Кэпсээ
Войти Регистрация

Саас уонна таптал

Главная / Кэпсээн арааһа / Саас уонна таптал

K
12.11.2020 14:39
Саас барахсан сири сиигирдэн, буору буоратан, чалбах-бадараан аргыстаах тиийэн кэллэ. Туох барыта уһун уутуттан уһуктар, мэктиэтигэр, хамныы-хамныы тыллар-тыыллаҥныыр кэмэ. Хамсыыр харамай ханыытын көрдөөн түбүгүрэр кэмигэр киһи эмиэ, айылгыта таайан буоллаҕа, тупсан-торолуйан, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэтийэн көстүөн, кимиэхэ эрэ таптатыан, кими эрэ таптыан баҕарар иэйиитэ уһуктан уолугунан тыыннарар буоллаҕа. Сарайы бүрүйэн кыстаабыт сыа хаар ирэ охсон чаллыргыы-чаллыргыы топ-топ гына түһэр тыаһыгар кыттыһан, ким эрэ тапталга таласпыт сүрэҕэ тиҥ-тиҥ гына тэбэн эрдэҕэ. Ол өрө күүрбүт, сүрэҕи сүүйбүт, үйэлэргэ үгүһү ытаппыт да, ыллаппыт да таптал талыыта, имэҥ иэйиитэ сааһы кытта өрүү сиэттиһэ сылдьара дьикти. Бадарааны баллаччы үктээмээри, ирэн ньалҕаарыйбыт суолга халты тэбиммэтэрбин ханнык диэбиттии, сарайыаҕынан-сарайан, такыйыаҕынан-такыйан, мэктиэтигэр, токуйан-бокуйан, Бокуойа барахсан үлэлээн бүтэн, дьиэлээн истэ. Алаадьылыы быһыылаах, киэптээбиттии нэлэһийбит киэҥ оборчону онон-манан ойуоккалаан, кытыытынан кыйа хааман син туораата. Ордук куһаҕан суолу этэҥҥэ ааспытыттан чэпчээбиттии өрө тыынна. Тиэргэнин аттыгар килэйбит тиһэх чалбаҕы аахайбатахтыы атыллаары арыый мүччү тутунна, онтон халты тэбиннэ. Сарбаҥныы сатаата да тутуһуохха айылааҕы булбата, өрүһүнэ сатаата эрээри өр буолбата – бакыаттаах аһа баттаан чалбах хабайар хаба ортотугар "палк" гына олоро түстэ. Кирдээх тымныы уу таҥаһын өтө охсон этигэр билиннэ. Бокуойа барахсан, кыһыытыттан, ытаан сыҥырҕаан барыаҕын арыычча туттунна. Бакыатыттан эһиллибит бухааҥка килиэбин киэр элиттэ уонна “кэм миэнэ буолан баран...” диэн сэниэтэ суохтук саҥа таһаарда. Хоргуппуттуу нөрүйэн дьиэтигэр киирдэ. Өрүһүлтэтэ суох мөл-мөл түһэр хараҕын уутун хаһыйан кэбиһэ-кэбиһэ, бадараан буолбут таҥаһын уһулла. Устунан бүгүн табыллыбатах күнүн санаан кэлэ-кэлэ уйа-хайа суох ытаата. Бу үйэ аҥаара соҕотох олорбут олоҕуттан сылайбыттыы, санаан кэлэ-кэлэ санна дьигиҥнии олордо. Сарсыныгар хараҕа дэлби кытаран, халтаһата дьолточчу иһэн турда. Ол да буоллар үлэтигэр бараары суунна-тараанна, оҥоһунна, симэннэ. Ол гынан кыл түгэнэ тупса оҕуста. Бүгүн үлэтин наадатыгар улууска киириэхтээҕин санаан, ыксал-бохсол иһинэн хомуна оҕуста. Хата, кини дьолугар, массыынаны баттаһан, миэстэ дэбигис көстөн, кыл түгэнэ айаннаан улууһун киинин булла. Чаас кэриҥэ мунньахха олорон, түүн утуйбатаҕа таайан, нуктаан ылла. Эбиэт кэннэ үлэтин барытын ситиһэн массыына кэтэһэ таарыйа дьаарбайардыы сананна. Уулусса кытыытынааҕы хатыҥнар бэлиэр тыллан эрэр сэбирдэхтэрин хайгыы көрөр-көрө хаама сырытта. Саас буолан, кини курдук дьаарбайааччы үгүс эбитин көрөн сөхтө. Ол курдук хаама сылдьааччылары одуулаабыта, кыһайбыт курдук, бары пааранан хаамсаллар эбит. Сорохторо оҕолорун, сиэннэрин сиэтэ сылдьаллар, кыра дьон тугу эрэ кэпсии-кэпсии күлэн чуопчаараллар. Бокуойа эрэйдээх онтон ордук буорайда, эбии кэбирээтэ. Бэйэтин күн сиригэр чороҥ соҕотохтуу сананна. Бэҕэһээҥҥиттэн иэппит соҕотохсуйуу тыына билигин да арахпакка аала сылдьарыттан босхолоноору, арааһы саныы сатаата да, кыайтарбата. Эмиэ иэдэһин устун дьэҥкир таммах тохтоло суох сүүрдэ. Аҥаардас дьахтар көмүскэлэ суох уйан кута араас санааҕа тиэртэ. Билигин кэлэн санаатаҕына, кини үйэлээх сааһыгар таптал сылаас тыынын билээхтээбэтэх эбит. Анала
бэйэтинэн кэлэн сиэтэн илдьэ барыа диэн көһүтэригэр күнүн-дьылын бараабыт. Билигин кэлэн тапталга дураһыйбытыттан бэйэтэ кытта соһуйар. Саас ылан истэҕин аайы, били, олоҕун анала ханна эрэ ыраах муннар мунан, тэйдэр тэйэн истэ, тиһэҕэр тиийэн Бокуойа көһүппэт да буолбута. Тапталга таалалаабатах, имэҥи билбэтэх туҥуй кута ол курдук бэйэтигэр иҥэн, кыыһынан кырдьар дьылҕаламмытыгар үөрэннэ да курдук. Ол эрээри айылҕаттан туох барыта ханыылаһар айылгылааҕа таайан буоллаҕа, Бокуойа кэлин олус чуҥкуйар, туга эрэ тиийбэт курдук буолла эбээт. Сааһыра барбыт дьахтар санньыар санааҕа куустаран бадарааннаах сиргэ кэлбитин көрбөккө да хаалла. Ол курдук бадарааны баллаччы үктээбитигэр биирдэ соһуйан ходьох гынна. Туой булкаастаах оборчо тулламай саппыкылаах атаҕын оборон баран ыһыктыбат гына хам ылбытын оруу сатаан мөҕүстэ. Кытаанах хамсаныы кэнниттэн саппыкыта уһуллан оннугар олорон хаалла. Бокуойа хамсаммыт күүһүттэн аттыгар баар чалбахха тас иэнинэн тиэрэ таһылынна. Ол курдук хас хаамар суолугар анаабыт курдук тоһуйбут бадарааҥҥа, чалбахха абаккаран, оҕолуу маккыраччы ытаата. Соннук чалбах ортотугар ытыы олордоҕуна ким эрэ кэлэн саҥарбытыгар соһуйан тохтуу биэрдэ. Саҥа хоту хайыһан көрбүтэ, саас ортолоох мааны баҕайы киһи кэлэн одуулаан аҕай турар эбит. Бокуойа бу кэбилэнэ олороруттан кыбыстан да хайыай, силигин ситэрэн чалбаҕар умсуон чычаас буолан биэрдэ, туран куотуон аҥаар саппыкыта бадарааҥҥа хааллаҕа. Хата, киһитэ ордук-хос доппуруостаабакка мааны бачыыҥкатынан чалбаҕы үктээн киирэн, Бокуойаны туруора сатаан мадьыктаста. Ол курдук инчэҕэй таҥастаах дьахтары сосуһа туран аны бэйэтэ халты тэбиннэ. Инньэ гынан иккиэн куустуспутунан чалбахха оҕуттулар. Бу маннык түгэҥҥэ киһи кыыһырыахтааҕа эбитэ буолуо. Ол эрээри иккиэн быардара ыалдьыар диэри күллүлэр. Уоскуйан баран, чалбахтарыттан оронон турдулар, оборчоҕо хаалбыт саппыкыларын аҥаарын хостоотулар. Дьэ ол кэннэ биирдэ билистилэр. Мааны киһибит Сэмэн диэн эбит. Улуус киинигэр олорор, тос курдук дуоһунастаах сулумах эр бэрдэ буоларын истэн, Бокуойа симиттэ быһыытыйда. Бу маннык дьүһүн-бодо буолан туруохтара дуо, Сэмэн дьиэтигэр сууна-тараана диэн бардылар. Бокуойа билбэт киһитиниин дьиэтигэр барсан эрэриттэн бөрүкүтэ суох сананнар да хайыай, кыһалҕа кыһайдаҕа. Эдэр кыыстыы симиттэ оонньообутуттан бэйэтэ бэйэтиттэн абарда. Ол эрээри төһө да кыһалыннар, долгуйара саҥатыгар-иҥэтигэр, туттарыгар-хаптарыгар биллэрин кистии сатаан түбүгүрдэ. Ити курдук илимҥэ иҥнибит соболуу өрө мөҕөр сүрэҕин тыаһын иһиллии-иһиллии дьиэҕэ киирэн бэрт түргэнник суунна-тараанна. Таҥаһа куурарын күүппэккэ, Сэмэн биэрбит таҥаһын таҥнан массыынатын баттаһаары болдьоспут сирдэригэр сүүрдэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн уонча хонон баран Бокуойа улуус киинигэр наадатыгар диэн киирэ сылдьыбыта. Уларсыбыт таҥаһын сууйан, өтүүктээн илдьэ киирбитэ. Бу уон күн иһигэр санаатыттан арахпатах чалбахтан быыһааччытын дьиэтигэр муммакка тиийбитэ. Эдэр кыыстыы тэтэрэ кыыһан, туох баар хорсунун киллэрэн, аан боруогун атыллаан иһирдьэ киирбитэ. Хата, Сэмэн дьиэтигэр баар этэ. Соһуччу ыалдьыт киирбитигэр ханна олордуон билбэккэ түбүк бөҕөҕө түспүтэ... Тас көстүүлэринэн төһө да эһэ-эбэ буолар эмэн дьон буолан
көһүннэллэр, кинилэр ис куттарыгар төлөннөөх эдэр саас оонньуура. Сүрэхтэригэр сааһы кытта тыллыбыт хаайыллыбат, күөйүллүбэт хаҥыл таптал иэйиитэ кутаа буолан умайара. Урут билбэтэх истиҥ иэйиилэрэ хойутуу да буоллар уон оччонон сытыытык, күүстээхтик иэтэн кэлбитэ. Мунньуммут, хаһааммыт, буойа-хаайа сылдьыбыт имэҥириилэрэ биирдэ төлө биэрбитэ. Ахсаана биллибэт сатаҕай сыһыан иэйиитэ сымсах буолар дииллэр. Ол оннугар биирдэ бэриллибит таптал уота-күүһэ сөҕүрүйбэт төлкөлөөх. Ол курдук олохторун устата таҕылга таласпатах, имэҥинэн иирбэтэх туҥуй дьон тапталлара эмискэ күөдьүйбүтэ. Ол кутаа сыралыгар угуттанан икки киһи дьоллорун булбуттара. Хойутаан көрсүспүттэрин хом санаабакка холбоспуттара.
kyym.ru сайтан