Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыппыайап диэн кимий?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыппыайап диэн кимий?
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
27.04.2023 12:29
Өстөөх дуу, дьоруой дуу? Быйыл сайын олус соһуйдум. Мырылаттан төрүттээх үс үөлээннээҕим үөрэ-көтө, хаама-сүүрэ сылдьан, биир күн иһинэн суох буоллулар. Үтүөлээх юристар, Таас Сүөдэр сиэннэрэ Сидор Дмитриевич Попов уонна Хрисанф Дмитриевич Иванов үс-түөрт сыл, онтон Хойоллоон хос сиэнэ, биллиилээх тустуук Сидор Егорович Попов биир сыл аҕа этилэр. Сорохторо уулуссаҕа оҕунна, сорохторо утуйа сытан быһынна. Үһүөн сүрэхтэринэн өлөөхтөөтүлэр. Дьиксинним. Миигин эмиэ итинник дьылҕа күүтэн эрдэҕэ. Дойдум Чэппиэдэй Аммата, билиҥҥинэн Соловьев нэһилиэгэ, Мырыла бөһүөлэгэ барахсан Саха сиригэр да, улууска да элбэх үтүө дьону бэлэхтээбитэ. Төрөөбүт нэһилиэгим номохторун, төрүччүтүн, былыргытын тустарынан сэттэ чараас кинигэни бэчээттэттим. Киһиргэнэ таарыйа эттэхпинэ, ол нэһилиэкпэр махталым, көмөм бэлиэтэ буоллаҕа. Ол эрээри, Мырылаттан төрүттээх үгүс үтүө дьону ситэ билиһиннэрэ илик эбиппин. Ол дьон туһунан мин суруйбатахпына, төрүт умнууга хаалар дьон. Үөлээннээхтэрим өлбүттэрин кэннэ дьиксинним. Дьиксинним эрэ буолбатах, уолуйдум. Онон тутуу былдьаһабын. * * * Икки уоллаах, биир кыыстаах Моисей Иванович Саввин-Баллырҕай сүүрбэһис үйэ 24-25 сылларыгар Чэппиэдэй Амматыгар, дойдутуттан Мындаҕаайыттан көһөн кэлэн, аймахтаһан, төрүт Мырыла дьоно буолан хаалбыта. Оҕо бөҕөнү төрөтөллөр, сиэн, хос сиэн бөҕөнү үксэтэллэр. Билигин Мырылаҕа Саввиннартан хааннаах сүүстэн тахса киһи баар. Бары – бас-көс ыаллар. Майыһыай улахан уола – Кыппыайап — Иосиф Моисеевич Саввин. Кинини Мырылаттан сыдьааннаах, тардыылаах киһинэн ааҕабын. Кини – саха омугун булгуруйбат модун санаалаах, туохха да холооно суох хорсун, хоодуот киһитэ. Итинник дьон дэҥҥэ төрүүллэр. Кини туһунан архыыпка туох да суоҕа чуолкай. Дьаарай бандьыыты хайҕаан ким да суруйан хаалларбатаҕа буолуо. Арай, 1928 сыллаахха ытыллыбытын туһунан ыспыраапка дуома көстөн, реабилитацияламмытын туһунан аахпытым. Онон тугу истибиппин-билбиппин туох да эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох, туох баарынан кыларыйан турар кырдьыгы суруйабын. Кыппыайап туһунан оҕо эрдэхпиттэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин элбэхтик истэр этим. Кинилэр: «Кыппыайап дьаарай бандьыыт, сэбиэскэй былаас ытан өлөрбүт киһитэ», — диэн сибигинэһэр буолаллара. Онон мин билиэх-көрүөх баҕам өссө бэргээбитэ. Ону кылгастык аҕыннахха – маннык. Иосиф Моисеевич 1898 сыллаахха Мындаҕаайыга Нуойаан диэн сиргэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Лүһүгүрүүр баай кыыһа. Уоһук дьадаҥы аҕатыттан арахсан баай эһэтигэр иитиллэр. Сулҕаччытааҕы церковнай-приходской оскуоланы 1915 сыллаахха туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр. Онтон Дьокуускайдааҕы духуобунай училищеҕа үөрэҕин салгыыр. Манна будулҕаннаах 1917 сылы көрсөр. Бу кэмҥэ М.Аммосовы, П.Ойуунускайы уонна И.Бараховы кытта бодоруһар. Г.Петровскай, Е.Ярославскай уонна С.Орджоникидзе уоттаах-төлөннөөх этиилэрин истэр. Революция тыыныгар буһар-хатар. * * * 1921 сыл үүнэр. Күһүҥҥүттэн «үрүҥ хамсааһын» саҕаланар. Саха интэлигиэнсийэтин ортотугар хайдыһыы үөскүүр. Манна Уоһук Аммосовтаахтан арахсан атын суолу талар. Олорбут олоҕун, урукку былааһын көмүскэлигэр турар. Төһө да кыайтарарын биллэр, бүк итэҕэйэр идиэйэтин иһин баһын былаахыга ууран туран, сэбиэскэй былааһы утары саа тутар. Оҕонньоттор кэпсээннэринэн, аатырбыт Никольскай сэриитигэр кыттар. Сорох историктар суруйалларынан, биэс сүүс саха саамай талыы ыччатын кыһыллар, өрүс кумаҕар ыган киллэрэн баран куобах күрэҕин курдук ныһыйбыттар. Ордубуттар ууга түспүттэрин аҕыс «Максим» бүлүмүөтүнэн үөр андыны кэбилиир курдук тобоҕолообуттар. Дьэ, ити үлүгэрдээх буулдьа ардаҕын ортотунан Кыппыайап Өлүөнэ эбэни харбаан туораан тыыннаах ордор. Кинини кытта Борокуоппай Местников уонна Маркырыйаан Карпов диэн Чурапчы ааттаахтара туораабыттара үһү диэн номох курдук кэпсэнэр. Бу туорааһын туохха да холооно суох хорсун быһыы буолбатах дуо? Итинник хорсун, хоодуот киһи этэ, Кыппыайап. Манна миигин сааһым тухары аалбыт биир ыйытык баар. И.Барахов баартыйа былааһын, П.Ойуунускай ситэриилээх былааһы (билиҥҥинэн бэрэсидьиэн) илдьэ олорон бу дьону эйэлээх кэпсэтиинэн бэриннэрбэккэ тоҕо Байкалов, Строд саллааттарын айаҕар уган биэрдилэр? Бары былаас кинилэргэ этэ эбээт. Тоҕо саха хаанын Кумахтаахха, Тулагыга халыппыт, ииригирбит саллааттарга туран биэрэн тохтордулар? Ким эмэ эппиэттиирэ дуу, суоҕа дуу? Ити 1922 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр буолбута. Оннооҕор үс сүүсчэкэ мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх АХШ омуга 2650 киһи өлбүт күнүн Аан дойду үрдүнэн траур күнэ оҥордо дии. Оттон биһиги, оччолорго баара эрэ 200-чэкэ тыһыынча нэһилиэнньэлээх быыкаа омук, 500-700 киһибитин өлөртөрбүт күммүтүн тоҕо траур күнүнэн биллэрбэппитий? Ол эрээри, кыһыллары буруйдаабаппын, сэрии диэн сэрии буоллаҕа. Ол кэнниттэн Аммосовтаах Ойуунускай амнистия биллэрэн, элбэх саханы өлөр өлүүттэн быыһаабыт өлбөөдүйбэт үтүөлэрин умнар табыллыбат. Уоһук, амнистияҕа түбэһэн, көҥүл сылдьар. * * * 1922 сыл күһүнэ. Пепеляев генерал Охуоскайга десант түһэрбит сураҕа иһиллэр. Саха интэлигиэнсийэтэ эмиэ булкуллар. Саха үөрэхтээҕэ, өйдөөҕө Михаил Артемьев этэрээт тэринэн Пепеляевка көмөлөһө Уус Маайыскайга тиийэр. Саамай эрэллээх киһитэ, уҥа илиитэ И.М.Саввин-Кыппыайап кинилиин сылдьар. Сорохтор этэллэринэн, этэрээт ыстаабын начаалынньыга үһү. Мин Аммаҕа үлэлии олорон, 1977 сыллаахха аатырбыт бандьыыты, сэбиэскэй хаайыы бары ыараханын тулуйбут Михаил Яковлевич Иванову-Балгый уолун көрсүбүтүм. Анаан-минээн биир бытыылка буоккалаах тиийэн, 85 саастаах кырдьаҕас уоһун өһүлбүтүм. Онно маннык кэпсээбитэ: «Саһыл Сыһыыга биһиги, Артемьев саллааттара, кыһыллар төбөлөрө быктар эрэ, ытар этибит. Арай, Соморсун уола Заборовскай көхсүгэ табыллан тута өллө. Ону дойдутугар илдьэн харайаары, көҥүллэтэ Пепеляев ыстаабыгар тиийдим. Дьиэҕэ киирбитим — барыта нуучча эпписиэрдэрэ. Саха соҕотох Кыппыайап эбит. Генерал тылбаасчыта үһү. Нууччалыы төрүт билбэппин. Наадабын сахалыы эппиппэр, киһим нууччалаан, уу сүүрүгүн курдук лабыгыратта ээ. Ол көҥүллэтэн, доҕорбун дойдутугар Соморсуҥҥа көммүтүм». Ити «лабыгыратта ээ» диэн Мэхээлэ тылын уларыппакка аҕаллым. Ол аата, олус үөрэхтээх, киэҥ сайдыылаах киһи эбит. Өйдөөҥ ээ, оччолорго баара эрэ 25 саастаах буоллаҕа. Оҕонньор этэринэн, нууччалыы кыһыл хааннаах, кэтит сарыннаах, киппэ көрүҥнээх, саҥарбыт-иҥэрбит, турбут-олорбут, алаас соботун курдук лаһыгырайбыт киһи эбит. Пепеляев Охуоскайга күрээн тиийэн Вострецовка бэринэр. Ити кэмҥэ Артемьев уонна Кыппыайап тоҥустарга саһан хаалаллар. 1924 сыл ыам ыйыгар Айаан-Ньылхан оройуонун тоҥустар этэрээттэрэ күүс өттүнэн ылар. Аҕыйах ахсааннаах ГПУ этэрээтэ Охуоскайга куотар. Сэбиэт былааһа эстэр, тоҥус былааһа олохсуйар. Ол устуоруйаҕа киирбит «Тунгусское повстанчество» диэн хамсааһын. Салайааччы – М. Артемьев. Манна Кыппыайап эмиэ саамай актыыбынай кыттыыны ылар. Саха үрдүкү салалтатын көҕүлээһининэн, 1925 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Сулҕаччыга Саха бырабыыталыстыбатын уонна бастаанньаһыттар икки ардыларыгар эйэ дуогабара ылыныллан, Артемьев этэрээтэ баҕа өттүнэн бэринэр, онтон бырабыыталыстыбата амнистия биллэрэр. Артемьев этэрээтэ эйэлээх олоххо төннөр. Кыппыайап, дойдутугар эргиллэн, Мындаҕаайынан, Мырыланан аймахтарын кэрийэр. Бииргэ төрөөбүт быраата Кураан Баһылай ону үчүгэйдик өйдөөн хаалбыт. Кини 1919 с. төрүөх этэ. Оччолорго 6-7 саастаах уол эбит. Кыппыайап улууска дуу, нэһилиэккэ дуу суруксутунан үлэлээбит. Ол аата Сэбиэскэй былаас үлэһитэ буола сылдьыбыт. Бу НЭП саамай туругурбут кэмэ. Дьон сүөһүлэнэн, сирдэнэн байан барар. Оччотооҕу Саха сирин салалтатын, чуолаан М.Аммосовы айхаллааһын, хайҕааһын сөҕүмэрэ эбит. Ол кэмҥэ саха интэлигиэнсийэтэ эмиэ икки аҥыы хайдыһар. Ити сахалар, биһиги төрүт майгыбыт ээ. Ким эмэ чорбойдо да, ону самнара сатааччыбыт. (Холобур, Георгий Башарины эккирэтии). * * * 1927 сыл күһүнэ. П.Ксенофонтов күөрэс гына түһэр. Эмиэ булкуллуу, бутуур, моһуок саҕаланар. М.Артемьев уонна Кыппыайап, биир санаалаахтарын түмэн, эмиэ саа үрдүгэр түһэллэр, Уус Маайаҕа Петропавловскай бөһүөлэги сэриилээн ылаллар. Ксенофонтов этэрээтин кытта биир ситим этэрээт буолаллар. Амма Соморсунунан, Абаҕатынан киирэллэр-тахсаллар. Ол быыһыгар Абаҕа пионердарын кытта ытыалаһан ылаллар. Строд этэрээтэ сойуолаһар да, кыайан таба туппат, анарааҥҥылар халбарыйан биэрэн иһэллэр. 1928 сыл тохсунньутугар дуу, олунньутугар дуу, Саха бырабыыталыстыбата амнистиялыам диэн албыннаан мэктиэ сөбүлэһиигэ илии баттатар, бэриннэрэр. Ол эрээри, саатын-саадаҕын ууран биэрбит этэрээт дьонун хаайан кэбиһэр. Е.Неймохов «Быһах биитинэн» диэн арамааныгар Кыппыайабы иккитэ ахтыбыт. Бастакыта – «Кыппыайап этэрээтэ хонон ааспыт сирин көрбүттэр» диэн. Ол аата Кыппыайап Артемьев этэрээтин иһигэр туспа этэрээттээх буолуон сөп эбит. Иккиһэ – Артемьев уонна бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэлэ эйэлэһии дуогабарын түһэрсибиттэр. Нууччалыы. Ол эйэлэһии докумуона олус уус-уран тылынан, уу тэстибэт гына суруллубут. Көннөрү сурук буолбатах. Олус сайдыылаах, киэҥ билиилээх киһи үлэтэ. Анныгар «Саввин» диэн илии баттааһыннаах. Бу докумуону Кыппыайап суруйбут эбит. Мин Егор Петровиһы көрсөн ити түгэннэри ыйыппытым. Ону кини: «Архыыптан ылбытым», — диэбитэ. Уус Маайа тыатыттан албыҥҥа түбэһэн тутуллан истэхтэринэ, бадаҕа Сулҕаччыга, аймахтара Кыппыайабы анаан кэтээн көрсүбүттэр этэ. «Аҥаар хараҕын тэспиттэр, биир илиитин тоһуппуттар» диэн хомойон-курутуйан кэпсииллэрин истэр этим. Ол тутуһууга, хомбуойдааһыҥҥа кыттыбыт кыһыл бартыһаан аймахтарыгар өстүйэллэрин эмиэ билэр этим. Албыннаан илии баттатан, сааларын-саадахтарын уурдаран баран тутан-хабан барбыттарыгар харса-хабыра суох хорсун киһи сиэринэн утарыластаҕа, бэриммэккэ эрэйдээтэҕэ. Ону кэбилээтэхтэрэ. Ол кэнниттэн кинини Дьокуускайга киллэрэн ытан кэбиһэллэр. Аймахтара «Иркутскайга илдьэн өлөрбүттэр үһү» дииллэрэ да, тоҕо оччо ыраах илдьиэхтэрэй. Дьэ ити курдук Чурапчы чулуута Кыппыайап сэттэ төгүрүк сыл устата саа тутан Сэбиэскэй былааһы утары сэриилэспитэ. Кэргэннэммэтэҕэ, дьиэ-уот тэриммэтэҕэ, сүөһү-ас ииттибэтэҕэ. Күөгэйэр күнүгэр, отут сааһыгар ытыллыбыта. Кини байар-тайар туһугар охсуспатаҕа. Кини билигин олорор көҥүл олохпут, үөскээбит тутулун иһин олоҕун толук уурбута. Кини – дьиҥнээх дьоруой. Максим Сибиряков, Тулагы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан