Кэпсээ
Войти
Регистрация
Отутус сыллардааҕы андыһыттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Отутус сыллардааҕы андыһыттар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
31.03.2023 14:20
Биһиги аҕабыт Семен Петрович Колосов (1912-2008) оҕо сааһын туһунан (1921-1931) икки чаастаах ахтыы суруйан хаалларбыта. 1929-1931 сс. Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэммитэ, оччолорго биллэр-көстөр элбэх дьону көрбүтэ, ол кэмнээҕи (ардыгар кырыктаах) сабыытыйалар тыыннаах туоһулара буолбута. Ол курдук, 1930 сыл сааһыары чэкиистэр Боссоойко эрэйдээҕи дьиэ кэргэннэрин, доҕордорун-атастарын кытта эһэллэрин көрбүтэ. Оччотооҕу саха ыаллара хайдах олороллорун, оскуолаҕа оҕолору хайдах үөрэтэллэрин бу көстөн турар курдук ойуулаабыта. Ахтыытын иккис чааһыгар 1931 сыл сааһыгар Табаҕа эбэ күөлүгэр оччотооҕу дьон анды булдун хайдах тэрийэн ыыталларын, туох бэрээдэги тутуһалларын киллэрбитэ. Бүгүн онтон кылгастык быһа тардан ааҕааччыларга билиһиннэриэхпин баҕарабын. Ылдьаа Куолаһап, Майа, Мэҥэ Хаҥалас. Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар андылааһын бэрээдэгэ хайдах этэй? <...> ШКМы (Школа крестьянской молодежи) үчүгэйдик бүтэрдим. Бүтэйдээхпэр тохтоон, сынньана түһэн дьиэлээтим. Анды киирэ илик. Онон Табаҕаҕа Халыгырас аймахтарга андыга биир эмэ хонон ааһыам. Табаҕа эбэ халдьаайытынан баран иһэн бэйэм нэһилиэгим – урукку Суола Мөҥүрүөнүн киһитэ – Борокуоппай Илбиккэйи көрүстүм. – Эбэ мууһа сулан бүттэ. Ортотугар баарын тыал, долгун үлтү сынньан аны түүн бүтэриэҕэ. Сарсын андыга сытааччылар бары дурдаларбытын болуокка оҥорон, иһирдьэ анньан киллэрэн, мончуук анньыытын бүтэрэр үһүбүт. Киэһэ өттүгэр оо-ол турар Ытык Тумуһах Бэһин анныгар, халдьаайы сыыр үрдүгэр, бастакы улахан малааһын буолар үһү. Ону Суосун Уйбаан Дьөгүөрэбис-Токоо Суосун диэн, бастыҥ дурдалааҕынан биллэр, ааттаах-суоллаах киһи тэрийэр үһү, – Борокуоппай сэһэргээтэ. – Токоо Суосуну истэр этиҥ дуо? – Ээ, истэн бөҕө, – диэтим. – Биһиэхэ тахсыах! Сааҥ үчүгэйэ бэрт эбит! Биһиги да хоноһону биир-икки күн хоннорор дьоммут! – диэн андыга ыҥырда. Сарсыҥҥы күн. Эбэ мууһа бүппүт. Күөл арҕаа өттүттэн илин Хоруу Төрдүгэр диэри адаарыҥнас, сүүһүнэн киһи, көлө. Бары сыарҕаҕа тыы, хоруол, утуйар таҥас, араас таһаҕас тиэйбиттэр. Мин киһим доҕотторо үс-түөрт киһи эмиэ икки тыылаахтар, аттаах оҕустаахтар. Өссө тыаттан бэрт элбэх, сыалай дурда буолар көҕөрбүт титирик киллэрдилэр. Болуот үрдүгэр дурда оҥороллоругар көмөлөстүм. Күн ортото ааста. Дьон дурдаларын күрдьүк курдук анньан, долгун үрдүнэн иһирдьэ киллэртээтилэр. Хоруол атаҕын анньан туруортаатылар. Мин дьонум отучча хоруолу астылар. Ааһа элбэх хоруолу Токоо уонна Кэттэччи биирдии бэйэлэригэр сүүс биэс уончалыы устууканы астылар. Барыта сүүрбэччэ дурда киирдэ. Онон эбэ кытыыта өртөммүт дулҕа курдук. * * * Түөртүүр ынах ыамын саҕана бүтэн, халдьаайыга – Ытык Тумуһахха тиийдибит. Эргиччи нэһилиэктэртэн дьон бөҕө кэлбит. Холуочуктар да бааллар. Чааһынай дьон сүөһү өлөртөөн, атыы-тутуу элбээбит. Кэнники соҕус Токоо Суосун быраата Тиит Суосуннуун кэллилэр. Тойонуттан кулутугар тиийэ үллэҥнэс киһи. Кутаа бөҕө оттуллан, эт буһарыыта-үөлүүтэ буолла. Аал уотун киһи барыта аһатар. Арыылаах лэппиэскэни, алаадьыны, сыалаах эти, үрүҥ сүүмэх сиэли бэрсэллэр. Сорохтор өссө арыгы куталлар. Улахан Бэс төрдүн чугаһыгар кураанах маһы туоһунан саһаҕалаан, Токоо уонна Тиит Суосуннар кутаа уот отуннулар. Ол кутаа чугаһыгар икки киһи обургу остуолу тарта. Онно оргуйа сылдьар олус улахан алтан сылабаары икки киһи аҕалан остуолга уурда. Дьону барытын бэс хаҥас өттүгэр олордуталаатылар. I Моорук сэбиэтин аатыттан булчуттар мунньахтарын аһан баран, тылы Иван Егорович Сосиҥҥа биэрдилэр. Ол кэмҥэ биир кырдьаҕас оҕонньор дьон уһугуттан кэлэн, түү өттүн таһыгар гына тигиллибит хара торбос тириитэ суумканы остуолга ууран, быа тимэҕин сүөрэн, иһиттэн хасыһан, арыылаах тоһутуу лэппиэскэни, обургу соҕус маҥан сылгы сиэлин сүүмэҕин ылан, Токоо иннигэр остуолга уурда уонна эмиэ суумка иһиттэн улахан дьэҥкир, оҕус муоһунан оҥоһуллубут буорахтаах нотуруусканы кытта түнэнэн удьурҕай ааннаах былыргы сааһыт доруобунньук кутар илбээнин суумка аттыгар уурда. – Былыр-былыргыттан саха киһитэ барахсан эриирдээх-кыһалҕалаах биһиги дойдубутугар кыстаан тахсан, кустаах-хаастаах сааскы идэһэҕэ тиийэн үөрэрэ-көтөрө. Туохха да атастаһыллыбат көтөр хоргуннаах, минньигэс миинигэр тиийэрэ. Аһаан абыранара, ыалларга бэрсэн абырыыра. Бүгүн ыам ыйын 25 күнэ. Саамай эмис, бөдөҥ, бастыҥ «суор анды» кэллэҕэ. Эбэҕэ бүгүн үөр анды көстүбүт. Төрүттэрбит иллээх саха оҕонньотторун үгэһинэн, эбэбит иччитин аал уотунан арчылаан аһатан көрүөҕүҥ! – диэн баран, Уйбаан Дьөгүөрэбис, били, оҕонньор уурбут тэҥ гына халыҥнык арыынан сыбаммыт тоһутуу лэппиэскэни кутааҕа илдьэн кэбистэ уонна сиэли биэрэн сирдьигинэттэ. – Эбэ холумтана атылланна! Быйыл хайдах бэрээдэгинэн бултуубутуй? Быһаччы эттэххэ, күөрэтэбит дуо? Санааҕытын этиҥ! Хас да киһи эҥин араастаан эттилэр. Куоластааһыҥҥа бултуур эрэ дьону кытыннардылар. Куолас ааҕааччыларынан түөрт киһини анаатылар. – «Күөрэтиини боборго» диэччилэр! – Иван Сосин куоластааһыны саҕалаата. Бэрт элбэх киһи илиитэ үөһэ диэки адаарыс гынна – 70 киһи. – Оттон «күөрэтиини боппокко» диэччилэр! Боппокко диэччилэр – 68 киһи. Икки куолаһынан «күөрэтиини боборго» диэччилэр кыайдылар. – Оттон уурааҕы кэһэн, дурдалаах киһи күөрэтэн кэбистэҕинэ, туох миэрэни туттабытый? – Уйбаан Дьөгүөрэбис аны миэрэ туһунан ыйытта. Онуоха ким эрэ «урукку дьыллар курдук хамыыһыйа кытыыга таһаардын!» диэтэ. Итини сөбүлээччи киһи барыта буолла. Бэрээдэги көрөөччү тоҕус киһилээх хамыыһыйаны быыбардаатылар. Мунньах бүттэ. Аһааһын. Мин дьонум кыттыһан, эт атыылаһан буһарбыттарын сиэтибит. Арыгы атыылаһан истилэр. * * * Киэһэ буолла. Дурдаҕа киирэн сыттыбыт. Түүн анды киирбэтэ. Биир атыыр анды түспүтүн Илбиккэй Чөкөттө диэн киһи саллааскай доруобунан өлөрдө. Сарсыада күн тахсыыта 70-ча үөрдээх суор анды киирэн, өр эргийэн баран, биир аҕыйах хоруоллаах дурдаҕа баран кутуллубуттарын 4-5-һи ыллылар. Ол да буоллар андылара барбакка, ыһыллан хааллылар. Дурда маппакка ытта. Биһиги Илбиккэйдиин олордубут. Икки киһибит баара утуйа сыталлар. Биһиэхэ 4 анды түспүтүн холботон баран киһибиниин ыттыбыт. Киһим саата, били, уулаах олорон хайгыыр Чөкөттө киэнэ – эстибэтэ. Үс андыны хаптаттым. Биир көтөөрү лаһыйан эрдэҕинэ, хаҥас уоспунан хаптаттым. Киһим «баар!» диэн саҥа аллайаат, тыы үрдүгэр түһэн, хомуйан таҕыста. Үөрдүбүт аҕай! Күн ойдо. 10-ча анды кэлэн дурдалары кэрий да, кэрий буолла. Ол сылдьан Хоруу Төрдүгэр тиийбиттэрин олорор киһи күөрэтэн саайда – олох сыыста! Онтон ыппыт киһи ойон туран тыытыгар киирдэ да, кытыыга тахсан, тыытын балачча ыраах соһон, отуутугар илдьэн буорун-сыыһын сотто, тэбээтэ уонна иҥнэри ууран баран, хоту диэки хааман суксуйа турда. Мин дьонум: «Ити Мандаас диэн нассэбиэт чилиэнэ алҕаһы оҥорон, буруйданан бардаҕа. Биир да түспэтэҕиттэн абардаҕа», – дэстилэр. Ити кэннэ көрөн олордохпутуна 9 тыылаах киһи Мандаас дурдатыгар тиийэ охсон, хоруоллары, атахтары суйдаан, тыыларыгар симэн таһааран, аал дурда иһигэр тамнааттаан, аалы сүөрэн, кытыыга үтэн таһааран, баҕана маска баайан кэбистилэр. Бүттэҕэ ити. Анды өссө кэлбэтэ. Мин дьиэбин дэлби аҕынным. Илбиккэй утуйа сытарын уһугуннардым. Киһим «анды дьэ кэлиэ, 3-4 хонукка тохтоо» дии сатаата. Буолумматым. Онтон атыырдаах тыһы андыны миэхэ биэрэн, өлүүлээн ыытта. Дьиэбэр киэһэ кэллим. Ийэм барахсан үөрүү бөҕө. Манан оҕо эрдэҕинээҕи кэпсээним иккис чааһа бүттэ. Семен Перович Колосов. 28.03.1988 сыл.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан