Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыал интимнэй олоҕо
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыал интимнэй олоҕо
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
19.02.2021 13:03
Хас биирдии ыалга, кылгастык да, уһуннук да олорбут паараларга дьиэ кэргэн этикиэтин туһунан өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, ол этикиэт син биир “сэттэ бэчээттээх сэкириэт” буолар. Биһиги кэргэттэрбит туһунан кэпсии-ипсии, ыһа-тоҕо сылдьыбаппыт. Кэргэнниилэр икки ардыларыгар баар умсугуйсууну, бэйэ-бэйэни уохтаахтык, имэҥнээхтик таптаһыыны сулумах дьон ымсыыра, ордугургуу саныыр буолуохтарын сөп. Дьиҥэр, кэргэнниилэргэ баар сыһыан, утуйар хоско буолар быһыы-майгы оннук судургу уонна наар аанньа үчүгэй буолбатах эбээт. Бу өр кэмҥэ бэйэ-бэйэни тулуйсуу, үөрэтии, үөрэнсии, дьиҥнээх психологическай албас, ньыма. Онно болҕомтону уурбат буоллахха, бу сыһыан үйэтэ кылгыан сөп. Кэргэннээх биир эдэрчи дьахтар эрэ ороҥҥо «сойбутуттан» санааҕа-онооҕо ылларбытын туһунан кэпсээбиттээх. Эмиэ да истиҥ иэйиилэрэ, тапталлара ханна да сүппэтэх курдук, ол гынан баран чугасаһыылара аҕыйаатар аҕыйаан, уота-күүһэ мөлтөөн иһэр үһү. Үгүс саха ыала маннык түгэҥҥэ уустуктары көрсөр. Саха киһитэ бэйэтин сэмэйигэр бүгэр. Кини атын сайдыылаах омуктар курдук кыһалҕаны быһаартара психологтан да, сексологтан да сүбэ, көмө көрдөөбөт. Атын киһиэхэ арылларын аньыыргыыр, сэрэхэдийэр. Онон сибээстээн, кыһалҕалаах киһибит, олоҕу олорбут, бэрдиҥ үстэ ойох тахса сылдьыбыт, икки киһи сыһыанын уйанын-хатанын билбэхтэспит аймаҕа дьахтартан сүбэлэтэр. Онуоха биирэ этэр: — Кэргэнниилэр тапталлара сойботун диэн, аан дойду психологтара бары этэллэр: ороҥҥо ханнык да күннээҕи кыһалҕаны, бытархай этиһиини быһаарсыбат куолу. Тапталга сыһыана суох араас кыһалҕа утуйар хоско төрүт киириэ суохтаах. Көмүс тыллар! Онон, кэргэнниилэр утуйар хосторугар таптаһартан атын кыһалҕа суох буолуохтаах. Бу ас-таҥас сыаната ыараабытын, массыына куусабыгар баар хайдыы өрөмүөнүн, оҕо оскуолаҕа иккини ылбытын туһунан быһаарсар сир буолбатах. Дьиэ кэргэн араас дьыалатын, кыһалҕатын утуйар хоско киириэх иннинэ эбэтэр олох да сарсыарда быһаарыахтааххыт. Өссө биир сыыһа толкуйдааһын баар. Кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ, сүрүннээн, дьахтар, ханнык эрэ кэмҥэ сыһыан тымныйбытын сибикилээтэ да, дьиэ кэргэнин быыһыыр кыһалҕаттан, бэйэтэ да билбэт араас ньыматын туһаммытынан барар. Билигин ханнык баҕарар килэркэй тастаах сурунаалга, Интэриниэккэ таптал үйэтин уһатыы, ороҥҥо имэҥи төннөрүү туһунан сүбэ-ама хара баһаам. Олортон сөптөөҕүн талан ылыы, олоххо туһаныы баар буолуохтаах эрээри... Сорох сүбэ таптыыр аҥааргытын соһутуон, бэлэмэ суох киһини муннарыан сөп. Уопсайынан, орон сыһыаныгар туох эрэ саҥаны, сонуну киллэриигэ таптаһар дьон иккиэн сүбэлэһэн, сөбүлэһэн оҥордохторуна эрэ табыллар. Ама да, сыһыаҥҥытын харыстаабыккыт, бары ньыманан быыһыы сатаабыккыт иһин, эриҥ утуйаары оҥостон сыттаҕына хара тирии таҥастаах, арбайбыт баттахтаах, хобулуктаах соппуоскалаах, кымньыылаах, наручниктаах көтөн түһэриҥ сэрэхтээх. Баҕар, кинини үлэтигэр тойоно араастаан моһуйан, кыһайан адьас сылата сылдьара буолуо. Эн эмиэ ол киһиэхэ холоонноох агрессияны көрдөрөн муннуга бэриллэриҥ чуолкай. Кэргэнниилэр сыһыаннарын сүрүн тутааҕа бэйэ-бэйэни тулуйсуу дииллэр. Ол гынан баран кэргэҥҥин эрэ хомотумаары бэйэҥ ахсарбат, сөбүлээбэт, ылыммат оонньуугар, ол-бу сыһыаҥҥа киирэн биэриэ суохтааххын. Стивен Кинг «Джеральд оонньуулара» диэн кинигэтигэр маннык холобур баар: үчүгэй баҕайы майгылаах, албакаат идэлээх Джеральд
кэргэнин кэлгийэн, онно-манна баайан баран сиэкистиирин сөбүлүүр. Кини ойоҕо Джесси, төһө да сөбүлээбэтэр, эрин баҕатын толорон хас да сылы супту маны син тулуйар. Биир үтүө күн Джесси, тулуйарын ааһан, эригэр маннык оонньууну сөбүлээбэтин биллэрэр. Онуоха Джеральд эрэйдээх өйдөөбөт, ойоҕун кытары үйэ тухары маннык оонньообуттара эбээт! Кэргэнэ этэрин истибэккэ, киһини хаадьылаан, туустаан-ыыстаан этэр диэн кэлгийбитин кубулуппат. Онуоха Джесси хаһыытыыр-ыһыытыыр, ытыыр-соҥуур, өлөөрү тииһэр. Соһуйбут Джеральд, саамай интэриэһинэй, көҕүйбүт кэмигэр муннуга бэрдэрэн, сүрэҕэ тохтоон, өлөн хаалар. Оттон ойоҕо дууп орон киппэ туорайыгар наручнигынан хараҕаланан, дьонноох сиртэн ыраах, куорат таһынааҕы түҥкэтэх даачатыгар өрүһүлтэтэ суох хаалар. Ол да буоллар син быыһанар суолу булар. Өскөтүн кини эригэр маннык оонньууну сөбүлээбэтин хара маҥнайгыттан эппитэ, сэрэппитэ буоллар, наручнигынан кэлгиллэн сытыа суохтааҕа, оттон эрэ буолуохсут Джеральд тыыннаах хаалыахтаах этэ. Кэргэҥҥитигэр хаһан да сымыйалаабат буолуҥ. Ол туох да куһаҕаҥҥа тиэрдиэ суоҕа. Өскөтүн кэргэҥҥит тугу баҕараргытын ыйыталаһар буоллаҕына, тугу да кистээмэҥ, ханнык балаһыанньаны сөбүлүүргүтүн, хайдах быһыылаахтык сиэкистээтэххитинэ ордук дуоһуйуоххутун, тугу сөбүлээбэккитин барытын чиэһинэйдик этиҥ. Мин биир дьахтары билэбин. Кини куруук этэр: «Эр киһини атаахтатыа суохтааххын. Мин эрим тугу эмэ сыыһа оҥордо, кыыһырда даҕаны мин кинини оннун булларабын. Саалаҕа дьыбаанын оҥорон онно утутабын, төрүт аттыбар чугаһаппаппын. Итинник хас кыыһырыстахпыт аайы гынабын. Ол иһин эрим атаҕын төбөтүгэр үктэнэ сылдьар, миигин кыыһырдыан олус куттанар. Өскөтүн кинини атын дьахтар иирдибэтэҕэ буоллар, билигин да дьоллоох баҕайытык олоруох этибит», — диэн. Мин испэр санаабытым: «Ол атын дьахтар эн курдук кинини тымныы саалаҕа кыйдаабата буолуо», — диэн. Онон, кэргэҥҥитин сиэкис өттүнэн хаһан да атарахсыппат буолуҥ. Сиэкиһинэн мончууктуур төрүт сыыһа. Ол эбэтэр, онон-манан куттаабыта буолан, сиэкистэн аккаастанар, эбэтэр албыннаһан таптаспыта буолар аанньаҕа тириэрпэт. Сорох эдэр ыал этиһэн баран сиэкистиирин сөбүлүүр. Оччоҕо кыыһырбыт санаа уостан хаалар үһү. Ол гынан баран кыһалҕаны түгэҕиттэн быһаарбакка эйэлэһэн кэбистэххитинэ, сыһыаҥҥыт өр барбат. Бэркэлээтэҕинэ, үс хонуоххут. Сиэкис уонна этиһии бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах да сибээстээх буолбаттар. Сарсыныгар кэргэҥҥит сыгынньах дьахталлардаах сурунаалы көрө олорон «оо, бэрт да дьахтар, бөгүүрэтэ, уоһа, хараҕа» диэтэҕинэ, ойоҕо тута хабытайдана түһүө. Бэйэтин сексуальнайа суоҕунан ааҕынан хом саныы сылдьыа, бэйэтигэр да бүгэрэ ыраахтан кэлбэт. Оттон ол киэһэ ойоҕо сиэкистээн баран этиэ: «Соччо үчүгэйэ суоххун, наар биир ньыманан сиэкистиигин, миигин сөбүлээбэт буолаҥҥын, бэйэҥ да сатаан «туруорбаккын». Маннык тыллаһар сыыһа. Эриҥ сылайбыт, сээкэйбит турбат да буоллаҕына, «оо, мин эмиэ олус сылайбыт эбиппин» диэн курдук этэн, сырылаччы сыллаан баран, утуйан хаалыахтааххыт. Дьэ, ити курдук уустуктар баалларын умнумаҥ. Бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ, таптааҥ уонна таптатыҥ! Уйулҕа Сүбэлиирэбэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан