Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыыбатааҕы көрсүһүү
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыыбатааҕы көрсүһүү
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
31.03.2023 14:33
Оччолорго улахан эдьиийим Балбаара Куокуй нэһилиэгиттэн түөрт көстөөх Таас Тумус диэн бөһүөлэккэ олорбута. Бу сир аатын да курдук, улуу Өлүөнэ өрүскэ тумуһахтаан киирбит таастаах тумус. Оччолорго манна балык собуотун, РПО ыскылааттарын үлэһиттэрэ олороллоро. Хайа тэллэҕиттэн ортотугар тиийэ кирилиэс курдук дьиэлэр кэккэлээбиттэр. Сайыҥҥы өттүгэр ол дьиэлэр тастара, түннүктэрэ олордуу сибэккинэн симэнэн, көрүөхтэн кэрэ эҥин араас өҥүнэн оонньууллар. Уулусса ахсын кэйиик козалар оҕолору эккирэтэллэр. Өрүс кытылыгар араас катердар, борохуоттар кырылаан көстөллөр. Тула сөтүөлүүр, оонньуур оҕо аймах саҥата сатарыыр. Мин онно тиийэ сылдьан кыргыттар уонна уолаттар бииргэ сөтүөлүүллэрин аан бастаан көрбүтүм. Биһиги дэриэбинэбитигэр кыыс уолу кытта сөтүөлээбэт этэ. Кыбыстан сөтүөлээмээри куота сылдьарбын, быраатым аах күүстэринэн тутан ылан ууга бырахпыттарын өйдүүбүн. Таас Тумустан балык собуота оройуон киинигэр Сангаарга көспүтүгэр дьиэни-уоту, үлэһиттэри барытын көһөртөөбүттэрэ. Ордон хаалбыт дьиэ-уот умайара умайан, Таас Тумуска биир эрэ ыал ордон хаалбыта. Мин эдьиийим аах сэттэ оҕолоохторо. Күтүөтүм Гриша катерга мотористыыра. Биирдэ кини “Ветерок” диэн мотуордаах оҥочотунан Луҥха өрүһү өрө өксөйөн Кыыба диэн быраҕыллыбыт эргэ дьиэлээх сиргэ кэллибит. Бу уруккуттан даҕаны иччилээҕинэн аатырбыт сир. Манна сылдьар дьон иччитэх турар балаҕаҥҥа хоммокко, таһырдьа балаакка тардынан хоноллоро. Оттон биһиги тиийэрбитигэр ардах ыаҕастаах уунан кута турар, сир-дойду барыта ууга барбыт буолан, киһи балаакка тардынар кыаҕа суоҕа. Инньэ гынан, хас да илими үтэн баран, били иччитэх дьиэҕэ хонорго быһаарынныбыт. Хаһан эрэ отчуттар сыта сылдьыбыт, сиэрдийэ адарайдаах, кыра оттоох орон үрдүгэр балааккабытын тардынныбыт. Күтүөтүм табаарыһыттан бэлэхтэппит, хараҕын саҥа көрбүт ыт оҕолоохпутун эргэ сону тэлгээн баран муннукка сытыардыбыт. Илиммититтэн туппут күстэхпитинэн, сордоҥмутунан мииннэнэн баран, атахтаһан утуйан хааллыбыт. Күһүөрү уонна былыттаах буолан түүн хараҥата сүрдээх. Бырдах да олус хойуу. Үчүгэй баҕайытык утуйа сытан, ытым оҕото ытаабытыттан уһуктан кэллим. Туран көрүөхпүн куттанным. Ол иһин дэлби тэбиэлээн күтүөппүн уһугуннардым. Күтүөтүм туран ыппыт оҕотун таһырдьа таһаарда. Арааһа, ыппыт тахсан киирээри ытаабыт быһыылаах, тахсаат ытыыра уурайан хаалла. Мин утуйан хааллым. Арай, биирдэ уһуктубутум, ытым оҕото эмиэ ытаан ахан эрэр эбит. Халлаан арыый сырдаабыт да буоллар, туруохпун эмиэ куттанным. Күтөппүн уһугуннараары атаҕым сылайыар диэри тэбиэлии сатаатым да, киһим уһуктубата. Ытым оҕото ытыыра өссө бэргээтэ, кэлин өссө ким эрэ хабарҕатын хайа тутарын курдук дьүһүлэнэн барда. Мин өтөх иччилэрэ моһуоктууллар дии санаатым уонна кинилэргэ саанан бардым. Таспар таһаарбакка эрэ испэр саныыбын “дьэ, өтөх иччилэрэ, сэлээркэ да, бэнсиин да элбэх, сарсын саба ыһан баран дьиэҕитин уоттаан кэбиһиэм”. Инньэ дии саныырбын кытары, арай, балааккам уот диэки эҥээрин ким эрэ арыйан сэгэттэ. Аһыллыбыт хайаҕаһынан кып-кыһыл төгүрүк, эбирдээх сирэйдээх, кылгас маҥан баттахтаах, маҥан ырбаахылаах оҕонньор киирэн кэллэ. Ытыһын, уокка иттээри гыммыт курдук, мин диэки сарбаппыт. — Тоҕойуом, ити кырдьык биһиги дьиэбитин уоттуох буолаҕын дуо? Куттуу сатаабатахтарына куттаабат эбиттэр. Мин туох да буолбатаҕын курдук холкутук кэпсэтэн бардым: — Кырдьаҕаас, суох, ити кыыһырбычча, ытым оҕотун аһыммычча алҕас тылластым. Биһиги туох да куһаҕан санаата суох, бултаан аһыахпыт диэн кэлбит дьоммут. Мин эһиги бэйэҕит оҕоҕут кэлэн сытабын. Кыра эрдэхпинэ мин дьонум манна олоро сылдьыбыттар үһү. Кырдьаҕаас, акаарытык тылласпыппын бырастыы гын. — Чэ, оччоҕо сөп, аны хаһан да итинник тылласпат буол, — диэт кырдьаҕас балааккабын сабан тахсан барда. Кини тахсаатын кытта ытым оҕото ытыыра уурайан хаалла. Итиччэ улахан оҕонньор балааккабар бырдах бөҕөтүн киллэрдэҕэ диэн аттыы сылдьан балааккабытын чинчийэр өйдөннүм. Ол сылдьан күтүөппүн уһугуннардым. Тугу көрбүппүн күтүөппэр кэпсии сатаатым да, адьас итэҕэйбэтэ. Уопсайынан, кэлин даҕаны ким да ону итэҕэйбэтэҕэ. Түмүктээн эттэххэ, сир-дойду иччилэрэ ким хайдах-туох сыаллаах сылдьарын өтө билэ-көрө сылдьаллар эбит. Онон, ханна да тиийбиккит иһин үтүө санаа аргыстаах сылдьар буолуҥ диэн сүбэлиибин.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан