Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьаҕаһамсыйыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырдьаҕаһамсыйыы

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
07.04.2023 14:45
   Биир кэмҥэ, миигин «кыр­дьа­ҕаһымсыйаҕын» дии сылдьыбыттара. Ити, арааһа, 1997-с сыллар эргин буолуо. Нэһилиэкпит баһылыга би­һиэхэ Арыы Толооҥҥо кэлэн мунньахтаата. Кини нэһилиэк баһылыгын таһынан, сопхуос ыһыллыбытын кэннэ, КП-ны эмиэ салайара. Киһи бы­һыы­тынан да, салайар дьо­ҕу­рунан-сатабылынан да чугас эргин тэҥнээҕэ суох киһи этэ.        Ол курдук, үлэтинэн-хам­наһынан нэһилиэккэ, улууска инники күөҥҥэ сылдьара. Аны, үлэтин таһынан, уус-уран са­модеятельноһы тэрийэрэ, ырыаһыта! Сыанаттан түспэт талаан этэ. Биирдэ эмиэ, куолутунан, үлэни-хамнаһы кэпсэтэ олорон: «Миша, эн кыр­дьаҕаһымсыйаҕын,» – диэбитин ылыммакка, «эс» дии түстүм. Киһим онно эрэ кыһал­лыбакка, салгыы үлэ-хамнас туһунан кэпсээбитинэн барда. Ити итинэн ааста.    Икки-үс хонон баран Т. диэн эдэр дьахтар уулуссаҕа көрсөн баран эмиэ: «Миисэ, эн кырдьаҕаһымсыйаҕын...» – диэт, ааһа турда. «Миша» буолуом ини, кырдьаҕаһымсыйар буолуом ини... «Ити дьахтар тойонун үтүктэр» дии санаатым. Кырдьык да, хаһан да кырдьаҕаһымсыйан киэбирбиппин, даххаһыйбыппын, билээҕимсийбиппин, дьону үөрэтэ сатаабыппын, тайахтанан дуу, тиэрэ түһэн дуу сыппыппын өйдөөбөппүн. «Киһини өйдүүр буолуохпуттан үлэни эрэ өрө тутабын, мин курдук хас күн аайы, үрүҥ күнү өрө көрбөккө, хас эмэ тэрилтэҕэ үлэлээбит киһи ахсааннаах ини» диэн сананабын. Кырдьыга да, дьиэм тас үлэлэрэ, мууһум-маһым кэрдиитэ-тиэйиитэ, хотонум көрүүтэ, сүөһүм-аһым, сайын отум... Ону барытын бэйэм ыпсарарбын дьон-сэргэ да көрө сылдьар. Аны, күрэхтэһиини көтүппэппин... Мас тардыһан, хапсаҕайдаһан, бэл сааһыран баран, нэһилиэкпэр бастаан турардаахпын. Сааспынан да өттөйбүтүм суох. «Ол үрдүнэн тоҕо кырдьаҕаһымсытар баҕа­йыларай...» дии саныыбын.    Кэлин син өйдөөтүм. Сүүр­бэччэ сыллааҕыта, син дьон тэҥэ буоллаҕым буолан, «Нива» массыыналааҕым. Онтум төһө да эргэтин, нүөмэрэ-туормаһа суоҕун иһин, төһө батарынан оҕону толору симэн баран сайын үлэбитигэр айанныырбыт. Ол-бу наадаҕа Кириэс Халдьаайыга бардахпына, дьахтар бөҕө ыга симсэн барар-кэлэр. Кириэс-Халдьаайы – 1700 нэһилиэнньэлээх улахан сэлиэнньэ. Эбиэт кэннэ хонтуора иннигэр кырдьаҕас бөҕө мустар. Нэһилиэк, дойду сонунун истэ-билэ, кэпсэтэ. Биирдэ эмиэ хонтуораҕа диэн ааттаан Кириэстээтим. Хонтуораҕа чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, мин иннибинэ аҕай онно тойоммут массыыната тиийэн тохтоото. Тойон массыынаттан тахсарын кытта, кырдьаҕастар төгүрүйэн кэбистилэр. Мин ону аа-дьуо көрө-көрө, оргууй сыннаран тиийэн тохтоотум. Массыынаттан тахсыбыппар, кырдьаҕастар: «Оо, Арыы Толоон кырдьаҕаһа кэллэ», – диэт, миэхэ тоҕо анньан кэллилэр. Тойоммут соҕотоҕун туран хаалла. Итинник түбэлтэ иккитэ буолбута. Ону омнуолуу санаан буолуо, тойоммут миигин «кырдьаҕаһымсыйаҕын» диэбит эбит.    Халыматтан дойдубар 33 саастаах, оту-маһы тоһута тыыта сылдьар эдэр киһи кэлбитим. Ол кэмтэн ыла Кириэс Халдьаайы кырдьаҕастара бары тоҕо эрэ миигин наар «кырдьаҕас» дииллэрэ. Хаһан да «тоҕо инньэ диир баҕайыларай?» дии санаабат, кыһал­лы­бат этим. Оттон билигин, дьэ, туох да эбиитэ-сабыыта суох дьиҥнээх кы­рдьа­ҕаспын, оҕон­ньор­бун.    1990-с сылларга «сухуой сокуон» тохтоон, арыгы бөҕө тоҕо тардыллыбыта. Ол эрээри, биһиэхэ, Арыы Толооҥҥо, арыгы атыыламмат. Биирдэ эмэ Кириэс Халдьаайыга тиийдэхпитинэ, «арайаал» диэн мааны аһы атыылаһан кэлэбит. Үтүө арыгы этэ, биир бытыылкаттан түөрдү оҥорон таһаараҕын. Ол түмүгэр, үлэм-хамнаһым да үөтэлээбэт буолла. Олохтоох салалта ону өйдөөн, арыгытын эмтэтиэн баҕалаах дьону Бээрийэҕэ Гурий Турантаевка ыытар буолла. Нөҥүө күнүгэр 27 киһи оптуобуһу толору симиллэн, Бээрийэҕэ айаннаатыбыт. 1 – биэнсийэлээх, 2 – 50-чалаах, уоннааҕылар эдэр дьоммут. Оччолорго мин 40-чалаахпын.    Бээрийэҕэ тиийэн Гурийга бэйэтигэр, сорохтор эмээхсиҥҥэ хоннубут. Сарсыарда тураат, уочаратынан эмтэтэн бардыбыт.    Онно тиийэн билбиппит, биир киһибит арыгытын эмтэтэ буолбакка, тостубут ойоҕоһо сыыһа оспутун эмтэтэ кэлбит эбит. «Бу хаҥас ойоҕоспуттан биир утах тостубута хардары баран, сыыһа оспут. Утуйарбар эрэй бөҕөнү көрөбүн. Тиэрэ сатаан сыппаппын, биир эрэ ойоҕоспунан сытан утуйа сатыыбын. Онтум дэлби көһүйэн, сылайан турабын. Тутан көрүҥ эрэ», – диэбитигэр, өс киирбэх, бары кэриэтэ тутан көрөөччүлэр буоллубут. Кырдьык, тостубут ойоҕос хардары баран сыыһа оспута таһыттан да көстөн боччойо сылдьар. Ити курдук дэһэ турдахпытына, киһибит уочарата тиийэн кэллэ.    Киһибит киирээт да, тута төттөрү таҕыста.    – Доо, хайа, тоҕо эмтэппэккэ таҕыстыҥ?    – Эмтэттим ээ..    – Эс, хайдах итинник түр­гэн­ник эмтэнэр үһү дуо? Сымыйалаама.    – Итэҕэйбэт буоллаххытына, тутан көрүҥ ээ.    Дьэ, доҕоор, бары был­дьаһа-былдьаһа тутан көрбүп­пүт, били мааҕыҥҥы боччойо сылдьыбыта мэлис гынан хаалбыт. Дьэ, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. «Хайдах эмтээтэ?» – дэһистибит. Киһибит: «Кэлэн икки ытыһын холбуу тутан баран, түөспэр чугаһатан иһэн, ытыстарын икки аҥыы тарта, иһиттэхпинэ, ойоҕоспор туох эрэ «кирк» гынарга дылы гынна. «Чэ, бар, эмтээтим» диэбитин итэҕэйбэккэ ойоҕоспун харбанан көрбүтүм, оннугар түһэн хаалбыт. Ону кытта тута таһырдьа ойдум», – диэн кэпсээннээх буолла. Бары саллан саҥата суох бардыбыт.    Бары эмтэтэн бүттүлэр. Мин эрэ хааллым. Гурий дьиэтигэр киирбитим, аан хоско ким да суох, хос аанын көрөн толло-толло сэрэнэн сэгэтэн көрбүтүм, кырдьаҕас сылайбыт аххан көрүҥнээх эбит. Дьыбааҥҥа олорон эмээхсинин тобугар төбөтүн ууран сытыах курдук гынан иһэн, миигин көрөөт, ойон турда. Сүүрэн бэдьэйэн кэлэн, «киир, киир» дии-дии уҥа тоҕонохпуттан өйөөтө.    – Оҕонньо-ор, урут биһиэхэ кэлэ сылдьыбытыҥ дуо?    – Ээ, суох, сылдьа иликпин, – дии-диибин күлэбин.    – Оҕонньоор, тоҕо күлэҕин?    – Оҕонньор буолбатахпын ээ, ити мин иннибэр биэнсийэлээх дьон эмтэннилэр. Мин саҥардыы 40-мун эрэ туолбут киһибин.    – Эн биһикки кырдьаҕас дьоммут. Кинилэр диэн чолоҕордор буоллахтара...    Ити курдук кэпсэтэ туран өйдөөн көрбүтүм, оһох ойоҕоһугар били биһигини дьаһайан илдьэ сылдьар хотуммут, диспиэччэрбит олорор эбит. Кини: «Миисэ эдэр киһи ээ, кини биһикки бииргэ үөрэммиппит...» – диэн миэхэ албакааттаан эрдэҕинэ, Гурий кырдьаҕас: «Эн ол-бу диэбэккэ олор, биһиги бэйэбит билэбит!» – диэн кэбистэ. Дьахтарбыт соҕотохто таһырдьа элэс гынан хаалла.    Миигин кириэһилэҕэ илдьэн олорто. Арыгыбын эмтэтэ кэлбиппин эппиппэр, Гурийым соһуйан тиэрэ ханарыс гына түстэ.    – Арыгыбын эмтэтиэм диигин дуу? Эн эккэр-хааҥҥар арыгы ханан да сыстыбытын көрбөппүн.    – Элбэх оҕолоохпун, бу «арайаал» диэн арыгы кыайыыһы диэн, эмтэтэ кэллим, – диэн быһаардым.    – Арыгыны мээнэ испэт киһиэхэ көннөрү көмөлөһүөм, бэйэҥ да иһиэҥ суоҕа. Эмээхсиниҥ бэрт үчүгэй дьахтар эбит. Бу ыарахан, кыһалҕалаах кэмҥэ оҕолонор. Элбэх оҕону көрөр манан аҕай дьыала буолбатах, хата, кини бэркэ көрөр эбит...    Дьэ, ол курдук Гурийга баран эмтэммит биһиги нэһилиэк дьоно, билигин бары ыаллар ытыктабыллаах эһэлэрэ буолан олоробут. Ити иһин Гурий кырдьаҕаска улахан махтал!    Мин билигин эмээхсиммин кытта Бүлүү Кыһыл Сыырыгар кэлэн олоробут. Билигин мин мас кэрдибэппин, эрбээбэппин, саһааннаабаппын, кыстаабаппын, хайыппаппын, киллэрбэппин даҕаны. Оһох сабаары түүнү быһа, утуктуу-утуктуу оһох иннигэр олоруу эмиэ суох.    Үлэбиттэн кэллэхпинэ, дьиэ­бэр тэлэбиисэр көрөр эрэ эбээһинэстээхпин. Кыһыл Сыыр мин Арыы Толооммор тэҥнээтэххэ – бэйэтэ куорат. Манна оҕолор, дьахталлар миигин «дьээдьэ Миша» диэн ыҥыраллар. Эр дьон бары «дед» дииллэр.    Онон билигин да төһө да дьиҥнээх кырдьаҕас буолбутум иһин, кырдьаҕаһым­сы­йа­рым өссө да эрдэ. ¤э-һэ.   Охчут Талыман Мэхээлэ.
kyym.ru сайтан