Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыргыс үөрэҕэр уһуйуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыргыс үөрэҕэр уһуйуу
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.03.2023 11:58
Боотур үөрэҕэр уһуйууну сүнньүнэн хас да түһүмэххэ араарыахха сөп: Саҥа төрөөбүт оҕону хайдах-туох киһи буолан тахсарын чинчилэээһин; 3-4 саастанан уллуҥаҕа хараарарын кытта уһуйуу саҕаланыыта; эрчийэн бүтүү; үөрэҕи бүтэрэн боотур буолуу уонна саҥа ааты иҥэрии. Үгэс курдук, боотур үөрэҕин ааспыт киһи иккитылтан турар ааттанар. Ол курдук, кини аатыгар «дархан», «бөҕө», «боотур» диэн курдук сыһыарыылар эбиллэн биэрэллэр. Сэрии үөрэҕэр оҕону анал үөрэхтээх кырдьаҕас сэрииһиттэр үөрэтэллэр. Сылыктаатахха, бу дьыаланан анаан дьырактанар дьон баар буолуохтарын сөп. Оҕону бастаан, сылбырҕа-хапсаҕай буоларга, аһарарга үөрэтэллэр. Сыгынньахтаан баран умайа сылдьар чоҕунан тамныыллар, кэлин арыый улааппытын кэннэ аһаҕас сиргэ туруоран мултугур төбөлөөх оноҕоһунан ытыалыыллар, кэлин дьиҥнээх оноҕоско көһөллөр. Оҕо эрдэҕиттэн итинник эрчиллибит киһи кэлин туох да оҕор таптарбат сылбырҕа киһи буолан тахсар. Номохторго көннөрү аһаран биэрэрдээҕэр көтөн кэлбит оноҕоһу тарбах ыырааҕар кыбытан хабан ылыы улаханнык биһирэнэрэ көстөр. Оҕо улаатан истэҕин аайы үөрэтии ордук тыҥаан, тыйыһыран иһэр. Үөрэтии тиһигэр оҕунан ытыы, сэрии сэбинэн туттуу, миҥэ аты үрдүнэн-аннынан сылдьан киирсии киирэллэр. Сорох номохторго «быа быһый» диэн бэрт хаҕыс быраабылалаах «оонньуу» баара кэпсэнэр. Утарыта көрсөн турар икки улахан маска кыргыс үөрэҕэр уһуйулла сылдьар икки уолу тирии быанан ыбылы кэлгийэллэр. Хамаанда бэриллэрин кытта бу уолаттар быаларыттан босхолонуохтаахтар. Ким инникилээбит киһи быатыттан өссө да босхолоно илик утарсааччытын өлөрүөхтээх эбэтэр бааһырдыахтаах. Халбас харата диэн оонньуу баара эмиэ биллэр. Икки боотур баҕаналарга тиирэ тардыллыбыт быаҕа иҥнэн олорон маһынан (эбэтэр батаһынан) бэйэ-бэйэлэрин суулларсыахтаахтар. Кыргыс үөрэҕэр уһуйуллааччы сааһын сиппитин, сэрии албаһын толору баһылаабытын кэннэ үөрэх түмүктэнэр. 18 сааһын туолбут уол үөрэҕи төһө бэркэ баһылаабытын көрдөрүөхтээх. Бастаан бэрт ыраах сиргэ туруоруллубут сылгы бэрбээкэйин оҕунан үлтү ытыахтаах. Онтон билбэккэ-күүппэккэ сылдьар кэмигэр соһуччу сыгынньах батыйалаах киһи саба түһэн ханна түбэһэринэн дайбаан өлөрө сатыахтаах. Кыргыс үөрэҕин үчүгэйдик ааспыт киһи таҥаһыттан туга да хаалбакка, ойуун бытырыыһын курдук быһыта сынньыллыбытын да иһин, этигэр биир да сиринэн баас ылыа суохтаах. Барытын аһаран биэриэхтээх. Өскөтүн биир эмэ сиринэн бааһырда да үөрэх өссө да ситэ түмүктэнэ илигинэн ааҕыллар. Бу түһүмэҕи төлө түспүт киһиэхэ, дьиэ иһигэр турдаҕына, оһох үөлэһинэн эти быраҕаллар. Ону кини быыс булан быһаҕынан батары анньан ылыахтаах. Ол кэнниттэн саҥа буһан-хатан тахсыбыт хоһууҥҥа сирэйин туора сиик ойуу (татуировка) түһэрэллэр. Уһуйуу бүтүүтүгэр чинчиһиттэр иккистээн көрөн-истэн баран, кыаҕын-таһымын, быһыытын-туттуутун барытын дьүөрэлээн эдэр уолга саҥа ааты иҥэрэллэр. Үөрэх тиһэх кэрдииһинэн, эдэр киһини боотурдар кэккэлэригэр киллэрии, илбис иҥэриитин сиэрэ-туома ыытыллар. Ону элбэх кырдьаҕас боотур, хоһуун, үтүө дьон мустан турдахтарына ойуун тэрийэн ыытар. Эдэр боотуру кэлгийэн туран ойуун илбиһи иҥэрии туомун толорор. Сиэрэ сиппитин, туома туолбутун кэннэ илбис кыыһа киирэн тугу гынарын билбэт буола ииримтийэ-чиччигинии турар киһи быатын төлө тардаллар... Илбиһирбит киһи чугас бэлэмнии ууруллубут батаһын харбаан ылан чугас эмиэ ити сыалга анаан кэлгиллэн турар киһи (кыргыһыы кэмигэр билиэн тутуллубут эбэтэр туох да улахан аһыыта-туһата суох кыра-хара киһини) үрдүгэр түһэн тырыта-хайыта сынньан кэбиһиэхтээх. Быа төлө тардылларын кытта онно баар дьон бары муҥ кыраайдарынан куотар аакка барыахтаахтар. Илбис кыыһа киирэн өйө көппүт, өлөрөр-өһөрөр эрэ санаалаах киһи кими баҕарар былдьыан сөп. Киһини өлөрөн-өһөрөн уоҕа хараабыт боотуру ойуунунан уоскутан баран, саҥа сэрии сэбин, куйаҕы туттараллар. Ф.Ф. Васильев «Военное дело якутов» кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан