Кэпсээ
Войти Регистрация

Кулунчук ийэтэ махтаммыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Кулунчук ийэтэ махтаммыта

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
27.04.2023 12:20
   Александр Дегтярев, Муома:    – Саас Муома үрэҕэ халааннаан, киэбин-таһаатын толору кэлбит кэмэ. Мин уҥуор тахсан илимниибин. Быйыл балык өлгөмнүк тахсыбыт буолан, аҕыйах чаас устата икки куул кэриҥин бултанным. Тула өттүм уу чуумпу.        Арай дөрүн-дөрүн саа тыаһыыр. Көтөр кынаттаах да кэлбит бы­һыы­лаах. Мин маннык кэмҥэ балыктыырбын сөбүлүүбүн, онон кустаабаппын. Күһүнүн икки-үс хонукка баран кустуурбун ордоробун. Ону даҕа­ны улахан хаһыҥ тү´ү³н иннинэ. Күһүҥҥү кус нэс, ону ааһан мончуукка үчүгэйдик түһүмтүө. Саалар быыстала суох тыаһыылларын истэ-истэбин, мин да уочаратым кэлиэ диэн бөҕөх санаалаахпын. Бултуу сылдьан киһи син ону-маны санааччы. Муома өрүс сүүрүгэ күүстээх буолан, тыына-быара хаайтарбыттыы, күүгэнинэн үллэҥнии кыынньар, күрүлүүр-барылыыр, сүүрү­гэ араастаан эриллэҥниир, будулуйбахтыыр.    Арай ону одуулуу турдахпына, уҥуор­гу кытылтан сүүрбэччэ биэлээх атыыр үөрэ харгынан, мин турар сирбэр харбаан үрэҕи туораан истэ. Хоту сир сылгыта ханнык да уулаах-хаардаах, сүүрүктээх-үрэхтээх, бадарааннаах сиринэн сылдьа үөрүйэх. Санаатылар да үрэҕи ханан баҕарар, халаан сүүрүгүттэн иҥнибэккэ, харбаан туоруур үгэстээхтэр. Ол туран өйдөөн көрдөхпүнэ, сылгы ууну туорааһына туспа сокуоннаах быһыылаах. Харгы аллараа өттүнэн, модун кэтит түөһүнэн омуннаах сүүрүгү тоҕо солоон атыыр бастаабыт. Сүүрүгү утары харбыыр. Кэнниттэн – байтаһыннар, онтон ти­һэ­ҕэр оҕолоох биэлэр кулунчуктары сүүрүк хоту охсубат өттүгэр илдьэ иһэл­лэр. Харбыылларыгар бэйэ-бэйэлэрин мэһэйдэспэттэр, бэрээдэктээхтик хотоҕостуу субуһаллар.    Ону сэргээн көрө турдахпына, үөр кэнниттэн адьас саҥардыы төрөөбүт кулунчугун батыһыннарбытынан кыр­дьа­ҕас биэ, кэннин хайыһан иҥэрсийэ-иҥэрсийэ инникилэри батыһан, харбаан иһэр эбит. Ону көрөммүн, дьиксинэ санаатым. Эрэйдээх, эчи, кыратын, сүүрүк түҥнэри охсуох курдук. Эмискэ мөлтөөбүт кулунчук кытылга тахсаары, муустан халтарыйан, ууга тиэрэ таһылла түстэ. Ийэтэ, хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суох кистии-кистии, кытыл устун төттөрү-таары сүүрэкэлии сырытта. Ку­лунчук, сүһүөҕүн булан кыайан турбакка, кистээн дьырылата-дьырылата, тураары үҥүөхтүү сатыыр. Мин аһынан, көмөлөһүөх санаанан сүүрэн тиийэн, сосуһа сылдьан, эмискэ бэйэм халтарыйан, кулунчугу кууспутунан сүүрүккэ оҕустаран, муустаах ууга уста турдубут.    Дьэ, алдьархай буолла. Үөс диэкинэн күүстээх сүүрүккэ киирдэхпитинэ, быыһанар эрэл суох, өлөр өлүү айаҕар киирэр дьылҕаланныбыт. Ол кэмҥэ, хата, дьолго, сонос соҕус талах лабаата ууга намылыйан турар эбит. Ону көрөөт, уҥа илиибинэн талахтан тутустум, хаҥаспынан кулунчукпун моонньуттан кууһа сылдьабын. Бэйэм эрэ эбитим буоллар, онтон-мантан тар­дыалаһан син тахсыа эбиппин. Ол эрэн мин кулунчугу быраҕар санаам суох. Ол курдук куустуспутунан, иккиэн кыайан тахсыбакка, кытылга тиксэн сыттахпытына, кэтэхпин сып-сылаас, сып-сымнаҕас туох эрэ таарыйда. Өйдөөн көрбүтүм, били, кулунчуктаах биэ кэлэн миигин сыллыы турар эбит. Сиэлэ уһуна бэрдиттэн ууга тиийэ намылыйбыт. Өй ылан, хап-сабар биэ хойуу сиэлиттэн харбаатым. Биэ соһуйан, икки илин атахтарынан тирэнэн, кэннинэн чинэкэлээтэ да, миигин кууһа сылдьар кулунчукпун кытта ууттан биирдэ ньылбы соһон таһаарда. Кулунчук кытыыга тахсан, күүһэ эстэн сыппахтаата. Онтон титирэстээбитинэн ойон турда. Көһүйбүтүттэн, тоҥмутуттан байааттаҥныы-байааттаҥныы дьигиһийэн уутун тула ыста, ийэтигэр тиийэн эммитинэн барда. Сотору ийэтин сылаас үүтүттэн күүс ылан эбитэ буолуо, кылгас кутуруга тойтороҥнуу сүүрэкэлээтэ, төбөтүн булкуйбахтаата.    Биэ, оҕото тыыннаах хаалбытыттан үөрэн, иһин түгэҕиттэн иҥэрсийэ- иҥэрсийэ, оҕотун муннунан үтүрүйдэ. Ол кэнниттэн үөр сылгы барбыт сирин диэки хааман намылдьыйан иһэн, тугу эрэ өйдөөбүттүү тохтоон, миигин эргиллэн көрдө уонна махтанардыы иҥэрсийэн ылла. Ол кэнниттэн холку бэйэлээхтик бара турда. Мин, тоҥон ибигирии-ибигирии, сылгылар барбыт сирдэрин диэки уулааҕынан-хаардааҕынан көрө-көрөбүн, кэннилэригэр туран хааллым.   Түмээ – саха улуу булчута      Тимофей Николаев-Түмээ 19-с үйэ бүтүүтүгэр Ньурба Хорулатын тыатыгар төрөөбүт. Үйэтин тухары хара тыаттан тахсыбакка бултаабыт, чахчы даҕаны, сорсуннаах сонордьут киһинэн биллэрэ. Бу улуу булчут 80 сааһын ааһан баран өлбүт. Онон 50-тан тахса сыл бултаабыт. Уһун кэм устата 1000-ҕа чугаһыыр тайаҕы өлөрбүтүн билэр дьоно кэпсииллэрэ.    Түмээ тайаҕы үтүмэн элбэҕи бултаабытын таһынан, аатырбыт эсэһит эбит. Дьон кэпсээнинэн, 100-с эһэтин көрсөн баран, эһэттэн таһыллыбыт. Биирдэ кини тыа устун атынан баран иһэн, эмискэ аарыма эһэни көрсө биэрбит. Көрсүһүү соһуччута бэрт буолан, Түмээ кыайан ыппатах, ол оннугар атын эргитэ баттаабыт да, куотар аакка барбыт. Куотан иһэн өкөгөр тииккэ оҕустаран, атыттан сууллан түспүт. Эһэ ытар бокуой биэрбэккэ сырсан кэлэн, оҕонньор үрдүгэр саба түспүт. Кини ыттара даҕаны оһуобайдар эбит. Саха боруода ытын бөрөнү кытта иссиһиннэрэн ылыллыбыт буоланнар, күүстээх-уохтаах, бөдөҥ-садаҥ, ураты булчут ыттар эбиттэр.    Бу түбэлтэ маҥнайгы улахан тымныы түһэн эрдэҕинэ буолбут. Оҕон­ньор истээх бэргэһэлээх, баата ыстааннаах, халыҥ сонноох эбит. Эһэ оҕон­ньо­ру быһаҕын ылларар бокуой биэрбэккэ, сабыта сынньан баран, түҥ­нэритэ охсор. Түмээ нэһиилэ аттаан туран эһэтин кытта салгыы тустан барар. Бу кэмҥэ ыттара кэлэн, эһэ такымыгар иилистэ түһэллэр. Ону эһэ быһыта сынньыталаан, эмиэ үүртэлээн кэбиһэр. Биир түгэҥҥэ оҕонньор куруттан быһаҕын хаба тардан ылар. Эһэ киһи куйахатын хастыы тардан сирэйигэр саба быраҕар. Бу кэмҥэ Түмээ эһэни хас да төгүллээн быһаҕынан саайар. Эһэ киһи куйахата күүрүөх, ынырыктык часкыйар. Ыттар эмиэ адьырҕа борбуйугар иилистэллэр. Тыатааҕы, эргиллэ биэрэр да, ыттары кытта охсуһа-охсуһа, часкыйа-часкыйа, ойуур улаҕатын диэки түһэ турар.    Түмээ өйдөнөн кэлэн куйахатын тириитин илиитинэн ньиккэрийэн үөһэ анньар. Үүтээнин нэһиилэ булан, эһэ үөһүнэн уонна сыатынан оҕунуохтанан эмтэнэр. Онтон арыый үтүөрэн баран, дьиэтигэр барар. Кыһын диэкинэн доруобуйатын тупсарынан, күүс-күдэх ылынан, эһэтин сонордоһо анаан-минээн тэринэн ойуурга тахсар. Маҥнай охсуспут сириттэн саҕалаан суолун ирдээн, хас да биэрэстэлээх сиргэ тиийэн өлө сытарын булар. Эһэтэ ылбыт бааһыттан хаана баран, ыркый ойуур быыһыгар өлбүт эбит.    Онон Түмээ сүүс эһэни, тыһыынчаҕа чугаһыыр тайаҕы өлөрбүт саха улуу булчуттарыттан биирдэстэрэ буолар. Ону таһынан күһүн-саас төһө куһу-куобаҕы, мас көтөрүн сууһарбытын ким ааҕан ситиэ баарай? Онон былыр да сүрдээх хоһуун булчуттар сахаларга олорон ааспыттарын истэн-билэн сөҕөҕүн эрэ.   Эһэ арҕаҕар утуйан турбута      Ньукулай, Муома улууһун, Соболоох нэһилиэгэ:    – Табаһыттар табаларын бөрө кыйдаталаан кэбиспит. Онон табалара бары ыһыллан хаалбыттар. Хайыахтарай, эдэр уонна кыайар уолларыгар «көрдөө» диэн сорудахтаабыттар. Уоллара чугас эргин сылдьыам дии санаан, чараас соҕустук таҥныбыт уонна хайыһарын кэппит да тэбинэн хаалбыт. Тахсарыгар үчүгэй халлаана, киэһэлик аан будулҕан буолан, буурҕаҕа кубулуйбут. Табаһыт уол барахсан «манна тоҥон өлөр буоллум» дии санаат, мунан, ыксалыттан мээнэ иннин хоту хаама сатаабыт. Сэниэтэ эстэн охтон, эмискэ хаар быыһыгар сымнаҕаһы үктээн, иһирдьэ мэлис гынан хаалбыт. Хараҥаҕа сылааска түһэн, сылаата таайан, утуйан хаалбыт.    Эһэҕэ хоноһо буолбутун билбэтэх. Уһукта-уһукта утуйар мээрик буолан сыппыт. Ол сытан эһэкээн баппаҕайын иһигэр киирбитин билбит. Туран барыаҕын сэниэтэ дэлби эстэн, утатан, аччыктаан хаалбыт. Эһэкээнэ өстөөҕүн курдук үлтү баттаан кэбиспэтэх. Хата, ол оннугар баппаҕайын тоһуйбутун «өлөрүм-тиллэрим син биир» дии санаан, салаан көрбүтэ, сииктээх буолан биэрбит. Ону салаан, утаҕа ханарга дылы буолар эбит. Ити курдук төһө өр сыппытын билбэтэх.    Биирдэ баппаҕайын кулгааҕар даҕайбытыгар, дьонун саҥата иһиллибит. Сүтэрбиттэрэ быданнаабыт, кинини көрдүү сылдьаллар эбит. Ол сытан «саас, саатар, хаар ууллуута уҥуоҕун булан харайбыт киһи...» диэн кэпсэтэллэрин истэн хаалбыт. Ол кэнниттэн «арҕах буллубут» диэн хаһыы иһиллибит. Арай чочумча соҕус буолаат, арҕах таһыгар оргууй булчуттар хаарга хаамар тыастара олох бу хоочугураан кэлбит. Уол онно эрдэ хайаҕаһы кыратык арыйан хараҕын үөрэппитэ буолаат, былтас гыммытыгар, дьоно бырааттарын үөрэ илэ бэйэтинэн бодьуустаата диэн, куттанан, сырсан хаалбыттар.    Уол хайыай... кэннилэриттэн сүү­рэн тахсан куоттартаан кэбиспит. Ол кэнниттэн дьонун бэйэтэ булан тиийбит. Айыы киһитэ буоларын, эһэ арҕа­ҕар түһэн сыппытын кэпсээбитин, дьоно өргө диэри итэҕэйбэккэ сылдьыбыттар. Аҕата ол эһэни олох бултаспаттарыгар уонна уолун тыыппатаҕар махтанан, үөрдэригэр баар саамай талыы эмис табаны өлөртөрөн арҕахха илтэрбит. Булчуттар тиийиилэригэр эһэ арҕаҕыттан тахсан баран хаалбыт эбит.   Муҥха дьээбэлээх түгэннэриттэн      Уйбаан Боескоров кэпсиир:    – Биһиги дойдуга улахан күөс буһа­рар хочуолу «чыхалла» дииллэр. Биир күһүн Мээкиндэ чугаһыгар балаакканан түһүүлэннибит. Биир түөрт миэстэлээх оһохтоох балааккаҕа Хоро уолаттара сыталлар. Киэһээҥҥи күөс хас да иһиккэ буста. Аһылык буолбутугар пуобар Баһылай Гаврильев: «Күөспүтүн хайдах үллэрэбит? Биирдии биэдэрэни улахан балааккаларга биэриэххэ, Хоро уолаттарыгар чыхалланы киллэриэххэ», – диэтэ. Онуоха кыра балаакка иһигэр таайыы буолла: «Чыхалла диэн хайаларай, бэйэбит кыараҕаспыт», – дэһэллэр. Балааккабытыгар эбии киһи киллэрээри гыннылар дии санаатахтара. Ниэстэр хортуоппуйа    Биир күһүн сирбитигэр айаннаан тиийэн, балааккаларбытын туруорунан, сылыттан утуйаары олордохпутуна, Ниэстэр «баһаалыста, биир түүн хонноруҥ эрэ» диир саҥатын истэн, утуйар миэстэтэ суох буоллаҕа диэн «Ниэстэргэ миэстэтэ бэлэмнээҥ» дэһии буолла. Киһибит куул соһуулаах биһиги балааккабытын өҥөйөн эмиэ ыйытта. Онтубут дьиэтиттэн куулга сибиэһэй хортуоппуй аҕалбыта балааккалара кыараҕас буолан, батара сатыы сылдьар эбит. Кууллаах хортуоппуйбут балааккаттан балааккаҕа аҕыйах хонук көһө сылдьан «хонуктаан» баран, биир үтүө күн таһырдьа хонон, тоҥон хаалбыт этэ. Аҕыйах хонон баран, ыһык чарааһыырын саҕана Ниэстэр тоҥ хортуоппуйун көрдөөччү элбээбитэ. Тоҥнуу оргуйа турар ууга «в мундире» буһардахха, туох да дьоһуннаах аһылык буолара.
kyym.ru сайтан