Кэпсээ
Войти
Регистрация
Уол кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Уол кэпсээнэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.04.2023 13:39
Кинини таптаан, кинини нарыннык санаан, сүрэхпэр саһыара, дууһам ымыыта оҥосто сылдьыбытым ыраатта... Оҕотук истиҥ сыһыаммын кистиир этим. Бииргэ үөрэнэрбит, күн аайы бэйэ-бэйэбитин көрсөрбүт, кэпсэтэрбит быһыытынан кини ону сэрэйэр, билэр да этэ. Акаары, биирдэ көр-күлүү курдук саҥарыам эрэ диэн, сиэрэ суохтук тыллаһаммын, маҥнайгы истиҥ тапталбын хомоппут эбиппин. Ону, дьэ билигин өйдөөтүм, ааспыт түүн кэннэ, кинини көрсөн баран. Ол маннык этэ... Сырылас куйаас сайыҥҥы күнэ киэһэрэн эрэр этэ. Мин үлэм чааһа бүтэрэ чугаһаан, малбын-салбын хомуна сылдьарым. Арай үөмэхтэһэн ааһар дьон быыһыгар халлаантан түспүт курдук, сырдык сэбэрэлээх кыыска хараҕым хатана түстэ. Ыраахтан көрөөт тута билбитим – кини диэн. Кини эмиэ миигин көрөн биллэ. Өр көрдүү сылдьыбыт сүтүгүн булбуттуу, сүрдээҕин үөрэн, ис-иһиттэн сырдаан, субу тиийэн кэллэ. Кэпсэттибит. Арааһы. Буолары-буолбаты. Кэпсэтии иэҕиллэн «ыал буолууга» тиийдэ. Ол туран мин, оонньоотоҕо буолан: “Ыал буолан эрэбин”, — диэн айахтаттым. “Да? Кими ылан эрэҕиний?” – диэн эмиэ да үөрэ, эмиэ да хомойо соҕус туттан ыйытта. Мин диэтэх киһи, үөнүм баппакка: “Хайа, оттон эйигин”, — диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Доҕорум барахсан соһуччута бэрдиттэн тылыттан матта. Ол курдук ким маҥнай саҥарарын кэтэсиһэ турбахтаан баран, тахсыбыт кыбычыын түгэни оонньууга кубулутаары, бу акаары: “Оонньоон эттим”, — диэн саайдым. Сэгэрим сыыһа сирэйэ тута уларыйа түстэ. Кыл түгэнэ кини өйүгэр-санаатыгар, дууһатыгар, сүрэҕэр араас элбэх санаа, иэйии харсыста быһыылаах. Уонна: “Тоҕо итинник киһинэн оонньуугун?” – диэн эмиэ да ыйытар, эмиэ да мөҕөр майгынан саҥа таһааран баран тэйэ хаамта... Мин тугу оҥорбуппун, дьэ өйдөөммүн, тылбыттан матан саҥата суох турдум. Маҥнайгы тапталым, түүлбэр көрөр күндүттэн күндү киһим миигиттэн хомойуоҕунан-хомойон, аат эрэ харата хааман барбытын көрөн, көҥдөй көхсүм эрэ туран хаалбыта... Бөлүүн доҕотторбун кытары үөрэ-көтө сылдьан алҕаска көрсө түстүм. Кэпсэттим. Таптаабыт эбит. Дьиҥнээхтик. “Аны кэлэн, эн биһикки суолбут тус-туһунан барар”, — диэтэ. Өйдөөтүм. Ыйыппатым. Ыыттым. Бардын бэйэтин суолунан. Баҕарабын үтүө айаны. Һэргэй.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан