Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ситэри кэтэспэтэх буруйдаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ситэри кэтэспэтэх буруйдаах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.04.2023 13:19
Тэрилтэбэр биир симиэнэҕэ түбэһэн үлэлиир кэллиэгэм Сергей Ковалев, бэйэбит испитигэр ааттыырбытынан, Серега, Иркутскай уобаластан төрүттээх нуучча. 80-нус сылларга Дьокуускайга көһөн кэлиэҕиттэн бу тэрилтэҕэ мэхээнньиктиир. Серега оскуола кэннэ үрдүк техническэй үөрэххэ туттарсан киирбит. Үөрэҕэр сүрдээх кыһамньылаах уол уруогун ааҕартан соло булбата үһү. Онон биир хоско олорор уолаттарыттан мэһэйдэтэн, Саҥа дьыл иннинэ чугас эдэр ыалга хос куортамнаһан, көспүт. Дьиэлээхтэр кинини сөбүлээбиттэр, кэлин хоһуттан ыҥыран ылан, тэҥҥэ чэйдэтэр буолбуттар. Биирдэ Серега дьиэтигэр кэлбитэ – ыалдьыттар кэлэн олороллор эбит. Хаһаайын кинилэри кытта олорсоругар эппит. Мустубут дьон таҥхалыы олороллоро үһү. Серега олорсо сатаан баран, интэриэһиргээбэккэ, туран баран эрдэҕинэ, аттыгар олорор ыалдьыт дьахтар ырбаахытын сиэҕиттэн тардан ылан, илиитигэр дьиибэ быһыылаах чүмэчини туттарбыт. «Кэргэн ылыахтаах кыыскын көрүөххүн баҕарар буоллаххына, хоскор киирэн, чүмэчигин уматан, сиэркилэ иннигэр олор. Тапталлааҕыҥ илэ бэйэтинэн көстүөҕэ», – диэбит. Серега хоһугар киирэн, чүмэчини эргим-ургум тутан көрөн баран, уматарга санаммыт. Дьахтар эппитин курдук, сиэркилэ иннигэр олорон, кэтэһэ сатаан баран, туруохча буолан эрдэҕинэ, арай кыра кыһыл туочука көстүбүт. Серега сэргэхсийбит. Ол туочука улааттар улаатан, кып-кыһыл харахха кубулуйбут. Онтон сыыйа эмиэ кыра туочука баар буолан, иккис харах тахсыбыт. Сотору кэминэн уол иннигэр абааһы илэ бэйэтинэн сиэркилэҕэ туран кэлбит. «Харахпын симиэхпин баҕарабын да, кыаллыбат. Тура сатыыбын – эмиэ кыаллыбат. Абылаппыт курдук, ону көрө олорон хаалбыппын бэйэм бэркиһиибин. Ол абааһы көрүҥүн тылбынан сатаан кэпсээбэппин. Харахпар көрбүппүн өйдүү да сатаабаппын. Сенька, ынырык көстүү этэ эрэ диир кыахтаахпын», – диэн Серега кэпсиир. Өлө куттаммыт, уу чоккурас буола тириппит уол ыһыы-хаһыы бөҕөнөн хостон сулбу ойон тахсыбытыгар бары да куттаммыттар. Били дьахтар: «Туох буоларын тиһэҕэр тиийэ тулуйан-тэһийэн көрүөхтээх этиҥ. Аны ити абааһы эйигин буулуур буолбут», – диэн ситэрэн биэрбит. Ити күнтэн Серега сатаан утуйбат да, аһаабат да буолбут. Арай үөрэҕэр тиийдэҕинэ, сынньанан, хабыалаан ылара үһү. Оттон дьиэтигэр кэллэр эрэ эрэйдэнэр. Ким да баарын биллэрбэт эрээри, уол тыына хаайтарара, тулуйан-тэһийэн олорбото үһү. Биир түүн долбуурга турар кинигэлэрэ хамсаан барбыттарыгар Серега чуурун биэрэн, сонно хомунан, уопсайыгар тиийэн хоммут. Уопсайыгар да тиийэн ситэри уоскуйбатах. Онон сарсыныгар таҥара дьиэтигэр тиийэн, биир-биэс тыла суох «сүрэхтэнэн» кэбиспит. «Сүрэхтэниэхпиттэн киһитийэн барбытым. Абааһы буулуоҕуттан сиэркилэ диэҥҥэ көрүммэккэ сылдьыбытым. Аматыйан баран көрүммүтүм – киһи билбэт гына дьүдьэйбит этим», – диир. Ол кэннэ эмиэ таҥараны итэҕэйэр кыыһы кэргэн ылан, кини сүбэтинэн сир уларытан, Саха сирин булбуттар. Онон кини да кэпсээниттэн таҥхалыыртан биир бэйэм куттанабын, инникибин билэ сатаабаппын. Аны сыыһа туттан, абааһыны уһугуннаран, алдьархай буолуо. Семен НОЕВ, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан