Кэпсээ
Войти
Регистрация
Быстах таптал дуо?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Быстах таптал дуо?
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
18.03.2021 14:15
Сахаҕа «киэҥ иһит кэһиэхтээх» диэн өс номоҕо баар. Ити кырдьык быһыылаах. Кууһума ону куоракка кэлэн баран, лаппа хойутаан билбитэ. «Манна, Дьокуускайга, элбэх харчы хамсыыр, ону мүччү туппакка, сатаан иилэ хабан ылыахха эрэ наада», — диэн, табаарыһа ювелир Дьууруй эппиттээх. Этэр эттэҕинэ, эмиэ да сөп курдук эрээри, Кууһума, дьиҥэр, харчы өлөрө сатаан дэлэ эрэйдэммэтэҕэ. Көннөрү да үлэ көстүбэтэ диэн сүрдээх дьыала буолар эбит. Хаһыакка эҥин араас биллэрии толору да, сөптөөх үлэ халбас харатын курдук хаһан да таба туттарбат этэ. Биир маҕаһыыҥҥа оробуочай-сиппиирдьит наада диэбиттэригэр си буолуохтааҕар тиийэн, нэдиэлэ курдук үлэлээн иһэн уурайбыта. Бэрэдэбиэстэрэ хотумсуктара бэрдэ: сэнииллэрин оҕоккото, ол быыһыгар маатыралаан субуруталлара инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ этэ. Оттон, бээ, Кууһумаҥ, төһө да муор-туор сырыттар, син хаһан эрэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, өссө балай эмэ дуоһунастаах үлэҕэ сылдьымалаабыт эр бэрдэ этэ эбээт! Ол бэйэтэ тэмтэрийэн (туохтан оннук буолбута биллэр – арыгыттан), киһи аатыттан ааһа быһыытыйбытын эдьиийэ куоракка киллэрэн абыраата курдук. Арыгытын эмтэттэ, саҥа олоххо, быһыыга-майгыга син үөрэнэн, урукку бэйэтинэн буола түстэ! Тугу эрэ гыныах, айыах-тутуох санаата кииритэлиир буолла. Ол эрээри төһө да тэттэн, төлөннүрэн бараары гыннар, туох эрэ кинини хам хараҕалыыр курдук. Ол – санаа баттыга. Кууһума ордук утуйаары сытан уруккуну-хойуккуну эргитэ саныыр: оо, дьэ, хаарыан да кэмнэри халтайга ыыппыт эбит! Аны ону төннөрбөккүн. Ити курдук күннээҕи түбүктэн босхолонон утуйар кэмэ кэллэ, соҕотохсуйа быһыытыйда да, нүһэр санаа энэлгэннээх кулута буолар. Маннык олох туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтэ чахчы. Хата, итинник ааспат-арахпат санаа буулаатаҕына, устунан араас ыарыыга эмтэрэн «соторулаатаҕына» да көҥүлэ. Бээтинсэ күн Кууһума, үгэһинэн, хаһыаты сирийэн көрүтэлии олорон хас да дьээбэ биллэриигэ түбэстэ. Итиннэ киһи төбөтүн сынньа сатыыра туох да суох курдук – быстах кэмҥэ дьахтарга эр оруолун толоруохтааххын. Ол аата тугуй, били, боростутуукка курдук хас эрэ чаас устата таптаһыахтаах дуо? Пахай, бу киһиҥ ону кыайымаарай?! Эдэр дьахтар буоллаҕына, имэҥэ-дьалыҥа диэн сүрдээх буолуо дии. Кууһума сиэркилэҕэ тиийэн көрүммүтэ, били, урут арыгыга баттатан салбаҕырбыт дьүһүнэ ханна да суох, хата, дьиҥнээх эр бэрдэ тыыллан-хабыллан турар буолбаат! Тугун бэрдэй! Кырдьык, эдэригэр баҕас дьахтар аймахха сирдэрбэт этэ. Мааны көстүүмүн кэтэн, долгуннурар баттаҕын өрө тараанан кэбистэҕинэ, обкуом додо курдук тойонуттан итэҕэһэ суох көрүҥнэнэрэ. Тэрилтэ араас түмсүүтүгэр Кууһуманы мэлдьи ыҥыраллара. Тойотторо кинини, халымалар этэллэринии, бастыҥ «харыал» оҥостоллоро: истиһэ-истиһэ атын тэрилтэлэртэн дьахтар аймах быыстала суох элиэтиирэ. Үрдүк дуоһунастаах хотуттар, тэрилтэлэригэр тимир-тамыр туттар бэйэлэрэ, маннык көрсүһүүлэргэ сыалыһар быарыныы, адьас ууллан хаалар этилэр. Кууһума кэргэннэммэтэх биир төрүөтэ ити этэ. Саҥаттан саҥа имэҥнээх таптал күнү-дьылы тамты умуннарар. Ол курдук умсугутуулаах, тартарыылаах, абылаҥнаах. Биирдэ өйдөммүтүҥ – сааһыҥ барбалаабыт аҕай! Уонна ыалтан ылбыккынан дьиэ-уот тэриниэҥ дуо?! Хотун
хаан дьахталлар ити гынан баран таптал ускуустубата диэнтэн быдан тэйиэс барахсаттар этэ: килбиктэрэ диэн, дубук-дабык тутталлара диэн. Баларыҥ, сүнньүнэн, аҥаардас эбэтэр, эрдээх эбит да буоллахтарына, онтуларын наар «угунньа оҥостортон» ордубат буолан, имэҥнээх тапталга кимнээҕэр да түргэнник тыллар этилэр. Ол барыта былыт курдук ааспыта, билигин хайдаҕа эбитэ буолла? Кууһума дьыбааҥҥа уурбут хаһыатын ылан, били, дьикти биллэрии аадырыһыгар төлөпүөннээтэ... * * * Селена Семеновна, көмүс дуйдаах ачыкылаах, түөрт уончалаах хатыҥыр дьахтар, «табаарын» бэркэ сыныйан көрдө уонна син астынна быһыылаах: бу киэһэ маннык аадырыска хойутааһына суох кэлэҕин диэтэ, салгыы тугу-тугу гыныахтааҕын сиһилии быһаарда. Кууһума арыый уоскуйда: мантыҥ быстах кэмнээх тапталы ирдээбэт, хайа эрэ түмсүүгэ бу дьахтарга эр оруолун толоруохтаах эбит. Уопсайа, үс чаас устата бэриниилээх эр буолан ухаасыбайдыахтаах. Онтун иһин төлөбүрэ да ботуччу буолсу, эгэ эрэ. Болдьоспут сирдэригэр көрсөн баран, биир мааны эрэстэрээҥҥэ кэллилэр. Селена Семеновна «эрин» Кууһуманы тоҕоноҕуттан ылан, аа-дьуо хаамыталыы сылдьан бэйэтин бараллаата дьахталларга билиһиннэртээтэ. Дьахталлар сөбүлүү көрдүлэр быһыылаах: харахтара эр киһиттэн араҕан биэрбэт. Ол аайы Селена Семеновна имэ кыыһан, эт-этэ итийэн, бэл, илиитэ титирэстээн ылаттаата. Көр, кэллиэгэлэрэ кинини бэркэ ордугурҕаатылар. Дэлэ буолуо дуо, маннык дьоһуннаах, түс-бас көрүҥнээх эрдээх дьахтарга ким ымсыырыа суоҕай. Хата, остуолга олорон Кууһума биир туспа кыһалҕаҕа ылларда – арыгыны иһэр кыаҕа суох эбит! «Кэргэнэ» ону хантан билээхтиэй, сөбүлээбэтин биллэрэн, иҥиэттэн кэбистэ уонна сэмээр тобукка анньан имнэннэ. Хайыай, Кууһума арыгылаах үрүүмкэтин уоһугар даҕайан испитэ буола олордо. Бэчэрииҥкэлэрэ, хата, оруобуна кэмигэр бүппүтэ. Селената дьиэтин подъеһыгар кэлэн, Кууһумаҕа баһыыбалаан баран кэмбиэрин туттарбыта. Ити итинэн ааспыта. Кууһума хаһыакка «дьикти» биллэрии таҕыстаҕына, төлөпүөннээн быстах кэмҥэ «эр» буолар идэлэннэ. Кэлин-кэлиҥҥинэн бу үлэтин сөбүлээбэтэ элбээн барда. Суох, сылайан дуу, харчыттан дуу буолбатах. Дьахталларыҥ харчыны харыһыйбаттар. Эр киһи ааттаах буолан баран, итиччэ элбэхтэн, саатар, биири да кытта дьиҥнээхтик таптаспата. Чэ, ол гынан баран, манна диэн эттэххэ, Кууһума чахчы сөбүлүү, ымсыыра көрбүт дьахтара диэн биир да суоҕа. Үтүктүспүт курдук, наар карьера айдааннаах, олус чуҥкук этилэр. Саатар, хайалара эмэ кырасыабай, быһыыта-таһаата умсугутуулаах буоллаҕа үһү дуу?! Ол да буоллар харчы аата харчы – барытын быһаарар. Били, хаһан эрэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, биллиилээх драматург Степан Ефремов «Ини-бии» айымньытыгар «аан дойдуга саамай күүстээх – харчы» диэбит Семенов, Ньуукка Уйбаныап, Катя курдук «буортуйбут» ыччаттары сэмэлиир бэйэтэ Кууһума эмиэ кинилэртэн атына суох буолан биэрдэ. Ама киһи кыбыстыах да үлүгэрэ эбээт – бу! Дьахтарга илэ-сала көтөн иитиллэр диэн тугун сүрэй! * * * Биирдэ күһүөрү эмиэ «үлэтин» толоро биллэриилээх аадырыска тиийдэ. Бу сырыыга ууну омурпут курдук, сургуччу көрөн баран олорор саха дьахтара көрүстэ. «Дьэ, өссө кытаанах хотуускаҕа түбэспиппин буолбаат, кэбис, мантан инньэ түксүлээтэххэ
сатаныыһы» диэн санаа охсуллан ааста. Кууһумаҕа дьахтар үгэс курдук бастаан балаһыанньаны билиһиннэрдэ. Сарсын чугастааҕы улууска аймахтарыгар окко көмөлөһө, таарыйа хаптаҕастыы тахсыахтаах үһү. Онно Кууһума бу дьахтар (Глафира диэн эбит) кэллиэгэтэ, отдел сэбиэдиссэйэ, сэмэйдик эттэххэ, «табаарыһа» киһи оруолун толоруохтаах. Субуоталаах баскыһыанньаҕа – икки күн! Глафира «тойотатынан» начаас сыыйылыннаран тиийдилэр. Дьоно кэтэһэн ахан олорбуттар – остуол хотойорунан ас! Дьиэлээх хаһаайка үрүүмкэтин көтөҕөрүгэр «балтым төһө да хойутуу быһыытыйдар, олоҕун бэркэ тэринэн эрэриттэн олус үөрдүм, күтүөппүт даҕаны астык, чахчы, киһи киэн туттар киһитэ» диэн хам хараҕалаан кэбистэ. Кууһума Глафира чараас былаачыйаны кэтэн чыҥха атын, дьиҥнээх кырасаабысса буолан хаалбытын сөхтө: бу иннинэ наар бүрүүкэнэн күлүгүлдьүйэ сылдьыбыта ээ! Аны туран, били, субу ыйыстыах курдук сургуччу көрөрө эмиэ ханна да суох. Хата, сүрдээх ис киирбэх мичээринэн кими баҕарар уулларыах курдук. Дьахтар уларыйа охсоро чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр буолар эбит! Кууһума кэккэлэһэ олорон ытыһын Глафира ньилбэгэр уурбутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыта. Биирдэрэ ону киэр аспатаҕа. Аһаан-сиэн баран, утуйуох иннинэ сөрүүҥҥэ үрэххэ сөтүөлээбиттэрэ. Глафира эрдэттэн оҥостон кэлбит быһыылаах: сөтүөлүүр таҥаһа хаххалыан оннугар, хата, күҥҥэ көстүбэт күндү кистэлэҥин түөрэтин сэгэтиэх курдук. Быһыы-таһаа да мааны, томтоҕор түөһүгэр икки бөдөҥ отон бөлтөһө сылдьаллара чараас таҥас курдат чуолкайдык көстөр. Бу тухары «табаарыстыылар» айах атан тыл бырахсыбыттара диэн суох, арай уора-көстө харахтарынан «ытыалаһаллар». Эдьиийэ аах ыспаанньаҕа орон оҥороору гыммыттарын «дьиэҕэ итиитэ бэрт» диэн, Глафира Кууһуманы соруйан тиэргэҥҥэ балаакка тартарда, бэйэтэ массыынатыттан таҥас киллэрэн тэлгээтэ. «Кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, хоонньоһор буоллум, аата, үчүгэйин!» диэн, Кууһума бэлиэр сыгынньахтана охсон суорҕан иһигэр дьылыс гыммытын дьахтара тымныы баҕайытык сургуччу көрөн кэбистэ. Бүттэҕэ ол, көннөрү сэргэстэһэ сытарга эрэ тиийдэ. Оо дьэ, кубулҕат да буолар эбит! Хаһан сордоох болдьоҕо бүтэн абырыыр?! * * * Окко элбэх буолан сырыттылар. Кууһума кыдамаһыт буолан үллэ-үллэ түстэ, Глафираҕа абаламмытын чиҥ бугулу тамнаан таһаарда. Кыра балтылара Эльвира саҥа «күтүөттэн» арахпата: омурҕаҥҥа кыраабылын тиистэтэрэ суох, тугу эмэ булан соруйара суох. Аны сөтүөлүөҕүҥ диэн буолан-хаалан турда, эбиитин үлэҕэ кэтэр таҥаһын ньылбырыта тутаат, үп-үрүҥ туруусугунан үрэх диэки түһүнэн кэбистэ. Туох быһа имнэммитэ буолла – Кууһума эмиэ кыыс кэнниттэн саппай уопсубута. Сэниэ киирбитэ омуна сүр, бирээмэ, бугуһуйан олорор. Үрэххэ кэлээт, таҥаһын онно-манна элитэлээтэ уонна сонно умсан сур гынан хаалла. Отчуттартан ким да кэлбэтэ, хата, торҕо буруолара үрэх диэки унаара уһунна. Эльвира үрэҕи таҥнары харбаан уунаҥнаата, оттон Кууһума ыраах-ыраах далайталаан, кыыһы ситэн ылла. Тиксиһэ түспүттэригэр кыыс эр киһиэхэ сыста түһээт, моонньуттан кууһан ылан, сыллаан-уураан барбыта уонна «мантан чугас отуу баар» диэн сибис гыммыта... Отууга дьиҥнээх остуоруйа курдуга: синигэр түспүт сыгынньах кыыс, харсыттан тахсыбыт эр бэрдэ, омуннаахтык өрө биэрбит имэҥ-дьалыҥ, сүрэх тиҥиргэс тыаһа.
Кууһума тугу барытын умнубута. Өр да күүппүт эбит бу күүрүүлээх дьикти түгэни! Кини туохтан да толлубат, иҥнибэт-хаайтарбат. Баҕар, кинини субу кэлэн тобулу көрдүннэр, моҕой буолан супту да түстүннэр! Оҥорбутун оҥоро, хамсаммытын хамсана туруо. Туох барыта бүтэр уһуктаах, түмүллэр түмүктээх. Оннук кэм дьэ кэллэ, оннук түгэн дьэ үүннэ! Өссө күүскэ! Өссө күүскэ! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан