Кэпсээ
Войти Регистрация

Туох диэххэ сөбүй?

Главная / Кэпсээн арааһа / Туох диэххэ сөбүй?

K
18.12.2020 14:48
Олохпут-дьаһахпыт киһи үөйбэтэх өттүттэн уларыйар. Онно бары да үөрэнэ быһыытыйдыбыт. Урукку курдук барыттан-бары дьаарханыы, кэтэнии-мананыы суох, өр кэмҥэ кыаһыга сылдьыбыппытыттан босхоломмут, син добуочча көҥүл барбыт курдукпут. Сорох маны сирэр: «Олус най бардыбыт, Ыстаалын саҕанааҕы «тимир илии» наада», – диир. Сорох «ааттаах үчүгэй кэм кэллэ, туттумахтаһан, үбү-харчыны баспахтаһан хаалыахха, ол туһугар араас ньыманан тос курдук дуоһунастаныахха» диэн үлүмнэһэр. Бу дьонуҥ үрдүк хамнаска сылдьыбыттарыгар сөп буолбакка, ойохторун аатынан араас тэрилтэни аһа-аһа, хотуттан-соҕурууттан аһы-таҥаһы тиэйэн аҕалан, атыылаан үллэҥнэтии бөҕө. Ол тиэйии-таһыы ороскуота, биллэн турар, судаарыстыба суотугар. Быыбар чугаһаата, хамаанданы түмэ тардан эрдэттэн күүстээх үлэни ыытыахха, оччотугар эмиэ биир «пятилеткаҕа» уйгу-быйаҥ олоххо таалалыахха сөп. Уопсай түмсүүгэ, араас сугулааҥҥа өрдөөҕүттэн туттуллар сүгэ-балта, луоһун тылларынан кутан-симэн чугас эргиннээҕилэргэ уоттаах-төлөннөөх араатар, аныгылыы эттэххэ, «билиҥҥи кэм лиидэрэ» диэн – кинилэр. Бу үйэҕэ былаас – халыҥ харчылаах киһиэхэ. Балар быыстарыгар уруккута оройкуом түс-бас тойото-хотута да аҕыйаҕа суох. Били, саха биллиилээх драматура Степан Ефремов «Ини-бии» диэн испэктээгэр «тугу барытын харчы быһаарар» диэн өйү-санааны өрө туппут Николай, Семенов, Катя курдук омсолоох дьоруойдар илэ тиллэн кэлбит курдуктар. Дьаарай хомуньуус өттө билиҥҥи балаһыанньаны «бу – Эмиэрикэ уодаһыннаах бэлиитикэтэ, хадьырыйар албаһа» диир. Кинилэр этэллэринэн, Арассыыйаны аһаҕас сэриинэн кыайбаттарын билэн, өстөөхтөр ыччаппытын арыгынан эмсэхтээн, содур быһыынан өйүн күөрчэхтии ытыйан, саҥа ньыманы ньуолбардык туттан кыайыахха дииллэр үһү. Ис-иһиттэн оннук сытыйан-ымыйан, дойдубут бэйэтинэн күр гына сууллан түһүөхтээҕин омук хапыталыыстара күлүктэригэр имнэнэ-имнэнэ кэтэһэн кэтэхтэрэ көһүйбүтэ ырааппыт, ону, саатар, арыый эдэр дьон, биһиги, төрүт өйдөөбөт маалгын урааҥхайдар үһүбүт. Этэр эттэҕинэ «кырдьык даҕаны» диэх санааҥ кэлэр. Холобур, хаһыакка эҥин араас биллэрии тахсарын да көр. Холобур, «ойохтоох киһиэхэ биир түүн уохтаах тапталы биэрэбин», «дьиэлээхпин-уоттаахпын, быстах кэмҥэ таптаһарга кугас баттахтаах дьахтарга наадыйабын», «кырасыабай дьүһүннээх уол актыыбынай эр киһиэхэ наадыйар», «лесбийскэй тапталга ыҥырабын», о.д.а. толоос ис хоһоонноох биллэрии толору. Туох да диэ – барыта түһээтэхтээҕи курдук. Хата, Лэгиэн бииртэн уоскуйар: бу – барыта нууччалыы тыллаах хаһыакка суруллар. Кырдьыга даҕаны, хайа саха киһитэ тыла тахсан, инньэ диэн кыыбаҕа-быртах санаатын сахалыы хаһыакка күн ыаһаҕа оҥостуой? Төһө да араас киинэҕэ сиэкиһи аһаҕастык көрдөрбүттэрин иһин, ону былаах оҥостон бэриэт түһүү диэн туох аатай?! Лэгиэн алта уон хаарын ууллардар даҕаны ити таптал, сиэкис диэни күндүтүк саныыр. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх, тапталыҥ, имэҥиҥ даҕаны өрүү баар буолбат – ытаа да ыллаа. Сорох киһи ити иэйиини төрүт да билбэт быһыылаах, оттон сорох имэҥнээх таптал туһунан аахтаҕына, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥмит, түһээн эрэ көрөр талысханнаах баҕата дьиҥнээх олоҕор адьас суоҕуттан ис-иһиттэн кыйыттар. Олоҕуҥ-дьаһаҕыҥ кырыымчык, дьиэҥ-уотуҥ кыараҕас, эбиитин ыы кырбас оҕолордоох буоллаххына, биллэн турар, уохтаах имэҥ эҥин туһунан кэлэҕэйдээбэтиҥ да сөп. Түүлгэр киирдэҕинэ ол
да богдо. Лэгиэн син элбэх дьахтары кытта таптаһан баччаҕа кэллэ. Ол тухары син биир «аан дойду бу кырасыабай дьахтар эрэ баар буолан, чэчирээн турар, оттон бу барахсаныҥ имэҥнээх таптала суох кэхтэр» диэн санаатын ыһыкта илик. Дьахтар да араас. Сорох ис-иһиттэн иэйиилээх, нарын-намчы сыһыаны ирдиир. Дьэ, маныаха сыалыһар быарыныы сымныахха, өйгүн-санааҕын бүүс-бүтүннүү ууран сылаанньытыахха, киһи киэнэ кэрэмэһэ буолан кылбаҥныахха наада. Оттон сорох дьахтар эр киһи модун, чоруун этигэр-сиинигэр, хабыр соҕус сыһыаҥҥа наадыйар. Маныаха, били, сыалыһар быарыныы ньылҕаарыйарыҥ тохтуур, төттөрүтүн, тимир-тамыр дохсун хамсаныыҥ, харысхала суох күүстээх эрчимиҥ барсар. Киһи буолан баран, Лэгиэн сыыһата-халтыта да ханна барыай: барыларын мааһын син биир таппат буоллаҕа дии. Ол биричиинэтэ да биллэр – таптаһар киһигин кытта тугунан эрэ ыкса ситимнээх буолуохтааххын. Онто суох сатаммат, уоҕуҥ хараат, бүтэн, кураанахсыйан хаалаҕын, туох да абыраабат. Итиччэ элбэх кэрэ аҥаар быыһыгар өйдүүн-санаалыын оруобуна сөп түбэсиһэр, таалар гына таптаһар дьахтар балайда этэ. Ол эрээри олохторун суола букатын атын-атына, хайдах да бииргэлэһэр кыах суоҕа. Балар оҕолоох-уруулаах, ньир бааччы олохтоох-дьаһахтаах эрээри, туохтара эрэ син биир тиийбэт этэ. Түүппэҕирбит санаалара Лэгиэни кытта көрүстэхтэринэ, хаһааҥҥа эрэ диэри сайҕанара, бэйэлэрэ-бэйэлэринэн буола түһэллэрэ. Лэгиэн маннык сыһыаны «уоруйах таптал» диэн ааттыыр. Киһи сүрэҕэ диэн – уустук оҥоһуулаах күлүүс. Онон бу кистэлэҥи аһарга сөптөөх күлүүс тыла наада. Ылбычча киһи, хайдах да муҥнаммытын иһин, итини кыайан аспат. Үгүс киһи дьахтардаах эр киһи быстах сыһыанын «көссүүлэһии» диэн, содур быһыыга киллэрэр, оннук сыана быһар, эбиитин сирэй-харах анньар. Лэгиэн итиннэ туспа көрүүлээх. «Чэпчэки» диэн ааты ордук аныгы эдэр ыччат ылыан сөп, өскө дэлби пиибэлээн, түүҥҥү кулуупка күүлэйдээн баран, төрүт билбэт киһитин кытта хоонньоһор түбэлтэтигэр. Манна туох даҕаны өй-санаа холбоһуута, кэрэ иэйии күөдьүйүүтэ суох – көннөрү быстах таҕылы таһаарыы. Эдэр дьон эниэргийэлэрэ ханна барыай, биир кэм таһынан бырдаҥалыы сылдьар буоллаҕа эбээт! Быстах санаалара олус баһыйар, ол иһин арааска бары тиийэллэр. Лэгиэннээҕи 60-с сыллар ортолоругар оскуолаҕа учууталлартан кистээн «твист» үҥкүүлүүллэрин иһин «бурсуй сабыдыалыгар ылларбыт, буортуйбут ыччаттар» дииллэрэ. Дьиҥэр, оннук буорту буолбут этилэр дуо кинилэр? * * * Оруобуна Кыайыы күнэ этэ. Киэсэ ахсыс кылааска үөрэнэрэ. Барааттаабыттара. Кулууп икки оскуола икки ардыгар оҥорбут пааматынньыктарын таһыгар туран хамыыһыйа дьоно хас да доруоп саанан сөлүүт ыппыттара. Бөһүөлэккэ бу аан бастаан ыытыллар буолан, сүпсүгүрүү, долгуйуу сүрдээх этэ. Бэтэрээн эҥин диэн билигин киэҥник тэнийбит аат үөскүү илигэ, сэриигэ сылдьыбыт дьон оччолорго 40-рын эрэ ааспыт быһыылаахтара. Арай бөһүөлэк киин уулуссатынан ырыа-тойук буолан истэхтэринэ, пааматынньык таһыттан ала холорук өрө ытыллан-бурҕачыйан тахсыбат дуо?! Сыыһы-буору, араас кумааҕыны-хаһыаты кый үрдүккэ ытыйан таһааран өр да көтүтэ сылдьыбыта. Оччолорго кырдьаҕастар «сэрии толоонугар охтубут дьоммут биллэн аастылар» диэбиттэрин Киэсэлээх
истибиттэрэ эрээри, абааһыны-айыыны итэҕэйбэт дьон киэбинэн мүчүк эрэ гыммыттара. Кырдьык, манна диэн эттэххэ, бииргэ үөрэнэр Туйааратын кытта сиэттиһэн сылдьар буолан, букатын атын санаа кынаттаах этэ. Нэдиэлэҕэ үстэ буолар киинэҕэ эрдэ тиийэн кэнники эрээккэ наар миэстэ уурара уонна кыыс сылаас илиитин бобо тутан олороро. Алын кылаас оҕолоро кинилэри «холботолоон» ырааппыттара эрээри, дьиҥэр, уураһа да илик этилэр. Оскуола биэчэригэр бэркэ да үҥкүүлээбиттэрэ. Оҕо бөҕө көрүдүөрү кыйа эркиҥҥэ сыстан туран ымсыыра көрөрө. Киэсэ, төһө да улаханнык сатаабатар, Туйааратын биилиттэн кууһан, вальстаан тэлээрбиттэрэ. Бэл, оскуола биллэр үҥкүүһүтэ Мичээр Бааска кытаран-наҕаран кэлэн, көрдөрбүтүнэн туран, кыыһы илиититтэн хаба тардан ылан үҥкүүгэ ыҥыра сатаабыта. Онус кылааска атын сиртэн кэлэн, интэринээккэ олорон үөрэнэр бу уолу кыргыттар бэртээхэй кавалер диэн ааҕаллара. Кинини кытта үҥкүүлүүр улахан чиэс-бочуот быһыылааҕа. Хата, ол аайы Туйаара кыһамматаҕа, Мичээр илиитин садьыйан кэбиспитэ, Киэсэҕэ ыкса сыстыбыта. Санааларыгар, биэчэр олус түргэнник бүппүтэ. Киэсэ Туйаараны дьиэтигэр атаарбыта. Кыыс бөһүөлэк уһугар таайын аахха олороро. Онто болдьообут курдук, саҥаһа оройуон киинигэр оҕолоно киирбитигэр таайа кытта барсыбыт буолан, Туйаара дьиэтигэр соҕотох этэ. Дьэ, долгуйуу диэн хайа-хайаларыгар да күүстээхтик биллибитэ. Кыыс чэй оргуппутугар аһаабыта буолбуттара. Остуолга тойуу саахары кытары арыылаах килиэптэн ордук туох да ас суоҕа. Хойукка диэри радиолаҕа быластыыҥка истибиттэрэ, онтон 12 чааска элэктэриичэстибэ баран, борук-сорукка олорбуттара. Саҥа-иҥэ да тохтообута. Киэсэ үгэһинэн, кыыс илиитин бобута туппута, онуоха чочумча олоро түһэн баран, Туйаара төбөтүн уол түөһүгэр нуоҕаппыта. Дьэ, Киэсэ долгуйара өссө улааппыта, чэчэгэйэ кэйиэлээбитэ, сүрэҕин тыаһа битиргэс этэ. Кэмниэ кэнэҕэс кыыс «сарсыарда букатын эрдэ бараар, ким да көрбөтүнэ» диэт, орон оҥорбута. «Сыгынньахтанан улаҕа сыт» диэбитигэр уол хап-сабар олорон сыгынньахтаммыта, ийэтэ тикпит киэҥ туруусугунан эрэ хаалан, онтуттан кыбыстан, түргэн үлүгэрдик сыта охсубута. Кыыс оронун таҥаһа ып-ыраас этэ, наһаа да ураты үчүгэй сыттааҕа. Мантан барытыттан туймааран сыттаҕына, Туйаарата «мин диэки көрүмэ» диэбитин арыычча истибитэ. Түргэн үлүгэрдик суорҕаны барбах бүрүнэ тардынан баран, аннынан кистээн көрө сыппыта. Кыыс маайкатын иһинэн түөһүн ыга тута сылдьар лиипчигин устуулга биллэҕэ бырахпыта уонна чулкутун сэрэнэн биир-биир хатайдаан устан кэккэлэһиннэрэ уурбута. Буутугар чулкутун туттарар эрэһиинэтэ быһа киирбитэ сурааһын буолан көстөрө. Оо, дьэ! Маннык эбит ээ, кыыһы кытта сытар диэн! Ол эрээри ханна барбытай, били, түһээн астына көрөр «түһүнүүтэ»?! Таптыыр кыыскар оннук быртах санаа төһө да этиҥ-сииниҥ чиччигинии кытааттар, төрүт киирбэт эбит. Дьэ, дьиҥнээхтик уураспыттара. Киэсэ ити гынан баран, сатаан да уураабат этэ, оттон Туйаарата тылын төбөтүнэн кини уоһун иһинэн сүүрэлэттэҕинэ, иэнэ кытта кычыгыланарга, биир кэм этэ-сиинэ күүрэргэ дылыта. Ол сытан кыыс кытта букатын атын турукка киирэн, уһуутаамахтаан ылар курдуга. Онтон эр киһи эр киһитэ өтөн, уол аргыый кыыс үрдүгэр тахсыбыта, хам
кууспута. «Доҕоро» таҥаһы курдары тахсаары тииспитэ, ол аайы Туйаара мөҕүллэҥнээн ылара күүһүрбүтэ. «Кешаа, кэбис, тыытыма, кэлин, холбоспут түүммүтүгэр» диэбитигэр уол эр киһи аатын үрдүктүк туппут курдук сананан сыыйа уоскуйбута. Өргө диэри ити курдук уураһан, таҥас курдат сыстыһан баран, «били сирдэригэр» илиилэрэ да тиийбэтэҕэ, сол курдук таарыйсыбатахтара. Бириэмэ олус түргэнник барбыта – бэлиэр 4 чаас буола охсубут этэ. Киэсэ, эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан, ким да көрбөтүнэ мантан тэскилии охсуохтааҕа. Кэлин бу түүҥҥү быһыыларыттан хайа-хайалара да наһаа кыбыстар курдук этилэр. Хата, ким да билбэтэҕэ. Туйаарата билигин хас эмэ сиэн эбэтэ, атын улууска олорор сурахтаах. Ол кэми туох дии саныыра буолла?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан