Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүнньүөх (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүнньүөх (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.04.2023 18:30
— Павлик биһикки иккиэйэхпит эрэ эбитэ буоллар, саҥа охсон бүппүт буолуо этибит. Оттон билигин уолаттар баар буоланнар оппутун кээһэ оҕустахпыт ити дии. Дьэ, уолаттар, абыраатыгыт. Сүнньүөх, дьэ, күүстээх да эрэт эбит. Эчи түргэнэ-тарҕана, кыайыгаһа-хотугаһа. Батас, чахчы да, маһы ыллатар уус уол эбит. Эдэр киһи диэтэххэ, толкуйа мындыра, туттуута ырааһа-чэнчиһэ сөхтөрөр. — Оннук. Биһиэхэ оҥорбут мас кыраабылларын курдук үчүгэй, чэпчэки, табыллыбыт тэрил аны кимиэхэ да суох, — Павлик аҕатын хайҕалын ситэрэн биэрэр. Оттон мин бэйэм хайҕаммыт кэриэтэ ис-испиттэн наһаа үөрэбин, кынаттаммыкка дылы буолабын. Биирдэ эмиэ итии-куйаас сатыылаан турар күнүгэр от кээһэн кэлэн чэйдии олорон Сүнньүөх сөтүөлүү барыах диэн этии киллэрдэ. Бары аккаастаннылар. Оттоон кэлбит дьон сиэринэн, хантан эрэ күүс ылан суунан-тараанан баран орону булан утуйбут киһи дэстилэр. Максим биһикки мэлдьи буоларыныы, Соболоохпутугар бардыбыт. Кини мас хомуйа охсон тута кутаа отунна. — Бүгүн сөрүүн соҕус, уу тымныйдаҕа буолуо. Эн кииримэ, манна кэтэс, сөп? Мин начаас умсан тахсыам, күрээн хаалаайаххыный, — диэн күллэ, сүүспүттэн муннун даҕайан сыллаан ылла. Футболкатын, ыстаанын уста охсоот, сүр чэпчэкитик сүүрэн тиийэн ууга биирдэ умсан хаалла, ол кэннэ күөл ортотун ааһыар диэри эрчимнээхтик харбаан дайбаата. Кутаабар Сүнньүөх бэлэмнээбит маһыттан эбэн биэрэ-биэрэбин доҕорбун одуулаһабын. Киирэн эрэр күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур күөл ньууругар кини этэ-сиинэ, хас хамсаннаҕын ахсын быыппастар быччыҥа эмиэ арыынан соппуттуу күлүмүрдээн, кылабачыйан ылар. Сотору кытылга таҕыста. Хас хардыыта, хас хамсаныыта туох эрэ уратылаах. Кини кыыс эрэ бары хараҕа хатаныах айылаах абылыыр аналлаах быһыытын-таһаатын уора-көстө одуулуу олордум. Түүн үөһэ чугаһаан, биллэ сөрүүкээбит. Мин улахан соттор тутан баран доҕорбор утары бардым. Сүнньүөх тоҥмут, ол эрэн олус астыммыт дьүһүннээх. Соттору бүрүнэ охсоот, кутаа таһыгар кэлэн олордо. — Оок-сиэ, дьэ бэрт да бэрт! — диэн астыммыт киһи сиэринэн саҥа аллайар. — Эн киирбэтэҕиҥ да үчүгэй эбит. Уу тымныйбыта сүрдээх. Мин Сүнньүөҕүм кэннигэр кэлэн турдум уонна тарбахтарым төбөтүнэн сэрэниин-сэрэнэн ыас хара баттаҕар сыстыбыт оҕуруо курдук уу таммахтарын ылгыы оонньоотум. Кутаа умайан таһыгырыыр тыаһыттан ураты туох да атын тыас бу улугурбут чуумпуну аймаабат. Күүспүн түмэн, эр санаабын ылан тарбахтарбын кини инчэҕэй баттаҕын устун халтарытан түһэрэн кулгааҕын эминньэҕин имэрийэн ылабын. Онуоха сэгэрим илиибиттэн тардан ылан бэйэтин аттыгар олорто. Ыһыллан тахсыбыт биир сүүмэх баттахпын кулгааҕым кэннигэр кыбытан кэбистэ, иэдэспин даҕайар-даҕайбат икки ардынан имэрийдэ уонна чох хара харахтарынан уун-утары көрөн олорон: «Көмүө-өс», — диэн тоҥон эбитэ дуу — кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан оргууй аҕай саҥарда. — Мин эйигин таптыыбын… — бу дириҥ суолталаах күндү тыллартан сүрэҕим устун дьикти иэйии сүүрүгүрэн ааста, иэдэһим биллэ итийдэ, этим сааһа арылларга дылы гынна. Сэгэрим уун-утары көрбүтүн кубулуппакка олордо. Мин тулуйбатым — кинини моонньуттан икки илиибинэн кууһан ыллым, кэтит санныгар төбөбүн уурдум уонна кулгааҕар: «Мин эмиэ эйигин… олус күүскэ…» — диэн сибигинэйдим. Сүнньүөҕүм уостара мин уоспун булан ыллылар уонна өр да өр, маҥнай сэрэнэн, онтон уохтаахтык уураатылар… Биһиги ол күн — от ыйын 28 күнүгэр аан маҥнай уураспыппыт, аан маҥнай бэйэ-бэйэбитигэр таптыырбытын билиммиппит… — Биир саамай улахан баҕа санааҕын миэхэ этиий, — диэн дьиэбэр атааран иһэн ыйыппыта. — Мэлдьи мин аттыбар баар буол, Сүнньүөх. Миэхэ онтон ордук туох да наадата суох, — диэбитим. Доҕорум сып-сылаас ытыстарынан мин ытыстарбын ыга туппута. — Мэлдьи эн аттыгар буолуом, Көмүһүм, мэлдьи… Мэлдьи… бу тыл суолтата, дьиҥэр, олус дириҥ буоллаҕа. Атырдьах ыйын саҥата этэ. Дьоммут ыраах баар Бадарааннаах диэн алааска көспүттэрэ. Суоллара куһаҕан буолан, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ ким эмэ кэлэн өйүө ылан барара. Ол күн Батас кэлбитэ. Кум-хам тутуллубут кумааҕы сыыһыгар астарын испииһэктээн ыыппыттар этэ. Батас биһикки маҕаһыыҥҥа Артуркалаах Буобаны илдьэ матасыыкылга мэҥэстэн бардыбыт. Килиэп кэлбит күнэ буолан, дьон-сэргэ маҕаһыын иһигэр лыык курдук симиллибит, уочарат халыҥ халҕаһа буола үүммүт. Нэһилиэк оҕолоро Батаһы көрдүлэр да: «Здравствуйте, Максим Егорович», – дииллэриттэн биһиги кистээн күлсэн ылабыт. Уолаттарбыт оҕолору кытары таһырдьа оонньуу ойон хааллылар. Кэмниэ кэнэҕэс Батас оҕолору тахсан көрүөм диэн таһырдьа таҕыста. Мин уочаракка олорор дьахталлары кытары күннээҕини кэпсэтэ олордум. Эмискэ таһырдьа дьон айманар саҥата, оҕонньоттор үөгүлэһэллэрэ өрө көбдьүөрэ түстэ. Ол аймалҕантан сүрэҕим айахпынан сулбу ойон тахса сыста. Тоҕо эрэ «бырааттарым туох эрэ буоллахтара» диэн санаа төбөбөр көтөн түстэ. Биирдэ өйдөөбүтүм, таһырдьа турабын. Уолаттарым сарыласпытынан маҕаһыын кэнниттэн сүүрэн маҕыйан иһэллэр. Маҕаһыын кэтэҕэр дьахтар: «Бүтүө-өҥ!!! Хайдах буолан бардыгытый?!!» — диэн хаһыытыыра иһилиннэ. Оҕолорбун маҕаһыын диэки үтэйтэлээт, онно ыстанным. Көрбүтүм, дьон охсуһа сылдьар. Иэдээн… Итирик туруктаах Рустам сутуругун суулуу туттубутунан Батаска ынан кэлбитин, анарааҥҥыта аһаран биэрээт, өттүктээн түһэрдэ уонна, ойон туран, уҥа илиитигэр быһах туппут Марат хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэрин түөскэ тэптэ. Сууллан түспүтүгэр илиитин атаҕынан хам үктээн баран биилээҕин былдьаан ылла. Бу барыта кыл түгэнин иһигэр буолла. Иирбиттии саба түһэ сатыыр итирик ыччаттары, хата, чугас сылдьыбыт эр дьон саба сырсан кэлэннэр оҥкумалларыттан ылан тэйиччи илдьэтэлээтилэр. Мин маҥнай уолуйбутум ааһа быһыытыйда. Батас сирэйин-хараҕын одуулаһабын: аллараа уоһа сүр улаханнык хайдан хаалбытыттан хаан оҕуолуу сылдьар. — Батас, хайдаххыный? — Үчүгэйбин, куттаныма, — тойон эрбэҕинэн уоһун сэрэнэн соттумахтаан ыла-ыла, миигин уоскутаары мичээрдии сатаата, онтон бэйэтэ-бэйэтиттэн ыйытардыы саҥа аллайда. — Туох буолбут дьонноруй? — Максим Дьөгүөрэбис, хайа, туох буола сылдьаҕытый? — үрүҥ кыл сэлээппэтин оройугар кэппит Бүөт Бөтүрүөбүс диэн маҥан сулардыы бытыктаах саастаах киһи килиэп ылар сиэккэ суумкатын суулуу туппутунан мөҕүөх-этиэх курдук субу тиийэн кэллэ. — Эдэр дьон эрээри күрүлүүр күн ортото охсуһа сылдьаҕыт! — Максим Дьөгүөрэбис саҕалаабыта буолуо диэн күргүйдүүгүн дуо? Ол баппат уолга Мараакка баран айдаар! Ибис-итирик буолбат дуо?! Өссө быһахтаммыт буола-буола! — атыыһыт Аанчык ийэтэ Огдооччуйа эмээхсин алтахтаан кэлэн Бөтүрүөбүһү саба саҥаран кэбистэ. — Үчүгэйгин дуо, Махсыым? — …аа, үчүгэйбин, — Батас Максим буолбатахпын диэн быһаарыан саараата быһыылаах, судургутук хардаран кэбистэ. — Хата, киһитэ эн буолан иннилэрин ыллаҕыҥ. Атын киһи түбэспитэ буоллар ити баҕайы өлөрөр дуу, өһөрөр дуу? Киһи үтүөнү кэтэспэт киһитэ. Огдооччуйа эмээхсин мөҕүттэ-мөҕүттэ мустан турар дьахталлар диэки барда. — Максим Егорович, дорообо. Дорообо, Даша, — оскуола дириэктэрэ Пелагея Романовна, кэтит кытыылаах соломо сэлээппэтин көннөстө-көннөстө, чугаһаан кэллэ. — Хайа, туох араллаана буоллай? — Ээ, мин Максим буолбатахпын, кини быраатабын, — Батас мин диэки көрөн ылаат, соруйан бары истэллэрин курдук улаханнык хардарда. — Аа? — Пелагея Романовна тугу да өйдөөбөтөхтүү Батас биһиккини эр-биир көрүтэлээтэ. — Бу Батас — Максим игирэтин аҥаара, — бу тухары саҥата суох турбут бэйэм быһааран биэрдим. — Ээ, дуо? — дириэктэр эрэ буолбакка, бу кэпсэтиини истибит мустан турар дьон-сэргэ уолу баһыттан атаҕар диэри сыныйан көрдүлэр. Ким эрэ эрдэттэн билбит буолан, эбии быһааран, кэпсээн ситэрээччи буолла. Батас биһикки маҕаһыынтан килиэппитин ылаат дьиэлээри, бу дьонтон тэскилии охсоору тиэтэйдибит. Атыыласпыт уонча килиэппитин куулга уган, матасыыкылбытын мэҥэстэн дьиэлээтибит. Ол эрэ кэннэ, чуумпуга олорон, туох буолбутун Батастан сурастым. — Артуркалаах Буоба маҕаһыын кэннигэр чыычаах уйата баар диэннэр, ону көрө барбыппыт. Онно суулла сытар мас үрдүгэр дьон арыгылыы олороро. Биһиги кинилэргэ эрэ наадыйбакка, кимнээх эрэ оҥорбут уйаларын көрүтэлии сылдьыбыппыт. Эмискэ ити быһахтаах уолуун-утары ынан кэлэн санныга охсубута. «Онтон-мантан кэлэ-кэлэҕин улаатымсыйаҕын. Киһи ыҥырдаҕына хайыһан да көрбөккүн» диэн айдааран барбыта. «Ээ, бутуйдугут, уолаттар, мин Максим буолбатахпын» диэн быһаара сатаабытым да, бэйэлэрэ эрдэттэн боруок көрдүү сылдьар дьон тута охсон-тэбэн барбыттара. Ону оттон… туран биэрбэт буоллаҕым дии… — диэн кэпсээннээх буолбута.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан