Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үс атахтаах остуол сүүрбүт этэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үс атахтаах остуол сүүрбүт этэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.04.2023 13:15
Оҕолор киэһэ дьарык кэннэ хаалан, биир кылааска бүлүүһэ сүүрдэргэ эрдэттэн сүбэлэспиттэр. Ол күн харабыллыахтаах Баһылай, дьиэтигэр бардаҕына, уһуурун бэркэ билэллэр. Онон икки-үс чаас холкутук олоруохтаахтара. Саамай улаханнара, онус кылааска үөрэнэр Туонньа, хаһан эрэ эдьиийдэриниин сүүрдүбүттэрин үтүктэн, сүбэһит буоларга сөбүлэммит. Онтон атыттар – сэттис-ахсыс кылаастар. Сүрдээҕин кыһаллан кумааҕыга уруһуйдаабыттар, суругун-бичигин Туонньа сүбэтинэн түһэрбиттэр. Дьэ, ол кэннэ эмиэ кини булан-талан аҕалбыт хаһыс эмэ төгүлүн сүүрбүт бүлүүһэни таһааран, Баникуой былырыын эрэ өлбүт эбэтин ыҥыран, дьэ, сүүрдүөхчэ буолан эрдэхтэринэ, эмискэ кылаас уота сандаарыс гыммыт. Били, дьиэтигэр уһуохтаах Баһылайдара хайа наадалаахха кэлэ охсон, оҕолору үрүө-тараа үүртэлээбит. Онтон киэһэ Баһылай, тэлэбиисэрин холбоон, ону-маны көрө олордоҕуна, оҕолор бүлүүһэ сүүрдэ сатаабыт хосторугар туох эрэ лүһүгүрээбит. «Көр эрэ, иккистээн киирбиттэр буолбат дуо?! Туох буолбут оҕолоруй бу?!» – диэн харабыл үөхсэ-үөхсэ, хос аанын аспыта, доҕоор, муннукка турбут үс атахтаах сахалыы төгүрүк остуол киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, атаҕыттан атаҕар иҥнэҥнээн сүүрэ сылдьар эбит! Баһылай, көрбүтүттэн өлө куттанан, таһырдьаны былдьаспыт. Ити түүн оскуолаҕа хоммотох. Сарсыарда тиийбитэ – остуола эрдэ турбут сириттэн сыҕарыйан, хос ортотугар баар буолбут. Санаата батарбакка, тугу көрбүтүн дьоҥҥо кэпсээбитигэр: «Оҕолор ыҥырбыт бокуонньуктара кэлэн сүүртэҕэ. Эн даҕаны туох-ханнык кэрдиискэ тиийбиттэрин сураһан баран, үүртэлиэххин. Таҥханан оонньооботтор», – диэн бэйэтин хомуруйбуттар. Онон таҥха диэн, чахчы, киһи оонньуу оҥостубат дьыалата быһыылаах. Уйбаан КУОЛА¤АП, Майа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан