Кэпсээ
Войти Регистрация

Ампаарга

Главная / Кэпсээн арааһа / Ампаарга

K
03.05.2023 16:44
   Тус бэйэм абааһы, иччи диэни олох итэҕэйбэт этим. Оҕо эрдэхтэн иитиибит да оннук этэ. Ол санаабын биир түгэн тосту уларытан турар. Онтон бэттэх абааһы, атын күүс баар диэн итэҕэйэр буолбутум. Быһата, ол маннык буолбута.        Арай биир күн төрдүө буолан моонньоҕоннуу бардыбыт. Эдэр дьон саҥабыт-иҥэбит, айдааммыт-куйдааммыт туох да сүрдээх. Ол курдук ньамалаһан син үргээтэҕэ буолан, дьиэбитигэр төннөн истибит. Төннөр суолбутугар арыый да халыйан, балай да сэнэх ампаардаах өтөххө кэлэн сынньана олордубут. Бу ампаар дьиэни урут да көрөр этибит (бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ турара).  Ол эрээри иһигэр киириэхтээҕэр, өҥөйөн да көрбүт суоҕа. Көрүөҕүҥ диэн буолла. Иһигэр киирбиппит, киһи сэргиирэ туох кэлиэй. Ампаар ампаар курдук. Хата, сөрүүнэ диэн ааттаах. Онно олорон бэйэ-бэйэбитин куттастаҕа буолан айдаарыстыбыт ахан. Ол кэннэ дьиэлээтибит. Арай дьиэбэр тиийэн көрбүтүм, былаатым суох. Бэйэм былаатым эбитэ буоллар соччо көрдөөн сүпсүгүрүөм суоҕа эбитэ ини, онтум миэнэ миэнин курдук, эбэм эмээхсин туохтааҕар да харыһыйар былаатын кэс тыл биэрэр кэриэтэ ааттаһан, көрдөһөн уларсыбытым. Хайыахпыный, сылайбыт киһи сүрэҕэлдьээтэрбин да, көрдүү ойдоҕум дии. Арааһа, өтөххө хаалларбыт буолуохтаахпын диэн, быһа онно сүүрдүм. Тиийээт, онон-манан көрдөөтүм да булбатым. Ампаарга киириэхчэ атыллаан иһэн, иһирдьэ туох эрэ тыаһыырыттан тохтуу биэрдим. Арай көрдөхпүнэ, биир хайа эрэ эмээхсин тугу эрэ букунайар да букунайар. Миэхэ кэннинэн буолан сирэйэ көстүбэт. Мин туох эрэ диэн ыйытан саҥа таһаардым быһыылаах. Ол күтүрүм эмискэ эргиллэ биэрбитигэр көрбүтүм, доҕоор, киһиттэн ураты атын харамай турар эбит ээ! Хараҕа үүт-үкчү куоска киэнин курдук. Тохтоло суох бабыгырыыр, ырдьыгыныыр курдук тыас таһаарарын быыһыгар үс муннуктуҥу кырыылаах тиистэрэ килэһэллэр. Мин сүһүөхпүн уйуттубакка  тобуктуу түстүм. Ол харамайым устар кэриэтэ сыыйыллан, аттыбынан ааһан, таһырдьа тахсан барда. Эчи, сыта-сымара куһаҕанын! Төрөөн баран оннук куһаҕан сыты ыла иликпин. Онтон туран дьиэбэр хайдах тиийбиппин адьас өйдөөбөппүн. Кэлин кыһыытын-кыһыылаах, былааппын үрүсээгим сиэбиттэн булан ылбытым. Туох абааһыта миигин куттаан өлөрө сыспытын олох билбэппин. Ампаар дьиэ олохтооҕо эбитэ дуу, ааһан иһэр абааһы эбитэ дуу? Арай биири өйдөөбүтүм: иччитэх сиргэ мэнээк айдаарар сэттээх-сэмэлээх буоларын. Биһигиттэн ураты абааһы, үөр диэн баар буолар эбит. Уһунун аанньа нуучча диэбитим      Мин саастаах дьону көрсөн кэпсэттэҕим ахсын «абааһыны көрбүтүҥ дуо» диэн ыйытабын. Ол мин абааһылыын көрсүөхпүн, билсиһиэхпин баҕарарым бэрдиттэн ыаһыйалаһар буолбатахпын.    Бэйэм көннөрү итинник түбэлтэни истэрбин наһаа сөбүлүүбүн уонна миэхэ көстүбэтэллэр ханнык дии саныыбын. Биирдэ эдьиийбэр ыалдьыттыы бара сылдьан, идэбинэн, абааһылары туоһуластым. Эдьиийим өр соҕус саараан баран, биир дьикти түбэлтэни бу курдук диэн кэпсээтэ: «Ити сыыр аллараа былыргы сопхуос саҕанааҕы хотон элээмэтэ турарын көрөҕүн дии. Дьэ, итиннэ сылдьар буолааччы. Мин тоҕо эрэ наар түүн уон икки кэнниттэн «тахсан киирэр» идэлээхпин. Тоҕотун билбэппин. Оннук гымматахпына сатаммат курдук. Биирдэ эмиэ, идэбинэн, чэпчэтинээри убуорунайым диэки бөкчөрүҥнээтим. Биллэн турар, түүн үөһүн саҕана. Арай ити хотон диэки көрөн аһарбытым, туох эрэ хамныыр. Уһуна диибин диэн, икки былас кэриҥнээх. Мин көрөн туран этим саласта. Ииктээбэккэ да төттөрү дьиэбэр киирдэҕим дии. Онтон киирэн уоскуйа сатыы олордум. Биһиги диэки итинник уһун киһи суоҕун билэбин. Арай нуучча эрэ итинник уһун буолуон сөп. Онтон өйбөр Өксүүлээх нуучча күтүөттэрэ көстөн кэллэ. Арааһа, ол киһи сылдьарыттан куттанан дэлби сытыйа олорор эбиппин ээ, оо, сордоох диэн дэлби сонньуйдум. Ол эрэн ол киһи дэриэбинэ түгэҕиттэн тугу көрдөөн иччитэх хотон таһыгар түүннэри мэнээктээбит баҕайытай диэн бэркиһии санаатым. Ол онон ааста. Сарсыныгар эмиэ, били кэммэр, ыһыктаары ыксаан, таһырдьа сүүрдүм. Бу сырыыга баҕас наадабын ситистим. Бүтэн киирээри туран, санаам батарбакка хотон диэки көрдүм. Били, уһун киһим эмиэ күүлэйдии сылдьар. Бу сырыыга мин диэки көрбүт эрээри сирэйэ ыраахтан көстүбэт. Туох буолбут сатананый, түүннэри илэ сүүрэр, тугу көрдүүр дуу диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, дьиэбэр киирэн утуйдум. Сарсыныгар ити эмиэ хатыланна. Киһим дьаарбайбытын курдук дьаарбайа сылдьар. Дьоҕойон, өйүнэн ыалдьыбыт ээ, аны киирэн муокастыа диэн, ааммын ыксары хатаан утуйан хааллым. Түүн дэлби тоҥон уһукта биэрдим, иннибэр туох эрэ барыарар. Өһүөҕэ тиийэр күлүк курдук баҕайы  миигин үөһэттэн өҥөйөн турар эбит! Мин киһи буолбатаҕын, нууччаны уорбалаабытым сыыһатын билэн, тыыппатын диэн утуйдаҕа буоллум. Төһө өр сыппытым буолла, тулуйбакка харахпын аспытым, хата, барбыт этэ. Кэлин биллибэтэҕэ. Бэйэм түүн тахсарбын тохтото сатаан баран тулуйбатаҕым, дьиэм кэннигэр чугас убуорунай туттарбытым. Онтон хотон көстүбэт». Эдьиийим кэпсээнин истэн баран этим саласпыта. Миэхэ итинниктэр көстүбэтэллэр ханнык. Нуучча да, саха да абааһылара ырааҕынан сырыттыннар.   Дьикти оһуокайдьыт      Былыр дьон чулуулара, уһулуччу талба талааннара төрөөн ааспыттарын билигин уос номоҕо оҥостоллор. Оннук улуу ырыаһыттары, күүстээхтэри кытта атын айылгылаах абааһы аймаҕа күрэс былдьаһарын туһунан үһүйээн аҕыйаҕа суох. Мин биир оннук түбэлтэни истибиттээхпин.    Былыр Чоргуй Кирииһэ диэн соччо аатырбатар да, чугас эргин дьон бэркэ билэр үҥкүү тылын этээччи киһи олоро сылдьыбыта үһү. Биир да оһуокай кинитэ суох ааспатын кэриэтэ эбит. Биирдэ сай ортото биир сэниэ ыал ыһыах ыспыт. От кэмэ буолан Кирииһэ, бэркэ саараан баран, анарааҥҥы киһи көрдөспүтэ бэрдиттэн көҕөччөр атыгар олорон айаннаабыт. Айанын былаһын тухары куолаһын чөллөрүтэн ырыа-тойук бөҕөнү ыллаан-туойан доллоһута испит. Тиийиэхтээх сиригэр киэһэлик биирдэ тиийэн кэлэр. Кэлбитэ күүстээхтэр, сымсалар күрэстэрэ бүтэн, дьон түһүлгэлээн туран оһуокайдаан эрэллэр эбит. Кирииһэ кэлбитигэр дьон күө-дьаа буолан үөрбүттэр-көппүттэр. Кирииһэ ааттаһыннара барбакка кылыһахтаах чөллөркөй куолаһынан  оһуокайы таһааран барбыт. Үҥкүү тылын этэн ортолоон эрдэҕинэ, кини хаҥас илиитинэн биир билбэт киһитэ киирэн хаамсыбытынан барбыт. Дьиктитэ диэн, ол киһи үтүктүспэтэ эбитэ үһү. Кирииһэ этэн-тыынан оһуокайдаан бүппүтүн кэннэ аны, били киһитэ оһуокайы таһаарбыт. Ол киһи куолаһа бэрт чуор, аһаҕас кылыһахтаах эбит. Ол киэһэни быһа Кирииһэ ол киһини кытта солбуйса сылдьан оһуокайдаабыттар. Тиһэҕэр, Кирииһэ түһүлгэ дьоно аҕыйаабытын көрөн киһитигэр эргиллэн: «Бүтэрбит дуу», — диэбит. Анарааҥҥыта ээх да эй да диэбэтэх. Халдьаайы диэки хайыспыт да, ол диэки сатыылаабыт. Кирииһэ муодарҕаан, дьонтон ити киһи кимин-тугун сураспыт да, ким да билбэт буолан биэрбит. Ити сыл күһүнүгэр Кирииһэ эрэйдээх хаҥас илиититтэн саҕалаан бүтүннүү ымынах буолан өлөөхтөөбүт. Арааһа, түһүлгэҕэ ыксаласпыта айыы киһитэ буолбакка, атын адьынаттаах абааһы аймаҕа биһиги киһибит алааһы аймыыр куолаһын батыһан кэлэн күрэс былдьастаҕа диэн, дьон саастаах өттө сибигинэйэ быластаан кэпсэтэллэрэ үһү. Кирииһэ эрэйдээх бастакынан тохтуохха диэн тыл көтөҕөн былдьаттаҕа. Өссө киһитэ кини буолан тулуктаһа сатаахтаабыта буолуо.   Балыыһаҕа      Мин биир ыкса дьүөгэм кыыс маннык түбэлтэни кэпсээбитин санаан кэллим. Кини үөрэҕин быыһыгар балыыһаҕа муоста сууйан харчы киллэринэрэ. Үөрэҕэр үтүрүйтэрэн, олох хойутаан үлэтигэр барара.    Биирдэ оннук хойутаан тиийбитигэр харабыл киһи куукуна күлүүһүн туттараат, ханна эрэ баран хаалбыт. Кыыс ыарыһахтар дьиэлэрин сууйан бүтэрэн куукунаҕа ким да суоҕуттан салла саныы-саныы, хайыай, сууйа киирбит. Саатар, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, үс лаампаттан биирэ умайан хаалан, куукуна муннуга боруоран көстөр эбит. Дьүөгэм сып-сап туттан сууйаары олоппостору чөкөтө турдаҕына, ас астыыр хостон иһит-хомуос сааллар тыаһа бөҕө буолбут. Кыыс төһө да этэ саластар, куйахата күүрдэр, баҕар, кутуйах буолуо диэн тыас диэки хаампыт. Арай көрбүтэ, маҥан халааттаах, былааттаах дьахтар иһит бөҕөтүн талыгырата ахан турар үһү. Дьүөгэм куттаммыт омунугар хаһыытаан бытарыппыт, аттыгар турар уулаах биэдэрэтинэн быраҕан кыыраппыт. Онуоха маҥан былааттаах дьахтара хайдах эрэ сирэйэ уһуурга дылы гыммыт уонна салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалбыт. Дьүөгэм оччолооҕу көрөн баран муоста сууйа сылдьыа дуо, тута аанын хатаан халыгыратаат, дьиэтигэр ойбут. Кэлин дьоҥҥо кэпсээбитигэр, арааһа, урут үлэлии сылдьыбыт Огдоос диэн дьахтар салгыҥҥа хаалан хаалбыта көстүбүтэ буолуо, ону эн биэдэрэҕинэн кыыратан салгыны хамсаппыккар сүттэҕэ диэн таайа сатаабыттар. Дьүөгэм ол кэнниттэн кутталлаах үлэтин уларытан кулуупка муоста сууйааччынан киирбит этэ.      Аал уот иччитэ сэрэппиттээх      Мин оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр дьоммун кытта атын дэриэбинэҕэ көспүппүт. Көһөн кэлээт, эргэ соҕус да буоллар уурбут-туппут курдук чөкө дьиэҕэ олохсуйбуппут.    Мин оччолорго орой мэник оҕочоос, дьонум үлэлэригэр бардахтарына, күнүс соҕотоҕун хааларым. Оһоҕу көрөн сабыы мин эппиэтинэспэр киирэрэ. Кыра төлөннөөх буоллаҕына, кэтэһэ таарыйа оһох үрдүгэр туран иттэрим. Онно сүгүн турбакка сырылыыр тыаһын истээри билиитэҕэ силлии оонньуурум. Ийэм уот иччитэ кыыһырыа, уоһуҥ бааһырыа диэн этэ сатыырыгар кымаардаан көрбөккө, кини суоҕар син биир ол дьаллыкпын бырахпат этим. Биирдэ эмиэ, идэбинэн, оһохпун кэтэһэ таарыйа итинник оонньуу турдум. Төһө өр оннук турбутум буолла, оһохпун куоттара сыһан  саптым. Ол кэннэ тэлэбиисэр холбоон, сэргээбэтэрбин даҕаны ханнык эрэ биэриини көрө олордум. Арай ол олордохпуна, мин санаабар, сүнньүбүттэн ибис-инчэҕэй илии ыбылы тутта. Мин эргиллэ түһэн көр! Кэннибэр ким да суох. Хайдах хайдаҕый диэн дэлби муодарҕаатым. Оттон сүнньүбүн тутан көрбүтүм, туох да инчэҕэй биһиллибэтэх. Арай туох эрэ итиинэн хаарыйбытын курдук аһыйар. Киэһэ дьонум кэлбиттэригэр кэпсээтим. Ийэм сүнньүбүн көрөн баран айманыы бөҕөнү айманна. Аһыйар сирбинэн кып-кыһыл, уокка сиэппит курдук алаадьы саҕа төгүрүк бээтинэ олорон хаалбыт. Ол бааһым өр буолан баран сүппүтэ. Ийэм аах уот иччитэ кыыһырбытын биллэрдэҕэ диэн тойоннообуттара, уокка ас кээспиттэрэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн мин оттулла турар оһоххо, уокка хаһан да силлээбэтэҕим. Силлиир дьону көрдөхпүнэ, бэйэм дьарыйар киһи буолбутум.
kyym.ru сайтан