Кэпсээ
Войти Регистрация

Таҥара накааһа эбэтэр?

Главная / Кэпсээн арааһа / Таҥара накааһа эбэтэр?

K
05.11.2020 14:05
Оҕо саас Франция аатырбыт ырыаһыта Эдит Пиаф ырыаларын биһиги иннинээҕи көлүөнэ олус сөбүлээн истэрэ. Кумир да оҥостооччу ханна барыай. Билигин да кэмиттэн кэмигэр кини, дьиҥнээх аата – Эдит Джованна Гассион, ырыаларын дьон сакаастаан истэр. Ааспыт үйэ биир бэлиэ ырыаһыта буолан, көмүс буукубаларынан аата суруллан эрдэҕэ. Эдит, төһө да биллэр-көстөр киһи буоллар, олоҕун суола, тута эттэххэ, киһи улаханнык ымсыырбат, ыарахан олоҕо этэ диир сөптөөх. Күн сирин көрбүт түгэнэ кытта ураты этэ. Кинини ийэтэ, көс циркэ артыыһа, 1915 сыллаахха ахсынньы тымныы сарсыардатыгар, балыыһаҕа кыайан тиийиминэ, уулуссаҕа төрөппүтэ. Кэлин бэйэтэ да баара эрэ 147 см дьахтар этэ. Оччолорго төрөлкөй оҕо буолбатаҕын сэрэйиэххэ сөп. Кини төрөөбүтүн утаа аҕата Луи Гассион фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Ийэтэ кырачааны көрөн олорор санаата суоҕа. Иһэр-аһыыр адьынаттаах төрөппүттэригэр бырахпыта биллэр. Арыгы утахтаммыт дьон кыыс эрэйдээҕи сүгүн-саҕын көрбөттөрө, быт-былахы быыһыгар олордон, эбиитин арыгынан хадаҕалыыллара ахтыллар. Онон кинилэр олоххо бэлэмнээх, туох да уустуктан иҥнибэт гына такайабыт диэн саныыллара. Кыыс дьолугар, аҕата кыл түгэнэ фронтан кэлэ сылдьан, кыыһа ыарахан олоххо олорорун билэн, бэйэтин ийэтигэр хаалларар. Онтубут да киниэнэ буолан баран, бордель хаһаайката эбит. Чэ, ол дьиэ олохтоохторо туох диэн кыыска өһүрүөхтэрэй, хайа сатанарынан түөрт саастаах кыысчааны сууйан-тараан, таҥыннаран бэркэ диэн илдьэ сылдьыбыттар. Балачча буолан баран өйдөөбүттэрэ — кыыстара көрбөт эбит! Сырдык уоту да кыайан борутан көрбөт барахсаны сүрдээҕин аһынан, дьахталлар анаан-минээн таҥараҕа үҥэ-сүктэ барбыттар. Сымыйанан эппит курдук, ый буолан баран, таҥара көмөтүнэн дуу, баҕар, дьылҕата таайан дуу, кыыстара кырдьык-хордьук көрөр буолан соһуппут! Дьолломмут эбэ сиэнин оскуолаҕа биэрэр. Үөрүү өр салҕаммат. Бордельга олорор оҕо диэн, оскуолаттан устан кэбиһэллэр. Аҕата ыларыгар модьуйаллар. Дьэ, ити кэмтэн кыыс ускул-тэскил олоҕо саҕаланар. Аҕатын кытта уулуссаҕа күнүн-дьылын барыыр. Таҥара биэрбит куолаһынан ыллаан айаҕын булунар. 15 сааһыттан туспа баран, кииринньэҥ эдьиийэ Симонаны кытта көстүүнэйгэ хос уларсан олороллор. Харчы киллэринэр баар-суох баайдара – Эдит алыптаах куолаһа. Син харчы киирэр быһыылаах, илдьирийбит, киртийбит таҥастарын уларытталлар-хайыыллар. Барахсаттар таҥас сууллуохтааҕын туһунан оҕустаран да көрбөттөрүн хойут Симона бэйэтэ кэпсиир эбит: «Былахы кытта баара, дьэ, оннук олорбуппут. Киһилии дьон чугаһаабаттара». Оннук мээнэ сылдьан 17-лээҕэр Эдит кыыстанар. Онто нэһиилэ 2 сааһыгар тиийээт, төннөр. Онтун да көмөр үбэ суох буолан, аан бастаан умналаһа тахсар. Бу күн киниэхэ биир мааны таҥастаах киһи кэлэн, тоҕо манныкка тиийбитин ыйыталаһар, элбэх харчыны биэрэн дьоллуур. Аатырар аартыкка Эдит ити кэнниттэн уулуссаҕа ыллаан-туойан тыыннаах буолар туһугар охсуһар. Сарсыҥҥы күнэ хайдах буоларын билбэт, күннээҕинэн олорор. Табыллыах быатыгар, түүҥҥү кулууптаах Луи Лепле диэн биир киһи түбэһэн, үлэҕэ ылар. Дьэ, бу кини Эдиккэ Пиаф (барабыай) диэн псевдонимы биэрэр. Эдит, дьиктиргиэн, үөрүөн иһин, кини үтүөм төлөбүрэ диэн, атын эр
дьон курдук туһана сатаабат. Ол кистэлэҥэ сотору арыллар – дьахтары ончу сэҥээрбэт киһи эбит. Онон, хата, хардатын тугу да эрэйбэккэ, аҕалыы кыһамньылаах сыһыанын олохтуур. Ол үтүөтэ киниэхэ үгүөрү дохуот буолан эргиллэр: Эдит ырыатын истээри, түүҥҥү кулуупка сылдьааччы элбиир. Кыыс аатыран барар. Дьэ, олоҕо табыллыах курдук буолан истэҕинэ, Леплени ытан өлөрөллөр. Эбиитин Эдити уорбалыыллар. Онтон сылтаан ким да кинини ыллаппат, ыҥырбат буолар. Оттон-мастан тардыһан диэбиккэ дылы, биир киһи кыыс талаанын таба көрөн, бэйэтигэр ылар. Дьэ, бу киһи кинини, кырдьык, биллиилээх оҥорор. Ааҕар-суруйар кыахтанар. Эдит урукку устугас олоҕо таайан буоллаҕа, итиччэ табыллан баран, түбэһиэх дьону кытта мээнэ сылдьыһар буолан барар. Онтун кини араастаан уҕарытан: «Эр киһи ырбаахыта ыйанан турбат, ханна эрэ эр киһи наскыта ыһылла сыппат буоллаҕына, мин өлбүтүнэн барабын», — диирэ кэпсэнэр. Ол тухары кими да дьиҥнээхтик таптаабыта иһиллибэт. Эр дьону бэрчээкки курдук уларытар. Баҕар, кинилэртэн кэлэйбитэ бэрт буолан буолуо. Кинини да уҥа-таала таптаабыт баара эмиэ көстүбэт. Эдит хобдох таптала Оннук мээнэ, бөрүкүтэ суох олоҕо төһө өр салҕаныа эбитэ буолла, Эмиэрикэҕэ гастроллуу сылдьан, аатырбыт атлет Марсель Серданы кытта билсибэтэҕэ буоллар. Ол киһи — буоксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ. Үтүө санаалаах, сымнаҕас уонна тулуурдаах диэн сыанабыллаах. Быһата, Эдит ыра санаа оҥостубут эр киһитэ кини буолан биэрэр. Куһаҕана диэн, ойохтоох, үс оҕолоох. Кэргэниттэн арахсар санаата суох. Ону ол диэбэккэ, Эдит аан бастаан дьиҥнээхтик, ис сүрэҕиттэн таптаан кэбиһэр. Анараата да хаалсыбат. Биир улахан пресс-кэмпириэнсийэҕэ Эдити олус таптыырын, ол эрээри ыал киһи буоларынан, оҕотун-ойоҕун бырахпатын этэр. Ол да буоллар сүрэҕэр баар иэйиини сатаан киэр илгибэтин билинэр. Эдит да кинини дьонуттан араарар санаата көстүбэт. Киниэхэ сүрүнэ — Сердан эрэ аттыгар сылдьар, баар буоллун. Биирдэ эмиэ аан дойду чөмпүйүөнэ буолар иһин киирсии ыытыллар. Эмиэрикэҕэ. Эдит таптыыр киһитигэр чугас буолаары, кэнниттэн түсүһэн кэбиһэр. Биир дьиэҕэ хайдах олоруохтарай. Онон эр киһи Эдити... биир быраҕыллыбыт дьиэни булан онно олохтуур. Уота, сылаас уута суох ол хаарбах дьиэҕэ аатырбыт ырыаһыт дьахтар уон хонук олорор. Сыччах тапталлааҕын аттыгар буолаары, киниттэн чугас сылдьаары! Оттон Марсель Сердан доҕоро итиччэ өйүүрүн тирэх, кынат оҥостон, кыайыы кынаттанар. Ити 1948 сыллаахха эбит. Эдит оччолорго дьадаҥы дьахтар буолбатах этэ. Улахан да улахан, баараҕай дьиэни Сердаҥҥа анаан атыылаһар. Ол быыһыгар кыра-улахан бэлэх арааһын ааҕа да барбаккын. Тапталлааҕар анаабыт ол дьиэтигэр киэҥ-куоҥ спортсаала оҥорторор былааннаах эбит. Ол сылдьан эмиэ уочараттаах гастролугар Эмиэрикэлиир наадата тириир. Онно тиийэн эмискэ Серданы олус ахтан-суохтаан кэлэр да, «суһаллык кэлэ оҕус» диэн тэлэгирээмэлиир. Марсель тугун да быраҕан туран, сол күн сөмөлүөтүнэн тапталлааҕар айанныыр. Дьылҕа Хаан ыйааҕа тыйыс буолан биэрэр. Аара суолга, Азорскай арыы таһыгар, олорсон испит сөмөлүөтэ саахалланан,
алтынньы 28 күнүгэр киһитэ суорума суолланар. Оннук ыар сураҕы иһиттэр да, Эдит кэнсиэрин тохтоппот. Арай: «Баһаалыста туһугар, миэхэ таһынымаҥ, бу ырыаларбын бүгүн сыччах Марсельбар эрэ анаан ыллыыбын» диир. Тапталлааҕын өлүгүн Эдит хаһан эрэ бэлэхтээбит чаһытынан ыйдаран, кини буоларын быһаараллар, Касабланкаҕа аҕалаллар. Бу иннинэ туохтан да толлон турбат, күүстээх Эдит таһыччы уларыйар. Аһыыр аһа ас, олорор олоҕо олох буолбат. Бэйэтин буруйдааҕынан ааҕынар. Ээл-дээл турукка киирэн, устунан арыгыга ылларан барар. Бэҕэһээҥҥэ диэри мааны, биллэр ырыаһыт эргэ таҥаһын таҥнан, уулусса ырыаһытыгар кубулуйар. Оннук сырыттаҕына кинини Сердан кэргэнэ “Касабланкаҕа кэл” диэн көрдөһөр. Эдит тута сөбүлэһэн Касалбанкаҕа турунар. Дьэ, бу манна дии, икки таптыыр киһини сүтэрии ыар аһыытын билбит икки дьахтар төбөлөрүн холбоон олорон айманыылара. Устунан, аны кэлэн кими, тугу үллэстиэхтэрэ баарай, дьүөгэлии буолаллар. Саахал, ыарыы, таптал Кэм-кэрдии устан иһэр. Сүрэх бааһа ааһан-араҕан биэрбэтэр да, син сымныы быһыытыйар. Эдит Жак Писл диэн киһиэхэ ойох тахсар. Түөрт сыл олорон көрөллөр да, Серданыгар тиэрдибэт — арахсаллар. Эбиитин эбэн, Пиаф 1952 сыллаахха массыына саахалыгар түбэһэр. Ыарыытын аһараары, эмчиттэр морфий аныыллар. Нэдиэлэ иһинэн Эдит эрэйдээх бу эмэ суох сатаммат буолан хаалар. Балыыһаттан тахсан да баран, онтон-мантан булан, туһана сылдьар. Хаарыан харчытын ол абааһы дьаатыгар ыытара элбиир. Быраҕа сатыыр да, эрэйдэнэрин (ломка) тулуйумуна, төннө турар. Дьэ, ол да буоллар син хаһааҥҥы эрэ күүстээх санаата күөрэйэн, иккис сырыытыгар абааһы дьайыттан нэһиилэ арахсар. Эмчиттэр кини күүстээх санаатыттан олус соһуйаллар. Ол кэннэ ырыатыгар түһүнэр. Сынньанары да билбэккэ кэнсиэр үөһэ кэнсиэр, гастроль да гастроль буолар. Онтуттан үлүгэрдээх үбү киллэрэр да, тугу да туһаммакка, күннээҕинэн туттан иһэр. Кимиэхэ эрэ бэлэхтиир, кими эрэ күндүлүүр. Ол быыһыгар көссүү, доҕор булунан, онтуларын хадаҕалыыр. Харахтаан көрбөтөх виллаларын, сиэрэ суох сыаналаах таҥастарын атыылаһар. Сорох атыытын букатын да умнан кэбиһэрэ, көрбөтө үһү. Кини үтүөтүн туһанааччы доҕор-атас да буолунай. Симона дэлэҕэ этиэ дуо: «Кини оҕо, эдэр эрдэҕинээҕи күннээҕинэн олорор, сарсыҥҥы туһунан санаабат үгэһин хара өлүөр диэри илдьэ сылдьыбыта», — диэн. 1961 сыллаахха Эдит ыараханнык ыалдьыбытын билэр. Кылгас кэмнээх кэнсиэртэн ураты туох баар бириэмэтэ балыыһаларга баранар. Бэйэтэ букатын иинэ хатан, 33 киилэ ыйааһыннанар! Кэрэ бэйэлээх баттаҕыттан салаа да хаалаахтаабат. Ол да буоллар норуот киниэхэ таптала син биир күүстээх этэ. Өссө кини аттыгар куруук киниттэн лаппа эдэр 27 саастаах Теофанис Ламбукас диэн ырыаһыт баара. Ыарытыйбыт Эдити ис сүрэҕиттэн кыһаллан харайара. Бу уол Эдити оҕо эрдэҕиттэн таптаабыт эбит. Дэлэҕэ, Эдит өлөр ыарыылааҕын билэ-билэ, кэргэн тахсарыгар этии оҥоруо дуо?! Ону: «Итиччэ эдэр киһи, ама да аатырбытын иһин, ыарыһахтыйбыт дьахтары таптаатаҕай, туһанаары эрэ буоллаҕа» диэн тойоннууллара. Баайыгар ымсыырар диэн, итэҕэйбэттэрэ үһү. Эдьиийэ Симона: «Ол уол Эдит сүүстээх
эмээхсиҥҥэ дьүөрэ буола кырдьыбытын, илиитэ хатыччы хаппытын да өйдөөн көрбөтө», — диэн суруйбута баар. Туох да диэбиттэрин иһин, 1962 сыллаахха бу дьон холбоһоллор. Эдит киниэхэ Тео Сарапо (гректииттэн тылбаастаатахха, «мин эйигин таптыыбын» диэн) диэн псевдоним биэрэр. Ол кэннэ улахан сыанаҕа тахсарыгар модьуйар. Эдит араак курдук ыарахан ыарыыттан өлүөн букатын аҕыйах күн иннинэ, кэнсиэргэ кыттар. Ол тиһэх кэнсиэригэр кини «Нет, я не жалею ни о чём» ырыатын толорор. Оччолорго барахсан баара эрэ... 48 саастааҕа. Эдит алтынньы 10 күнүгэр 1963 сыллаахха олохтон туораабыта. Кинини Пер-Лашез кылабыыһатыгар көмпүттэрэ. Ватикан кинини аньыылаах дьахтар диэн, таҥара ырыатын ыллыыры көҥүллээбэтэҕэ. Ол да үрдүнэн кинини тиһэх суолугар атаарыыга 40000 француз кэлэн, таптыыр артыыһын кытта быраһаайдаспыта үһү. Оттон кини эдэр кэргэнэ Тео тапталлааҕыттан баара эрэ 7 сыл уһаабыта. Ол сыллары кини «Париж аатырбыт барабыайын» иэһин – 45 мөл. франканы төлөһүүгэ анаабытын устуоруйа кэрэһилиир. Төһө да бу дьахтар баай буолуо диэн санааталлар, кини бу Орто дойдуттан арахсарыгар син биир хайдах кэлбитин курдук, дьадаҥытык төннүбүтэ. Оҕолонор дьолу билбэтэҕэ. Онон “бу сиргэ олорбут иэһин кини толорбута дуо?” диэн ыйытыы салгыҥҥа ыйанар. Арай биири чуолкайдык этиэххэ сөп: кинини ырыаһыт быһыытынан норуот олус таптыыра. Эдит кылгас кэмҥэ да буоллар, таптыыр уонна таптатар дьолу билбитэ. Биллэн турар, кини олоҕо букатын атын уонна сырдык буолуон сөбө. Түмүк хобдох буолбутугар ким буруйдааҕын этэр уустук. Олоххо эппиэтинэһэ суох, содурдук сыһыаннаһыы түмүгэ? Эбэтэр Дьылҕа Хаан ыйыыта оннук эбитэ дуу? Тапталина.
kyym.ru сайтан