Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаасчыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаасчыт
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.02.2022 19:30
Сахабыт сиригэр сандал сааспыт кэлэн айылҕабыт саамай уһуктубут кэмэ. Соҕурууттан көтөрдөр төрөөбүт дойдуларыгар төрүү-ууһуу кэлитэлээн эрэр кэмнэрэ. Этэргэ дылы, өлбүт да киһи турар кэмэ. Кус көҥүлэ көҥүллэнэн кусчуттар үксүлэрэ бултуур сирдэрин булан үөрүү-көтүү, алҕааһын, аһааһын үрдэ аһыллыбыт кэмэ. Биһиги хамаанда эмиэ кустуур сирбитигэр Халы-Баалы диэн сиргэ кэлэн көтүөхпүтүн кынаппыт суох буола сылдьар. Саха сиэрин тутуһан уоппутун алҕаан, аһатан ытык иэспитин төлөөтүбүт. Бэйэбитин да матарбатыбыт. Биһиги хамаанда быйыл саҥа киһилээхпит, ол Бокуом Сэргэй. Хамаандаҕа бааллар мин — Өлөксөөн, бырааттар Биэдьик, Саскуон уонна саҥа киһибит Бокуом Сэргэй. Сэргэй төһө да сааһырдар сүрдээх сэргэх киһи. Кэпсээнэ элбэҕэ, ырыаны ыһа-тоҕо ыллыы сылдьар киһи. Биир кыдьыга, наар тылын быктара сылдьар. Дьэ, кэлэн, дугда оҥостуута, мончуук кырааската, күн солото суох сылдьабыт. Ол быыһыгар Улукуччу сүлбэтин кэрийэн, хааман кэлэбит. Үчүгэй ыттардаах буолан көҕөнү үрдэрэн син өлөрбөхтөөтүбүт. Үөһээнэн хаастар син ааһаллар. Биһиги хааска соччо кыһаммат дьоммут. Киирэн биэрдэхтэринэ эрэ биирдэ эмэ дэҥниибит. Бокуом этэригэр дылы: — Үөмэн киириэххэ наада, киллэрдэхтэринэ даҕаны таба ытыам дуо? Таптахпына даҕаны өлүө дуу, өлүмүө дуу? Аны онтубун кыайан ылыам дуу, ылымыам дуу? Ыллахпына даҕаны үллэстиигэ миэхэ түбэһиэ дуу, суох дуу? Түбэстэҕинэ даҕаны эмээхсиним астаан аһатыа дуу, суох дуу? Баҕар, дьоҥҥо бэрсэн биэриэн сөп, чэ, кэбис, эрэй эрдэтинэ ыппат эбиппин,- диэччи. Кустуу кэлбит дьон быһыытынан, киэһэ дугдаҕа киирии буолла. Халлаан син тымныы, сарсыарда уубут хам тоҥор. Мин күөл ортотугар сытабын. Биэдьик күөл аллараа атаҕар, Сэргэй күөл үөһээ атаҕар сытар. Саскуон уу баһар көрдүгэҥҥэ айгыстан, оҥостон сытта. Мин барытын бинуокулунан эргиччи көрө сытабын. Сарсыарда Саскуон саата хайа баран ньиргиттэ. Көрбүтүм, дугдатын адьас иннигэр улахханнаахай хоҥор хаас мөхсө сытар эбит. Дьэ, доҕоор, көрдөхпүнэ: дугда «бурал» гына түстэ да, сыгынньах аҥардаах киһи дугда иннин бүтүннүү тиэрэ анньан, уһулу ыстанан таҕыста. Аҥар атаҕа сыгынньах, аҥар атаҕар тиэриллибит кэҥкэбэ саппыкылаах. Ол буолан, туохтан эрэ иҥнэн, ат буола түстэ да, түөрт лабаатынан ат курдук ойуолаан, тоҥмут мууһу үнтү күөрэлээн, хааһын диэки көтүөлээтэ. Тахсан эрэр күҥҥэ көрдөххө, уу буолбакка муус кыырпахтара өрө ыһылла олорор. Хааһыгар чугаһаан, харбаан эрдэҕинэ, хааһа олоро түстэ да, харса суох сапсынан уу үрдүнэн сүүрэр икки, дайар икки ардынан уҥуоргу биэрэк диэки барда. Саскуон да турбата, хаас кэнниттэн түһүнэн кэбистэ. Уута син дириҥ этэ да, киһибит билиммэтэ. Ууну таарыйар таарыйбат сүүрэн күлүмэхтэттэ. Туораттан көрдөххө, водомёт мотуор барарын курдук, киһибит кэнниттэн үс-түөрт хардыы кэнниттэн уута өрө көбүөхтээн, бииркэм өрө ыһылла олордо. Саа тыаһын истээт, икки тайахсыт аатырбыт ыттар ойуу бөҕөтүн ойон Саскуоҥҥа ыстаннылар. Ыстанан да диэн, уолга төрүт чугаһаабатылар, саа тэбиитинэн хаалан хааллылар. Киһибит бастаан түөрт атах буолан түһүөлээн баран, сыыйа турдар туран, икки атаҕынан киһилии сүүрэн быыппаһынна. Кэдэйдэр кэдэйэн тилэҕэ кэтэҕэр тиийиэхчэ тиийбэт. Тобуга түөһүн тылын лаппа ааһан, сыҥааҕын анныгар элэҥниир. Ол сүүрэн быыппастан иһэн үөхсэр саҥата туох да сүрдээх, араас омук саҥатынан сиэллээн-кутуруктаан бары субурутта. Дьэ, ол курдук маахайдаан, хааһын син чугаһатта. Ол курдук сүүрдэ сүүрбүтүнэн иһэн, аҥаар саппыкытын туура тэптэ да, хабан ылан хааһын быраҕан кууһуннарда. Өлүү түбэлтэлээх, хааһа саппыкыга таптаран, ууга сирэйинэн баран түстэ. Саскуон буулдьалыы көтөн тиийэн, хааһын үрдүгэр кууһа түстэ. Чочумча хаастаах киһи ууга тимирэн ыллылар. Күөрэс гына түһүүлэригэр, хаас түүрүллэ түһээт, Саскуону түөһүн тылын туһаайыытынан икки кыһыл атаҕынан тэбэн кууһуннарда. Сүрдээх куһаҕан тыас тыаһаата да, Саскуон икки миэтэрэ курдук көтөн тиийэн, муустаах ууга «чом» гынан хаалла. «Киһим сөп буолла», — дии санаабытым, ханта-ан?! Дөксө, умсан тиийэн, хааһын аттынан күөрэс гына түстэ, киһини кырбыыр курдук хааһын сирэйин эттээбитинэн барда. Хааһа да көрөн турбата, икки кынатынан ууну ыһан күдээриттэ. Онно сөп буолбакка, саба көтөн кэлэн, кынатынан Саскуон икки кулгааҕын ибили эттээн кэбистэ. Биһиги киһибит иирбит курдук буолла да, хааһын атаҕын икки ардынан тэбэн кууһуннарда. Хааһа «ол эрэ наада» диэбиттии, салгыҥҥа өрө күөрэйэн таҕыста да, дайдар дайан көтөн барда. Биһиги да киһибит көрөн, уолуйан турбата, кэнниттэн түһүнэн кэбистэ. Дьэ, сүүрүү диэтэххэ, сымыйа буолуо. Киһибит ньылайан баран илиитэ, атаҕа көстүбэт аакка барда, элэҥнэччи куһуйар. Мууһурбут баттаҕа салгын охсуутугар туран хаалла, аҕыйах тимэҕэ сүүрүү уоҕун тулуйбакка турута бардылар. Ньылбы сытыйбыт таҥаһа куура быһыытыйда быһыылаах. Икки атахтарыгар үчүгэй ыттар кый ыраах хааллылар. Дьэ, ол курдук тэҥҥэ тутуһан иһэннэр, көтөр көтөрө өтөн, улам аттар атан барда. Хата, хааспыт мин үрдүбүнэн көтөн даллаҥнаан кэллэ. Бэлэм олорор киһи биэстэ эстэр омук саатынан ибили аптамааттаан бачырҕатан, син таптым быһыылаах, хааһым иҥнэх гынаат, үнтү кумаланан син тэйиччи түстэ. Арай көрбүтүм, доҕоор, киһим холорук курдук үнтү илгистэн, буурҕа түһүүтүн саҕаны түһэн иһэр эбит ээ! Нэһиилэ, дугдабыттан туора ойон биэрдим. Саскуон кэллэ да, дугдабын үрдүнэн барда. Дугдам эрэйдээх ыраах туора эһилиннэ. Дугда түгэҕэр сыппыт буулдьа саам маһа тостон «хачыр» гынна. Саскуон тиийдэ да, хааһын үрдүгэр өлөр өстөөҕөр түһэр курдук түстэ. Өлөөрү тыынын былдьаһа сытар хааһы тииһинэн хабарҕатыгар түстэ. «Харк» гыннара ыстаан кэбистэ да, баһыттан тардан кычыгыратта. Өр өтөр гыммата, хааспыт төбөтө быстан, атын сиргэ быраҕылынна. Киһибит онтон уоскуйбата, аны хааһын үргээн бурҕаҥнатта. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр хааспыт ньылбы барда. Кыыс сыгынньахтаммытын курдук кылбаа маҥан этэ кылбас гына түстэ. Бу айдааны истэн Бокуом Сэргэй сүүрэн кэллэ.Туох буолбутун истэн быара көһүйүөҕэр диэри күллэ: — Аны ити уол сиикэйдии сиир буолла! — диэн нэһиилэ былдьаан ылла. Хааспытын көрбүппүт биир да бүтүн уҥуоҕа суох: киһибит үнтү убахтаан кэбиспит. Дьэ, ол саас оннук буолан турар, тугу да эппэтим, хайдах баарынан кэпсээтим. Ол саас сүрдээх үчүгэйдик сааһаан, отуттуу кустаах, иккилии хаастаах киирбиппит. Өлөксөөн Уруһуй: hunstory.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан