Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саҥата суох таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саҥата суох таптал
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
15.10.2020 17:19
Саҥата суох таптал диэн баар буолар эбит. Ону өссө таптал диэххэ сөп эбитэ дуу, суоҕа дуу? Арааһа, таҕыл буоллаҕа буолуо да, мин санаабар, син биир олохпор көрсүбүт биир умнуллубат тапталым буолар. Били күнтэн ыла номнуо түөрт сыл ааһа охсубут. Түөрт сыл хаар-самыыр түһэн ааспыт. Үгүһү суурайбыт, симэлиппит. Толору дьоллоох дьон түөрт сылы түөрт хонук курдук ааһар дииллэр. Диэминэлэр. Дииллэрэ оруннаах даҕаны. Оттон мин чороҥ соҕотох киһи инньэ диир кыаҕым суох. Ол тугун билбэппин даҕаны. Тоҕо эбитэ буолла, бу олоххо мин суос-соҕотохпун. Күн аайы үлэ-дьиэ, үлэ-дьиэ. Онтон атын мин чуумпу олоҕум тыымпы күөлүн аймыыр туох да суох. Ґлэм да эмиэ ол курдук. Сарсыарда кэлэн көмпүүтэр иннигэр олоробун, күнүс бииргэ үлэлиир дьоммун кытта эбиэттиибин, киэһэ тахсан оптуобус тохтобулун маҕаһыыныттан киэһээҥҥи аһылыкпын атыылаһабын уонна дьиэбэр төннөбүн. Бу – сэттис сылын кур бэйэтэ кубулуйбат хартыына. Сайынын уоппуска да ыла сатаабаппын. Тугу гынаары. Икки нэдиэлэ кэриҥэ сынньалаҥ ыллахпына – миэхэ ол да сөп. Ол эрээри түөрт сыллааҕыта миэхэ умнуллубат сайын ааспыта. Ону эһиэхэ кэпсээн көрүүм. Бэс ыйынааҕы биир сарсыарда, үгэспинэн, тоҕус чааска үлэбэр кэлбитим. Кэлэн хоһум боруогун саҥа атыллаан эрдэхпинэ, аттынааҕы хостон сэкирэтээр кыыс Иванна өҥөс гынан: «Илларион Захарович ыҥыртарар. Кэллэҕинэ киирэ сырыттын диэбитэ», — диэн баран, хоһун иһигэр төттөрү дьылыс гынан хаалбыта. Тэҥнэһиэм дуо, бэҕэһээҥҥи бырайыакпын, арааһа, сыыһа оҥорон мөҕүллэр киһи буоллаҕым буолуо дии-дии, кыһыл мастан оҥоһуллубут аан иннигэр кэлэн, сэмэй соҕустук тоҥсуйан киирдим. — Илларион Захарович, дорообо! Ыҥырбытыҥ дуо? — Ээ-э. Киир-киир. Кыратык олоро түс. Мин билигин, – диэн баран, төлөпүөнүн туруупкатын ылан, ханна эрэ эрийдэ. Балачча тыл бырахсан, кимниин эрэ кэпсэтэн баран, сэкирэтээр кыыска: “Иванна, чэйдэ”,— диэтэ. Онтон, дьэ миэхэ эргилиннэ. Кыыс сып-сап курдук чэй киллэрэ оҕуста. Мөҕүллүөм дии саныы олорон, киһим сирэйэ-хараҕа сырдыгыттан, настарыанньата туохтан эрэ көтөҕүллэн олороруттан сылыктаан, арыый да чэпчээтим. – Ньургун Егорович, дьэ, кырдьык, ньургун киһи эбиккин. Ґлэҥ түмүгүттэн астынным. Ґөһээлэрбит хайҕаан ити эрийэ сырыттылар. Дуоһунаһыҥ үрдүөх курдук, – диэн баран күлэн саһыгыратта. — Илларион Захарович, туох баарынан кыһалла сатаабытым. — Ээ, бу да киһи доҕоор, тугун эмиэ Сахаарабыһай. Эн биһиэхэ номнуо үґүс сылгын үлэлиигин. Син оччоттон-баччаҕа диэри эн-мин дэһэн кэллэхпит дии. Онон Сахаарабыстанымыахха, Дьөгүөрэбистэнимиэххэ. Судургутук Ньургуннаах Илларион. Чэ, уопсайынан, маннык балаһыанньа: эн биһикки икки улахан дьыаланы эргиттибит. Онон эйигин өр сыллаах үлэҕин учуоттаан, соҕуруу ханна эмэ, бэйэҥ талбыт сиргэр, сынньата ыытабын. — Мин уоппускабын, баҕар, күһүн ылыам дии саныы сылдьыбытым ээ. — Ту-угу да утары саҥарыма. Маны миигин дьаһайбыт курдук санаан кэбис. Харчыҥ барыта баһыттан атаҕар диэри төлөнөр. Эбии уоппускаҥ харчытын биэриэхпит. Онон онтон кэлэр нэдиэлэҕэ
барарга бэлэмнэн уонна ханна айанныыргын эмиэ тал. Ити курдук ол үтүө сайыным саҕаламмыта. Икки нэдиэлэ иһинэн ханна барарбын доҕотторум көмөлөрүнэн син быһаарыммытым. Малбын-салбын хомунан Турцияҕа барарга бэлэм буолбутум. Мантан Москубаҕа, онтон Турция Антальятыгар көтөн тиийбитим. Тиийээт да, тута биһиги бөлөхпүтүн «Лара Оливия» диэн түөрт сулустаах отельга олохсуппуттара. Сарсыныгар туур бөлөхпүтүн нуучча кыыһа салайан, куораты дьэ көрө бардыбыт. Анталья — Турция биир саамай дириҥ историялаах, ураты айылҕалаах куората эбит. Урукку өттүгэр маннык курдук омук дойдутугар сылдьыбатах буолан, сөҕүү-махтайыы, көрүү-истии бөҕөтө. Куһаҕана диэн, үөрүүбүн тэҥҥэ үллэстэр киһим суох. Дьэ, ол курдук биир күн сылдьан, аатырбыт Адриан Боруотатын, Йивли минареты, Эски Джаами мэчиэти көрөн баран, муора кытылыгар сөтүөлүү киирдибит. Киһи туох да сөҕүмэр элбэх. Букатын кылы кырбаабыт курдук. Хата, онно кэлэрбит саҕана, биһиги бөлөхпүтүгэр баар эмиэ бэйэм саастыыта эдэр киһини кытта билсэн, кинилиин тутуһан сырыттым. Арай, дуоһуйа сөтүөлээн баран ууттан тахсан күн уотугар сыламныы сытан, хайдах эрэ көхсүм хараҕынан ким эрэ кэтээн көрөрүн сэрэйдим. Эргилинним – ким да миигин кэтээн көрүөх айылаах суох. Онтон арай аттыбытыгар сытар дьахталлар нөҥүөлэрин көрө түспүтүм, кип-киэҥник арылыччы көрбүт, сырдык харахтаах омук кыыһа миигин уун-утары тонолуппукка көрө сытар эбит. Мин хайдах эрэ дук-дах туттан баран, төттөрү эргиллэн саҥа билсибит доҕорбор Саймоҥҥа: — Саймон, ити хайа эрэ омук кыыһа тоҕо миигин тонолуппакка одуулууруй? – диибин. Онуоха киһим хап-сабар бэйэбиттэн төттөрү: — Ханна баарый? – диэт, били кыыһы кылап гынан эргиллэн көрдө. — Тыый, ити кырасаабысса дуо? Оттон, таптаан кэбиспитэ буолуо, – диэн баран мүчүк гынар. — Көр эрэ, билигин даҕаны одуулаан баран сытар дуу? — Сытар-сытар. Арба, ааспыт сайын бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим эмиэ итинник курдук кыргыттары кытта билсэн баран харчыларыттан маппыт түбэлтэлэрэ баара. Онон сэрэниэххэ наада. Сарсыныгар киэһэ эмиэ, били сирбитигэр сөтүөлээн баран, баардыырга сананан, хоно сытар отельбытыттан чугас турар баарга тиийдибит. Анталья турист куората буолан, баарга барыта — кэлиилэр. Олохтоох суоҕун кэриэтэ. Ол эрэн үгүс өттө тоҕо эрэ «бэйэ дьоно» – нууччалар уонна хохуоллар. Күлсүү-салсыы, ырыа-тойук, муусука ньиргийэн олорор. Биир бөлөххө сылдьар дьоммут сорох-сорохторо номнуо хайа эрэ кыргыттары кытта билсэн «хампаанньалана» охсубуттар. Биһиги кэлбиппитигэр ыҥыран ылан кыргыттарын кытта билиһиннэрдилэр. Дьонум англиялыы бэркэ билэр буолан, туох да иҥнигэһэ суох саҥараллар. Оттон биһиги Саймонныын үрдүнэн-аннынан диэххэ сөп. Хата, оскуолаҕа уонна университекка үөрэппиппит көмөлөстө. Балайда өр олордубут. Дьоммут били билсибит кыргыттарын кытта бодуруускалаһан биир-биир барыталаатылар. Мин киһим Саймон эр бэрдэ онтон хаалсыбакка, эмиэ бэйэбит курдук дьүөгэлэрин кытта күүлэйдии кэлэ сылдьар хохуол кыыһын кытта сотору соҕус сүтэн хаалла. Соҕотоҕун хаалан баран өр олоруом дуо, ылбыт пиибэм түгэҕин көрөн баран, тахсар аан диэки
дьулуруйан иһэн, ыы муннубунан, били кытылга көрбүт кыыспар кэтиллэ түстүм. Хайдах көрбөккө хаалбытым буолла, чугаһа бэрдиттэн сылаас тыына сирэйбэр адьас бу илгийдэ. Ып-ыраас киэҥ, соһуйбуттуу көрбүт сырдык харахтара, тугу эрэ этиэхтии сэгэйбит чараас уостара, тэтэркэй имнэрэ, субуллар хара суһуоҕа хайдах эрэ бу түгэҥҥэ миигин абылаан кэбиспиттэрэ. Сүрэҕим дьиктитик мөҕүл гынан ылбыта. Кини да миигин манна көрсүбүтүттэн итэҕэһэ суох соһуйда быһыылаах. Санаабар, кыыһы өссө урут ханна эрэ көрбүт курдугум. Итинник саныам икки ардыгар кыыһым халбарыс гынан биэрдэ уонна бар стойкатын диэки салаллан бара турда. Мин испэр ким эрэ «билигин, эбэтэр хаһан да буолбатах» диэтэ да, эргиллэ биэрдим. — (Англиялыы) Бырастыы гын, эйигин кытта билсиэххэ син дуо? – диэн туох баар эр хааммын барытын киллэрэн туран ыйыттым. Онуоха кыыһым, били Алампалыы эттэххэ: «Саҥата суох салаллан саннын үрдүнэн салаҥ сайаҕастык сандаарыччы көрдө» уонна «кэл» диэн ыҥырар быһыынан төбөтүн кыҥнатан ылла. Мин буоллаҕына хайдах эрэ олус кыбыстан дуу, долгуйан дуу, мөҕүллүбүт оҕо курдук сукуллан кини аттыгар тиийдим. — Привет, — диэн кыыһым олуттаҕас баҕайытык омуктуу саҥарда. Онтон хайдах эрэ эмиэ эр ыллым. Тоҕотун бэйэм да билбэппин. — Привет. Эн эмиэ турискын дуо? Хантан кэлэ сылдьаҕыный? – диэн кэпсэтиини саҕалаан бардым. — Эмиэ туриспын. Дьоммун кытта Италияттан кэлбитим. Аатыҥ ким диэний? — Ньургун диэммин. Оттон эн? — Мин Мия диэммин. Ити курдук туора дойду уораҕыйыгар билбэт кыыспын көрсөн хойукка диэри илиибитин-атахпытын көмөлөһүннэрэн кэпсэтэ олорбуппут. Сарсыарда буолуута уулуссаҕа тахсан хаамсыбыппыт. Хайа-хайабыт да саҥарбат этэ. Балай да хааман муора кытылыгар киирбиппит. Биһиги кэлиибитигэр тоҕо эрэ иһийэн хаалбыт муора кытылыгар атахтарбыт бэйэлэрэ сирдээн аҕалбыттара. Илии-илиилэрбититтэн сиэттиһэн, бэйэ-бэйэбитигэр ыга сыстыахпытынан сыстыһан баран, саҥа тахсан эрэр күнү одуулаан турбуппут. Бу түгэҥҥэ мин Мияны, хайдах эрэ уруккуттан билэр курдугум. Оннук туран кыыс аргыый мин диэки эргиллэн чараас уоһун мин уоспар даҕайбыта. Иһим түгэҕэр туох эрэ минньигэс баҕайытык ньүөлүйэн ылбыта. Мин эмиэ бу нарын бэйэлээх омук кыыһын уран таһаатын кууһан туран кинини хардары уураабытым. Икки уос бэйэ-бэйэтигэр даҕайсыытыттан кыым саҕыллан имэҥ уота күөдьүйбүтэ. Кыыс санныгар баайылла сылдьар былаачыйатын тутулугун сэрэниин-сэрэнэн төлө тардыбытым, ийэттэн төрүү сыгынньах хаалбыта. Ис таҥас диэн суох этэ. Бу миигин өссө ордук долгуппута да, көҕүппүтэ да. Онтон кыыс үөрүйэх хамсаныытынан таҥаһым дуомун сүр түргэнник ньылбы тардан ылбыта уонна кытыл кумаҕар сытынан кэбиспиппит. Биһигини кытылга оргууй охсуллар чуумпу муора сылаас баала сууйара. Аан дойдуга туох баар барыта тохтообут курдуга. Кыыс кэрэ сэбэрэтэ, куба курдук күөгэйбит моонньо, талба таһаата, уһун дьылыгыр атахтара, тэрэйбит түөстэрэ – бу барыта миэнэ этэ. Сыыйа, тугу эрэ үргүтэн кэбиһиэм диэбиттии, сэрэниин-сэрэнэн киниэхэ “киирбитим”. Мия харахтара “тугу
күүтэҕин” диэбиттии, миигин тонолуппакка одуулууллара. Имэҥ уон уоттаах далайыгар умсубуппут. Биһигини туох да тохтотор күүс суоҕа. “Өссө”, “өссө” диирдии, кыыс омуктуу тэптэрэн биэрэрэ, бэйэтэ утары кэбиэлиирэ, быыһыгар оонньоһон төлө көтөөрү мөхсө сатыыра, итиэннэ күлэн лыҥкынатара, онтон эмиэ саҥата суох имиллэҥниирэ. Дьэ. Дьэ. Эмискэ, күүттэрэн-күүттэрэн баран сиһим ороҕоһунан дьикти сүүрээн “дьар” гынан ааспыта. Туох баар барыта тыҥаан турбута биирдэ төлө барбыттыы налыс гынан хаалбыта. Мия эмиэ түллэҥнээн-түллэҥнээн баран, эмискэ кэдэс гыммыта уонна кумахха тиэрэ түспүтэ. Саҥата суох утары көрбүт сырдык харахтарыгар дуоһуйуу, астыныы кыыма кыламныыра. Биһиги дьэ бүппүппүт. Иккиэн саҥата суох туран таҥнан баран, дьон-сэргэ уулуссаҕа тахсыан иннинэ отельбытыгар төннүбүппүт. Суол былаһын тухары биир да тылы мүччү ыһыктыбатахпыт. Арай харахтарбыт харсыһан ылаллара уонна туох эрэ биллибэт сырдык санааны, “саҥата суох таптал” кыымын саҕаллара. Тиһэҕэр, отельга киирээри туран, арахсарбытыгар, умнубаттыы, уохтаахтык өссө биирдэ уураан ылбыта, онтон бырастыыласпакка, саҥата суох эргиллэн бара турбута. Бу түгэҥҥэ миигин курус санаа кууспута. Көрсүөм дуо аны Мияны. Биһиги дьылҕабыт икки тус-туспа суола харсыһан ылыа дуо? Ол эрэн “Все дороги ведут в Рим” диэн дьон мээнэҕэ эппэттэр. Онон “баҕар” диэн эрэнэ эрэ хаалабын. Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан