Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хат буоллум диэбитим
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хат буоллум диэбитим
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
07.04.2023 14:47
Маринаны тас өттүттэн көрөн, киһи климакстаан эрэр дьахтар дии санаабаккын. Эгэ бэйэтэ да? Сааһынан да эдэрчи. 40-нун туола илик. Кыыһыныын аҕас-балыс курдуктар. Онон ыйдааҕыта тардыллыбытыгар, оруобуна да сөп түбэспитэ баар – табаарыстаммыт кэмигэр үһү – хат буоллум дии санаабыт. Киһиҥ, тиэстэниэн да иннинэ туох диэн быһаарыы ылыныаҕын эрдэттэн толкуйдуур аатыгар түспүт. Чэ, оҕом бэйэтэ оҕолонор сааһа да чугаһаатар, кыыспар ханыы буоллун диэн санаа баһыйыахча буолбут. Пахай, онто олох да «климакс!» диэн долгуппуттар. Биир үлэ күнүн эбиэтэ онон климакс тиэмэтигэр иэҕилиннэ. Тугуй, ол уопсайынан, климакс диэн? Дьахтар яичниктара эстрогены оҥоруулара сыыйа кыччаан, түмүгэр олох да тохтоон, төрүүр-ууһуур кыаҕын олоччу сүтэриитэ – климакс дэнэр. Дьахтар климакстанар сааһа чопчу бу сааһыттан кэлэр диэн чопчу этэр бырааһы истиэҥ суоҕа. Быһа холуйан эрэ этиэххэ сөп. Бэл, 35 саастаах дьахтар климакстаан олордоҕуна, этэргэ дылы, 50-тан лаппа тахсыбыт дьахтар хат буолан ханайан олоруон эмиэ сөп. О.э. климакс кэлэр кэмэ – араас. Төрүүр-ууһуур дьоҕур сүтүүтэ (климакс), сүрүннээн, сыыйа кэлэр. Бэйэни көрүнэ, билгэлэнэ сырыттахха, эрдэттэн сибикилиэххэ сөп да, таба таайар уустук дииллэр. Холобур, дьахтар, ортотунан, 44-45 сааһыгар эмискэ-эмискэ сүрэҕэ көбөн, өҕүйүөн саныыр (тошноты) түгэннэрдэнэр. Онно эбии эмискэ-эмискэ, төрүөтэ суох «итийэн-кутуйан» (прилив) барар туруктаныан сөп. Иннинээҕи сылларга холоотоххо, тириитэ хатымтыа (сухость кожи) буолар. Аны туран, бу иннинэ ынах курдук холку да дьахтар настарыанньата күҥҥэ сэттэтэ уларыйар, кыраттан кыыһырар, улахана да суохтан уйадыйар буолбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалыан сөп. Төрүөтэ суох долгуйар, туохтан эрэ дьаархана сылдьар буолуон эмиэ син. Онто ордук суукка хараҥа кэмигэр киирэр. Утуйар уута кэһиллиэн, кыраттан да сылаарҕыыр буолуон сөп. Саамай сүрүнэ, ити кэмҥэ ыйдааҕытын кэлэр кэмэ кэһиллэр, сүтэ-сүтэ кэлиэн, кэлэн иһэн тохтуон сөп. Ити кэми «менпауза» диэн ааттыыллар. Оттон дьахтар ыйдааҕыта сыл, эбэтэр 12 ый устата ончу кэлбэтэҕинэ, климакс илэ-баачы буолан, «постменпауза» саҕаланар. Маныаха биири бэлиэтиир тоҕоостоох: сорох дьахталлар климакстыылларын олох да билбэккэ, ыйдааҕылара эрэ тохтуурунан сэрэйиэхтэрин сөп. Быһата, климакс хайдах ааһара дьахтар аайы – араас. Маныаха дьахтар ханнык гинекологическай ыарыылааҕа, уопсай доруобуйатын туруга, уйулҕатын туруга, үлэлиир усулуобуйата, олорор сирин климата кытта дьайар. Дьахтар быраастара эрдэ климакстаан эрэр, ол доруобуйатыгар суола-ииһэ суох хаалыа суох диэтэхтэринэ, тустаах чинчийиини оҥорон баран, гормуонунан терапия диэни ыытыахтарын сөп. О.э. анал гормональнай эмтэри – дьахтар синтетическэй гормуоннарын аныыллар. Итинник терапия климакстыыр кэм туругун чэпчэтэргэ эрэ туһаайыллыбат, «менпауза» кэмигэр бэргиир, үөскүүр ыарыылары тохтоторго туһуланар. Холобур, сүрэх-тымыр ыарыылара, остеопороз уо.д.а. ити кэмҥэ буулуур кутталлаахтар. Манна эмиэ биир «ноолоох»: дьахтарга эрэ барытыгар итинник оҥоһуу гормуону аныыр кыаллыбат. Дьахтар доруобуйатын туругун көрөн баран, биирдэ аныыллар. Кэккэ түгэннэргэ ол гормоннар абырыахтарынааҕар
алдьатар кутталлара баһыйар буолар. Онон «ээ маннык эми, ийэм испит», «Настаа манныгы иһэн абыраммыта» диэн, бэйэ эмтиэкэлэнэрэ букатын табыллыбат. Көрдөрүнэр бырааһыҥ сүбэтэ булгуччу наада. Гормуонунан эмтиир кэм кылгас уонна уһун болдьохтоох буолуон сөп. Кылгас кэмнээҕи климакстаан эрэр дьахтар нейровегетативнай, вазомоторнай уонна урологическай хабааннаах ыарыыларга «жалобалаах» түгэнигэр, сүрүннээн, аныыллар. Биир-икки сылтан ол уһаабат. Оттон остеопороз, сүрэх уонна ис уорганнар ыарыыларын сэрэтии быһыытынан гормуонунан эмтээһин уон да сылга тиийэ салҕаныан сөп. Сорох дьахталлар климакстарын олус ыарыылаахтык ылыналлар, доруобуйалара биллэ мөлтүүр туруктанар. Устунан ыарыһахтыйан барыахтарын эмиэ сөп. Бу кэмҥэ «Е» битэмииннээх натуральнай аһы аһыыр туһалаах. Эти-хааны эрчийэргэ, хаалыктаах хаамарга, сорохтор «Танец живота» дьарыктанарга сүбэлииллэр. «Ис үҥкүүтэ» климакстыыр кэм кэлэрин биллэ хойутатар, эдэрчи сааһы уһатар дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, илиҥҥи үҥкүү хамсаныыта эстроген – дьахтар половой гормуона итинник ааттанар – үөскүүрүгэр олус көмөлөөх үһү. Бэлэмнээтэ Тапталина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан