Кэпсээ
Войти Регистрация

Тапталлара диэн тугуй?

Главная / Кэпсээн арааһа / Тапталлара диэн тугуй?

K
04.02.2021 16:00
Мин боростуой тыа сирин олохтооҕобун. Чуут-чаат «уолабын» дии сыстым. Уол ааттанар сааһым былыр үйэҕэ ааспытын биллэрбин да, хайдах эрэ тылым бара турар. Биир саастыылаахтарбын ыйыталаһарбар «уол», «кыыс» диэн тутуннахпына, сиэн балтым быарын тыыттарыттан сылыктаатахха, кырдьыы ылбыт быһыылаах. Ону дууһа-сүрэх билиниэн баҕарбат. Чэ, сааһырбытын билиниэн баҕарбат мин эрэ буолбатаҕым буолуо. Тас көстүүм да, бэйэм саныырбынан, киһи сиэринэн. Идэм да оннук айылаах киэн тутта чорбото кэпсиир курдук, уратыта суох. Оскуола кэнниттэн Дьоллоох Дьокуускайга тиийэн, үс сыл курдук үөрэнэн, орто үөрэхтэммитим. Хамнаһым маннааҕы миэркэнэн, сөбүгэр. Киммин-туохпун ииттээри элбэххэ таластамый. Дьону үтүктэн диэбиккэ дылы, уонча сыллааҕыта дьоҕус да буоллар, саҥа дьиэ туттан киирбитим. Ийэбиниин иккиэбит. Онон кимнээҕэр бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, кимтэн да тутахсыйбакка олорор курдукпут. Ийэм, билэр дьонум бастаан утаа «хайа, хаһан сыа сиэтэҕин?» диэн сулуйар эбит буоллахтарына, хата, тохтоотулар. Арай түҥкэтэх бөһүөлэкпитигэр биэс сылга биирдэ диэбиккэ дылы, биир эмэ сулумах кыыс кэлбитин иһиттэҕинэ, ийэм хараҕар эрэл кыыма сахтаҕына, тоҕо эрэ буруйдаах курдук санаа киирэр. Кэлии дьону манна өр соҕотохсуппаттар. Кыырт курдук саба түһэн, ойох, көссүү гыммыттара баар буолар. Сөп буоллаҕа. Арай «кыыска, дьахтарга ылларан, харда сыһыаны ылбакка эрэйи көрөбүт» эбэтэр «ойохпут «илиибитин-атахпытын маныыр» диэн муҥатыйдахтарына, аһынар курдукпут. «Суох» диэбиттэрин кэннэ, өсөһө-өсөһө, кыыс иннин ыла сатаан өрөҥкөлөһүү туохха наада эбитэ буолла? Сылдьыахтара эбээт. Эр киһи этим диэн, эт-хаан тардыһыытынан эрэйдэнэрим эдэр эрдэхпинэ син баар курдуга да, онтон өлөн барбатаҕым. Быстах сыһыаны баҕас буларым. Булуом даҕаны. Бэйэм кэммэр дьахтардаан да көрбүтүм, күүлэйи да сатаабытым. Ол да буоллар утуйары да умнар, аатырдар-сураҕырдар тапталлара диэни билэ иликпин. Билбэтим да буолуо. Биллэн турар, бу мин киһим, мин дьахтарым диэн ааттыыр, хаһан баҕардаххына, аттыгар баар киһилэнэр үчүгэйэ буолуо. Ол гынан баран олоххо тус-туһунан көрүүлээх, туһунан иитиилээх, туспа санаалаах араас дьонтон, этэллэрин курдук, «тыл аҥаарыттан өйдөһөр, сүрэх ыалдьа тардыһар» киһитин булар аан дойду киһитигэр барытыгар бэриллибэт быһыылаах. Эт-хаан баҕарыыта, кэрэ аҥаарга тардыһыы, көҕүйсүү, баҕарсыы ханна барыай. Мин ыксаатахпына көрсөр, сылаа таһаарар биир дьахтардаахпын. Кини эрэ атын киһиэхэ иирэн барбытын кэннэ көрсүһэр буолбуппут. Иккиэн сыалбыт-сорукпут биир: дьон сиэринэн, элбэҕи эрэйсэ барбаппыт. Оттон «ол чааһыгар», дьэ, өйдөһөбүт. Оттон үйэ тухары сыччах биир киһини өрө тутуу, «таҥара гынан үҥүү» диэн омун ини. Ама. Хал буолуу хаһан да ситэрэ эрэбил. Натааһам (аатын, биллэн турар, уларыттым) да киһитиниин тапталлара, омуннаабакка эттэххэ, били, ииндийэ киинэтин тапталыттан уратыта суох курдук эбит. Кэпсиириттэн иһиттэххэ. Ханна баарый, ол түмүгэ!? Олордоҕо дии ити. Аны оҕолорун атахтарыгар туруортуон наада. Олоруҥ «ол наада, бу наада» диэн ийэлэрин да эрэйдииллэрэ күн-түүн улаатар курдук. Куруук да буолбатар, кыралаан көмөлөһөбүн. Бултаабыт булпуттан булгуччу бэрсэбин. Ол оннугар
кини миэхэ бу сиргэ эр киһи буолан айыллан кэлбит аналбын биллэрэр курдук. Киһи да быһыытынан, дьиҥинэн, куһаҕана суох. Ол эрээри күн аайы көрүөххэ, хотун ойох гынан олоруох диэтэххэ, кэбис. Көҥүлүм ордук курдук. Баарынан этэбин. Үс хас сыллааҕыта биир атаһым ыҥырыытынан, киин куоракка баран «сылаа таһаарынан» кэлбитим. Дьэ, доҕоттор, куорат да, дьон өйө-санаата да уларыйар буолар эбит! Сайдыы бары өттүнэн барбыт быһыылаах. «Ностальжилара» диэҥҥэ сылдьан баран, букатын сиргэ силлээбитим. Киин сиргэ тиийэн «киэптээбиччэ», эдэр сааһы саныы сатаабычча аһыы утаҕы амсайбакка сылдьан баран, «кылк» гыннарбатым кэлиэ дуо, ама?! Оччолоох кэннэ «дьахтардыы барыахха» дииллэриттэн ким аккаастаммыт үһү. Саҥа эти-сиини боруобалыыр санаа сааһырдым диэн тохтообот бөҕө буоллаҕа. Эдэр эрдэҕинээҕибэр түспүт курдукпун. Хараҕым ирим-дьирим көрөрүн быыһыгар ол да буоллар кылатарым көмөтүнэн аттыбар буолары истэ-көрө сырыттым. Испит, саастаах, ойохтоох диэн араара барбат дьон эбит – куорат кырасаабыссалара. Саамай сөхпүтүм диэн, бэйэлэринэн арыгыга, пиибэҕэ «хайыта» сатааһын кытаанаҕа. Уолаттар «күннээтибит». Аҕыйах эр киһи баара, ол оннугар кыыс-дьахтар кыымаайы курдук дойдута эбит. Онон эбитэ дуу, харчыбытын харыстаабаппытын билэн дуу, эбиитин массыыналаахпытын билэн дуу, букатын да саахарга сыстыбыт сахсырҕа курдук буоллулар. Сымыйанан эппит курдук. Убайдар «толору аһыырга, сынньанарга» былааннанан биир бырааппытын такси курдук илдьэ сылдьыбыппыт. Мин бастаан утаа атыыр тайах курдук мааныланар балаһыанньаттан эгди буолан, туттумахтаһыах курдук этим. Онтон хайдах эрэ уостан хаалбытым. «Кыра быраат» да сылаата таайан, өрөйбүтэ-чөрөйбүтэ симэлийэн барбыта. Уолаттар бэйэлэринэн кэриэтэ «итиччэ илимҥэ киирэн биэрбит» барахсаттары бырастыы гыммат буоллахтара. Ойох, оҕо умнуллубута. Аамайданан-саамайданан Сэргэлээххэ баар биир уолбут даачатыгар эр-биир паара буола хомуллан тиийэн хаалбыппытын түүл-бит курдук өйдүүбүн. Миэнэ буолан баран бар кырааска буолбут, арбаҕар баттахтаах дьахтар түбэһээхтээбит. Эриммит дуу, хайаабыт дуу? Өйдөөҕөр, баҕар, киһи сиэринэн буолуо. Оттон ол түгэҥҥэ туох да мааската тойо суох, абааһы кыыһа илэ бэйэтинэн аллараа дойдуттан оронон тахсыбытын курдуга. Итиччэ итириэх аата тоҕо да кыламанын кырааскаланан муҥнаммытын айбыт таҥарата бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Ама да «утата» сырыттарбын, кинилиин ыксаласпатах ордук этэ. Онно холоотоххо, Натааһам сирдээҕи аанньал тэҥэ кэрэтийэн көстүбүтэ. Ол кэннэ бүттэхпит дии. Сатамматах олоҕун кэпсээн муҥатыйарын быыһыгар, эмискэ-эмискэ кыыһыран тырыттан турара. «Миигин сирэн олороҕун дуо, бу?!» дии-дии, үөҕэн турара эмиэ баара. Быһата, кинини саататар ухханыгар ол «сынньалаҥым» бүппүтэ... Ийэм сиэн көрдөрбөтүҥ диэн хомойоохтуур. Дьэ, ити баҕас итэҕэһим быһыылаах. Натааһа икки оҕотун таһынан эбии биири иитэр санаата суоҕун ылынабын. Ойох ыларым буоллар, сөбүлэһиэ эбитэ буолуо. Ону... Быһата, соҕотоҕун сылдьарым быдан ордук курдук. Хата, ол куоракка сырыыбар урукку биир «успеҕым» ыал бастыҥа буолан олорорун истэн үөрбүтүм. Мин кини иннигэр буруйдаахпын. Кыыһын ылбытым, оттон ойох ылар туһунан санаабатаҕым. Дьүөгэтэ кэпсииринэн, кини миигин оччолорго олус таптыыра,
атын дьууппалаахтары батыһарбыттан улаханнык эрэйдэнэрэ үһү... Оттон кини миэхэ элбэхтэн биирдэрэ эрэ этэ. Мин туспунан сэмээр ыйыталаһарын истэн, биир киһи миигин таптыыр (таптыы сылдьыбыт) эбит ээ диэн, эмиэ да үөрбүтүм, эмиэ да, тоҕо эрэ сүөм түһэн ылабын. Иккис өттүттэн көрдөххө, кинини ойох ылан баран, таптаабат аата, син биир тэйсэн, баҕар, көссүүлэнэн, эрэйгэ тэбиэм эбитэ буолуо. Онон олохпут маннык салаллыбыта да ордук курдук. Мин киниэхэ дьолу эрэ баҕарабын... Ити курдук, бу сиргэ кэлэн баран тапталлара диэни билбэтим. Онон киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт иэйии быһыылаах. Эбэтэр сиргэ кэлбит аналы толорор туһугар, өйдөһүүнү өрө тутан, ыал буолуохтааҕым эбитэ дуу? Туох билиэй. Санаабар, эмиэ да туох эрэ сырдык иэйиини күүтэр курдукпун. С.П. Бүлүү улууһа.
kyym.ru сайтан