Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таптыырга мэһэй суох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптыырга мэһэй суох
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
09.04.2021 12:52
Максим уон тоҕус саастаах устудьуон уол. Кини, дьиҥнээх таптал биирдэ бэриллэр диэн итэҕэйэр. Ол да буоллар кини олоҕор соһуччу кэлэр, ааһар таптал да баар. Максим элбэх былааннаах, сыаллаах-соруктаах. Баҕа санаата – үрдүк хамнастаах үлэһит буолуу. Иллэҥ кэмин соҕотох атаарарын сөбүлүүр, эбэтэр стадиоҥҥа сылдьар. Ону тэҥэ бултуурун-алтыырын, эрчиллэрин, көмпүүтэргэ оонньуурун ордорор. Күһүҥҥү нуурал киэһэ уол үөрэҕиттэн уопсайыгар бараары оптуобус кэтэһэ турдаҕына, маҕаһыынтан ыксаабыт кыыс сүүрэн иһэн, төлөпүөнүн сиргэ түһэрэн кэбистэ. Уол ону көрөөт, кыыс түһэрбит төлөпүөнүн ылан, оптуобуска түргэн соҕустук кэлиҥҥи аанынан киирэн, кыыһы булан төлөпүөнүн төннөрдө. Кыыс олус диэн үөрдэ, уолга махтанна. Максим кэлэр тохтобулга түһэн уопсайын диэки айаннаата. Уол кыыһы тута сөбүлүү көрөн, хайдах эрэ, кини санаатыттан бу кыыс арахпат курдук буолан хаалла. Дьыл-хонук ааста. Саас тиийэн кэллэ. Кыыспыт аата – Нарыйаана. Кини учуутал, үлэтинэн Дьокуускайга киирдэ. Киэһэтин дьүөгэтин кытта көрсө, таарыйа стадиоҥҥа сүүрэ барда. Онно, били, хаһан эрэ киниэхэ төлөпүөнүн булан биэрбит уол эмиэ баар эбит. Максим кыыһы бэлиэтии көрөн, эр санаатын ылынан, билсиһэргэ сорунна. Уоллаах кыыс билсиһэн, улам-улам икки ардыларыгар истиҥ сыһыан үөскээн барда. Кыыс дойдутугар айанныыр кэмэ тиийэн кэллэ. Оттон Максим кистэлэҥ санаатын ситэ эппэккэ хаалла. Төлөпүөнүнэн көннөрү кэпсэтэллэр, суруйсаллар. Тугу толкуйдаатылар, сэһэргэстилэр – барытыгар биир санаалаах буолан иһллэр. Дьикти. Биир үтүө күн Максим кыыһыгар эрийдэ. Кыыһын нарын-намчы куолаһын истэн үөрдэ. Кини ол курдук алыптаах тапталга уйдарда. Нарыйаана эмиэ уолу таптаата. Сайыҥҥы сынньалаҥар уол Нарыйаана дойдутугар күүлэйдии барарга сананар. Онуоха эрэ кыыс Максимҥа кэргэннээҕин туһунан кэпсээтэ. Ол эрээри, кинилэр кэргэнин кытта арахса сыһа-сыһа, судургута суохтук олороллор эбит. Кыыс кэргэнэ дьикти майгылаах киһи: кыыһы таптыыра-таптаабата биллибэт, оҕолонуон да баҕарбат. Оттон Нарыйаана оҕолонуон олус баҕарар. Эрэ арыгылаатаҕына кыыска илиитин даҕаны көтөҕөрүн кэрэйбэт эбит. Уол ону билэн баран, абара санаата. Ол эрээри кинини кытта быһаарса сатыыр наадата суох дии саныыр. Нарыйаана Максимҥа эрбин кытта арахсыам диэн тылын биэрдэ. Киниэхэ Максим сылаас таптала, куруук бииргэ буолара эрэ наада. Сыл-хонук ааһан, уол үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолар. Кинилэр иккиэн бииргэ олороллор. Дьиҥнээхтик таптаһар дьоҥҥо ханнык да мэһэй суох. Лена Иванова. Уопсайга буолбут түгэн Эдэр саас – олохпут устатын тухары саамай дьикти, элбэх түгэннэрдээх кэрэ кэм. Кимиэхэ эрэ ол сорох түгэн үйэ саас тухары үтүө өйдөбүл буолан хаалан хаалар. Сорох түгэнтэн күлүөх эрэ санааҥ кэлэр... Оскуола кэнниттэн устудьуон кэмэ саҕаланар. Тыаттан киирбит устудьуон улахан аҥаара уопсайга олорор. Дьэ, манна саҕаланар – «романтика». Киґини барытын биир халыыпка уган, наар үчүгэй диир табыллыбат. Биһиги уопсайбытыгар биир түгэн буолан турардаах. Мин улахан куурус устудьуона буолан ону барытын билэ-көрө сырыттаҕым. Ол дьыл миигин этээс ыстаарастатынан талбыттара, онон
эппиэтинэһим улахан этэ. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, үчүгэй да ардыгар куһаҕаннаах буолааччы. Биһиги аттыбытыгар ыаллыы хоско бастакы куурус кыргыттара олорбуттара. Кинилэр уопсай дьиэҕэ бастакыларын олорор буолан, иґинээҕи «сокуону» үчүгэйдик билбэт этилэр диэххэ сөп эбитэ буолуо. Онно, улахан куурус кыргыттара, көмөлөһүөх тустаах этибит. Ол курдук эн-мин дэһэн кыстаатыбыт. Саас туох барыта уһуктар, эдэр киһи таһырдьа талаһар, сүүрүөн-көтүөн баҕарар. Арай, ыалбыт биир дьукаах кыыстара, бааннаҕа киирэн сүтэн хааларын, өөр да өр буоларын кэлин биирдэ өйдөөн көрдүбүт. Бастаан ону улахаҥҥа уурбат этибит, онтон кэлин толкуйга түстүбүт. Биир үтүө күн кыыспыт эмиэ бааннаҕа киирдэ. Туох диэхпитий, уопсай аата уопсай буоллаҕа дии. Кыыспыт хаһан тахсарын куукунаҕа киирэн чэйдээбитэ буолан куоһурданан кэтэһэн олордубут. Үтүмэн үгүс бириэмэ ааста. Дьэ, ол кэнниттэн, этэргэ дылы «с легким паром», таҕыста... Көрбүппүт, кыыспыт кэнниттэн таһынааҕы уопсайга олорор уол тахсан кэллэ. Ол уол сылын аайы кыра куурустары «буулуурун» билэр буолан, бу да сырыыга эмиэ “мээнэ” сылдьарын саарбахтаатыбыт. Тылбытыттан матан олорон хааллыбыт. Кыыспытын кытары кэпсэтэн көрбүппүт күттүөннээх кэпсэтии тахсыбата. Төһө да «кыыспыт сыыһар» дии санаатарбыт, биһиги кинилэр сыһыаннарыгар кыттыһар санаабыт суоҕа. Онон бэйэлэрэ быһаарыстыннар диэн түмүккэ кэллибит. Ол да буоллар, барытыгар саас буруйдаах диэн, санаабытыгар, сааспыт бүтэрин кэтэһэ сырыттыбыт. Аны туран, күүтүүлээх сандал сааспыт бүтүүтэ, кыыспыт мээнэ көстүбэт буолан хаалла. Самаан сайын саҕаланна. Устудьуон аймах сиэссийэ туттарар түбүккэ түстэ. Сэмээр кыыспыт ханна сүппүтүн сураһарбыт да, ким да билбэт этэ. Биир күн уопсайтан тахсан иһэн, кыыспын утары көрсө түстүм. Өйдөөн көрбүтүм: кыыһым ыарахан, иһэ саҥа биллэн эрэр. Уола буоллаҕына, суола сойбут... Мин, тоҕо эрэ күлэн мичик гына сыһан баран, туттуннум. Кыыс “бааннаҕа сытан ыарахан буоллум” диэн кэпсэммэтэ чахчы. Оттон биһиги барытын билэ олордохпут. Ити курдук устудьуон уопсайыгар араас түгэн булааччы. Мария ИСАКОВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан