Кэпсээ
Войти Регистрация

«Мин эмиэ киҺибин»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Мин эмиэ киҺибин»

K
15.04.2021 16:22
Биирдэ кыратык «тэп» гыныылаах бырааһынньыктааҕы түмсүү кэнниттэн биир дьүөгэм саҥа ухасыардаммытын туһунан быктарда. Онто кэргэннээх, оҕолордоох үһү. Тос курдук тойон да буолбатар, бэрээдэги араҥаччылааччыларга кырата суох салайааччы эбит. Мин итинниккэ бөрүкүтэ суохтук сыһыаннаһарым харахпар биллэ охсон ааста бадахтаах, кыыһым сыыйа-баайа баайсыбыттыы тыллаһан барда: — Эн миигин сүөргүлээбиттии көрүмэ. Кэргэннээх, элбэх оҕолордоох толору дьоллоох дьахталлар, миигин өйдүүргүт саарбаҕын биллэрбин да, саҕалаабычча кэпсиим ээ. Кырдьык, кини кэргэннээх. Ол эрээри кини миигин таптыыр. Оччоҕо тоҕо мин дьол кыыма кыратык да кылах гыммытын, бэрээдэктээх дьахтар аатыраары, сабыта үрүөхтээхпиний? Мин эмиэ киһибин, мин эмиэ тэбэр сүрэхтээхпин! Мин да эр киһи сылаас хоонньугар сытыахпын, таптатыахпын, аһыннарыахпын-харыһыйтарыахпын, көмүскэллээх курдук сананыахпын баҕарбат үһүбүн дуо? Кэргэнэ суохтары даа?! Ону мин хантан хаба тардан ылабын? Оннук дьон ханна баалларый? Миигин кытта дьүөрэлии саастаах биир эмэ сулумах, киһи иилэн ылар киһитэ баар дуо? Мин эдэр кыыс буолбатахпын. Сааспын бэйэбинээҕэр ордук билэҕин. Дьэ, уонна? Биир санаам иһинэн бэлиэ киһи мичик гыммытын мүлчү тутар былааным суох. Хас биирдии киһи бэйэмсэх. Мин эмиэ дьол амтанын уора-көстө да буоллар амсайыахпын баҕарабын. Онон дьүөгээ, сүөргүлээбиттии көрүмэ. Кини онтон туга да энчирээбэт. Ойоҕун да туһун умнуо суоҕа. Бэлэҕи-туһаҕы киниттэн эрэйбэппин. Кини быыкаа хамнаһа диэхтээн. Хата, киһи сонньуйуох, дьахтар күнүн иннинэ кэргэнигэр тугу биэриэхпин сөбүн дьахтар киһи эн билэҕин диэн, миигиттэн сүбэлэтэн турардаах. Ээх, саныахпар төһө да ыараханын иһин, кыһанан-мүһэнэн сүбэлээбитим түмүгэр ойоҕо олус астыммыт үһү. Сэгэрим, сороҕор кыра оҕо курдук өс киирбэх буолан ылыталыыр, ойоҕун үөрдүбүтүн миэхэ кэлэн кэпсиир! Чэ, ол туох буолуой, чугас доҕорун солбуйабын быһыылаах. Мин ирдиирим — итирдэххинэ, холуочуйдаххына хаһан да быкпат буол диэн. Бырааһынньыктарга, кырдьык, куһаҕан. Ордук эркин нөҥүө ыалларым дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктыыр күйгүөрдэрин истэ олордоххо. Баҕар, эрийиэ, быыс булан киирэн тахсыа диэн эрэл санаа баһыйар. Тоҕо диэтэххэ ыксал-тиэтэл да быыһынан буоллар «кыһыл» күн иннигэр эбэтэр кэннигэр хайаан да көстөн ааһар. Дьуһуурустубата хаһан буоларын ааҕа билэбин. Рядовой милииссийэ буолбатах буолан, онтубут да хам-дьаа түбэһэн сордуур. Иккис өттүттэн көрдөххө, сокуоннай ойох быһыытынан олорботум эмиэ да үчүгэйдээх. Кирдээх наскы, ис таҥас сууйуута, ас астааһына – мин дьарыгым буолбатах. Миэхэ куруук ыраас таҥастаах, өтүүктээх бүрүүкэлээх, тот истээх, одьукулуонунан дыргыйар киһи кэлэр. Арай биирдэ тимэҕин тиктэрээри тииспитин саҥата суох ыыппытым. Ха, көрөн олордохпуна тиктибитэ. Туга да быстан түспэтэҕэ. (Күлэр). Кыыһырбытын, быыппастыбытын хаһан да харахтыы иликпин. Милииссийэлэр «ыарахан» майгылаахтар, кыыһырымтаҕайдар, иһэллэр дииллэр дии? Кини оннук буолбатах. Баҕар, манна эрэ буолуо. Дьиэ кэргэнигэр хайдаҕын билбэппин. Билиэхпин да баҕарбаппын. Ахтыспыт, туоххаһыйбыт дууһалар абылаҥнаах көрсүһүүлэрэ диэн баар – ураты дьол. Кистээбэккэ эттэххэ, хас биирдии көрсүһүү кэнниттэн аны кинини көрүөм дуо диэн,
кэлбэттии барда дуу диэн, уорба санаа сыппах быһах буолан аалар. Оттон тиийэн кэллэ да, мин саҕа дьоллоох дьахтары булбаккын. * * * Чочумча буолаат, оргууй туран, сыттыгын анныттан күннүк тэтэрээтин ылан, иннибэр уурар: — Хотуой, суруйар идэлээххин дии, доҕорум туһунан туоххаһыйар чаастарбар тугу сатыырбынан хоһуйбуппун ааҕыаххын баҕарбаккын дуо? Эйигиттэн тугу кистиэмий? Баҕар, айымньыҥ дьоруойа буолан хаалыам. Ааппын, үлэбин эрэ таарыйыма. Хайдах эрэ чып кистэлэҥҥэ тутуллар кырдьыгы арыйыахпын санаам буолбакка, кинигэтин төттөрү ууна сатыырбын, кыыһым биир үлүбээй сирэйи арыйа баттаат сирэйбэр үҥүлүттэ. Бэйэтэ куукунаҕа табаахтыы бардым диэн куотунна. Иннибэр ып-ыраас буочарынан суруллубут, үгүстүк арыллартан лиистэрэ кэдэрийэ барбыт күннүгү сыыйа аахпытынан барабын: «Сэгэрим сыыһа эппин-сииммин, биир да миэстэни хаалларбакка, төбөбүттэн тилэхпэр диэри ип-итии уоһунан аргыый аҕай абылыы ууруур. Дөрүн-дөрүн ордук кута-мата сирдэрбин булан, ыарыыта суохтук ытырбахтаан ылар. Оччоҕуна мин ынчыктыыртан арыычча туттунабын. Дириҥник өрүтэ тыынабын. Оттон, оттон сып-сылаас тыына көхсүбэр биллэр. Имэҥнээх уос кулгаахпар чугаһыыр, ыраатар, эмиэ чугаһыыр. Мин кычыгыланар, таалар икки ардынан турукка киирэбин. Харахпын аспаппын. Санаабар астарбын эрэ, бу түгэн, бу иэйии күрэнэн хаалыах курдук. Эр киһи эрчимнээх илиитин уулларар сылааһын эппэһийэ күүппүт, хаһан да оҕону эмтэрэри билбэтэх тэрэгэр тумуктаах туҥуй эмиийдэрбин эр-биир ылан, кумуччу тутар, кууспалыыр, ууруур-сыллыыр. Ардыгар ол бэйэлээхтэрбиниин, бэл, кэпсэтэн сонньутар. Хайдахтаах ахтыбытын, туоххаһыйа суохтаабытын сипсийэр. Мин сонньуйабын эрэ. Саҥарбаппын. Бу дьоллоох түгэн тохтуон баҕарбаппын... Онтон, онтон... тоҕо эрэ саҥа көрсүһэр, хаһан да бу сири кини көрбөтөҕөр, уостарынан сууралыы оонньооботоҕор дылы, кыбыста быһыытыйан, кумуччу туттубут атахтарбар тиийэр, уҥа, хаҥас силэйэн уохтаахтык ууруур, аргыый аҕай бэлиэр илийэ охсубут миэстэбин булар ... Модороон, эмиэ да нарын, сымнаҕас ытыс саба бүрүйэр, туппалыыр, илбийэр, иһинэн-таһынан ... муннара оонньуур... Мин ууллабын, уйадыйабын, уҥуох да курдукпун. Сүрэҕим субу ойон тахсыахтыы толугуруу мөхсөр... Эппэҥниибин. Уостарбын сэгэтэн, уураһарга бэлэмнэнэбин... Соторунан испэр бүтүннүү киирбит тыҥаабыт кытаанах, кыл түгэнэ тиҥийэ тэбиэлээн барар. Онно эппиэтэһэн, бэйэм да билбэппинэн, миигиттэн букатын да тутулуга суох иһим түгэҕэ бүүрүтэ туппалыыр... Мин көтөбүн кыырай халлааҥҥа, чэпчэкии-чэпчэки вуаль былаат буолан, дьоллоохпун. Уоскуйа, сыһыйа таарыйа, өр да өр уос уоспутугар сыстан саҥата суох сытабыт». Сити баар дии, тугу да сатаан суруйбаппын, хоһооҥҥо холоммоппун диэччи. Ол бэйэтэ, кыыс оҕото, биһиги сатаан да санаабаппытын хоһуйуох курдук хоһуйбут ээ, диэн тэтэрээти сабан иһэн, иһиттэн түһэн кэлбит биир лииһи ааҕабын: «Эйигин кэлиэ диэн өр да кэтэстим. Суоххун. Олоруох-туруох сирбин булбакка, түннүк тааһыгар өйөнөн, аллараны одуулаһабын. Эрбэй-сэрбэй икки оҕону батыһыннарбыт дьахтардаах эр киһи тохтоон туран, тугу эрэ мөккүһэрдии тутталлар. Эр киһитэ тугу эрэ далбаатыыр. Ол кэмҥэ кыралара туохтан эрэ иҥнэн, умса баран түстэ. Айаҕа оппойон олорор. Ии, барахсан. Төрөппүттэр
үлэһиспит курдук, кырачааннарыгар саба сүүрэн кэлэн, туруордулар, таҥаһын тэбээтилэр. Эр киһи, аҕата быһыылаах, охтубут оччугуй кыыһын түөһүгэр ыга тутан, тугу эрэ саҥарар. Дьахтар күлэн, тииһэ кылбайар. Оо, дьоллоох да дьоннор. Ону, баҕар, кинилэр билбэттэрэ да буолуо. Отон мин... Мин эрэйдээх хаһан эрэ кэлиэх дуу, кэлимиэх дуу сырдыгы кэтэһэртэн «кэлтэйэн» эрэбин. Сылайдым – күүтэртэн, сылайдым – уоруйах олоҕуттан, сылайдым – бэйэни албыннаныыттан, куруук күүстээх курдук тутта сатыыртан. Оо, таҥара, миэхэ хаһан дьол күрэммэттии уйаланар? Хайдах дьоллоохтор оҕолоноллоруй?». Дьүөгэм сыыһа... Туох диэн саҥа таһаарыахпын билбэккэ, саҥата суох аргыый куукунаҕа тахсыбытым, кыыһым чаанньыгын иккистээн сылытан, хойуу кофе оҥорбут. Букатын да атын тиэмэҕэ, үөрүйэх баҕайытык салайан кэбистэ: — Эн хаһан уоппускалаах этигиний? Арба, Нааканы ааспыкка көрсүбүтүм. Үрдэтинэ сылдьар үһү... Мин эгэ эрэ, эҕэ-дьэҕэ буола-буола, кыыспын аралдьытаары итии кофены сыпсырыйа, көрдөөх кэпсээни тэнитэ олордум. Оттон испэр – курас тыал күүлэйдиир. Т. Саввинова.
kyym.ru сайтан