Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьоллоох түгэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьоллоох түгэн

K
25.02.2021 15:23
— Уччуу-учча, туох ааттаах тымныытай, доҕоттоор, бу кубарытан түһэн, дьэ, тоҥоруу даа бөҕөтө буолла, олорор уум адьас лаһыччы тоҥно! — дии-дии, Байбал кус маныы олорор уутун уҥуор-маҥаар көрүтэлээтэ. Кырдьык, элгээнин ортотунан үрэх киллэрэн ааһар буолан, кыра тоҥорууну билиммэт бэйэтэ бу сырыыга букатын чыгыначчы барда. Күн тахсан, туртаччы тоҥмут мончууктар, күн уотугар уон араас кустугунан оонньоон, куһу, угуйуохтааҕар буолуох, үргүтүөх курдуктар. Байбал киэһэ отуутугар киирээт да, икки моонньоҕон кэлэн түспүтүн холботолоон баран, биирдэ ытан кэбиспитэ. Онон, дьэ, кус киирээри гынна дии санаабыта, ханна баарый, ол кэннэ биирдэ да тыаһаабата. Тула даҕаны саа тыаһа сэдэх соҕус. Быйыл, үлэтигэр сатаммакка, ыраата кустуу барар бэйэтэ бу дьиэтиттэн аҕыс биэрэстэлээх сиргэ, үс буолан, эмиэ кыайан ыраах барар кыахтара суох, сүөһү-сылгы, оҕо-уруу хаайбыт дьонун кытта кыттыһан бултууллар. Хата, онтон Байбал Марыыната үөрэр — сыллата төрөөбүт, үс уонна түөрт саастаах, хобо-чуораан саҥалаах кыыстаах уол оҕолоохтор. Онтуларын түүнүн хардары-таары көрөллөр, сарсыарда оҕо дьиэтигэр таһаллар — түбүк элбэх. Байбал, Марыынатын санаан, бу икки хонукка бэлиэр ахтыбытын биллэ. Бу сарсыарда дьоно кэллэхтэринэ, дьиэтигэр барыахтаах. Халлаан тыала уларыйан, аны отой даҕаны утары үрэн сирилэттэ. Байбал атахтара тоҥон, устунан эт-этэ барыта дьагдьайан, бүтүн бэйэтэ титирээн барда. Тиэрмэһиттэн чэй куттан иһэн көрбүтэ, сойон хаалбыт. Хам бааччы сылаас хоойго сыппакка, бу кэлэн, ала кулуну төрөтө олорорун көрбөккүт дуо?.. Марыыната барахсан атаах кыыһын, кыратын, хоонньоһон баран, уолун оронун бэйэтигэр чугаһата тардан, утуйан буккуруу сыттахтара. Оо, онно сибилигин ойон тиийбит киһи-и!.. Төһө эрэ сылаас, сымнаҕас, ичигэс буолла?.. Кэргэнэ Марыыната муус маҥан, ботуой курдук илиитин нэлэччи быраҕан сытара хараҕар бу баардыы көстөн кэлэргэ дылы гынна. Онно сыбдыйан тиийээт, сылаас суорҕан анныгар дьылыс гынаат, мап-маҥан, ып-ыраас бырастыына үрдүгэр «буксуйа» оонньообут киһи төһө эрэ бэрт этэ... Байбал сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээтэ, эдэр чэгиэн эт-хаан, тымныыны билиммэккэ, сып-сылааһынан үөһэнэн-алларанан дыыгыначчы сүүрэлээбитигэр биһиги киһибит дуолан охсуһууга туруммут олоҥхо бухатыырын курдук ойон турбутун бэйэтэ да билиминэ хаалла. Матасыыкылын собуоттаата даҕаны, баара-суоҕа чаас аҥаарынан дьиэтигэр бирилитэн тиийэр!.. Сананна даа — толоруохха! Этилиннэ даа — барыахха! Хата, матасыыкыла туох да моһуога суох собуоттанна. Байбал обургу, тыҥырахтаах көтөр хабдьы үрдүгэр хатана түһэрин курдук, сырдык бороҥнуҥу өҥнөөх матасыыкылын үрдүгэр багдас гына олоро түһээт, күүскэ-күүскэ бааҕынаталаан, күөх буруону уһуурдаат, дьиэтин диэки эрийэ тутан кэбистэ. Дьиэтигэр куйуһутан кэлбитэ, ийэ кынна, эрдэһит муҥутаан, хотонугар тахсыбыт эбит. Байбал икки куһун остуол үрдүгэр кэккэлэһиннэри тиэрэ уурталаан баран, бэрт ыксалынан тас таҥастарын уһулталыы охсоот, хоһугар киирбитэ, Марыыната кыыһын хоонньоһон сытар эбит. Биһиги киһибит, саллааттыы сылдьан сыгынньахтанар отут сөкүүндэтинээҕэр өссө түргэнник ньылбалана охсоот, «эмээхсинин» атах өттүнэн суорҕан анныгар дьылыс гынна. Марыыната барахсан, тапталлаах
эрин кэтэһэ сытар киһи, тыбыс-тымныы киһитин сып-сылаас, сып-сымнаҕас түөһүгэр сыһыары тардан ылла. Икки таптаһар эдэр дьон өй-сүрэх туймаарар, сырдык-хараҥа бутуллар, кэм-кэрдии умнуллар кэрэ чүөмпэтигэр тимирэ-тимирэ күөрэйдилэр, күөрэйэ-күөрэйэ тимирдилэр. Сэрэнии-сэрбэнии диэн сүттэ, сэмэй быһыы умнулунна, үрүҥ күн анныгар кинилэр, кинилэр эрэ, баар курдук быһыыланнылар. Байбал, уутугар-хаарыгар киирэн, ардырҕыы-ардырҕыы түһүөлээтэ. Марыыната барахсан ыйылыы-ыйылыы ылахтаста. Аһынсыы-харыһыйсыы адьаһын мэлийдэ, тулалыыр эйгэ умнулунна... Ол гынан, уу нуһараҥ сарсыардааҥҥы чуумпуга оҕо ыксаабыт хатан саҥата: — Паапаа! Маамабын пат-таа-ма-лыый!!! — диэн өрө кыырайа түспүтүгэр биһиги дьоммут, дьэ, өйдөрүн булан, тэбис-тэҥҥэ ким ыыбыччы, ким быччаччы көрө түстүлэр. Түөрт саастаах уоллара Арыйаан, сутуруктарын дуомун болточчу туттубут, уордайыы уохтааҕын уордайан, кыыһырыы кытаанаҕын кыыһыран, оронун күрүөтүн үрдүнэн уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн ахан турар эбит. Ону кытта биһиги дьоммут тэбис-тэҥҥэ күлэн бычыгыраатылар — Марыына «баттааччытын» анныттан төлө мөхтө, «баттааччы» буоллаҕына, соһуйбут омунугар оронуттан муостаҕа сууллан түһэ сыста. Оҕо барахсан, сөп дии, кыыһырбакка. Кини көрдөҕүнэ, аҕата буолуохсут, ардырҕыы-ардырҕыы туох да харса суох ийэтин эрэйдээҕи өрө көтө-көтө ыгыта баттыалыыр, ийэтэ барахсан, ыарыыланар курдук, төбөтүн илгистэ-илгистэ ынчыктыыр уонна куота көтө сатыырга дылы да, аҕата буолуохсут туох да иһин ыытар санаата суохха дылы... Ол үлүгэртэн ыксаан буойдаҕа дии. Байбал ойон туран, уолчаанын оронуттан сулбу тардан ылан, үөһэ быраҕа-быраҕа хабыалаата. Онтон саҥа бытыгыраан эрэр бытыгынан уолун сыгынньах иһин түгэҕин кычыгылаппытыгар оҕо барахсан «уордайбыта» ааһа охсон күлэн бычыгыраата. Ону ыланнар, икки ардыларыгар укта сытан, икки өттүттэн дэлби сыллаан-уураан, дьээбэлээн, улаҕа сытар Аайталарын уһугуннаран кэбистилэр. Байбал аны кыракый кыысчаанын хабан ылан, тиэрэ сытан эрэ, иһигэр олордон, «ат-тугутуктаан» барбытыгар кыыс оҕо дьоллоох чараас күлүүтэ дьиэни биир гына чаҕаарыйда. Бу дьоммут, аны туран, бука бары ороннорун үрдүгэр күөлэһийэ сылдьан мэниктээн киирэн бардылар — икки улахан сыттыгынан охсуһаллар, оҕолор ийэлээх аҕаларыгар ыйана сылдьан күлэн чаачыгыраһаллар. Ол буола сырыттахтарына, хаһан киирбитин истибэккэ хаалбыт эбэлэрэ хаптаһын быыс нөҥүө эҕэлээх соҕустук көхсүн этиппитигэр, сол да күлэн бычыгыра-бычыгыраһа, суорҕаннарын анныгар иһийэн хааллылар... Эдэр саас... Кэрэ кэм... Дьоллоох түгэн! Михаил ГОГОЛЕВ. Горнай, Бэрдьигэстээх.
kyym.ru сайтан