыһылла сытар. Дьэ, дьикти!    Итинтэн салгыы түүн хотоннооҕу сүөһүлэрэ ыытыллан хаалан, улахан аймалҕан буолар. Ардыгар өрүммүт күөстэригэр ынах сааҕа угуллар, арыт ампаардааҕы астара дьиэҕэ киирэн хаалар. Араас муокас барыта тахсар.    Уйбаан тулуйа сатаан баран, Михаил Михайловы “көр, бил, сатаан олорорбутун аастыбыт” диэн ыҥырар. Анарааҥҥы киһи соччо итэҕэйбэт курдук гынар эрээри, биир түүн кэлэн хонор. Абааһы сүгүн утуппат, суорҕанын сулбу тардар, оронуттан сууллары тардан түһэрэр. Михайлов үөхсэ-үөхсэ, сүгэнэн далбаатыы сатыыр да, тугу да таба охсубат. Араастаан үөхсэр – харда тыл суох, көрө сатыыр – туох да биллибэт. Ити гынан Уйбааннааҕы сүөһүлэри бэйэлэри бөһүөлэк таһынааҕы иччитэх пиэрмэни сыбатан, хаарынан хайдаран баран, онно көһөрөр уонна били дьиэлээх хотоҥҥо хагдаҥ оту тиэйтэрэн толору симнэрэн уот анньан кэбиһэр. Били абааһы ханна барбыта биллибэтэҕэ. Оттон Уйбааннаах уу чуумпу олорон, дойдуларыгар этэҥҥэ төннүбүттэрэ. Бу аймаабыт Өллөөх абааһытын ким даҕаны көрбөтөх эрээри, урут бу дойдуга итинник абааһы туһунан кэпсэл, сэһэн арааһа баара. Михаил Михайлович 1944 сыллааха Сунтаар сэлиэнньэтигэр сэтинньи ыйга кэпсээбитэ. Кинилиин икки ый кэриҥэ бииргэ балыыһаҕа сыппыппыт. Михаил “абааһыны бүтүн бурдугунан эбэтэр чоҕунан доробууналаан ытыллар үһү, оннук бултаһан көрбөккөбүн” диэн кэмсинэрэ.    Бу туох буолара биллибэт. Хам-түм манна маарынныыр сэһэннэр бааллар. Өллөөх абааһыта биллибэккэ хаалбыта.
kyym.ru сайтан