Кэпсээ
Войти Регистрация

Таах сибиэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Таах сибиэ

K
29.10.2020 14:33
Оччолорго СӨ бэрэсидьиэнэ Штыров этэ. Мин биир сайын дьиэ «куортамнаһан» дьоммуттан көһөн таҕыстым. Туспа олоробун. Собус-соҕотоҕун. Ол бириэмэҕэ уруккуттан билсэр уолум Дима куоракка «холтууралыы» киирдэ. Биһиги бииргэ олорорго сүбэлэстибит, куортам харчытын бырахсар буоллубут. Дима үлэлии киирбит тэрилтэтигэр пластиковай түннүктэри оҥорон атыылыыллар, аадырыска илдьэн, олордон биэрэллэр. Кини сарсыарда эрдэ туран барар, киэһэ хойукка диэри сылдьар. Мин «дьээдьэлэммит» киһи сиэринэн, ас бөҕөтүн астыыбын, уопсайынан, хаһаайка быһыытынан сирдэрбэт буола сатыыбын. Дима эһэтэ туох эрэ омук үһү. Онон кини, дьиҥэр, сирэйинэн саха эрээри, этинэн-сиининэн омуга биллэр этэ. Уһун көнө уҥуохтаах, кэтит сарыннаах уонна этэ барыта бар түү. Кытаанах, дьэбир сирэйдээҕэ. Арай «чэйдэ кут» диэбит курдук, мэлдьи энньэйэ сылдьар сыҥааҕа сирэйин арыый сымнатан, эйэҕэһиргэтэн көрдөрөрө. Онно эбии кини олус күүстээҕэ. Миигин, биэс буут ыйааһыннаах киһини, «Лена» киинэ тыйаатырыттан «Туймаада» маҕаһыыҥҥа диэри санныгар олордон эбэтэр хонноҕун анныгар кыбынан сүүрэн хаалара. Ол түгэҥҥэ кыратык эмис уонна ыарахан бэйэм бирээминэ чыычаах оҕотун курдук сананарым. Бииргэ олорбуппут этэҥҥэ иккис нэдиэлэтигэр барбыта. Дималыын олорор туох да наһаа үчүгэй. Эйэбит да бэрт, эдэрбит да сүрдээх. Киэһээҥҥи минньигэс аһылык кэнниттэн Дима миигин куукунаттан хоско көтөҕөн аҕалан, ороммор төкүнүтэн кэбиһэр уонна бассыайыҥҥа трамплинтан түһэр курдук ньохчос гынаат, үрдүбэр ыстанар. Оччоҕуна мин кычыгылана-кычыгылана оронум улаҕатын диэки куотан мөчөөхтөнөбүн. Дима алларастыы-алларастыы аҥаар атахпыттан таҥнары соһон тирилэтэр. Мин хаһыытыы-хаһыытыы бакырыбаалалары-бырастыыналары кытаахтаабытынан, кини анныгар буола түһэбин. Дьэ, оннук мэниктээн-мэниктээн баран, уураһан-сыллаһан, хоонньоһон, утуйан хаалабыт. Устунан ойох да тахсан барыах киһини биир түгэн лаппа саарбахтаппыта. Биир үтүө күн үлэбэр түрүлүөн бөҕө буола сырыттахпына, ыгылыйбыт, ыксаабыт уонна дьып-дьыалабыай буолбут куоластаах Димам төлөпүөннүүр: — Чыычаах, миэхэ Штыров төлөпүөнэ наада... — Хм, ол аата хайдах? Ону мин хантан билиэхпиний? Киниэхэ туохха наадыйдыҥ? — Кэпсэтээри гынабын... Оттон эн суруналыыскын буолбат дуо? Бэрэсидьиэн төлөпүөнэ эйиэхэ баар буолуохтаах буоллаҕа дии. — Ха, ха. Ол мин бэрэсидьиэн аймаҕа дуу, атаһа дуу үһүбүн дуо? Кини нүөмэрэ миэхэ хантан кэлиэй? Биир да суруналыыска кини суотабайын нүөмэрэ суох ини. — Хайдах суох буолуой? Суруналыыстары кытары кини хайдах үлэлиэ суоҕай? Кимтэн эмэ ыйыталас эрэ итиннэ. Мин хайдах эрэ күлүөх санаам кэллэ. Хаһан даҕаны маннык акаарыга түбэспэтэҕим. Айаҕалыы сатаан быһааран биэрэбин: — ¤ыллыый, бэрэсидьиэн диэн бэрэсидьиэн буоллаҕа дии. Биһиги курдук көннөрү, боростуой дьоҥҥо төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбэт. Бырабыыталастыба дьиэтигэр приемнай эҥин диэн баар буолуохтаах, онно бара сырыт. Чэ, этиий, киниэхэ ол айылаах туохха наадыйдыҥ? — Короче, маннык. Кылааһынньыгым оҕото Новосибирскайга эпэрээссийэлэнэ барар буолбут. Харчылара арыычча тиийбэтэх. Онно ити харчы көрдөһө сатыыбыт. — Ээ диэ... Оттон, холобур, бэрэсидьиэн буолбакка, ол боппуруоһу Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эбэтэр Дьиэ кэргэн уонна оҕо кэмитиэтэ, муҥ саатар,
улуус дьаһалтата эҥин быһаарыахтарын сөбө буолуо дии. Хайдах эрдэттэн ону толкуйдаабатаххытый? — Оттон харчы күн сарсын наада. Ол Оҕо кэмитиэтэ диэн тугуй? Доруобуйа министиэристибэтин дириэктэрэ ким диэн киһиний? Мин тылбыттан маппытым. — Министиэристибэҕэ дириэктэр диэн суох. Министиэристибэни миниистир салайар. Бээ эрэ, төһө харчы нааданый? — Уонтан тахса тыһыынча. — Оттон ону иэс дуу, хайдах дуу аймахтарыттан эҥин буллуннар. Ким күн сарсыҥҥа диэри илии баттыы охсон, буҕалтыарыйа нөҥүө ону аһарыай? — Хантан да харчы булар кыахтара суох. Көмөлөспөтүҥ дии. Чэ, бэйэбит да быһаарыахпыт. Пока. Өссө диэ, дьып-дьыалабыай — кини. Өссө көмөлөспөтүҥ диэн өһүргэнии-лээх, тугу да билбэт эрээри хомолтолоох баҕастаах. Дьүөгэлэрбэр улаханнык кэлэйэн, кистээн кэпсээбиппэр «үөрэҕэ суох уолтан итинтэн ордугу күүппүтүҥ дуо?» дэспиттэрэ. Ама да үөрэҕэ суоҕун иһин, син өрөспүүбүлүкэтин ис тутулун баҕас билиэхтээх буоллаҕа. Оччоҕо оскуолаҕа эмиэ үөрэммэтэҕэ, ньүдьү-балай тайҕа киһитэ үһү дуо диэн баран, таптыырым бэрдиттэн бырастыы гынан кэбиспитим. Дималыын олорбуппут үһүс нэдиэлэтигэр барбыта. Мин өссө кини табахтыырыгар уонна кыратык пиибэлииригэр кыһаллыбат этим. Арай биир киэһэ үлэбиттэн кэлбитим, дьиэбитигэр табаарыстара мустубуттар. Туохтан эрэ үөрбүттэр-көппүттэр аҕай. Субу-субу болкуоҥҥа киирэллэр-тахсаллар. Интэриэһиргээн тиийэн көрбүтүм, туох эрэ хаппыт оту «роса» бытыылкатын иһигэр умата-умата буруотун эҕирийэллэр, миигин эмиэ «буруолуугун дуо?» дииллэр. Мин манныгы аан-бастаан көрөбүн. “Баҕайы, аны наркоман эбит буолбаат” дии санаатым да саҥата суох хааллым. Буруолара мэйиилэригэр таҕыста быһыылаах: дьыбааҥҥа чөмөхтөһөн сытан эрэ саҥаран көрө-көрө алларастас да алларастас буоллулар. Ол бириэмэҕэ мин лапсалаах соркуойум буста. Остуолга ыҥырдым. Биилкэҕэ лапсаны иилэн ыла-ыла эмиэ күл да күл буоллулар. «Бытаан баҕайы буолан хааллым, ха-ха», — диир Димам. Аһаан ньамайданан бүттүбүт. Аны уочаратынан хотуолаатылар. Мин ньиэрбэм нарын сүүмэҕэ барыта күүрдэ. Астаабыт аспын аһаан абыраан баран, аны хотуолаан кэбистилэр буолбаат?! Аамайданан-саамайданан, табаарыстар дьэ дьиэлээтилэр. Биһиги Дималыын иккиэйэх хааллыбыт. Саатар, били «сөбүлүүр дьарыкпытынан» күүскэ дьарыктанаары, мин кинини тута утуйар хоско состум. Соһон да диэхтээн... Били наадалаах сээкэйбит уйатыгар ньыкыйыаҕынан-ньыкыйан баран, букатыннаахтык утуйан түүрүллүбүт. Аны кинини «уһугуннарар» мучумаана буолла. Имэрийэ, уунаҥата тардыалыы сатаан баран, абарбычча, кымаахтаатым, «муннуга» биэртэлээтим, хата, син уһугунна. Мин хаста да «сулустардаах халлаанынан сурулаатым», оттон киһим буоллаҕына бүппэт да бүппэт. Устунан мин кууран-хатан да киирэн бардым, кэнникинэн киһим бытааран-бытааран баран, аны утуйан барда. Мин туран Димам таҥаһын хомуйа сылдьан шортигын сиэбиттэн презерватив булан ыллым. Паачыкаҕа үс киирэрин бэркэ билэбин, оттон манна иккитэ эрэ баар. «Ол иһин даҕаны, албынчык, сүөһү!» — диэн маатыралаан кубарытаат, куукунаҕа сүүрэн тиийэн мас көрдөөтүм. Мин дьолбор, купсуун иһигэр күөрчэх ытыга ньээм от курдук тэрэйэн турарын сулбу харбаатым, тиийэн киһибин оройго саайдым. Дима маҥнай тугу гынарбын өйдөөбөтө быһыылаах. Хараҕын аста, силин ыйыһынна. Онтон оронуттан ойон
турда да, миигин сарылаппытынан-орулаппытынан маҕыйа түһэн баран тиэрэ анньан кэбистэ. Хос ааныгар төбөбүнэн биирдэ баар буола түстүм. Кыыһырбытым, кыйахаммытым омунугар, ыарыытын билбэтим, ойон туран күөрчэх ытыгынан түбэһиэх биэртэлээтим. Дима икки быччыҥмыттан ыга тутан туран «уоскуй диэтим дии!» дии-дии илгиэлиир. Уоскуйан, кэтэхпин тутан көрбүтүм, лөппөччү иһэн хаалбыт. Оттон быччыҥым Дима ыга туппутуттан көҕөрө өлөн хаалбыт. — Эн миигин тиэрэ астыҥ, шишка тахсыбыт буолбат дуо. Оттон бу илиим эмиэ көҕөрөн хаалбыт, ыый-ыый. Мин эйигин милииссийэни ыҥыран сибилигин туттаран кэбиһиэм. — Ыҥыр ээ оттон... — Ыҥырыа суоҕа диигин дуо? — Ыҥыр ээ оттон. Милииссийэлэннибит. Наадата суохха кэлэллэрэ да түргэнэ. Кинилэри кэтэһэ олорон: «Чэ, күрээ! Киэр буола оҕус!» — диибин. Суох, уолум «Доо-остойно күүтэн баран барыам», — диир. Милииссийэ миэхэ медэкспертизаҕа барарбар сурук биэрдэ. Оттон Диманы суумкалары баҕастары массыынатыгар олордон илдьэ барда. Дима барахсан «сайабылыанньаҕын ыл» эҥин диэн албыннаһа сатаабатаҕа. Арай мин милииссийэбэр эрийэн Диманы «хайаабыттарын» ыйыталаспытым. — Административнай ыстараабы төлөтөн баран ыыппыппыт, — диэбиттэрэ. — Оччотугар мин милииссийэни ыҥыран тугу туһаммыппыный? — ... — Ол ыстарааптаабыккытыттан миэхэ бырыһыан бэрсибэккит дуо? — Суох, 500 мөһөөхтөн наһаа бырыһыаннаспат инигин, — диэн баран, милииссийэ төлөпүөнүн талыгыр гына быраҕан кэбиспитэ. Дима «джентльменнии» сүппүтэ. Мин бэйэбин буруйдана санаабытым, бэйэм саҕалаан бараммын. Биир презерватив итэҕэһиттэн. Күнүүһүппүттэн. Таах даҕаны... үчүгэй уол этэ. Дьиҥэр, ханнык баҕарар киһи ким да бас билиитэ буолбатах эбээт. Ээ чэ... Алла Черемкина.
kyym.ru сайтан