Кэпсээ
Войти Регистрация

Сатамматах сырыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Сатамматах сырыы

K
14.04.2023 13:13
   Дьэрэмэй бу Уһук Хоту дойдуга кэлбитэ иккис сыла. Хоптолооҕу сөбүлээтэ: улуус кииниттэн төһө да тэйиччитин, сайыныгар олус хаайтарыылааҕын иһин, чуумпута, туох да дьалхаана суоҕа ааттаах. Бөһүөлэк чөкө баҕайы.          Мунньан-тараан 600-чэ киһи олорор дииллэр. Ханна да курдук орто оскуола, дьыссаат, кулууп, эргиэн тэрилтэтэ баар. Урут хас эмэ кыһыл знамялаах сопхуос ньиргийбит-ньаргыйбыт кэмигэр дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа өссө үчүгэй этэ диэн кэпсииллэр. Бөһүөлэк хоту, арҕаа өттүгэр 5-6 пиэрмэ хотоно баара үһү. Ыанньыксыттар үксүлэрэ 2000-тан тахсалыы кирбиини ыан, оройуоҥҥа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ кытта сураҕыран, араас пуонданан, путевканан наҕараадаламмыттарын сүрэҕэ эрэ суох киһи кэпсээбэт. Хамнастарын этэ да барыллыбат: көннөрү учуутал – 250 солкуобай, оттон оскуола дириэктэрэ 500 хамнастаах буоллахтарына, бастыҥ дайаарка дириэктэрдээҕэр элбэҕи аахсара үһү. Ол иһин даҕаны оскуоланы бүтэрэр оҕолор Дьокуускай курдук ыраах сиргэ үөрэнэ барбакка, тутуспутунан кэриэтэ пиэрмэҕэ барар эбиттэр. Онон үлэһит илии толору буолан, сопхуос салалтата саҥаттан саҥа хотону туттаран, сүөһүтүн хайдах дэлэтэр туһугар төбөтүн ыарытара үһү. Дьэ, ол билигин суох.    90-с сыллар дьалхааннарыгар туох эрэ сотуун ыарыыга оҕустарбыт курдук, сопхуостара көрүөх бэтэрээ өттүгэр эстибит. Паай үллэстиитэ, ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан барбытыгар, хата, кырдьаҕас өттө «саатар, кэлэктиибинэй предприятие тэриниэххэ, баҕар, хаттаан сопхуос тэрийэр түбүгэр тү­һүөхпүт» диэн, аатыгар да буоллар хаһаайыстыбаларын тутан хаалбыттар. Ол эрээри сопхуос саҕанааҕы курдук үөһээттэн туох да көмө харчы, датаассыйа эҥин кэлбэт буолан, тиийбэт тирии, тарпат тараһа диэн дьэ манна үөскээбит. Ыабыт үүттэрин атыылаатахтарына эрэ, хамнастанар кыахтаахтара. Оттон  улуус кииниттэн быдан ыраах сытар нэһилиэк атыыта-тутуута мөлтөҕө биллэр, онон үлэҕэ сыһыан ол сиэринэн эмиэ мөлтөөн-ахсаан барбыт.    Дьон кэтэх сүөһүтүн көрүннэҕинэ да баһыыба балаһыанньата үөскээбит. Итинник быһыы-майгы бүрүүкээн турдаҕына, бэтэринээр үөрэҕин саҥар­дыы бүтэрбит Дьэрэмэй бу дойдуну булбута. Саҥа исписэлииһи Огдооччуйа диэн 80-чалаах эмээхсиҥҥэ олохтообуттара. Дьиэтигэр-уотугар чэм курдук сылдьар кырдьаҕас кэлбит-барбыт, хайа да үлэттэн иҥнэн турбат уолу сөбүлээбитэ.    Биир сүрүн кыһалҕа диэн, хамнас суоҕа этэ. Анал тэтэрээккэ суруйтаран, маҕаһыынтан килиэп ылара, оттон арыы, эт, бурдук, саахар, куруппа диэннэри кэлэктиибинэй предприятиета эмиэ хамнаһын суотугар биэрэрэ. Олохтоохтор балыктаан эбинэр буоллахтарына, Дьэрэмэй (маннааҕылар этэллэринэн, дьокууккай киһитэ) балыкка төрүт сыһыана суоҕа. Дьиҥэр, араас тэрил барыта наада эбээт балыктыах диэтэххэ: кырата, уонтан тахса илим, анньыы-сүгэ, өссө, саамай кылаабынайа, көлө наада. Сопхуос саҕана ыал барыта кэриэтэ бурааннаах эбит буоллаҕына, билигин аттаах, ыттаах дьон биллэ элбээбит.    Дьэрэмэй сылгыһыттар учаастактарыгар бараары гыннаҕына, биир эмэ киһини кытта аргыстаһар. Төннөрүгэр эмиэ ким эмэ кэллэҕинэ биитэр бөһүө­лэктиир киһи баар буоллаҕына биирдэ сатанар. Бураан диэн көлөнү бэрт эрэйинэн булуналлар. Үксүгэр аймах­тыылар кыттыһан, хас эмэ туонна бы­раҥааттаны муус аннынан бултаан туттаран ылбыт үптэринэн оройуон киинигэр эбэтэр Дьокуускайга баран, атыылаһан аҕалаллар. Оттон балыктара сыл ахсын аҕыйаан иһэрин ааҕыстахха, сорохтор кыайан ылар кыахтара суох.    Кэмниэ кэнэҕэс Саҥа дьыл сахсаана бүтэн, дьон-сэргэ уоскуйа быһыытыйда. Дьэрэмэй сылгыһыттарга барар кэмэ тиийэн кэллэ. Хата, бүгүн туох айылаах быһа имнэммитэ буолла – биригэдьиир Өлөксөй бураанын туттарда. Дьэрэмэй ону бу биригэдьиир учаастакка сылгыһыттыыр быраатыгар – Куочаанайга тиксэриэхтээх. Дьону кытта сылдьа үөрүйэх уонна син эр киһи элээмэтэ буолан, уол бурааны ыытары баҕас сатыыр.    Бараары тэринэ-дьиминэ сырыт­таҕына, тулууп соһуулаах Киристиинэ биэлсэр: «Биригэдьиир эйигин учаастакка барар, ону кытта аргыстас диэн ыытта»,  – диэбитинэн бураан сыарҕатыгар олорунан кэбистэ. Дьоҕус суумкалаах, онтугар эмэ-томо баар быһыылаах: бэркэ сэрэнэн тутар.    Киристиинэ бу дойдуга эмиэ аҕыйах сыллаахха – Дьэрэмэй кэлиэн эрэ иннинэ – кэлбит кыыс этэ. Медучилищены (сорох медколледж диэбэтэххэ, сэнэппит курдук өһүргэнэр) бүтэ­­рээ­тин кытта манна анаабыттар. Тас көрү­ҥүнэн ыал аайы баар кыыс курдук бору-боростуой, таҥна-сапта сылдьара да ол сиэринэн. Хара бараан сирэйдээх, лоп бааччы тыллаах-өстөөх. Кыр­дьаҕас өттө «эдэр-эмэн диэбэккэ, тэбис-тэҥҥэ кэпсэтэр барахсан» диэн бэркэ биһириир. «Мааппа биэлсэри биэнсийэҕэ таһааран баран, бу котокуну бөһүөлэккэ үлэлэтиэххэ баара» диэн кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Саҥа үлэһит, аныгы үйэ киһитэ буолан, Интэриниэти эбии туһанан туох ыарыылааххын сонно быһаарар дииллэр.    Дьэрэмэй балыыһаҕа сылдьыбат буолан, ону билбэт. Арай Киристиинэ, төһө да кырасаабысса буолбатар, быһыыта-таһаата олус үчүгэйин чахчы билэр. Үнүр Саҥа дьыллааҕы кэнсиэргэ үҥкүүлээбитин көрөн, сүрэҕэ битиргии тэппиттээх. Сахалыы туох эрэ үҥкүүнү толорбута, онуоха кылгас ырбаахыта арыллаҥнаабытыгар чочуонай атаҕа барыта көстөн кэлбитэ, ол эрэ буолуо дуо – хоппуруон колгуокка курдат сип-синньигэс туус маҥан туруусуга түөрэтэ көстүбүтэ. Олохтоох уолаттар араастаан бары чугасаһа сатыыллар эрээри, кыыс, хата, кимиэхэ да дьиэк биэрбэт быһыылаах. Биэлсэри хас эмэ көстөөх учаастакка илдьэр түгэн көстүө эрэ кэрэх, уолаттар обургулар хонтуораҕа көтүөккэлэһэн киирбиттэрэ эрэ баар. Сороҕор кыыһы ким илдьэрин сэрэбиэй быһаарар эбит. Дьэ, итинник. Модороон дьүһүннээх эрээри, быһыыҥ-таһааҥ үчүгэй буоллаҕына, син биир киһи ымсыырар киһитэ буолаҕын. * * *    Кыһайбыт курдук, тымныы күн буолла, саатар, чысхааннаах буоллаҕа үһү. Дьэрэмэй Киристиинэни сыарҕатыгар олордон баран, биир кэм дыыгынатыы. Суолун баҕас бэркэ билэр. Тибии типпит эрээри, бураан, сыарҕалаах ат суола, онон-манан да буоллар, көстөн ааһар. Дьиҥэр, олохтоох сылгыһыттар туох да суола-ииһэ суох сиринэн быһа сылдьаллар. Хайысхатын билэллэрэ бэрт быһыылаах. Бу чааһыгар Дьэрэмэй, «таҥара сэрэҕи сөбүлүүр» диэн бириинсиби тутуһан, туох да мунааҕа суох сиринэн сылдьарын ордорор. Үчү­гэйдик айаннаатаҕына, үс хас чаа­һынан учаастакка тиийиэхтээх.    Балтараа чаас курдук айаннаабыттарын кэннэ бурааннара умуллан хаалла. Дьэрэмэй «бурааным туох буоллаҕай?» диэн, капотун аһа-аһа быһаара сатаата да, туох да туһа тахсыбата. Муҥар, киэҥ бэйэлээх күөл ортотугар умуллубут. Киристиинэ тулуубун кэппитинэн, уолга чугаһаан кэлэн, бэркэ дьиксиммиттии көрүтэлиир. Сирдэрин аҥаарын эрэ кэлбиттэр. Кыһыйыах иһин, балаакка да, кэтит хайыһар да суох. Биир эмэ киһи кэлэн ааһыа диэн эрэниллибэт даҕаны. Бу күөл уҥуор балыксыт үүтээнэ баар буолуохтаах. Саатар, онно тиийбит киһи!    Сыарҕаларыттан сээкэй малларын хомунан, Дьэрэмэй кыыстан улахан тулуубун ылан күөл уҥуор дьүккүстүлэр. Сороҕор бураан чигдититтэн туораан, хаарга самахтарыгар диэри батыллан хаалаллар. Онон нэһииччэ ороохтоһон, үрүҥ-хара көлөһүннэрэ сарт түһэн, күөлү туораабыттарыгар, хата, быыкаа үүтээн көһүннэ. Били, баҕалаах сирдэрэ – өрүһүйүөхтээх үүтээннэрэ эбит.    Көр эрэ, үүтээн ойоҕоһугар баар лаабыска үс хас куул көстөр. Балык! Хайа эрэ балыксыт кэлин ылыам диэн хааллардаҕа. Дьиэҕэ киирбиттэрэ – үүтээн үүтээн курдук: буор оһохтоох, кытыыга хаптаһын наара баар. Өссө үчүгэйэ диэн, оһох таһыгар хас эмэ көтөх хардаҕас, толору испиискэ хоруопката, чүмэчи, сээк-тээк иһит-хомуос көстөр.    Хааман, тиритэн-хорутан кэлбит дьон начаас икки ардыгар аны тоҥуох курдук буолан бардылар. Дьэрэмэй, тулуубун наараҕа киэр илгээт, оһох үрдүгэр түстэ. Бэлэм хардаҕастары (өссө чыыппааннаах!) оһоххо хаалаан баран испиискэтин даҕайыа эрэ кэрэх – омуннаах баҕайытык күлүбүрээбитинэн барда. Көмүрүө хаары уулаан, чаанньыгы оргута ууран кэбистилэр. Үүтээн көрүөх бэтэрээ өттүгэр сылыйда.    Дьэрэмэй үрүсээгэр Огдооччуйа барахсан (хаһан дьаһана охсубута буолла?) бэрэски, алаадьы бөҕөтүн укпут эбит, оттон Киристиинэҕэ эмиэ бурдук аһа толору буолан үөртэ. Чүмэчилэрин харыстаан умаппатылар: оһох сырдыга да сөп гынар диэн буолла. Халыҥ хаары оймоон, Киристиинэ унтуута тобус-толору хаар. Дьэрэмэй хам сыстан хаалбыт унтууну бэркэ сэрэнэн уһулла. Рейтузата, таҥас колгуокката аллараа өттүнэн ыгылла сыһыахтарыгар диэри дэлби илийбиттэрин оһох үрдүнээҕи тардыллыбыт боруобакка куурда ыйаатылар. Дьэрэмэй истээх ыстаанын хаатыҥкатын таһынан түһэрбит буолан, илийбэтэх. Онон онтун устан, спортивнай ыстаанын кыыска биэрдэ, Огдооччуйа тикпит халыҥ уктаһын кэтэртэ.    Чэйдээн, итии киллэриммит дьон быһыытынан аны утуйардыы оҥоһун­нулар. Таба тириитэ тэллэҕэ түүрүллэн сытарын наараҕа тэлгээтилэр, тулууптарын суорҕан оҥоһуннулар. Дьэрэмэй спортивнай ыстаанын кыыска биэрбит буолан, туруусугунан, путбуолканан эрэ сытарга тиийдэ. Киристиинэ, сибиитэрэтин устан, эмиэ үрүҥ путбуолкалаах эрэ киһи, бэтэрээ, уот диэки, сытта, оттон Дьэрэмэй эркинтэн үргүйүө диэн улаҕаны булла.    Хата, үүтээн баар буолан абыраннахтарыан. Сатыы барыах диэтэххэ, кый ыраах сир хааллаҕа. Хонтуоралар, араассыйалаах дьон, Дьэрэмэйдээх учаастакка тиийбэтэхтэрин истиэхтэрэ, онон бүгүн буолбатаҕына, сарсын хайаан да кэлиэхтэрэ. Онон ыксаамыахха, ханна да бара-кэлэ сатыыр наадата суох. Дьэрэмэй бу сытан кыыһы кууста, биирдэрэ атыҥыраабата, хата, өссө эбии кэннинэн чугуйан ыкса сыһынна. Маҥнай утаа итиитэ тулуппакка, уол тулуубу кыыска үтэйбитэ. Киристиинэ даҕаны итииргээтэ быһыылаах: спортивнай ыстаанын устан кэбистэ. Бу курдук туох да саҥата суох сытан, утуйан хаалбыттар. Дьэрэмэй, түүн туохтан эрэ уһуктан кэлбитэ, кыыһа кини диэки эргиллибит, моонньуттан кууспут аҕай. Оттон уол, «били туга» кыыһы уһугуннарыах да курдук, кытаатыаҕынан кытааппыт. Дьэрэмэй уҥа илиитэ Киристиинэ бэрт сылаас, өссө сииктээх соҕус таҥаһын даҕайан сытар эбит. Мантан олус кыбыһыннар даҕаны, илиитин ыла сатаабата, кыыһа даҕаны бэркэ тартаран, утуйан бырылатар.     Дьэрэмэй хайыан да булбата. Илиитин ыллаҕына, Киристиинэ уһуктан хаалыыһы, оттон бу курдук тута сыт­таҕына, арай кыыһа уһугуннун?! Туох диэҕэй? Саатар, «били туга» киэптээбит курдук, таҥас курдары кыыһы кэйэн бөлтөйө сыттаҕа. Хайдах буолуох баҕайытай?   БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан