Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэрэ киһи уола
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэрэ киһи уола
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.03.2023 12:16
Былыр Ньурба оройуонугар 2-с Дьаархан нэһилиэгэр 1875 сыллаахха төрөөбүт Андреев Софрон, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата Кэрэ Киһи Уола диэн, бэрт улахан күүстээх, бухатыыр киһи олорон ааспыта. Бэйэтин бириэмэтигэр буолуохтааҕар, билиҥҥи кэмҥэ диэри, кини күүһүн туһунан үгүстүк кэпсииллэр. Ол кэпсээннэр сорохторо үлүннэриилээхтэрэ өтө көстөрүн үрдүнэн, тыала суохха мас хамсаабат дииллэринии, хайаан даҕаны бөдөҥ күүстээх киһи буолара саарбаҕа суох. Ол да иһин норуот номоҕор, кини кэрэ кэпсээнигэр Кэрэ Киһи Уола киирбитэ биллэр. Софрон уол оҕо эрдэҕиттэн кыанар уонна олус күүстээҕэ үһү. Тэҥ саастаах уолаттара иккилии-үстүү буола-буола куолаан охтороору үрдүгэр түһэллэрэ үһү да, барыларын үрүт-үрдүлэригэр суулаталаан кэбиһэр эбит. Ньурба уонна Марха улуустарыгар күүһүнэн эмиэ бэркэ аатырбыт, тустан кими да тулуппатах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар Буойун Уола Уйбаанча диэн киһи Софрону куруук тустуохха, маста тардыһыахха диэн хаадьылыы, тыыта сылдьыбыт. Ол курдук куруук: – Эйигин уолаттар наһаа күүстээх дииллэр, кэл эрэ, тардыалаһыах эрэ! – диэн, көрүстэр эрэ тыллананар, тыытар буолбут. Онуоха Софрон: “Ээ, суох, доҕор, эйигин кытта тардыалаһар, туппалаһар кыаҕа, күүһэ суох киһибин”, – диэн буолуммата үһү. Биирдэ сайын, окко киириэх аҕай иннинэ, Софрон дьиэтин таһыгар дүлүҥ маска сыарҕа атаҕа суора олорбут. Ол олордоҕуна Буойун Уола Уйбаанча тиийэн кэлбит уонна: “Хайа, доҕор, Софрон, күүстээх киһи сыарҕаҥ да атахтара модьу ахан буолаллар эбит дии,” – диэбит. Софрон саҥата суох ойон турбут да, Уйбаанчаны икки көбдөҕүттэн ылбыт уонна өрө көтөҕөн илдьэн дьиэ күүлэтигэр ыбылы анньан турбут. Ыһыы-хаһыы буолбутугар ийэтэ ойон тахсан, били суорулла сытар сыарҕа атаҕа маһынан уолун харытын кырбаан, нэһиилэ араартарбыт. Итиннэ Буойун Уола, ойоҕоһо тостубута дуу, балайда уһуннук ыалдьан, эрэйдэнэн баран үтүөрбүтэ үһү. Манна Софрон сүүрбэтиттэн эрэ тахсан эрэрэ эбитэ үһү. 1922 сыллаахха саас Күүстээх Софрон аймаҕа Никифоров Степанныын Ньурба Бэстээҕэр бурдук тиэйэ сылдьыбыттар. Ґс хааһах бурдугу, барыта 400 кг-тан тахса буолуон сөп, өрүс сыырыгар ат кыайан таһаарбатах. Софрон аты булгутан баран, сыарҕаны олгуобуйатыттан ылан, сыыр үрдүгэр соҕотоҕун таһаарбыт уонна киһитигэр: “Аанньа көмөлөспөтүҥ ээ, быһыыта, тоҕо эрэ ыарахан”, – диэбит. Кэрэ Киһи Уола эдэр сааһыгар баайдарга сир солоон, мас кэрдэн, от оттоон айаҕын ииттиммит. Кини сир солууругар, сөрүүҥҥэ үлэлиибин диэн ааттаан, түүнүн үлэлиирэ үһү. Ону биирдэ дьон муодарҕаан, саһан кэлэн көрбүттэрэ, киһилэрэ суон тиит силиһин быһыта кэрдэн баран, сиэрдийэ курдук маһынан умнаһыттан тирээн туран анньан, иэҕэҥнэтэн охторор уонна тиит охтубутун кэннэ алын мутугун диэкинэн быһа кэрдэр эбит. Төрдүн буоллаҕына сороҕор илиитинэн, сороҕор быалаан баран ньылбы соһон таһаартыыр идэлээх киһи буолбут. Бастакы артыаллар, холкуостар тэриллиилэрин саҕана Кэрэ Киһи Уолун күүһүн-уоҕун үгэнэ этэ. Биирдэ сельпо үлэһиттэрэ, киксэн баран, Софрон күүһүн боруобалыырга быһаарыммыттар. Умайбыт тимир хаасса дьааһыгар кууллаах доруобунньугу толору симэн баран, сельпо бэрэссэдээтэлэ Шологонскай, буҕаалтыр Сухаринов уонна суоччут Кузьмин буолан, дьааһыгы ыскылаакка таһаарарыгар соруйбуттар. Бэйэлэрэ тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук үлэлии, кэпсэтэ-ипсэтэ олорбуттар. Оҕонньордоро сотору саҥата суох киирэн тимир дьааһыгы иҥнэри тардыбыт, онуоха муоста кычыгырыы түспүт. Онтон дьааһык алын сиксигиттэн ыбылы харбаан, көтөҕөн иһэн тоҕо эрэ, соһуйдаҕа буолуо, “һук” диэбит уонна көтөҕөн мадьалытан тахса барбыт. Көр, онно муоста сис маһа кэдэҥэлии түспүтэ үһү. Ити ыйааһын туонна аҥаарын курдуга үһү. Күүстээх Софрон-Кэрэ Киһи Уола – күүһүн биирдэ бэйэтэ көлүнэр оҕуһун кытта, “бу, абааһы, быһыыта, балайда тардыылаах ээ”, – дии санаан, боруобаласпытын туһунан букатын кырдьан олорон биир табаарыһа көрдөспүтүгэр кэпсээбит. Тыаҕа мас тиэйэ тахсыбыт. Онуоха сыарҕатыгар биир түүтэх оту ууруммут. Мас тиэйэр сиригэр кэлэн, ураҕаһын быатын сүөртэлээн баран, онтун суон олгуобуйа курдук маска баайталаабыт уонна ол ыксаларынан үс өрүүлээх хатыс өтүүтүн икки төбөтүн баайталаабыт. Оҕуһа турар сириттэн чугас отун бырахпыт. Оҕуһун дөрөтүн бурҕалдьыга баайбыт. Бэйэтэ биир тэбинэн турарга сөптөөх чөҥөчөгү булан тэбинэн турбут уонна оҕуһун үүрбүт. Оҕус оту сиэри уонна иччитэ үүрэриттэн кымньыырҕанан кутуругун кыйбыырдана-кыйбыырдана, сиһэ токуруйуор диэри хаста да төхтүрүйэн дьүккүйбүт. Бурҕалдьы быата быһа ыстаммыт. Бу тухары Софрон торбос үтүлүктээх илиитигэр эрийэн баран, тутан турбут хатыс өтүүтүн ыһыктыбатах. “Көр, онно оҕуһум туура тардан ылбатаҕа, бурҕалдьы быата быстыбыта, баҕар, ол көмөлөспүтэ буолуо”, – диэн күлэ-күлэ кэпсээбит. Биллэн турар, былыргы киһи сытыйбыт быанан бурҕалдьытын быалаабатаҕа буолуо. Бу түгэни сорохтор бурҕалдьы алдьаммыта үһү диэн кэпсииллэрэ. Биирдэ саас Марха үрэххэ улахан уу кэлэн турдаҕына Софрон бэрэбиэсчиттэн үрэҕи туораары оҥочо көрдөөбүт. Онуоха бэрэбиэсчит:”Уу өссө эбиллэ турар, доҕор, оҥочону лаппа үөһэ тардан кэбиһээр эрэ”, – диэн бэркэ сэрэппит уонна сэттэ киһи олорор улахан оҥочотун, саарбахтыыр соҕус быһыынан, уларсыбыт. Сарсыҥҥытыгар үрэххэ киирбитэ, оҥочото суох үһү. “Хайдах баҕайыный, бүгүн төттөрү эргийэн тахсабын диэбитэ ээ, кэлбэккэ уҥуор хонон хаалбыт буоллаҕа дуу?” – диэн, бэркэ мунааран, хас да киһи хаайтаран турбут. Онтон өйдөөн көрбүттэрэ, оҥочолоро Марха сыырын үөһэ тахсан олорор үһү. Соһуйуу, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттар. Көр, онно биэс эр бэрдэ сыыры таҥнары соһон, үтэн-анньан нэһиилэ ууну булларбыттар. Бэрэбиэсчит: “Абааһы киһитин, бухатыыр киһини наһаа сэрэтэн кэбиһэммин, бу эрэйдээтэҕин”, – диэн мөҕүттүбүтэ үһү. Ити саас үрэх уута олус кэлэн, букатын өрүс курдук буолбут. Уу барыны-бары аҕалтаабыт. Биир сөҕүмэр суон уһун бэрэбинэ үрэҕи туоруур биэрэк аттыгар тибии, арҕас кумахха кэлэн сыҕарыллан хас да хонук устата сыппыт. Арай биирдэ көрбүттэрэ, ол бэрэбинэлэрэ букатын үөһэ тахсан сыыр анныгар сыгынахха биллэҕэ түһэн сытар үһү. Сири батарыта үктээбититтэн көрдөххө, балайда ыарырҕаппыт чинчилээх үһү. Бу эмиэ Софрон үлэтэ буолуон сөп диэн сабаҕалаабыттар уонна ким кэлэн бу бэйэлээх бэрэбинэни ити курдук таһаарыай? Суолуттан көрдөххө, биир киһи суола. Оҕонньор кырдьыбытын кэннэ, 1945 сыллаахха, А.Аммосов Ньурба ыһыаҕар кинини кытта кэпсэтэ сылдьыбыт. “Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ туһунан дьон кэпсииллэрэ төһө кырдьыктааҕый? Аны кэлэн тугу кистиэҥий? Бар дьоҥҥор туохта эмэтэ, төһө да кырыйдаргын, көрдөрбөккүн ээ”, – диэн көрдөспүт. Онуоха оҕонньор: “Мин диэн былыргы түҥкэтэх үйэ киһитэ буоллаҕым. Күүһү-күдэҕи биллэрэ сатаабат этибит. Мин туспунан сорох кэпсээн син оруннаах. Сорохтор арыый омуннаан кэпсииллэр эбит. Кырдьык, эдэрбэр кыанар киһи быһыылааҕым. Кырдьан баран кылыыһыт булбукка дылы, былыр эдэрбэр оонньооботох буолан баран, тугум дьаабытай”, – диэн, Аммосов көрдөһүүтүн ылымматах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан