Кэпсээ
Войти Регистрация

Халла сүүрүк туһунан

Главная / Кэпсээн арааһа / Халла сүүрүк туһунан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
05.08.2021 18:52
Мин суруйааччы Сэмэн Тумат «Иэс төлөбүрэ» диэн кинигэтигэр былыргы Халла сүүрүк ат туһунан суруйбутун ааҕан баран, Халла сүүрүк дьиҥнээх иччитэ буоларбынан, туох да эбиитэ, киэргэтиитэ суох кырдьыгынан суруйар санаа киирдэ. Ити Быччыыка Федулов диэн суруйар киһилэрэ – мин бииргэ төрөөбүт убайым. Дьиҥнээх аата Федулов Егор Николаевич-Быччыыка.       Халла сүүрүк Хоптоҕо нэһилиэккэ Пинигин Михаил Романович диэн киһиэхэ 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Мэхээлэ Пинигин ити аты тыйыгар ат гынаары айааһаан миинэр. Өлөҥнөөх диэн сиргэ Сөөйүк Сүөдэр диэн ыалга баран сылдьар, онно киирбитэ Халла Хабырыыс баар эбит. Халла эппит-тыыммыт, элбэх саҥалаах киһи. Мэхээлэ Пинигин: “Дьэ, Мэхээлэ, аппытын сакалааттаһан сүүрдүөх”, – диэн хаайар. Халла Хабырыыс Булуччах диэн кыратык сүүрэр аттаах. Хаайан-хаайан, Мэхээлэ сөбүлэҥин ылан, сааскы ириэһин күҥҥэ икки биэрэстэ сиргэ Халла биэс саһааны манньа биэрэр – кутурук ыраастыах буолан. Дьэ сирдэрин икки биэрэстэни мээрэйдээн сакалааттаһаллар. Ол икки ардыгар ат сүүрдэллэр үһү диэн дьон муста охсор. Халлалаах Мэхээлэ аттарын бэйэлэрэ миинэн, түһэр биэтэккэ бараллар. Мэхээлэ бастыыр, Халла кэнники буолан айаннаан түһэр биэтэккэ тиийэн: «Чэ!» – диир да, Булуччаҕы эргитэ тардар уонна атын быһа кымньыылаан, сүүрдэн тилигирэтэр. Мэхээлэ батыһан сүүрпүтүнэн барар. Мэхээлэ тыйа Халла Булуччаҕын самыытыгар олорсон иһэр. Халла ыксыыр, тахсар биэтэк чугаһаан кэлэр. Атын тарда оргууй ойутар, онтон биэтэккэ кэлэн, атын быһа биэрэн күүскэ түһэрэр да, Пинигин тыйа син биир Булуччаҕын ыыппат. Онон Мэхээлэ кыайан тахсар. Ол курдук Халла кыайтаран, ити тый үчүгэй ат буолсу диэн, икки иһит арыгылаах Мэхээлэ Пинигиҥҥэ тиийэн, арыгы туруоран: «Дьэ, убаай, мин Булуччахпын биэрэбин, тыйгын миэхэ аҕал», – диир. Ону Мэхээлэ Пинигин сөбүлэһэн, тыйын Халла Хабырыыска биэрэн кэбиһэр.    Халла тыйы ылан, кыһыннары-сайыннары миинэн сүрдээх ырыганнык тутар. Ол сылдьан сүүрдэн кыайар даҕаны, кыайтарар даҕаны. Тыйы быһа ырыаран дьаабылаан, миинэ сылдьан 1917 сыллаахха Халла Илин үрэххэ тахсар буолар. Ол барарыгар убайа Боронук уола Мэхээччэҕэ туттарар: «Дьэ, убаай, аппын үчүгэйдик көр. Кэллэхпинэ, ат гыныам».    1918 сыллаахха убайым Быччыыка Дьөгүөр Боронук уола Мэхээлэттэн Халла атын биир оҕуһу, биир ынаҕы биэрэн атыылаһан аҕалар. Онтон ыла «Халла Элэмэһэ» диэн аат иҥмит. Кыһын окко аһатабыт, күн уһаатар эрэ баайан эрчийэбит. Оччолорго аччыктатан баайыы буолара. Баайан, эрчийэн баран, убайым нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан сакалаакка сүүрдэрэ, онно мин сүүрдээччи уол этим. Тыа атын барытын кыайара. 1922 сыллаахха сайын улахан ыһыах буолбута Чурапчыга, Субуруускай тэрийиитинэн. Онно Таатта улууһа күрэхтэһиигэ анаан сүүрүк ат аҕалбыта. Биһиги аппытын Халланы күрэхтэһэргэ анаабыттара. Үс биэрэстэ сиргэ Таатта атын кытта сырсан кыайбыппыт. Кэлин тыа сүүрүктэрэ Халлаҕа киирбэт буолбуттара.    Онон биһиги аппытын баайан, оҥорон баран, 1924 сыллаахха саас куоракка киирэн иһэн Баатара нэһилиэгэр Сергучев Охонооһой диэн киһи куораттан уот кугас аты атыылаһан таһааран, кыһынын аһатан баран, куоракка сүүрдэ киирээри баайан олорор эбит. Онно тохтооммут, хас да хонон Сергучев атын кытта икки биэрэстэ сиргэ сүүрдэргэ кэпсэтэн сүүртүбүт. Онно баатаралар добуйуону добуйуоҥҥа Сергучев ата буоллулар. Дьэ, кырдьык, Сергучев ата эмиһэ, улахана киһи толло көрөр сылгыта эбит. Оччолорго көнөтүк хайа түһэн сүүрдүү буолара. Дьэ, сүүрдэр күн кэлэн, түһэр биэтэккэ бардыбыт. Түһэр биэтэккэ тиийэн баран, Сергучев ата мөхсөр баҕайы ат эбит, онон өр баҕайы түһэн биэрбэккэ мөҕүстүбүт. Онтон дьэ түстүлэр да, биһиги аппыт бастаан таҕыста.    1926 сыллаахха күһүн, үлэ-хамнас бүппүтүн кэннэ, сир харатыгар биһиэхэ Болтоҥо нэһилиэк Айах Уола Новгородов Охонооһой диэн киһи тиийэн кэллэ. Ол кэлбит соруга – эһиги сүүрүк аттаах сураххытын истэн кэллим диир. Таатта улууһугар сүүрбүтун устатыгар иннин биэрэ илик түргэн сүүрүк ат үөскээтэ. Мин эмиэ Намтан биир сүүрүк аты булан, иккитэ сүүрдэн кыайтардым. Онон эһиги сүүрүккүтүгэр кыттыһан таатталары кытта оонньуур баҕалаах кэлэн олоробун диир.    Мин убайым Быччыыка Новгородовтан: «Намтан хайа нэһилиэктэн, ким диэн киһиттэн ылбыккыный ити сүүрүккүн?» –диэн сураһар. Онно Новгородов: «Нам Таастаах нэһилиэк Хоччоххой Борокуоппай диэн киһиттэн ылбытым», – диир. Биһи дьоммут соһуйа түһэллэр. Хоччоххой Борокуоппай биһиги дьоммут табаарыстара, икки сыллааҕыта ити Хоччоххой Борокуоппай сүүрүк буолуо диэн, биһиги аппытыгар биир күөх элэмэс аты таһааран, боруобалаан сылдьыбыта уонна биһиги аппытыгар сыстыбат буолан, Хоччоххой Борокуоппай Намыгар төннөн хаалбыта. Дьэ, ол Таатта атыттан төһөнөн хааларын Новгородовтан сураһыы буолла, онно киһибит: «Маҥнайгы атаҕар биэрэстэ курдук тутуһар», – диир. Дьэ, ону истэн баран убайым аах таатталары кытта оонньуохха сөп эбит диэн сүбэлэстилэр, онон Новгородов итинник кэпсэтэн дойдутугар барар.    Биһиги аппытын кыһыны быһа күөх отунан аһаттыбыт. Аны таатталары кытта хайдах кэпсэтэр сүбэ буолла. Оччолорго сибээс суох этэ. Чурапчыга Субуруускай улахан үлэһит буолан олорор кэмэ.    Убайым Быччыыка Дьөгүөр Субуруускайга сурук суруйтаран ыытарга быһааран миигин биир убайбын кытта Чурапчыга ыытта. Биһиги суругу илдьэ Субуруускайга киирдибит. Хонтуоратыгар, хата, баар эбит. «Туох наада?» – диэн, өрө көрө түстэ. Биһиги сурукпутун биэрдибит. Киһибит ааҕан баран, үөрэн хаанныын сырдаата: «Сарсыарда кэлээриҥ», – диэтэ. Ыалга хонон баран эрдэ хонтуораҕа бардыбыт. Киһибит кэлэн олорор эбит: «Таатталар үөрүүнү кытта сөбүлэстилэр», – диэтэ.    Күн уһаан эрдэҕинэ таатталары кытта көрсөргө сир уонна күн болдьоһон, онно сүүрэр аттары сиэтэн тиийэн, сирэй көрсөн кэпсэтии буолла. Онно түөрт биэрэстэ сири сүүрдэргэ, сүүрэр сири Кыйы диэн Тыараһа сиригэр сөбүлэһэн кэбистибит, ат сакылааттаһыы буолла. Оччолорго суолга хайа түһэн сүүрдүллэр. Онон сүүрүү бэрээдэгин маннык кэпсэттилэр. Чабакыыннаахтартан биһиги бастакы турабыт уонна тахсар биэтэккэ биэс саһааны манньа биэрэбит, кутурук ыраастыыбыт. Аппыт кэлин биэтэккэ кулгааҕа урут киирдэҕинэ кыайыахтаах. Икки улуус ааттаах сүүрүктэрэ Халлалаах Чабакыын кэпсэтиилэрин түмүктүүллэр.    Итинтэн ыла аппытын баайан, оҥорбутунан бардыбыт. Тааттаттан араас кутталлаах сурах күн-түүн иһиллэн барда: «Боотуруускай ата көтөр кыната суох буоллаҕына, биһиги булгуччу кыайабыт», – диэн. Дьэ, ол иһин Быччыыка Дьөгүөр сэрэхэдийэн, куоракка киирэн Утуктуур Улаан диэн куорат чөмпүйүөн сүүрүгүн кэпсэтэн таһаарда уонна Уус Алдантан биир чулуу сүүрүгү аҕалла. Баҕар, кыайтаран хааллахпытына, бу аттарынан киирэргэ оҥостон.    Күн уһаан, ылааҥы буолан, аппытын эрчий да эрчий. Сүүрдэр күммүт чугаһаан иһэр. Дьэ, бириэмэ кэлэн, Быччыыкалаах эрдэ бараллар, түһэр ыал, дьиэ була. Биһиги, уолаттар, аппытын сиэтэн Тааттаҕа барабыт, икки хонон Кыйыга тиийэбит. Кыйыттан хоту 3-4 биэрэстэлээх сиргэ тохтоотубут, түһэр ыалбыт эдэр дьон эбиттэр. Хас да хонон баран сүүрдэр күммүт тиийэн кэллэ, аппытын сиэтэн Кыйыга киирэбит. Дьэ дуо, онно көрдүбүт халыҥ норуот диэни. Субуруускайбыт эмиэ баар эбит. Убайым Дьөгүөр аппытын түһэрэргэ Нээстээрэп Сэмэн диэн оҕонньору кытта миигин ыытта. Мин, улаатан хаалан, сүүрпэтим. Саастаах гынан баран хаарылык кыра Аҕ°ыайап Бүөккэ диэн уолу сүүртэрдибит. Нээстээрэп биһикки былыргы туомунан аппытын тахсар биэтэги эргитэн баран түһэрэр биэтэккэ бардыбыт. Кыйы мууһун илин баһыгар куулаҕа ыал баар эбит, ол ыал ойбонун чигдитин иһинэн суолбут барар. Биир сааһырбыт киһи ойбонун сааҕын ыраастыы сылдьара. Ааһан истэхпитинэ, киһибит маннык саҥалаах буолла: «Дьэ, соноҕоһум оҕотоо, ааттаах Чабакыыны манна умса көтөн ааһаар, суон сураҕын сууллар, үрдүк аатын самнар», – дии хаалла.    Уһун үрэх устун айаммыт суола тыргылла сытар, тумустаан киирбит сыыры өрө тахсан нөҥүө үрэххэ киирдибит. Онно күөл мууһун ортотугар түһэр биэтэкпит баар эбит. Ат, киһи бөҕө мустубут. Мин Чабакыыны көрө иликпин, сураһан дьэ көрдүм. Синньигэс атахтаах, саһыл улаан уһун сиэллээх, киһи соччо толло көрбөт ата эбит.    Биһиги тиийэрбитин кытта суол хайытааччылар аттарын миинэн, тахсар биэтэк диэки ойутан хааллылар. Кыйы илин баһыгар киириигэ Чабакыын курдук ат биһиги аппытын биэрэстэ аҥаарынан куотан киирэр. Таатталар уруй-айхал бөҕө буолаллар. «Ол иһин да, Чабакыыммыт сиринэн барар сылгыны итиччэнэн куоппат буолуо дуо», – диэн, үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Били аттарбыт муус ортотугар тиийбэккэ эрэ атын сиргэ туораан хаалаллар. Биһиги дьоммут суол хайытааччыларын билэн, дьэ «һуу» гына түһэллэр.    Биһиги, дьэ, сүүрдэр оҕолору аттарбытыгар мииннэрдибит. Чабакыын иһирдьэ мууска турар, биһиги суолга киллэрэбит, Чабакыыны суолга сиэтэн аҕалаллар да суолга киирбэт, кэннинэн чинэрийэн төннө турар. Өр соҕус мучумааннаһан баран ситэ суолга киллэрбэккэ эрэ “чэ!” диэн баран, ыытан кэбистилэр. Кирбэй сыыры тахсыыга аппыт Чабакыыҥҥа самыытыгар сыста түһэр. Оҕонньорум биһикки аппытын быһа биэрэн, сыыр үрдүгэр тахсан, уһун үрэҕи аҥас гынан көрдүбүт – үрэх арҕаа баһыгар тиийэн эрэллэр эбит, аппыт олох атыппатах. Кыйы илин баһыгар били алгыстаах оҕонньор ойбонугар Халла Чабакыын иннигэр киирэр уонна тахсыы биэтэккэ Чабакыыны бэйэтэ биэс саһаанынан атан тахсар. Мин аппын от кыбыытыгар баайабын. Онно биир оҕонньор кэлэн кыраабылынан кырбыы-кырбыы: «Бу аллараттан таҕыстыҥ дуу, үөһэттэн түстүҥ дуу», – диир.    Куорат Утуктуур Улаанын сыарҕаҕа көлүйэн баран Охоноон диэн киһи: «Таатталар, сымыйанан чабыланар эбиккит, бу мин да атым эһиги ханнык баҕарар сүүрүккүтүн кытта сырсыыһы», — диэн суустаһан, таатталар биир сырдык көҕөччөр сүүрүк аттарынан биир биэрэстэ сиргэ Утуктуур Улааҥҥа үстүү ат сакылааттаһан сүүрдэллэр. Утуктуур Улаан тулутуо дуо, аргыый куотан тахсар.    Таатталар кэрээнэ суохтарын Халла сүүрүгэр көрдөрөллөр, бэйэлэрин икки ардыгар уксан 5-6 сүөһүлэрин олоччу уган биэрбиттэрэ. Биһиги түспүт уолбут 5 сүөһүнү үүрэн кэллэ. Бу сүүрдүүгэ оччотооҕу куорат атыыһыттара улаханнык уксубуттара үһү. Боотуруускай, Таатта буолан, дьэ, ити курдук улахан алдьатыһыылаах ат сүүрдүүтэ ханна да буолбута иһиллибэт. Бу сүүрдүү 1927 сыллаахха кулун тутарга буолта.    Кэлин 1928 с. Амма улууһун Иһээк Дьөгүөрэ диэн киһи Алдан Харах Семен диэн киһиттэн сүүрүк ат атыылаһан аҕалан биһи Халлабытын кытта икки биэрэстэ сиргэ сүүрдэн кыайтарбыта. Итинтэн ыла Халла сүүрбэтэҕэ.    Чочууда диэн сиргэ Романовтар диэн ийэ ууһа хас да ыал олорбута. Ити Чочуудаҕа балтараа биэрэстэлээх боруобалыыр хонуулаах этибит, онно Халла сиргэ сылдьан соҕотоҕун боруобаланара эбитэ үһү. Ону түүн Романовтар туйаҕын тыаһын истэн, тахсан көрөллөрө үһү. Онно туох баарынан сүүрэн сиэлэ нэлэйэн иһэр буолара үһү.    Дьэ, ити курдук дьоллоох дьөһөгөй оҕото Хоптоҕоҕо үөскээн ааспыта. 1932 с. күһүн Быччыыка Федулов өлөр ыарыытыгар ыалдьа сытан атын Халланы 22 сааһыгар өлөрбүтэ. Халла сүүрүк сылгыттан уратыта диэн, үс хабахтаах уонна биирдии хос сындааһын иҥиирдээх этэ. Хаһа да, тас да сыа диэн олох суоҕа. Федулов Егор Николаевич 1933 сыл сааһыгар өлбүтэ.    Халла сүүрүк тас дьүһүнэ: хараҥа кугас түүлээҕэ, түөрт атаҕа чуккулааҕа, сүүһүгэр туоһахталааҕа, киэҥ араҕас саһарчы көрбүт харахтааҕа, маҥан ардайдаах хойуу уһун сиэллээх, кутуруктаах этэ. Икки холун бохтотунан үтүлүгү саба уурбут курдук, кутуругун түүтүттэн самыытыгар тахсар кириэстии үрүҥнээҕэ. Дьэ, итинник сылгы этэ Халла сүүрүк.    Сааһыра барбыт дьон кэриэстии санаайаллар диэн суруйдум – Петр Николаевич Федулов – Быччыыка быраата 1993 сыл атырдьах ыйын 8 күнэ.   Чурапчы улууһун Хоптоҕо олохтооҕо 1900 сыллаах төрүөх Федулов Петр Николаевич  суруйуута.
kyym.ru сайтан