Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьулус уонна Сардаана
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьулус уонна Сардаана
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
23.10.2020 15:05
Дьулус Улуу Эбэни өҥөйөн туран, уҥуоргу кытылы өр да өр одуулаата. Кынаттааҕа эбитэ буоллар, о-ол көстөр кытылга көтөн тиийиэ этэ... Ол эрээри онно да тиийэн тугу туһаныай? Кини таптала аны онно суох. Кэрэ да кэм ааспыт эбит, бу кыһын кини олоҕор... Сүүрбэ саас... Кэрэ да кэм! «Улааттым» диэн салгыны сатарытыахтыы санаалаах сылдьаҕын, тугу барытын кыайыах, барыны бары ситиһиэх курдуккун. Эйигин ким да самнарбат. Аан Дойду эн эрэ тула эргийэр. Ити курдук санаалаах Дьулус үөрэнэ, талбыт идэтин баһылаары буһа-хата сылдьар. Сүүрбэтин туолар төрөөбүт күнүгэр, өссө аҕата омук сиригэр оҥоһуллубут тимир көлө бэлэхтээбитэ. Онон кини дьол-соргу муҥутуур үрдэлигэр тиийэн сылдьар. Түүнү быһа куорат устун хатааһылыыр, аҕыйах чаас утуйбута буолаат, үөрэҕэр барар. Ол да үрдүнэн барытын ситиһэн, туйгуннук үөрэнэр. Онон көлөһөттөн түспэтин ийэлээх аҕата да сэмэлии барбаттар. Ол курдук кэм-кэрдии ааһан истэ. Дьулус бу күннэргэ олоҕум тосту уларыйыа диэн сэрэйбэт даҕаны. Биирдэ үөрэнэн бүтэн баран дьиэлээри турдаҕына бииргэ үөрэнэр доҕоро Илин Эҥээргэ таһааран биэрэригэр көрдөстө. Куурустарыгар соҕотох Дьулус эрэ массыыналаах. Аны, куорат уола улаатымсыйар эҥин диэн тыл бара сылдьыа. Онон, бэйэтэ бүгүн атын былааннаах этэ да буоллар, барарыгар тиийэр. Сөбүлэстэ. Айаннаан иһэн аргыһа туох эрэ буолары-буолбаты кэпсиир да кэпсиир. Суоппар ону улаханнык аахайбат, биирдэ эмэ «ээх», «һэ-һэ» диэн сэҥээрбитэ буолар. Өйө-санаата олох атын сиргэ – бу киэһэ хайдах курдук «кыыстыахтааҕын» туһунан саныы иһэр. Били урут-уруккуттан ымсыырар Сибиэтэ диэн «сэсиэткэтэ» хатааһылыы барсыах буолбута. Онон Дьулус түргэн соҕустук киһитин тиэрдэн баран төттөрү куораттыы охсор баҕалаах. Оннук айаннаан тиийэн, уолун балыыһа аттыгар хаалларда. Онтон бу түүҥҥү былаанын бигэргэтээри, Сибиэтэтигэр эрийдэ. Олус эйэҕэстик «барыахха» диир. Дьэ, бэрт да бэрт! Төттөрү куоракка айаннаары массыынатын собуоттаан эрдэҕинэ, арай, сибилигин аҕалбыт доҕоро сүүрэн иһэр эбит. Соҕотох буолбатах – кэннигэр биир кыыс батыһыннарыылаах. Кэлэн, куоракка илдьэ барарыгар көрдөстө. Ити бэйэлээҕи көрөн олорон, Дьулус хайаан аккаастыай? Үөрүүнэн сөбүлэһэн, кыыһы массыынаҕа киирэн олороругар ыҥырда. Айаннаан иһэн Дьулус ону-маны ыйыталаһа сатаата да, кыыстан толору хоруйу ылбата, «ээх», «суох» эрэ таһымынан биирдии-иккилии тылынан хардарбыта буолар. Оннук бэрт эрэйинэн да буоллар, Сардаана диэн ааттааҕын, балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлиирин, билигин куоракка үлэтинэн эргийэ баран эрэрин син биллэ. Уолбут бу кыыһы кытта хайаан даҕаны чугастык билсиэххэ баара дии саныы олорон, бэйэтэ да билбэтинэн: «Сардаана, мин киэһэ доҕорбун ыла төттөрү барыахтаахпын, ол барарбар эйигин ылан ааһабын дуо?» — диэн «лэп» гыннарда Ыйытан бүтэн эрэ баран, били «сэсиэткэ Сибиэтэтин» саныы түстэ. Чэ, ону кини кэлин да быһаарыаҕа. Сардаана Сибиэтэттэн быдан ордук эбээт! Кыыс бэрт өр саҥата суох түннүгүнэн таһырдьаны көрө олорор, хоруйдуу охсорго, тоҕо эрэ, олох ыксаабат. Ол тухары Дьулус сүрэҕин
тэбиитэ күүһүрдэр-күүһүрэн истэ, кыыс сибилигин хоруйдаабатаҕына (дьиҥэр – сөбүлэспэтэҕинэ) санаатыгар сүрэҕэ түөһүн тоҕо көтөн тахсыах курдук буолла. Санаатыгар сүрэҕин туһунан баар түөһүн уҥуохтара «хачыр-хачыр» гына хачыгыраан ыалдьан эрдэхтэринэ, кыыс дьэ: «Сөп чэ, киэһэ сэттэ диэки кэлээр», — диэтэ. Ок-сиэ!!! Дьулус үөрүүтүттэн гааһын түгэҕэр диэри тоҕо үктээн кэбистэ быһылаах –массыыната эмискэ иннин диэки ойдо. Сардаана: «Хайдах буоллуҥ?» — диэбиттии кини диэки көрбүтүгэр биирдэ массыынатын уоскутта. Онтон салгыы уу-чуумпутук айаннаатылар. Чопчулуур буоллахха, Дьулус тугу эрэ саҥарыан, кэпсэтиэн олус баҕарар эрээри, этиэхтээх этиитэ барыта күөмэйигэр хаайтаран хаала турар. Бэйэтэ да сөхтө. Сардаана ыйбыт дьиэтин аттыгар тиийэн, Дьулус массыынатын оргууй тохтотто. Кыыс тахсан истэҕинэ, өрө уһуутаан баран, туох баар эр санаатын мунньан: «Оччоҕуна кэлиэм дуу? Сэттэҕэ?» – биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Кыыс массыына аанын саҥа аһыахча буолан иһэн тохтуу түстэ – уол туох диэн түп-түргэнник саҥарбытын төбөтүгэр «буһаран» ылла быһыылаах. Кыратык тохтуу түһээт «сөп» диэтэ. Дьулус кыыһы дьиэтигэр киириэр диэри кэнниттэн батыһа көрөн хаалла. Олус да кэрэ! Уһуна, курбуу курдук көнөтө! Дьиэ аана тыаһа суох сабыллыбытын да кэннэ, Дьулус хараҕар кыыс кэрэ мөссүөнүн, көстүбэт күлүгүн көрө олордо. Бээ, дьиэҕэ баран суунан-тараанан, киһилии оҥостон кэлиэххэ... Массыына гааһа эмиэ түһэҕэр диэри баттанна. Киэһэ сэттэ чаас. Дьулус Сардаананы күүтэ олорор. Баран иһэн сыыһа-халты саҥарбат, акаарытык быһыыламмат курдук, Сардаана кэллэҕинэ хайдах саҥарыахтааҕын-иҥэриэхтээҕин, туттуохтааҕын-хаптыахтааҕын өйүгэр ойуулуур. Эмискэ төлөпүөнэ өрө тирилээн ньиргийдэ, оройго оҕуста – «сэсиэткэ Сибиэтэтэ» эрийэр эбит. Тууй-сиэ! Сибиэтэни хатааһылата барыахтааҕын төрүт да умнан кэбиһэн баран сылдьар эбит. Ээ, чэ, тугу эмэ булан «атмааскаланыам» дии санаан баран төлөпүөнүн ылла. Ол кэмҥэ Сардаана дьиэтиттэн тахсан кэллэ. Кирилиэс үктэллэригэр чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн түһэн иһэрэ хайдах курдук кэрэний! Суох, кини сиринэн хаампат – салгыҥҥа уйдаран оргууй устан иһэргэ дылы. Ону көрөөт уолбут эмиэ ууллан хаалан баран олордоҕуна, төлөпүөн аннараа уһугуттан дуораһыйар саҥа түҥнэри саайан түһэрэргэ дылы гынна: — Jоl (Дьүөл – аныгы оҕолор саха аатын итинник «киэргэтэлэр»), ты где? Когда приедешь? Почему молчишь? — Свет, извини, я на экзамене, – диэт, уолбут араара охсон кэбистэ. Бу ыкса киэһэ сэттэ чааска туох эксээмэнэ кэлиэй? Уонна өссө сиэссийэ да кэмэ буолбатах эбээт. Буоллар – буоллун. Дьулус өйө-санаата барыта Сардаана эрэ буолан хаалла... Бу сырыыга айахтара аһылынна, кэпсэтэллэрэ-ипсэтэллэрэ элбээтэ. Оннооҕор Сардаана аҕыйахтык күлэн ылла. Дьулус ону сүрдээх улахан кыайыыны ситиспит саҕа сананна. Дэриэбинэҕэ чугаһаан иһэн кыыстан дьиэтэ ханна баарын туоһуласта. Олох да били доҕорун дьиэтин аттыгар тиэрдиэхтээх эбит. Кураанах төннүбүтүн көрдөҕүнэ – идээн! Тохтоон таһырдьа тахсан, тоҥо-тоҥо түргэн үлүгэрдик доҕоругар СМС суруйа охсон ыытта: «Таҥна тур, эйигин төттөрү куоракка илдьээри иһэбин”. Анараа киһитэ Дьулуска утары
эрийбитигэр төлөпүөнүн ылбакка эрэ арааран кэбистэ. Салгыы айаннаатылар. Дьэ ирэ-хоро кэпсэттилэр, үчүгэйдик билистилэр, кыыс да Дьулус туһунан элбэҕи ыйытта. Уол санаатыгар сөп түбэсиһэр өрүттэрэ олус элбэх эбит, иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр Айыылартан ананан айыллыбыт курдуктар. Сардаана дьиэтигэр тиийбиттэрэ, Дьулус доҕоро таһырдьа күүтэн турара. Сардаана массыынаттан тахсыан иннинэ Дьулус ыйытта: “Сарсын эмиэ доҕорбун аҕала манна кэлиэхтээхпин. Көрсөбүт дуо, сарсын?” Кыыс, Дьулус сылтах эрэ көрдүүрүн сэрэйбит курдук күлэн баран, сөбүлэстэ... Ол курдук күнтэн күн, ыйтан ый ааһан истэ. Дьулус наар туох эрэ сылтах булан Сардаанатыгар барар, илин кытылга кэлэрэ-барара үксээтэ. Ону тэҥэ били доҕорун төттөрү-таары тиэйэн, абырыахтааҕар, хата эрэйдээтэ быһыылаах. Биирдэ Сардаана дьуһуурустубатын күнүгэр Дьулуһу доҕор буола хааларга ыҥырда. Уолбут хап-сабар сөбүлэстэ. Аҕалбыт доҕоро манна хоно хаалыахтаах, онон ханна да ыксаабат. Ити түүн Дьулус истиҥ имэҥ диэн тугун биллэ! Дьиҥнээхтик таптаһар сүрэхтэртэн тахсар истиҥ иэйии кэрэтин, киһини алыптаах остуоруйа дойдутугар илдьэ барар күүстээҕин! Дьулус урут даҕаны кыргыттары кытта утуйбута эрээри, бу күҥҥэ диэри маннык күүстээх иэйиини билбэккэ сылдьыбыт эбит! Ол дьикти кэрэ түүн кэнниттэн Дьулус туох да сылтах көрдүү сатаабакка, аҥаардас кыл түгэҥҥэ да көрсөн ылаары Сардаанаҕа кэлэр буолла. Онон төттөрү-таары тиэйэн кыһыны быһа «эрэйдээбит» доҕорун да сынньатта. Күн-дьыл түргэнник да ааһар. Улуу Эбэбит мууһа чарааһаан, Дьулус Сардаанаҕа сылдьарын тохтотто. Ол да буоллар, аныгы үйэ сиэринэн, тэтиминэн төлөпүөн, Интэриниэт көмөтүнэн кэпсэтэннэр ситимнэрин быспаттар. Биир үтүө күн (үтүө да буолаахтаан) Сардаана эрийэн оҕо күүтэрин туһунан эттэ. Уолбут куттанан дуу, бэлэмэ суоҕуттан, соһуччута бэрдиттэн эбитэ дуу (ама дьээбэлии олордоҕой?) – туох эрэ «түһэртэрии» туһунан эппитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Оннук амырыын тыллары хайа кыыс тулуйан истиэй?! Биллэн турар, тута төлөпүөнүн арааран кэбистэ. Ити түүн Дьулус кыайан утуйбакка, сарсыардааҥҥы күн сардаҥалара түннүгүнэн өҥөйүөр диэри олоҕун бүтүннүүтүн ырыта саныы сытта. Бу саҥа күнү кытары кини олох атын, саҥа киһи буолан турда. Түүн устата тугу санаан хоммутун, туох түмүккэ кэлбитин кэпсээри Сардаанаҕа эрийэ сатаата да, төлөпүөнэ арахса сылдьар буолан хаалла. Ол күнү быһа миэстэтин булбакка, санаатыгар тугу эрэ куһаҕаны биттэнэн, тохтоло суох эрийэ сатаата да, кыыс төлөпүөнэ биирдэ да холбоммото. Ыксаан, били кыһыны быһа таскайдаабыт доҕоругар сүүрдэ, Сардаана туһунан саатар тугу эмэ билэригэр көрдөһөн элэ-была тылын эттэ. Туруох-олоруох, барыах-кэлиэх сирин булбакка, кытылга сүүрдэн кэллэ. Ол эрээри өрүһү хайдах туоруой? Арай, кынаттааҕа буоллар көтөн тахсыа этэ да... Онтон эмискэ бөртөлүөт туһунан саныы түстэ, аҕата харчынан көмөлөһүө этэ. Аҕатыгар эрийэн туох диирин санаатыгар сааһылыы турдаҕына төлөпүөнэ тыаһаата. Доҕоро эрийэр. Сардаананы үлэтинэн ыраах Хотугу Байҕал кытылыгар баар улууска ыыппыттар үһү (тоҕо түргэнэй!). Ону истэн чэпчээбиттии өрө тыынна. Аны кини өйө-санаата саҥа олоҕу
көрсөргө бэлэм... Дьулус Улуу Эбэ кытылыгар күн киириэр диэри турда, анараа кытылга ааспыт, күүстээх таптал, истиҥ имэҥ диэн тугун билбит кэрэ кэмнэрин саныыр. Уонна бу халҕаһалыы устар мууһу кытары кини Хотугу Муустаах Байҕалга тиийиэн баҕарар. Эбэтэр о-ол үрдүгүнэн көтөр, эҥин-эгэлгэ көтөрдөр курдук кынат үүннэринэн, тус хоту көтөн барыан баҕарар. Ол эрэн үөрэҕин бүтэрдэ да кини хайаан да тиийиэ – бу Орто дойдуга баар саамай күндү киһитигэр уонна хаһан да харахтаан көрө илик быыкаайык оҕотугар... Алик Сивцев.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан