Кэпсээ
Войти Регистрация

Атыны мыыммыт?

Главная / Кэпсээн арааһа / Атыны мыыммыт?

K
28.01.2021 15:03
1970-73 сылларга Муома улууһун үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн биир дойдулааҕым Василий Васильевич Гоголев үлэлээбитэ. Кини биһигини кытта сааскы куска бултаһа сытан, бииртэн биир көрүдьүөстэри кэпсээн быарбытын тарбыыра. Олортон өйдөөн хаалбыппын суруйабын. Ахтыллар дьон ааттарын уларыттым. Оччотооҕуга Уус Алдан улууһугар чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ биир биллэр-көстөр сүүрүгэ Сиипсэп Сэмэн Сэмэнэбис диэн эдэрчи уол баара. Кини тас көрүҥүнэн кыра, хатыҥыр, быһатын эттэххэ, кыыс аймах соччо-бачча таба көрбөт, хараҕын аанньа хатаабат, бүрэ дьүһүннээх, былыргылар этэллэринии, ыал аайы баар киһи эбит. Ол эрээри тоҕо бэйэтин барбахпын дэниэҕэй? Дьиҥнээх уола хаан оннук дэниэн сатаммат даҕаны. Сүрэх батарбатах — райкомолга үлэлиир, нууччалыы сырдык ыраас сэбэрэлээх, толуу быһыылаах-таһаалаах Света диэн кыыһы таптаабыт. Биирдэ уол, табылыннаҕына, тапталын этээри, сүрэҕин кистэлэҥин арыйаары, Мүрү Эбэ киһи-сүөһү сылдьыбат биир бүөм сиригэр кыыһы көрсүһүүгэ ыҥырбыт. Кыыс, кэбис диэбэтэх, кэлбит. Күөлгэ киирэн сөтүөлээбиттэр. Оччолорго кытайдар солко ис таҥастара дэлэйбит, муода буолбут кэмэ этэ. Ол таҥас биир куһаҕаннааҕа, баҕар, билиҥҥилии эттэххэ, үчүгэйдээҕэ эбитэ буолуо, илийдэҕинэ, киһи этигэр силим курдук хам сыстан хаалара, оччоҕо, били иһинээҕи «кистэлэҥ» барыта дьэҥкэрэн көстөрө. Уол эрдэ ууттан тахсыбыт кыыһын балайда өр күүттэрэн: «Баттерфляй!» — дии-дии булумахтана чомполонон, син сөтүөлээн бүппүт. Ол кэннэ бүтэй анныгар эрдэ кистээбит кыһыл арыгылаах бытыылкатын аҕалан Светаҕа ууммут. Сатаатар, били «Баттерфляй!» диэбитин курдук, «Агдам!» диэбэтэх. Саҥа-иҥэ адьас мэлигир буолбут. Онуоха дьээбэлээх баҕайы кыыс илиитигэр бытыылка тутуурдаах, илийбит туруусук иһиттэн, тоҥон, чыычаах тумсун саҕа буолбут чочоҕоро хараарыҥныыр уолу аллараттан өрө көрөн олорон: — Па, мантыкаҕар эрэ ыҥырбытыҥ дуо?.. — диэбит. Онуоха уол хап-сабар: — Оччоҕо маҕаһыыҥҥа баран кэлэбин дуо? — диэбит уонна, истэр да, саҥардар да түгэн биэрбэккэ, таҥаһын сулбу-халбы харбаат, сүүрүгүн сүүрүк, атаҕын тилэҕэ эрэ харааран хаалбыт... Сарсыныгар Сэмэн сүүрүүгэ бииргэ дьарыктанар киһитигэр көрсүһүү хайдах барбытын, кыыс туох диэбитин, үрүҥ арыгы атыылаһан сүүрэн тыбыгыратан кэлбитигэр Света суола былыр сойбутун улаханнык хомойон кэпсээбит. — Дьэ, тута үрүҥү ылбакка алдьанным... — диэн суламмыт. Онуоха анарааҥҥыта: — Ээ, доҕоор, ол кыыс атыҥҥын мыыммыта буолаарай? — диэбит. А.М. ДЕГТЯРЁВ. Муома, Улахан Чыыстай.
kyym.ru сайтан