Кэпсээ
Войти Регистрация

Кинини туох күүтэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Кинини туох күүтэр

K
10.05.2023 18:28
   Кини бүгүн дэлби утатан, төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнаан, кимнээх эрэ киирэр-тахсар тыастарыттан уһугунна. Бэҕэһээҥҥи бырааһынньык кэнниттэн туох буолбутун төрүкү өйдөөбөт. Аттыгар ханнык эрэ билбэт киһитэ илиитин быластаан, иттэннэри сытан мунна хаһыҥырыыр. Алена нэһиилэ оронтон туран таҥаһын хомунан, «өлөрбүт» харчытын ылардыы сананан киһи бинсээгин, бүрүүкэтин сиэптэрин хаспахтыы сылдьан, муостаҕа халыҥ паапка сытарыгар хараҕа хатанна. Арай ону аһа баттаабыта: тобус-толору харчы, сабыс-саҥа арылла илик пачкалар кырыы-кырыыларынан дьаарыстаммыттар.  Кыыс соһуйан хаалан турбахтыы түһээт, өрүскэлэспиттии үлүбээй хас да устууканы сонугар суулуу тутаат таһырдьаны былдьаста.        Тахсан кутуйах хороонун курдук кыараҕас, иҥнэл-таҥнал түспүт дьиэлэрдээх уулусса устун хааман истэ. Бу иһэн санаатаҕына кини олоҕо устар уулуу ааһан иһэр даҕаны, хас үүнэр күн биир кэм хатыланар курдук. Күн аайы көлдьүн олох, чэпчэки харчыны сырсыы, айдааннаах-куйдааннаах саарбах дьоннуун алтыһыы, уохтаах ууну кытта таҕыл таһаарар табаар буолан атыыланыы... онтон харах уулаах кэмсинии, бэйэни аһыныы, тиһэҕэр ким мин маннык олохпун билиэй, бу бүтэһигин диэн бэйэни уоскутунуу.    Алена хаһан эрэ маннык олоҕу батыһааччы кыргыттар тустарынан сиилии да, кэлэйэ да истэрэ. Санаатыгар ол кыргыттар  тугу да гыналлара, сатыыллара суоҕуттан эбэтэр таҕылга тардыһыы күүһүттэн, «успехтаах» буолан көстүү туһуттан эҥинэ бэйэлээх эр дьоннуун эрийсэллэрэ, табыллар түгэнигэр  харчы хайытан хаалар курдуктара. Ким эрэ оччолорго кинини сыччах харчы эрэ туһуттан, кимэ-туга биллибэт түбэһиэх эр киһилиин утуйан туруоҥ диэтэллэр өһүргэнэн өттүгүн тосту түһэрэ чуолкай этэ. Оттон билигин...     Алена хаһааҥҥыта эрэ ыал мааны кыыһа, оскуолаҕа тарбахха баттанар туйгун үөрэнээччилэртэн, актыбыыстартан биирдэстэрэ этэ. Төрөппүттэрэ кини туһуттан биир да хомуруйар тылы истибэтэхтэрэ. Оскуолатын бүтэрээт, куоракка кэлэн талбыт үөрэҕэр тута киирэн дьонун үөрдүбүтэ. Эһиилигэр ийэтэ өлбүтэ. Аҕата толору икки сыл буолбатаҕа, бэйэтиттэн лаппа эдэр дьахтары ойох ылбыта. Оҕоломмуттара, ону кытта тэҥҥэ улахан кыыс умнууга хаалбыта. Кыыс да чугаһыы сатаабатаҕа. Кэнникинэн одоҥ-додоҥ кэлэр «перевод» да харчы тохтообута.    Кыһайбыт курдук бииргэ олорор кыргыттара бары да кыахтаах, таҥас-сап, кырааска диэн баран муннукка ытаабыт барахсаттар этэ. Олор истэригэр кини алҕаска киирэн хаалбыт ала тураах курдук сананара. Онтун биллэримээри харса-хабыра суох тыллаһан, киирэн-тахсан, барытыгар кыттыһа сылдьар чэпчэки кыыс курдук өйдөбүлү үөскэппитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Тас да дьүһүнэ, тупсаҕай, быһыыта-таһаата эдэр дьону умсугутар, ис кэрэтэ эмиэ кырата суох суолтаны ылбыта. Сыыйа-баайа уолаттары хайытан, киинэҕэ, рестораннарга сылдьыы, ардыгар син балачча сыаналаах бэлэҕи ылыы кини «суураллыбат» анала буолбута. Оттон ханна ыччат элбэх, көр-нар үгүс да, кыраадыстаах утаҕынан саатааһын, кылгас кэмнээх романтика элбиирэ ханна барыай. Биирдэ, эмиэ үгэһинэн хоһун кыргыттарыныын саҥа билсибит уолаттарын кытары «хааталыы» барбыттара. Эмиэ аһаабыттара. Биирдэ өйдөммүтэ... Оо ону саныан да баҕарбат. Бэл, билигин. Бу курдук «тириитэ халыҥаан, кирпииччэ бэрдэ» да буолан баран. Таҕыллара хамматах баҕайылар бэһиэ этилэр. Кини – соҕотоҕо. Кыргыттара букатын да эрдэ дьиэлээбит, тугу да билбэт аатырбыттара. Үҥсүөн кыбыстыбыта, бэйэтин, сыччах бэйэтин буруйдаммыта.    Ол хара күн кэнниттэн кини букатыннаахтык уларыйбыта. Өскөтүн кини бу иннинэ тапталын көрсөн, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэр дьолу саныыр эбит буоллаҕына, ол эмискэ сотуллубута. Санаа-оноо ытылҕаныгар хаптарбыт хаҕа эрэ хаалбыт кыыс үөрэҕэр аахайбат, ээл-дээл сыһыаннаһар буолбута. Күлэрэ-үөрэрэ тохтообута. Кыргыттара урут илэ-сала көтөр бэйэлэрэ, туора көрөр буолбуттара. Кыыс үөрэҕэр сылдьара аҕыйаабыта, устунан уһуллубута.    Уопсайтан тахсаатын утаа хаһааҥҥыта эрэ биир бөһүөлэккэ олорбут иһээччи, күүлэйимсэх дьахтарын, хата, көрсөн, олорор муннуктаммыт курдук буолбута. Наар харчы тиийбэт кыһалҕата, куорат дьалхаана, дьон тоҥуй сыһыана тыа кыыһын уйан дууһатын тымныынан хаарыйара. Ол эрээри төрөөбүт сиригэр тиийиэн, саҥа ойохтоох аҕатыгар боҕуу буолар баҕа хайдах да киирбэтэҕэ. Настаа дьиэтин аана киниэхэ эрэ аһаҕас буолбатаҕын өр-өтөр буолбакка билбитэ. Сатамматахтар, табыллыбатахтар аралдьытынаары аһаан, атыттар күүлэйдээн ааһар аймалҕаннаах дойдулара эбит этэ. Аны кэлиҥҥинэн дьиэлээх хотун кининэн маачыктаан эр дьонтон харчыланар буолан барбыта. Оттон төлөһөөччүтэ, дьахтар этэринэн, «аһыыр айаҕын боруостанааччы» кини этэ. Үлэтэ, биир да билэр киһитэ, уруута-аймаҕа суох кыыс ону төһө да сөбүлээбэтэр ылынарыгар тиийэр. Холобур, бэҕэһээ эмиэ Настаа ханнык эрэ баахта ньыманан үлэлээн кэлбит киһилиин билиһиннэрбитэ. Бэйэтэ үгэһинэн мэһэйдэспэт аатыран атын сиргэ дьүгэлийбитэ. Дьахтары билбэтэҕэ өр буолбут эр киһи кинини даххаһыта оонньооботоҕо, бэрт холустук тутан-хабан барбыта... Кыыс уустук балаһыанньатын мүлүрүтээри күндү коньягы утаппыттыы киллиргэппитэ...     Алена ханна чуолкай барарын билбэтэр да, тиэтэйэ-саарайа иннин хоту анньан истэ. Кинини туох күүтэр? Ити баҕайы сотору уһуктан куораты биир гына көрдөттөҕүнэ, эбэтэр милииссийэнэн да турдаҕына көҥүл. Настаа туһунан этэ да барыллыбат. Саарбах атастарын, бөтөстөрүн мунньан көрдөттөҕүнэ, бу быыкаа куорат иһиттэн быччаччы туталлара чуолкай. Оо, бу олох хаһан бүтэр? Иннигэр сырдык саҕах хаһан да, ама, арыллыа суоҕа дуо?    Алена инники дьылҕатын ким да билбэт. Хобдох олоҕо холорук курдук сөрөөн, эдэр бэйэтин эмэхситиэ, хара дьай хараҥа дьааматыгар тартар-тардан иһиэ дуу, эбэтэр син хайдах эрэ оттон-мастан тардыһан олоҕун суолун булуо дуу? Маннык быһыы тахсыбатын туһугар туох үлэ ыытыллыахтааҕый? Төрөппүт иитиитэ маныаха төһө суолталааҕый? Бу курдук ыйытыыны хас да киһиэхэ биэрдибит.   Хоруйдар:    Семен, устудьуон:    — Тус бэйэтиттэн тутулуктаах. Сэрэйдэххэ, кырата суох харчыны ылбыт. Онон атын, ким да кинини билбэт сиригэр тиийэн, олоҕун саҥаттан саҕалыан сөп дии саныыбын. Ол эрээри, кини биир да чугас дьүөгэтэ суоҕа дьикти. Ол аата бэйэтэ бастааҥҥыттан да хайдах эрэ буоллаҕа дии. Саатар аҕатыгар барыаҕын. Кыыс бэйэтэ буруйдаах. Эбиитин уоруйах буола-буола. Билигин да итинник кыргыттар, наһаа да үөрэхтэрин бырахпаталлар, кыра-кыралаан уолаттары хайытан аһааччылар  бааллар. Мин тус бэйэм ити курдук сылдьыбыт кыыһы ойох ылар санаам суох. Сылдьыахтара эбээт.     Ольга, дьиэ хаһаайката:    — Эрэйдээҕи даҕаны. Ити дии, ийэтэ тыыннааҕа буоллар, кыыс маннык эрэйгэ түбэһиэ суох этэ! Эр дьон диэн итинниктэр, саҥа ойохтоннулар да, бастааҥҥы оҕолорун букатын да умнан кэбиһиэхтэрин сөп. Кыыс аҥаардас аҕатын да хаҕыс сыһыаныттан, ийэтин сүтэрбит стреһиттэн, ол-бу куһаҕаҥҥа умньаннаҕа. Билбэтиим, ити кэнниттэн кини олоҕо тосту көнөн хааларын саарбахтыыбын.      Ульяна Васильевна, уруккута учуутал:    — Кыыс бастааҥҥыттан сыыспыт. Кинитээҕэр буолуох уустук олохтоох, элбэх эрэйи көрбүт дьон кимнээҕэр сайдан, үөрэхтэнэн, үтүө үлэһит, бастыҥ ийэ, хаһаайка буолаллар. Төрөппүттэрин иитиитэ эмиэ манна суолталаах. Кинилэр оҕолорун, арааһа, наһаа, «тепличнэй» эйгэҕэ ииппиттэр. Онтулара кыра да уустугу уйбакка, иһэн-аһаан, чэпчэки олоҕу батыһарга сорунан, улахан иэдээҥҥэ тэбиллибит. Ким да кинини күүлэйдээ, эр дьоннуун «хааталаа» диэн күһэйбэтэх эбээт. Билигин төһө да истипиэндьийэ кыра диэтэллэр, уопсайга олорор оҕо син тиийинэн олоруон сөп. Хайа, уонна оҕолор син атах-бытах үлэни булан, муоста сууйан, син харчы өлөрүнэр кыахтара билигин баар. Мин билэр хас да оҕом сайынын кафеларга, кыһынын кыра маҕаһыыннарга, үөрэнэр сирдэригэр муоста да сууйан, истипиэндьийэлэригэр эбинэллэрин билэбин. Төрөппүт ыччат маннык суолга киирбэтин курдук эрдэттэн олох уустуктарыгар бэлэмнээх, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар гына иитиэхтээх. Төрөппүттэр оскуолаҕа сэлээнниир үгэстээхтэр. Бу – сыыһа.    Баһылай, ыал аҕата:     — Эр дьону сатаан ииппэппит. Мөлтөҕү, кэрэ аҥаары харыстаабаппыт. Испит кыыс буолла да, барытыгар бэлэм диэн сыыһа өйдөбүл баар. Ону сорох ардыгар бэйэбит да өйүүр курдук тыллаһабыт. Бэл, суукка кытта. Тоҕо испитэй, бэйэтэ буруйдаах диэх курдук этии элбэхтик иһиллэр. Оттон кыыс оҕо хаһан да итириэ суохтааҕа өйдөнөр. Бэйэм кыргыттардаах киһи буолан, итинниги иһиттэхпинэ сүрэҕим ыалдьар. Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэ-такайа сатыыбын, төһө кыалларынан.           Марина Егоровна, атыыһыт:      — Кыыһы күүһүлүүр, арыгыга атыылаһар киһи дьиҥнээх эр киһи буолбатах. Былаахыга уурталыы-уурталыы кэрчиктээн кэбиспит киһи. Дьэ, биһиги гуманнайбыт бөҕө. Өйүн-төйүн тута илик кыысчаан эрэйдээх дьылҕата ити курдук киһийдэхтэртэн тутулуктаах үйэтигэр олорорбут олус хобдох. Настаа – букатын да инникини, кэскиллээҕи санаабат акаары дьахтар эбит! Хаайыыга олордон, буруйун боруостатыахха наада. Кыыс ити кэнниттэн хайдах олоҕу олороохтуой? Билбиттээҕэр сэрэйбит дьэҥкэ.      Дуунньа, буҕаалтыр:     — Ээ, чэ, кимнээҕэр олоҕун булуммута буолуо. Көрдөххө, кимнээҕэр күүлэй бөҕөнү күүлэйдээбит, эр дьон бөҕөнү сыымайдаабыт дьахталлар быр-бааччы ыал буолан олороллоро баар буолар. Хата, ол оннугар — арыт — ардыгар күөх оту тосту үктээбэтэх, көнө, сэмэй кыргыттар аналларын булбакка, эбэтэр арыгыһыкка тахсан эрэйдэнэллэрэ эмиэ баар. Онон Аленаҕа кириэһи туруорар эрдэ буолуо.         Бүөккэ, суоппар:    — Ити барыта сымыйа. Ханнык да уоруйах бэйэтин уоруйаҕынан, арыгыһыт арыгыһытынан, сэлээрчэх сэлээрчэҕинэн ааҕыммат. Бары бэйэлэрин үтүөлэрин хостуур, аһыннарар сымыйа номохтоох буолаллар. “Мин эрэйдээх үчүгэй баҕайы киһи эрээрибин бу сордоно сылдьабын” диэн... Билигин тыа сириттэн куоракка үөрэнэ киирбит оҕо эрэ барыта итинник балаһыанньалаах эрээри, ити кыыс курдук дьүһүлэммэттэр. Көр эрэ маны, кини “үтүө олоҕу” сырсыбыт үһү! Мин саныахпар итинник суолу куттара-сүрдэрэ сайҕаммыт, киһи-сүөһү төрдө буолар анала суох дьон тутуһаллар.           Көрбүккүт курдук, дьон санаата араас. Чэпчэки суолу, судургу харчыны була сатаан улахан эрэйгэ, иэдээҥҥэ түбэһэр ыраах буолбатах. Аныгы үйэҕэ араас сыстыганнаах ыарыы, дьаҥ элбэҕэр инбэлиит, кыайан оҕоломмот да буолуохха сөп. Онон кыргыттар сэрэниҥ, бэйэҕитин харыстааҥ диэн этиэ этибит. Оттон, эһиги, ааҕааччылар, туох дии саныыгыт?   Балаһаны бэлэмнээтилэр Мария Осипова, Саргылана Николаева. 2007 с.
kyym.ru сайтан