Кэпсээ
Войти Регистрация

Көрөн турбут курдук эппит

Главная / Кэпсээн арааһа / Көрөн турбут курдук эппит

K
27.04.2023 12:21
   Оччолорго 12 саастааҕым. Күһүҥҥү ардахтаах киэһэ бары дьиэбитигэр баар кэммитигэр төлөпүөн тыаһаабыта. Туруупканы ийэм ылан, саҥарара иһиллэр. «Алло? Кимий? Ээ, Ираҕын диэ? Дорообо, Ира!» – диэн баран, арай ньим барбыта. Мин остуолга уруһуйдуу олорон, өҥөйөн көрбүтүм – сирэйэ уһаан хаалбыт, кубарыйбыт. Ийэм: «Сөп. Кэллэххинэ, биллээр...» – диэнинэн кэпсэтиини түмүктээн, туруупканы уурбута. Улахан дьон кэпсэтиитигэр орооспот идэлээҕим. Ол эрээри туох эрэ буолбут быһыылаах диэн, уйгууран хаалбытым. Онуоха ийэм аттыбар кэлэн олорон, кэпсээн барбыта.      – Киһи итэҕэйиэ да суоҕун курдук... Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым Ира Петрова эрийэр. Онуска үөрэнэ сылдьан, кыргыттар бүлүүһэ сүүрдэн турардаахпыт. Билигин өйдүүрбүнэн, Пушкины дуу, Лермонтовы дуу ыҥырбыппыт. Кыргыттар ыйытыыбыт биир буоллаҕа. «Хаһан кэргэн тахсабын?» диэн. Итийбит бүлүүһэҕэ бары сөмүйэбитин даҕайбыппыт. Арай бүлүүһэбит буукубаттан буукубаҕа сыҕарыйан, чахчы, сүүрэн барбыта! Мин ыйыппыппар: «Кэмигэр кэргэн тахсыаҥ, бастакы оҕоҕун сүтэриэҥ...» диэни таһаарбыта. Өһүргэнэн, куттанан даҕаны, тарбахпын ылан кэбиспитим. Кыргыттар салгыы таайбыттара. Онтон санаам буолбакка: «Ким диэн араспаанньалаах киһиэхэ тахсабыный? Киһи сатаан ааттаабат араспаанньаланабын дуу?» – диэн ыйыппытым. Бүлүүһэм араас буукубанан сүүрэкэлээн баран, «Бело...», «Белолюб...» диэн баран, бүтэн хаалбыта. Кыргыттар «Белолюбова» диэн күлүү бөҕө буолбуттарын өйдүүбүн. Онтум бу баар дии – Белолюбская буолан олоробун. Оччолорго итинник араспаанньа баарын туһунан истэ илик этим. Оттон Ираҕа: «Иккитэ кэргэн тахсыаҥ. Бастакы кэргэниҥ оҕоҕун кытта быраҕыа. Иккиһиҥ – Володя диэн ааттаах, суоппар киһи» диэн таһаарбыта. Ол этиллибити мин күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри санаабакка сылдьыбытым. Аҕаҕар кэргэн тахсарбар, убайгын Павлигы да сүтэрэрбэр ити туһунан өйбөр оҕустарбатаҕым. Оттон билигин бу Ира эрийэн эттэ дии. Икки сыллааҕыта 15 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ эдэр дьахтарга барбыт. Оттон соторутааҕыта Володя диэн киһини кытта билсибит эбит. Ол киһи кэргэн тахсарга эппит. Идэтинэн суоппар үһү. Дьэ, дьиибэ да буолар эбит! – диэн ийэм сөҕө-махтайа, өссө хойукка диэри аттыбар олорбута.   Валя, Дьокуускай.   Күлүккэ көстүбүт туолбута      Сэргэлээх 14-с уопсайыгар бэһис этээскэ олоробут. Таҥха кэмигэр хос-хос аайы оҕолор бүлүүһэ, иннэ сүүр­дэллэр, күлүк көрөллөр. Оҕолор иннибитигэр туох күүтэрин билиэхпитин баҕарар бөҕө буоллахпыт. Эксээмэммитин хайдах туттарыахпытыттан саҕалаан хаһан кэргэн тахсарбыт-ыларбыт, хас оҕолонорбут – барыта интэриэһинэй. Кыргыттар, хос аанын быыһын суорҕанынан хайа-хайа, ким да, ханна да тахсыбатын курдук, эрдэттэн дьаһанан олорор буолаллар. Арай биһиги түөрт, хайабыт да тугу да билбэппит. Онон оҕолор кэпсээннэрин мээнэ истэбит эрэ. Хайа эрэ хоско бүлүүһэлэрэ сүүрэн, үгүһү кэпсээбит. Ханна эрэ сүүрэн «абыраабатах». Кыргыттар хоспутугар киирэн ону-маны кэпсээтэхтэрин аайы харахпыт оло­ҕуттан тахсан бараары гынар. Онон биир күн сүбэ ылан баран, бэйэбит эмиэ таҥхалыырга быһаарынныбыт.    Туох да дьиэгэ суох күлүк көрүүттэн саҕалаатыбыт. Бүлүүһэни умса ууран, ол үрдүгэр кумааҕыны кумалаан баран уматабыт уонна эргитэ сылдьан, чүмэчи уотугар туох күлүк тахсарын көрөбүт. Биһиги бары көнөтүнэн баҕайы кыргыттар этибит, эридьиэстээн эҥин толкуйдууру сатаабаппыт. Онон «оннук быһыылаах» эҥин диир кыахпыт суоҕа, барыта ырылыччы көстөн кэлбитэ. Оччоттон баччааҥҥа диэри төрдүөн билсэ-көрсө сылдьар буоламмыт, ол Таҥха киэһэ көрбүт күлүкпүт барыта олохпутугар баар буолбутуттан соһуйабыт эрэ.    Бастаан мин умаппытым. Арай күлүккэ ынах муоһа бу адаарыйан тах­сыбыта. Нуучча тылын учууталыгар үөрэнэ сылдьар дьон элбэҕи баҕа­рар буоллахпыт дии. Мин аһара хомойбуппун өйдүүбүн. Онтум билигин бааһы­най хаһаайыстыбаланан олоробун. Кү­лүүгүнэн баппат Дуняшабытыгар хо­ро­ҕор бэргэһэ тахсан кэлбитэ. Омукка кэргэн тахсар туһунан толкуй оччолорго саараама суоҕа. Дуняша үҥкүү ансаамбылыгар сылдьара. «Хаһаах үҥкүүтүн үҥкүүлүүр буоллаҕыҥ дуу?» дэспиппит. Онтубут – кыыспыт иккис олоҕор кыргыыс киһитигэр эргэ тахсан олорор. Тулаайах үөскээбит Наташабытыгар икки этээстээх дьиэ тахсыбыта. Оччолорго кини икки этээстээх дьиэ таһымыгар хайдах да тиийбэтэ, кыанаахтаабата. «Тыый, кыыспыт куоракка олохсуйар буолбут» диэн тойоннообуппут. Наташа үөрэҕин бүтэрэр сылыгар оччолорго кэмэрсээннээн эрэр киһиэхэ кэргэн тахсан, өссө кыаммат-түгэммэт 90-с сыллар бүтүүлэригэр Бүлүүгэ икки этээстээх дьиэни туттан дьэндэп­питтэрэ. Клараҕа хас да оҕо төбөтө лэ­кээриҥнээн көстүбүтэ. Онон элбэх оҕолонууһу диэн таайбыппыт. Билигин Кларабыт бэйэтэ төрөппүт уонна ииппит оҕолорун ааҕан туран, 14 оҕо иһирэх ийэтэ буолан олорор.    Ити кэннэ биир бэйэм таҥхалыы иликпин. Бу күннэргэ кыргыттарбыныын бассаап бөлөҕөр оччолорго көр­бүт күлүктэрбит олохпутугар чахчы киирбиттэриттэн бэйэбит да соһуйан кэпсэппиппитин сөбүлүүр хаһыатым ааҕаач­чыларыныын үллэһинним.   Мария ПОПОВА, Чурапчы.
kyym.ru сайтан