Кэпсээ
Войти Регистрация

Күнүү дуу, күлүү дуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Күнүү дуу, күлүү дуу

K
24.12.2020 14:47
Күнүүһүтү сорох күлэр, сорох аһынар. Ол эрээри үйэтин тухары күнүүлүүр диэни отой билбэтэх киһи баара саарбах. Хас биирдии киһи “бу миэнэ” диэбитигэр туораттан суудайааччы баарын биллэ да, хайыай, күнүүлээн, күндү “көмүһүн” бэйэтэ да билбэтинэн күөйэн-хаайан барара чахчы. Ол айылҕа сокуона буоллаҕа. Ол эрээри туохха барытыгар сиэр иһинэн, орто сүнньүнэн дьаһанар ордуга буолуо. Киһи аймах устуоруйатыгар күнүүттэн сылтаан күүһүнэн өттөйбүт, бэл, кимиэхэ да тиксибэтин диэн, тосту-туора быһыыламмыт дьон тустарынан кэпсээн үгүс. Билигин даҕаны онно холооннооҕу истиэххэ, көрүөххэ сөп. Бу – сүнньүнэн, ыал олоҕор баар көстүү. Дьиҥэ баран эттэххэ, күнүүлүүрүҥ туох аанньа буолуой? Олох отуорун тутан турар эрэнсиини, итэҕэйсиини иэҕэҥнэтэр, кырдьыгы көрдөөн кыйыттыыга тиэрдэр кыдьык буоллаҕа. Ол туох үтүөҕэ тиэрпит үһүө? Тиэмэни таарыйбычча, сири-буору аннынан, сиксиги нөҥүөлээн, ууну уҥуордаан, чопчулаан эттэххэ, үгүс өттө төлөпүөнүнэн “айаннаан” кэлбит күнүүһүттэр тустарынан күлүүлээх да, хобдох да соҕус “үһүйээннэрбин” холобурдуох санаам кэллэ. Төһөтө кырдьыга, хаччата тупсарыллыбыта биллибэт. Бултаан бүппүт Бу түбэлтэни дьүөгэм Галя кэпсээбитэ. Кини Маайаттан истибит. Маайаҕа Даайа кэпсээбит, Даайа... чэ, сити курдук силиһэ-мутуга тэнийэн барар. Кэпсээн дьоруойдара – Сааска уонна Ааныс диэн эдэр ыал. Бу ыаллар оҕолонон эҥин баран уол дойдутугар олохсуйбуттар. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин олус күүскэ таптаһаллара үһү. Өрүү куустуһа, сиэттиһэ сылдьалларын үгүс киһи манньыйа, сорох ымсыыра көрөр эбит. Уол көһөн кэлээт да, дойдулаах киһи хайыай – атаһа-доҕоро үксээбит. Кылааһынньыктарыныын көрсүһэр, үлэтинэн барар-кэлэр буолбут. Ол аайы Ааныһын илдьэ сылдьара үһү. Оннооҕор кус ыта, балыктыы барарыгар кытта иккиэн бараллар эбит. Наһаа да иллээх ыал диэн дьон хайгыы ахан көрөр. Арай Сааска бииргэ бултуур доҕотторо Ааныс барсарыгар мэһэйдэтэллэр эбит. Дьиэттэн-уоттан сынньана, көҥүллэринэн көччүйэ, талбыттарынан таалалыы барар дьон дьахтар баарына көрүлүү сылдьыахтара дуо? Инньэ гынан сынньалаҥнара хааччахтаах соҕус буолбут. Биир күһүн Сааска уол доҕотторо кинитэ суох хомунан кус ыта бараары туралларыгар түбэспит. Тугун-ханныгын билэн баран, Ааныһыгар тиийэн “бэйэм барабын” диэбит. Анарааҥҥыта аҕыс айдааны таһаарбыт: “Барсабын эбэтэр барбаккын! Кимнээҕи илдьэ бараары киксибиккитин син биир билиэм!” – диэн буолбут. Хаһыы былаастаах кэпсэтии уһун унньуктаах ытааһыҥҥа тиэрпит. Хайыай, Сааска уоскута сатаан баран ойоҕун илдьэ бардаҕа дии. Ити түгэн кэнниттэн Сааска бултаан бүппүт. Ким да кинини булка илдьиэн баҕарбат буолбут. Ол оннугар кэргэниниин бэркэ тапсан олороллор үһү. Биллэн турар, Ааныс күнүүлүүрэ аҕырымнаабатах, хата, өссө сытайбыт, бэргээбит дииллэр. Буруйа суох “хаайыылаах” Алексеевтар диэн дьикти ыал баара. Биһиги бөһүөлэккэ кэлии дьон. Эр киһитэ оскуолаҕа үлэлиирэ. Дьахтара икки оҕотун көрөн дьиэҕэ олороро. Бу ыалга биирдэ эмэ киирээри гыннахха, ааннара ыт баһын саҕа күлүүһүнэн лип хатанан турар буолара. Хам-түм ааннара аһаҕас турар буолааччы. Икки кыра оҕолоох дьахтар күнү-күннүктээн ханна сылдьарын муодарҕаан, ыалбыт дьахтар сураһарын өйдүүбүн.
Бу паара бииргэ сылдьалларын көрдөххө, олус иллээх курдуктара. Ол эрээри эр киһи дьахтара баарына сүгүн кэпсэппэккэ ааһа турара. Сороҕор билэр киһитэ иһэрин көрдөҕүнэ, дьахтарын сиэппитинэн атын сир диэки салайара дииллэр. Оттон соҕотоҕун сылдьарын көрүстэххэ, бэрт кэпсээннээх, көрдөөх-нардаах киһи эбитэ үһү. Кэлин бэрт көрсүө-сэмэй киһи күнүүһүт буолан буорайа сылдьара биллибит. Хас түннүк аттынан ааспыт киһини ойоҕор күтүрээн күргүй-көбүө буола турарын ыскаамыйаҕа сыламныы олорор эмээхситтэр истибиттэр. Хойутуу табах бэриһиннэрэ киирбит ыала, баһыылка аҕалбыт буоста үлэһитэ ойоҕун кытта сэлэһэ түһээри, күлүүкэлээх күнүүһүттэн күрэнэргэ күһэллибиттэр. Ол кэннэ бу ыал дьиэтигэр оҕоттон-дьахтартан, бүдүгүрэ кырдьыбыт оҕонньортон уратылар өҥөйбөт буолбуттар. Кэлин кырдьан, түспэтийэн эбитэ дуу, эмээхсиним кэрэтэ кэҕиннэ диэн дуу, оҕонньор күнүүлүүрэ уурайбыт диэн кэпсииллэр. Оҕолоро улаатан, сиэннэрэ үксээн, бу ыал бэрт эйэлээхтик билигин да бөһүөлэк сис ыала буолан олороллор. Күнүүһүттэн күрээбит Устудьуоннуу сылдьан Саша диэн бэркэ кэлбит-барбыт, көрөн-истэн дьиримнэтэн кыыс да кыыс дьүөгэлээх этим. Өрүү үөрэ сылдьар, кыыһырары билбэт диэн, арааһа, бу кини курдуктары этэн эрдэхтэрэ. Ол кыыспыт үһүс кууруска сылдьан кэргэн тахсыбыта. Маҥнай утаа өрүү үөрэ сылдьар дьүөгэбит дьоллонон эбии кынаттаммыкка дылы буолбута. Онтон сэмээр үөрүүбүт-көтүүбүт сөҕүрүйэн, күөмчүлэммит, күөйүллүбүт курдук туттара үксээбитэ. Сорохтор кэпсииллэринэн, кыыспыт кэргэнэ олус күнүүһүт үһү. Кырааскаланарын, киэмсийэрин отой боппут, үөрэнэр араспысаанньатын тутан олорон хонтуруоллуур үһү. Паара быыһыгар кытта субонуоктаан ханнатын чопчулуур эбит. Ити курдук муҥнанан, кыыспыт үөрэнэ сатаан баран үөрэҕин бырахпыта. Кэлин уонча сыл буолан баран биир кыыспытыттан истибиппит, Сашабыт, биэс сыл олоро сатаан баран, били күнүүһүт эриттэн арахсыбыт үһү. Биэс сыл тухары бу ыал оҕолонор дьолун билбэтэхтэр. Онтон сылтаан күнүүлүүрэ эбии сытайбыт эриттэн Саша барахсан отой буорайбыт. Бу биэс сыл тухары сыппах быһахтыы сулуйбут суус тыллартан, арааска бары күтүрээһинтэн эт киһи элэйбит, сыа киһи сылайбыт. Таҥара курдук көрбүт таптала уостубут, сииттэн-сэмэттэн эмиэ да аһыныыттан ордук туох да хаалбатах. Инньэ гынан арахсабын диэбитигэр анарааҥҥыта дуостал ыыппатах. Ол эрээри кыыс быһаарыммытыттан хаһан да аккаастаммат хадаар хаанын киллэрбит. Төһөтө кырдьыга буолла, Саша биир билэр кыыһа сүбэлээбитинэн ааттаах кырасаабыссаны булбут. Ол кырасаабысса кини эрин эрийэн иирдэргэ сөбүлэспит. Салгыы барыта сынаарый быһыытынан барбыт. Күнүүһүт эрбит көссүүлэһэ сытан тутуллубут. Ол кэннэ хайыай, буруйдаах дьиэтиттэн үүрүллүбүт. Сураҕа, уол оҕото номнуо ойох ылан олорор үһү. Оттон Сашабыт уруккутунуу үөрэр-көтөр, кип-киэҥинэн көрбүт чоҕулуҥнас харахтарыгар дьол уота кыламныыр... Маанылааһын манаабыт “Күнүүлээбэт, күүппэт күүһү хантан булабын, күлүктэргэ кытары күтүрээбэт буолабын...” бу ырыа тыллара киниэхэ анаммыт курдуктар. Ол эбэтэр күнүүһүтүнэн чугас эргин биллибит Биэрэ диэн билэр кыыспар. Биэрэ бэрт бэтиэхэлээх кыыс. Кинини омос көрөөт, хайдах да тимир илиилээх, кытаанах хобулуктаах дьиэ хаһаайката диэбэккин. Күлэн мытырыллан, хараҕын кылап-кылап көрөн хойуу кыламанынан “сапсына-сапсына” көрүдьүөһү
кэпсии олордоҕуна хайаан оннук саныаҥый? Киниэхэ холоотоххо, эрэ күлүгүрэн-саппаҕыран, ууну омурдан, чахчы да күлүк курдук киһи. Биһиэхэ күлүк курдугун иһин, Биэрэбит барахсан кинини Ванечкаттан атыннык ааттаабат. Кыра оҕолуу ымманыйар, буруйданнаҕына мөҕөн да ылар. Биһиги, дьүөгэлэрэ, баарбытына Ванечкабыт хостон тахсыбат, аат эрэ харата “ыык-аах” ыккардынан саҥата иһиллэр. Ол да буоллар уолбут үлэтигэр Иван Андреевичтан атыннык ааттаммат тос курдук тооспоруҥнаабыт тойон үһү. Ол бэйэлээхпит биһиги Биэрэбитигэр тиийэн саал былааттыы налыйан хаалара бэйэтэ дьикти диэххэ сөп. Биэрэ, уон сыл ыстаастаах дьиэ хаһаайката, киһитин таптаабытынан дьаһайар. Онуоха эбии кыыспыт, этиллибитин курдук, олус күнүүһүт. Маҥнай утаа ити бэйэлээҕин ким туура тутан барыан күнүүлээтэҕэй, дьоҕойон дьээбэлэнэр дии саныырбыт. Онтубут кырдьык эбитин хас да түгэҥҥэ билэн турабыт. Бу – Биэрэ Ванечкатын төлөпүөнүн хасыһа ахан турар. Эбэтэр, ыраахтан кэлбит Ванечка таҥаһын сытын-сымарын сыллаан көрөр. Итэҕэйиэ суохха сөп эрээри, подъезка табахтыы тахсыбыт Ванечка кимниин кэпсэтэрин иһиллээн ааҥҥа сыстан турар. Ити хартыына күн аайы кэриэтэ хатыланар. Биир бэйэм эт кулгаахпынан, кырата, сүүстэ истэн турабын, Биэрэ хас субонуогун аайы Ванечкаттан биири эрэйэр: “Ванечка, чэ, таптыыбын, сыллыыбын, эйигин эрэ ахтабын диэриий...” Инньэ диэбэтэҕинэ, “көссүүтүн дуу, атын хайа эрэ дьахтар дуу аттыгар олорор, ол иһин саҥарбат” аатырар. Ол күн Ванечка үлэлээн баран дьиэтигэр кэлбэтэҕэ ордук. Биирдэ төлөпүөн автоответчигиттан сылтаан этиһэн турардаахтар. Ванечка хайа эрэ киһиэхэ эрийбитэ, анарааҥҥыта төлөпүөнэ арахса сылдьар үһү. Хайыай, туруупкатын уурдаҕа дии. Сол кэмҥэ нөҥүө хоско тыыммакка да иһиллии турбут Биэрэ киирэн айдаан бөҕөтүн түһэрбит “хайа дьахтардыын кэпсэтэн иһэн мин киирбиппэр туруупкаҕын уурдуҥ?” диэн. Кэлин иннин-кэннин быһаарсан баран дэлби күлбүттэр. Биэрэ бэйэтэ күнүүһүтүн билинэр. Күнүүлээн күлүүлээх түгэннэргэ түбэспитин күлэ-күлэ биһиэхэ кэпсиир. Ол эрээри син биир эрин күнүүлээбитин кубулуппат.
kyym.ru сайтан