Кэпсээ
Войти Регистрация

Итинник диэмээриий, Мариишка...

Главная / Кэпсээн арааһа / Итинник диэмээриий, Мариишка...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
03.05.2023 16:49
   Мариналаах Саша ыал буолбуттара, дьиҥэр, сылын да туола илик. Оттон бүгүн, дьүөгэм эрэйдээх, ытыы-ытыы дьиэбэр кэлэн табыллыбатах олоҕун ыһа-тоҕо кэпсээн барда. Ол кэпсээбититтэн кыратык эмэ чэпчээбитэ, ыар сүгэһэрин түһэрбитэ көстүбэт.         Маринаны төрөөтүн кытта сааһырбыт, аҥаардас дьахтар иитэ ылбыта. Дьүөгэм бэйэтэ кэпсииринэн, иитиэх ийэтэ, төһө да ыарыһах буоллар, кыыһын ханнык да ыал оҕотуттан хаалсыбат гына аһатан-таҥыннаран улаатыннарбыт, оскуолатын бүтэртэрбит. Кыыс туохха барытыгар дьоҕурдааҕа, ырыаһыт-үҥкүүһүт бастыҥа, оскуола актыбыыһа этэ. Сырдык хааннаах, мыс курдук төгүрүк сирэйдээх, толору эттээх-сииннээх куруук үөрэ-көтө сылдьар Маринаны кытта СГУ-га устудьуоннуу  сылдьан билсибиппит. Биэс сыл тухары, каникул да кэмигэр, сибээспитин быспакка кэпсэтэрбит, туох баар сэкириэппитин бэйэ-бэйэбититтэн кистээбэт этибит.    Кинини тоҕо эрэ уопсайга киллэрбэтэхтэрэ, сайабылыанньа суруйарын үрдүнэн наар миэстэ суох аатырара. Марина устудьуоннуур сылларыгар кимнээҕи эрэ кытта, ардыгар бэйэтэ эрэ мас кыбартыыраҕа удамыр сыанаҕа куортамнаһан олорбута. Быстах-остох үлэҕэ сылдьан булбут хамнаһын дуомунан уонна ийэтин көмөтүнэн кыбартыыратын иһин төлүүрэ.       Сулумах Марина бокулуонньуга баҕас буолунай, хата, ол оннугар бэйэтэ кими да чугаһаппат этэ. Марина олус кыраһыабайыгар баһыйтаран, элбэх кыыс бокулуонньуктарын былдьатан, күнүүлээн, бэл, кэпсэппэт да буола сылдьыбыт түгэннэрэ баара. Ол эрээри дьүөгэм бэрээдэктээх, өйдөөх-төйдөөх кыыс, хас эйэргээбит-эккирээбит аайы болҕомтотун уурбат да буолара.    Арай былырыын хоту улуустан сылдьар ханнык эрэ Саша диэн уолу кытта төлөпүөнүнэн билсибитин этэн аһарбыта. Ол кэнниттэн үс ый ааспыта эрэ, суоҕа эрэ, биирдэ Мариинчикпыт умайа сылдьар уохтаах улахан тапталынан саахсаланан эрэр сураҕа иһиллибитэ. Ээ, биһиги, дьүөгэлэрэ, үөрүү-көтүү, кэлии-барыы, күтүөтү көрө охсоору элиэтэһии бөҕө буоллубут. Күтүөппүт туох да үөрэҕэ суох, ханна эрэ милииссийэлиир үһү, түүннэри-күнүстэри дьуһуурустубалыыр киһини биирдэ да түбэһэн көрбөтүм. Кэпсииллэринэн, «хара, ньахчайбыт саха». Күтүөтү көрөөрү Маринам дьиэтигэр үстэ ыалдьыттаатым — мэлигир. Үһүс сырыыбар кыыһым хаартыскатын көрдөрдө. Чуолкайа суох кыракый хаартыскаҕа кыараҕас харахтаах, салаҥ киһи сүгэнэн суоран оҥорбутун курдук, боп-боростуой сирэйдээх, кырдьык да, «хап-хара, ньахчайбыт саха» бокуйан турарын көрөн лаппа мыына санаабытым. Маринабыт маннык боростуой киһини талан ылбытын араастаан мөккүһэ, таайа сатаан баран, дьүөгэлэрэ: «таҥара кыраһыабай дьону наһаа «ыстарааһынайдары» кытта тэҥнээн холбуур дииллэрэ кырдьык эбит» -- диэн сылыктаатаҕа буолбуппут.    Саахсаламмыттара. Бэрт сотору Марина оһоҕостонон, үөрэҕэр академ ылбыта. Кыыспыт биһигини кытта сылдьара, көрсөрө улам-улам аҕыйаан, устунан доҕордоһуубут төлөпүөн эрэ көмөтүнэн салҕанар буолбута. Онно-манна илдьэ бараары гыннахпытына «оҕонньорум ыыппат, оҕонньорум күнүүлүүр» диирэ, сылтахтанан тэйэн иһэрэ элбээбитэ. Саша Маринаны кырбыырын туһунан сураҕы истэ-истэ итэҕэйбэт этибит. Оһоҕостоох кэргэнин киинэҕэ-театрга биирдэ да сырытыннарбат эрээри, күнүүлээн көтүрү сытыйар үгэстээх түҥкэтэх күтүөппүтүн «оҕонньоро дууһа» диэнтэн таһааран, сэнээн да диэххэ, быһаччы «оҕонньорууса» диэн хос ааттаабыппыт.    Биирдэ, саас халтараан баҕайы күн, Марина үлэбэр кэлэн кэтэһэн турар эбит. Сэттэ ыйдаах, улахан истээх дьаабылыка сии-сии дьиэтигэр сытыахтаах бэйэтэ, туох эрэ улахан кыһалҕаттан кэлбитин тута сэрэйдим.    —  Хайдах эмэ гынан биир мөһөөхтө иэһээ, биир да харчым суох. Оҕонньорум хамнаһа кэлэ илик. Арыгылыы сылдьар, дьиэтигэр хоммотоҕо хас да күн буолла.  Бүгүн аһыы да иликпин.    Марина харчытын ылан, кыра оҕолуу үөрбүтэ уонна түргэнник бакаалаһан тахсан барбыта. Ити кэннэ икки хонон баран түүн утуйа сыттахпына төлөпүөн тыаһыыр. Марина эбит. Эмиэ ытыы сытар:    — Хайдах гынабыный? Оҕонньорум эмиэ кырбаата. Искэ тэптэ. Сирэйим күп-күөх. Оҕом эрэйдээх испэр хамсаа да хамсаа буолар, — диир. Тоҕо, туохтан сылтаан кырбаабытын ыйыппыппар күнүүлээн эрэ диэхтиир. Түүн ортото тугу гыныахпыный, уоскута сатаан баран: «Таксита ыҥыран миэхэ кэл, төлүөҕүм», — диирбин буолуммата. Син өр кэпсэттибит, онтон утуйда.    Ити кэннэ Маринабытын сүтэрэн кэбистибит. Эрийдэххэ, төлөпүөнэ эппиэттээбэт, суотабайа куруук арахса сылдьар. Кэмниэ-кэнэҕэс кыыспыт бэйэтэ көстөн кэллэ. Оҕонньорууса буолуохсут аҕыс ыйдаах кэргэнин хаалларан дьонугар хоту барар буолбут. Ханнык эрэ аймаҕа дьиэ туттан эрэр үһү, онно көмөлөһө диэн сылтахтанан. Маринабыт эмиэ да ытыыр, эмиэ да маа бэйэлээх эрин сайыһар.   * * *    Бэс ыйын саҥатыгар Марина өлбүт оҕону төрөппүтэ. Туохха да кыһаллыбат, нукаай курдук буолбут кыыһы ыарыһах ийэтэ эрэйдээх кэлэн дьиэтигэр илдьэ тахсыбыта. Сонно тута хотуттан Оҕонньорууса ийэтиниин кэлэн иһэр сураҕа иһиллибитэ. Ол сураҕы дьүөгэлэр биһирии истибэтэхпит. Аны кэлэн, хайа аанньа аҕа, эр эрээри өссө «оҕобутун өлөрбүккүн» диэн ыххайыахтааҕын сэрэйэрбит.   * * *         Оттон бүгүн Марина ыалдьыттыы кэлэн олорор. Баара-суоҕа сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн сирэйэ олох аһыытын билбит отуттаах дьахтар сирэйин санатар. Урукку быллайбыт иэдэһэ уолан-уолан уҥуоҕа эрэ хаалбыт. Кубаҕай бэйэтэ өссө көҕөрүмтүйэн көстөр буолуор диэри кубарыйбыт.    — Өссө бу уойдум дии... Саша кэлэн турдум. Бу иннинэ олох ороҥҥо сытан хаалыахпар диэри ыалдьыбытым, сэниэм суоҕа. Тугу да аһыахпын баҕарбат этим. Сашам кэлэн чаайынай ньуосканан аһаппатаҕа буоллар, баҕар, «оҕобор айаннаабыт» буолуом этэ.    — Итинник диэмээриий, Мариишка. Хайдах эмэ гынан тулуйа сатаатаххына сатанар. Эдэргин, өссө да оҕолонуоҥ.    — Түүн оҕо ытыырыттан уһуктан кэлэбин. Иирэн эрэбин дуу дии саныыбын.   — Билигин улахан стреһи ыллаҕыҥ дии, бэйэҕин харыстаныаххын наада. Олох ньиэрбинэйдээмэ уонна тугунан эмэ бэйэҕин аралдьытыаххын наада. Сашаҥ сыһыана кэлин үчүгэй дуо?    Онуоха кыыһым куоптатын тимэҕин төлөрүттэ, санна, харыта барыта күөх баламах эбит.    «Кэргэним кырбыырын тохтоппот. Бастаан кэллэҕин утаа көммүт курдук этэ. Билигин «оҕобун өлөрбүккүн» дии-дии илгиэлиир, сырбаталыыр, баттахпыттан соһор. Саамай хомолтолооҕо диэн илэ өйдөөх сылдьан. Биир да кыраам арыгыны испэккэ эрэ. Ол эрээри эрим кырбаан баран биэс да мүнүүтэ буолбат — сыллыыр, ытыыр, бырастыы гыннара сатыыр. Таптыыбын дии саныырым... Билигин таптал эрэ, туох эрэ, олох наадыйбаппын. Бэйэбин уоскута сатаабаппын, тугунан да аралдьытыммаппын, наадыйбаппын, баҕар, баран хаалыам.    Ийэтэ Саша кырбыырын билэр. Уолун кытта араастаан кэпсэтэ сатаан көрдө. Миигиттэн тобугар тура-тура, ытыы-ытыы көрдөһөр, арахсыма диэхтиир. Араҕыстахпына, Сашам киһи буолбат, арыгылыа...    Билигин мин тугу гынарым барыта салгыҥҥа ыйаммыт курдук. Былырыын баччаҕа хайдах этэй? Сылдьарбыт, күлэ-үөрэ, сөтүөлүү-сөтүөлүү. Ол бэйэтэ биир сыл иһигэр барыта төттөрү эргийдэ. Таах сибиэ ити киһини көрсөммүн. Билэбин, кини кырбыырын хаһан да уураппат. Өлөрөрө да ыраахтан буолуо суох. Араҕыстахпына, ким миэхэ наадыйыай? Кэргэн тахса сылдьыбыт, өлбүт оҕону төрөппүт дьахтарга. Үйэм тухары уруккубун бары санатыахтара, сирэй-харах анньыахтара...» * * *    Кыыс олоҕо диэн итинник кэбирэх. Хайдах киһиэхэ түбэспиккинэн. Хайаларын эрэ хара санаата тиийбитэ дуу, дьылҕа хаана  тарпыта дуу... Марина, баҕар, атын, дьоллоох суолунан барыахтааҕа. Бара сатаан, дьүөгэлэрэ: «Кыыһы арааран, дэриэбинэҕэ ыытан кэбиһиэххэ баара, оҕонньоруусаны буоллаҕына тараччы туттаран ылан, уолаттарга этэн, ибили кырбаттарыахха, кэһэйдин, сынньыллар диэн тугун биллин», «Кэбиис, аны кыыспыт кырбаммыт оҕонньоруусатын бүөбэйдээн арахсыа суоҕа, эбии стресстэниэ», «Оҕонньоруусаны тутан ылан куттуохха, арахсыбат, кыыһы ыыппат буоллаххына бэйэҕин «дьаһайыахпыт», уопсайынан «бэйэҕиттэн бэйэҥ кэмсинэ сылдьаайаҕын» диэххэ», «ээ, бэйэлэрэ биллиннэр, тоҕо орооһобут?...» эҥин диэн курдук кэпсэтэрбит элбээтэ. Ол эрээри, ханныгын да иһин, тус дьылҕатыгар быһаччы сыһыаннаах Мариишка бэйэтэ эрэ талар, быһаарар кыахтаах: иккиттэн биирэ.    Биитэр салгыы кырбана-кырбана олоруу. Көрөргүт курдук, өтөрүнэн көнөр, өйдөнөр быһыыта суох, бэрт саарбах киһини кытта...    Биитэр арахсан баран үөрэҕи бүтэрии, үлэлээн-хамнаан, карьераны оҥостон, ким да, хаһан да «эн урут оннук этиҥ» диэн сэнээбэт, утары саҥарбат хотун хаана буолуу.   Светлана ТИМОФЕЕВА
kyym.ru сайтан