Кэпсээ
Войти
Регистрация
Икки булчут көрсүһүүтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Икки булчут көрсүһүүтэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.04.2023 14:51
Үс сыллааҕыта этэ. Сааскы күн Өлүөнэ өрүс мууһунан «Ирбис» өрүтэ эһиллэҥнэтэн иһэрэ көһүннэ. Үөһээ Бэстээх биэрэгэр мустан турар дьон таһыгар өрө ытылыннаран кэлээт, хорус гына түстэ. Кэлбит дьон түспүтүнэн бардылар. Онтон биир үрдүк уҥуохтаах, муннун анныгар тор курдук бытыктаах, дыр курдук хара хааһын аннынан дьэрэличчи көрбүт сытыы харахтаах, уһун баттаҕын хомуйа тутан кэннигэр бааммыт омук киһитэ аа-дьуо тахсан кэллэ. Кэнниттэн дьоҕус уҥуохтаах, сырдык хааннаах дьахтар быган көрөөт, мичээрдээтэ. Көрсө киирбит дьон ыалдьыттар малларын-салларын сүөкэспитинэн бардылар. Дьэ, бу курдук саха уонна эскимос омуктар көрсүстүлэр. Аан маҥнайгы билсиһиилэрэ да эр киһилии судургу этэ. Афанасий Баишев: – Вы охотник? Оле Йорген Хаммекен: – Да, я охотник. – На медведя ходил? – Да, убил одного белого медведя (тарбаҕынан биири көрдөрөр). – И я убил одного медведя, но бурого! (биир тарбаҕын чороччу тутан көрдөрөр). Ити кэннэ күүскэ илии тутуһан, сарын-сарыннарын таптайсан ыллылар. Аттыларыгар тылбаастыы турбут Галя Моррелл күлэн ылла уонна саҥа аллайда: «Вот это да! Встреча двух великих охотников!». Истэн турааччылар күлүстүлэр. Сып-сап хомунан, таһаҕастарын тиэнэн, микро-оптуобуска олорон Аммалыыр суолунан айанныы турдулар. Сыыйа-баайа доҕордоһуу хайдах төрүттэммитин билсиһиэҕиҥ. Оле Йорген Хаммекен Ыраах Гренландия арыытын Уумманак олохтооҕо, эскимос. Оле Йорген Голливуд киинэ-артыыһа, айанньыт. Айсберг быыһынан ньиэрпэни, нарвалы, үрүҥ эһэни бултаан аһаан олорор дьон бэйэлэрин иннуит омукпут дэнэллэр. Үрүҥ эһэ, ньиэрпэ тириитэ таҥастаах буолан, тымныыны тулуйаллар. Айсберг кыратык ууллан, мотуордаах тыынан устар кылгас кэмнэрин сайын дииллэр. Билигин сүҥкэн ириэрии түмүгэр, муустара ууллан, чарааһаан иһэр эбит. 20-30 көс арыттаах дэриэбинэлэргэ сырыы тохтообут, булчуттар муус дьөлөҕөһүгэр түһэн өлөр түбэлтэлэрэ тахсыталаабыт. Оле Йорген биир дойдулаахтарын санааларын көтөҕөн, ыт көлөнөн Уумманак уонна Илулиссат икки ардыгар быһалыыр муус суолу тэлбитэ. Ол сырыыга сытар үрдук хайаны Хаммекен Хайата дииллэр. Киһи дууһатын долгутар «Инук» диэн киинэҕэ булчут-учуутал оруолун оонньообута. Аҕата мууска былдьанан, тулаайах хаалбыт уол туһунан хартыына Аан дойдутааҕы киинэ бэстибээллэригэр 20-тэн тахса бирииһи ылбыта. Галя Моррелл Нью Йорка, кэлин Гренландияҕа олохсуйбут Галя Моррелл хотугу помор омуктартан төрүттээх, биллиилээх фотожурналист. Кини уонна Оле 2006 сыллаахха аһаҕас мотуордаах тыынан аан дойдуну эргийбиттэрэ. Гренландия арыытыттан Алясканан, Беринг силбэһиитинэн Чукоткаҕа устан, онтон Гренландияҕа төннүбүттэрэ. Галя Моррелл эспэдииссийэ үс ыйдаах үлэтин көрдөрөр сүүһүнэн тыһыынча хаартыскалара 2012 сыллаахха Москубаҕа быыстапкаҕа турбуттара. Онно Арассыыйа Дьоруойа, Арктиканы, Антарктиданы, Хотугу уонна Соҕурууҥҥу полюстары чинчийээччи Артур Чилингаров сылдьыбыта. Кини Чукоткаҕа уонна Саха сиригэр болҕомтону уурарга сүбэлээбитэ. Гренландия арыытыгар ньиэп уонна гаас баарын атыылаан лиссиэнсийэ биэрэннэр, булчуттар олохторо биллэ ыараан иһэр. Арыгылааһын, наркомания, үлэтэ суох буолуу, бэйэҕэ тиийинии элбээн, бэйэтэ да аҕыйах 800-чэ ахсааннаах эскимос омук эстэр-быстар дьылҕаламмыта Оле Йорганы уонна Галя Морреллы улаханнык долгутар. Ол иһин «Аваннаа» (тылб. «Хоту») билим-чинчийэр эспэдииссийэ сүрүн сыала аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун-дьаһахтарын үөрэтии буолбута. 2012 сыллаахха «Саха Диаспора» көҕүлээн, Америкаҕа Аан дойдутааҕы кэнгириэс тэрийиитинэн буолбут Форумҥа эдьиийим Изабелла Иннокентьевна Элякова, Таатта уустарын, маастардарын иилээн-саҕалаан, Нью-Йорка барар буолбуттара. Ити улахан тэрээһин фотожурналист Галя Моррелл уонна Изабелла Элякова доҕордоһууларыгар төрүөт буолбута. 2013 сыллаахха «Аваннаа» билим-чинчийэр эспэдииссийэ үлэтин Саха сирин Таатта улууһун Туора Күөлүн олохтооҕо, норуот маастара ийэм Акимова Анна Николаевна чааһынай түмэл-уһаайбатыттан саҕалаабыта. 2014 сыл саас ыам ыйыгар Амма «Аваннаа» эспэдииссийэтин биир морсуруута буолбута. Афанасий Баишев Дойдулаах киһибит Афанасий Макарович – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс Макар Баишев кыра уола, милииссийэ бэтэрээнэ. Бэйэтэ куоракка төрөөбүт эрээри, кыра сааһыттан эһэтигэр Мэҥэ Хаҥалас Буор Ыларыгар сайылыыр буолан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билэн улааппыта. Аҕата, эһэтэ батыһыннара сылдьан бултуурга үөрэппиттэрэ. Бастакы булдун аҕыс сааһыгар 20-лээх, икки уостаах, сомуоктаах саанан ытан, икки чыркымай олороруттан биирдэрин өлөрөн турар. «Аваннаа» эспэдииссийэ Амматааҕы морсуруутун сааскы кус саҕана ыытарга былааннаабыттара. Саҥа ирдэбилинэн дьиэ кэргэн биисинэһин саҕалаан, туризмынан дьарыгыран эрэрбит. Ыалдьыттары түһэрэргэ аналлаах «Амма кытыла» икки этээстээх дьиэбитигэр олохтообуппут. Саха эр киһитин төрүт дьарыга – булт, балык. Омук дьоно туох да киэргэтиитэ суох, дьиҥ баарынан хайдах усулуобуйаҕа саха бултаан-алтаан олорорун, хайдах дьаһанан, өбүгэ саҕаттан кэлбит дьарыгын симэлиппэккэ, харыстаан илдьэ сылдьарын сэҥээрэллэрэ. Булчут түбүгэ Булчуту тэрийии сахаҕа биир улахан суолталаах түбүк. Үгэс курдук, дьахтар уонна эр киһи туспа хайысханан үлэни үллэстэллэр. Оле дьиэҕэ киирээт: «О, дворец!» – диэн хайҕаан эрбэҕин көрдөрөр. Киирии-тахсыы, барыы-кэлии, саҥа-иҥэ хойдон, бэлэмнэнии биир кэм өрө үллэ олороруттан, бэл, тэлгэһэ сэргэхсийэ түһэргэ дылы. Дьахтар хаттык таҥаһы-сабы бэрийэн, тэбээн-сахсыйан, тус-туһунан чөмөхтүү хомуйан уурбута булчут сүргэтин көтөҕөр. Ыһык бэлэмнээһинэ туспа тойуктаах, ас астааһына, сууланыыта-хааланыыта, эрдэттэн иһити-хомуоһу булан көстүүлээх сиргэ умнууга хаалбатын курдук чөкөтүү – тустаах киһи эбээһинэһэ. Эр киһи саатын-сэбин сотор-ыраастыыр, туттар тэриллэрин чугаһатан оҥостор-абырахтыыр, сиппэтэҕин ситэрэр. Ыалдьыттар сонурҕаан батыһа сылдьан көрөллөр. Оле олус элбэх аһы-таҥаһы ыллаллар диэн дьиибэргиир. Амманы «мегаполис» диэн соһутта. Гренландия дэриэбинэлэригэр уончалыы эрэ ыал олорор, 100-чэкэ киһилээх Уумманагы куорат диир эбиттэр. Афанасий ыта Моойто илин атахтарын хардарыта уларыта тутан, өрө уунан, Олены кытта биһирэмнээн дорооболосто, сирэйиттэн салаан да ылла. Кини булчут булчуту ыраахтан билэр диэнтэн астынна аҕай. Гренландияҕа көлүүр ыттары туталлар, хаскилар хааннарын олох булкуйбаттар эбит. Онтон хаһаайын Моойто булчутун туһунан хайҕаан кэпсээтэ. Силикпит дьэ ситэн, аны булчуттары атаарыы үгэһин тутустубут. Булчут үүтээнэ Бастакы бодоруһуу Амма эбэни туорааһынтан саҕаламмыта. «Сахаҕа дьахтар булка сылдьыбат, булт тэрилигэр чугаһаабат, аньыыргыыллар» диэни олус бэркиһии иһиттилэр. Моррелл «барсабын, оннооҕор Чечня сэриитин кэмигэр буулдьа аннынан сылдьыбытым» диэн иннин биэрбэтэ. Афанасий биһиги хас да киһи кыттыһан бултуубут диэн, кыттыгас булчуту – Садовников Владимиры билиһиннэрдэ, эбиитин эбээн омук диэбитин сонургуу иһиттилэр. Өбүгэ саҕаттан булт олус тартарыылаах дьарык. Эр киһи кыһыны быһа ыра санаа оҥостубут бултуур кэмэ кэлбититтэн дууһата чэпчээн, хамсанара кытта сыыдамсыйар. Бары сиэри-туому тутуһан, ыттарын батыһыннаран, малларын куорпус тыыга тиэнэн, үс омук уолаттара сатыы өрүс мууһун устун соһон күккүрэтэ турдулар. Оле муус дойдуга үөскээбитэ биллэр, таһаҕаһы идэтийбиттии соһор диэн Афанасий сөҕөр. Өрүс уҥуор тахсан, малларын үүтээҥҥэ тастылар. Ыраас ырааһыйа сир «дьэ кэллигит дуу» диэбиттии, сэргэхсийбит курдук буолла. Булчут үүтээнэ тустаах киһиэхэ олус ахтылҕаннаах. Сылайан-элэйэн иһэр булчут үүтээни буллаҕына, хараҕа сырдыыр. Үүтээн – булчут быстах олорор дьиэтэ-уота. Иһитэ-хомуоһа, оттор маһа, испиискэтэ мэлдьи бэлэм, баар буолар. Хонон ааһар киһи барарыгар хомуйан, маһы-оту бэлэмнээн барар. Өрөһөлөнө сытар мастары дьоммут соһуйа көрдүлэр. Афанасий тымныы үүтээни ириэрэргэ түүннэри оттобут диэн быһаарда. Оле мас хайытар, уот оттор диэни билбэт киһи эбит. Гренландияҕа мас үүммэт буолан, маһы олус күндүтүк саныыр, Бэл, хардаҕастары сэрэнэн көтөҕөр. Кинилэр ньиэрпэ сыатын уматан уоттаналлар эбит. Ол билигин умнуллан, эскимостар Дания көрүүтүгэр киирэн, хаачыллыылаах дьиэлэргэ олороллор, үлэлээбэттэр, босуобуйа ылаллар. Афанасий биир испиискэ тоһоҕоһун уматан, туоһунан саһаҕалаан түргэнник оһоҕу отторго үөрэттэ. Кутааҕа чэй, күөс оргутан, булчуттар кэпсээннэрин күө-дьаа тардан кэбистилэр. Эскимостар муора кыылларын бултаан аһыыллар, киит хаанын сылаастыы иһэллэр, этин сиикэйдии, буһаран, хатаран сииллэр эбит. Уоту тула ууруллубут итийбит таастарга эттэрин сырайан, буһаран сииллэр. Икки омук сэһэннэрэ Саха киһитэ хайдах кустуурун көрөөрү, ыалдьыттар түүн икки чааска уһуктан, чэйдээн, хомунан үс диэки хочоҕо киирдилэр. Афанасий кус ханнык кэмҥэ, ханан кэлэн ууга түһэрин, сааһыт хайдах саһан олорорун, үөмэн киирэрин сиһилии көрдөрөн кэпсии истэ. Бааһынаҕа тахсан иһэн Амма сахалара сүөһү иитэри таһынан бурдук ыһыытынан дьарыктаналларын биллилэр. Сырдыкка сыал ытан икки омук сааһыта нэмнэрин билистилэр. Афанасий киһитэ наар кэнниттэн хаамарын муодарҕаан, тоҕо кэккэлэһэ хаампатын Галяттан ыйытта. Гренландияҕа күөх от-мас олох үүммэт, кыра да сэрбэйэн үүннэҕинэ, харыстаан, сэрэнэн үктэнэллэр. Ол иһин Оле кэннигэр хаалан, кини атаҕын суолугар үктээн иһэр эбит. Көрөн кэбиһиҥ, омуктар айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаннарын! Аһаан, утуйан сэниэ киллэринээт, аны балыктааһын үгэстэрин кэпсэттилэр. Оле сахалар мас тыыларын олус биһирээтэ, эрдинэн ууга киирдэ. Өрүскэ күөгүнэн алыһар, сордоҥ хаптардылар. Оле «балыктаргыт кыралар эбит» диир. Кини нарвалы хайдах бултуулларын кэпсиир. Нарвал – Арктика уутугар үөскүүр 6 м кэриҥэ уһуннаах, туоннанан ыйааһыннаах бөдөҥ балык. Тыһылара арыый кыра буолар. Нарвал төгүрүк быһыылаах төбөлөөх, кэтит сүүстээх, кыра харахтаах. Сиһэ-ойоҕоһо хараҥа сиэрэй бээтинэлээх. Тииһэ суох эбит, ол оннугар үөһээ уоһуттан 2-3 миэтэрэлээх муос үүнэр. Дьиктитэ диэн, хаҥас эрэ өттүгэр муос үүнэр. Ити айылҕа бэйэтин кистэлэҥэ үһү. Тыһыта муоһа суох. Өссө киһи муодаргыыра – ол муостара чаһы барарын хоту (штопор курдук) эргийэр үһү. Биирдэ эмэ икки муостаах нарвал үөскүүр эбит. Нарвал муоһа иссэр кэмигэр уонна балыктаан аһыырыгар туһалыыр. Айанныырыгар муоһун өрө тутан устар. Нарваллар муус уулуннаҕына, хоту диэки мууһу батыһа усталлар, онон сайынын бултууллар эбит. Оле нарвал муоһун тимир оннугар туттабыт диир. Сахаҕа дьыл кэминэн бултуур идэлээхтэр. Айылҕаҕа суруллубатах сокуон, кэһиллибэт саха үгэһэ баарын Афанасий сэһэргиир: – Күһүн 11-12 сааспар аҕабыныын кустуу диэн Буор Ылар мыраанын үрдүнэн, «Юпитер-4» матасыыкылынан айаннаан истибит. Аҕам: «Суол уҥа өттүгэр баар дүөдэҕэ киирэ сылдьыахпыт, кустар бааллара буолуо», – диэтэ. Арай улахан хаппыт тиит үрдүгэр тойон кыыл кынатын даллаҥната-даллаҥната күөл диэки хайыһан олорор. Ону көрөөт, аҕам: «Көр, ити тойон кыыл мээнэ итинник гыммат, арааһа, кустар бааллар быһыылаах», – диэт, күөл кытыытыгар ыстаннаран киирдибит. Көрбүппүт, доҕоор, уу үрдэ кус да кус! Көтөн тахса-тахса, хотой кыната даллаҥнаатар эрэ, куттанан, ууга умсан хаалаллар. Аҕам тохтоон, күөл нөҥүө сүүрэн тиийэн ытыалыырбар соруйда. Ытаргар киһи диэки туһаайымаар диэн сэрэттэ. Биһиги кустар умсан тахсар кэмнэригэр ытыалаан куһурҕаттыбыт. Кыылбыт барбат, кынатын саратан баран олорор. Ытыалаан бүтэн, уһун остоох саппыкылаах киирэн кустары хомуйдубут, кэккэлэччи уурдубут. 22 көҕөн, лоп курдук аҥаарын аҕам кэлээскэҕэ уктарда. Аҥаара сытан хаалла, ол хотой өлүүтэ буоларын аҕам быһаарбыта. Кыыл көмөлөһөн, Баай Байанай бэрсибитин аҥаардаһан турабыт. Аҕыйах ахсааннаах икки омук уолаттара, муора кыылларын бултаһар эскимос Оле Йорген уонна аар тайҕа сүүрэрин-көтөрүн, Күөх Далай көмүс хатырыктааҕын бултаһар саха Афанасий Баишев истиҥник санаһан, алтыһан ааспыттарын хайалара да умнубат. Галя Моррелл, Оле уонна Афанасий доҕордоһууларын көрдөрөр хаартыскалар Дания хаһыаттарыгар, «Арктика без границ» диэҥҥэ тахсыбыттара, «Россия» ханаалыгар «Наедине со всеми» көстүбүтэ. Римма Баишева, Амма. Галя Моррелл хаартыскалара. 2017 с. тохсунньу 19 к.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан