Кэпсээ
Войти Регистрация

Уйбаак уола муоска оҕустарыыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Уйбаак уола муоска оҕустарыыта

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
21.04.2023 13:43
    Үөһээ Бүлүүгэ Нам нэһилиэгэр Уйбаак уола Маанньа Дуохтарап диэн киһи түөкүнүнэн аатыра сылдьыбыт. Кини саҥардыыта сүүһүттэн лаппа тахсан баран өлбүтэ. Ол Маанньа ону-маны уоран, алдьатан баран хаста да киэҥ Аанньааҕынан, Эдьигээнинэн, Дьокуускайынан эргийтэлээбит киһи.      Уйбаак уола түөкүннүүрүн түркүнүн саҕына, биирдэ сааһыары кыһын Мархаҕа Манчаарыга тиийбит. Биир сылгы атаҕа уонна чиэппэр арыгы кэһиилээх үһү. Тиийэн ону-маны кэпсэтэн баран кэһиитин киллэрбит. Кыанар киһи эбит дэтээри атах этин аҥаар хонноҕор кыбынан киирэн аа-дьуо суол ааныгар өйөннөрбүт. Арыгытын остуолга аҕалан уурбут.    Дьэ ол кэнниттэн аһыы-сии олорон кэлбит соругун кэпсээбит. Уус баҕайы айахтаах оҕонньор этэ. Ыпсаран-хоторон бэрт элбэҕи эттэҕэ буолуо. Быһата «дьэ, ат курдук ааттаах, суол курдук сурахтаах улуу убайбар, кырдьаҕаспар, сүбэлэтэ-соргулата кэллим. Мин эмиэ былыргы эн суолгун суоллуохпун оҥостобун. Ол хайдах буолуой? Сүбэлээ-амалаа. Үөрүйэххиттэн, билиигиттэн бэрис. Хайдах сырыттахха, хайдах түөкүннээтэххэ ордук сыталлаах, ордук ньылбырхай буолуоҕай?» диэбит.    Манчаары итини истээт, аһыы олорон аһаабат, иһэ олорон испэт буолбут уонна быһа хаһыытаабыт: «Итинник соруктаах киирбит буоллаххына киирбит ааныҥ ити баар, тахса тур! Түөкүн буолаары гынаҕын дуо? Мин түөкүн үһүбүн дуо, эн биллэххинэ?! Түөкүннүүргэ эйигин үөрэтиэ суохпун. Түөкүн идэ диэн дьоллоох уол оҕоҕо тоҕооспот,  сордоох уол оҕоҕо тоҕооһор. Эн маннык үтүө-мааны ыччат эрээригин, оннук сананар буоллаххына, онтукаҕын адьас тохтот, кэбис. Истиэххин баҕардаххына, мин түөкүн буолбатах этим. Манчаары түөкүн дииллэрин итэҕэйэҕин дуо? Кырдьык, элбэхтик уора-алдьата сылдьыбытым. Ол гынан баран, ол уорар-алдьатар санааттан буолбатах этэ. Абаттан, кыһыыттан, иэс ситиһэр санааттан уонна тыыннаах буолар дууһа көмүскэлиттэн этэ. Онон мин соруйан баҕатыйан туран ороспуой буолбатаҕым. Баламат баттыгас, хара кырыыс – ол миигин тэппитэ. Ол иһин саллар сааһым тухары атаҕастааччылар, халыҥ харчылаахтар, хараҥа баайдаахтар олохторун аймаабытым. Ол мин сырыыбын, мин санаабын эһиги кыайан ситэн олуктуоххут суоҕа. Оттон дьону алдьатар түөкүн буоларга сүбэлээбэппин. Үтүөтүк сылдьан, тоттугурҕаан эбэтэр кэдэрги санаа баһыйан сылдьар киһи быһыылааххын» диэн улаханнык кыйахаммыт, остуолуттан тураары гыммыт. Ону Уйбаак уола көрдөһөн-ааттаһан бэрт эрэйинэн тохтоппут.    Онтон ыла Уйбаак уола муоска оҕустаран, түөкүннүүрүн тосту бырахпыта үһү. «Манчаары наһаа өйдөөх, киһи кутун-сүрүн баттыыр киһи эбит этэ» диэн ол оҕонньор кырдьан олорон ыаһахтыыр этэ.        (Манчаары Маанньаны-Докторов Иван Ивановиһы «түөкүн быһыыбын аны быраҕабын» дэтэн, чүмэчини таҥнары уматтаран туран андаҕаппыта үһү диэн кэпсээннэр бааллар эбит). «Манчааары норуот номоҕор» кинигэттэн.
kyym.ru сайтан