Кэпсээ
Войти Регистрация

Анньыы-хара, сэт-сэлээн

Главная / Кэпсээн арааһа / Анньыы-хара, сэт-сэлээн

K
10.05.2023 18:26
   Былыр оҕо сылдьан  биир түбэлтэни өйдөөн хаалбыппын кэпсиим. Хас саастаахпын билбэппин, арааһа, үһүм-түөрдүм быһыылааҕа. Биир сайын Мөрөөйү алааһыгар эбэбин кытары сайылаабытым. Алаас-сыһыы улахана, онон быттыгар-хонноҕор уончаҕа чугаһыыр ыал түһэн олороро. Дьукаахтаһа олорор ыалбыт аҕата Микиитэ маска баттатан суорума суолланаахтаабыта. Сойбут киһини сууйан-тараан баран остуолга сытыарбыттара. Илиитин түөһүгэр ууран баран чүмэчи туттарбыттара. Ґс күнү супту алаас дьоно бары  кэлэн бырастыылаһан бараллара.        Микиитэ барахсан, кырдьык, аһыылаах киһи барбыт быһыылааҕа: курутуйбут дьон олус элбэҕэ. Таһаарар күннэригэр Мэлииппэ Мэхээс диэн алта уу кырбас оҕолоох киһи киирэн кэллэ. Дьон хоруоп тула уку-суку туралларын көрдө. Эргим-ургум көрүөлээтэ, бокуонньук таһыгар кэллэ, онтон үөһэ тыынан уһуутаан баран: «Эчи, хаарыаны, Микиитэ таах сытар дуу? Абыраммыт да киһи!» — диэн саҥара түһэн баран, аа-дьуо тахсан баран хаалла. Дьон “бу киһи тугу-тугу тылласта” диэн соһуйан, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ.      Ол киэһэ Мэлииппэ Мэхээс ампаарыгар киирэн ыйанан турарын булбут этилэр. Мэхээһи, бэйэтигэр тиийиммит киһини, ким да аһыйбытын-хараастыбытын олох өйдөөбөппүн. Туох да үс хонуга-таймата суох куһаҕан өрбөххө суулаан баран, иин хаһан, түүн таһааран умсары быраҕан кэбиспиттэр. Кэлин:    — Дьэ, ымсыырбыт сиригэр бардаҕа! — дии-дии мөҕүттэллэрин өйдүүбүн.    Ол онон бүппүтэ. Ким да ытаабатаҕа-соҥооботоҕо. Эгэ, аатын ааттыахтара дуо, Мэлииппэ Мэхээс бу сиргэ төрөөбөтөҕүн да курдук таһы-быһа умнан кэбиспиттэрэ. Оччотооҕуга төһө да кыра оҕо буолларбын ону бэркиһээбиппин өйдүүбүн. Бэйэҕэ тиийинэр аньыы эбит диэн өйбүтүгэр сүппэттии иҥпитэ.    Билигин кэлэн санаатахха, ол Мэлииппэ эрэйдээх төбөтүнэн бырахтарбыт быһыылааҕа. Тугу да кэпсэппэт, ууну омурдубут курдук сылдьар, ойуурга тахсан уйа-хайа суох ытыыр эҥин диэн кэпсииллэрин өйдүүбүн. Ол иһин да бэйэтигэр тиийиннэҕэ, өлбүт киһиэхэ ымсыырдаҕа.    илигин дьон бэйэҕэ тиийинэрэ элбээтэ диэн кэпсииллэрин истэбин. Урукку курдук сиилээн-хоһулаан, аанньа ахтыбакка сиргэммитии-кэлэйбиттии умса көмөллөрө буоллар, дьон бэйэлэригэр тиийинэллэриттэн тардыныахтара этэ дии саныыбын. Ама, ким ыыс-кырыыс арыалдьыттаах умса көрө сытыан баҕарыай?!   Оонньуур да кэмнээх      Киэсик киһини куттуур-соһутар идэлээх этэ. Туох да күүппэтэх өттүгүттэн бу барыйан тахсан киһи кутун куоттарыах айылаахтык часкыйар куһаҕан дьаллыктааҕа. Эр киһиэхэ холооно суохтук, дьахтар курдук хатаннык, кулгааҕыҥ чуҥкунуор диэри кыланара. Аны туран, бэйэтэ кэпсииринэн, тоҕоостоох түгэн көһүннэ да часкыйбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар үһү.    Маҕаһыыҥҥа – ойоҕос тостор уочарата. Сүөгэй тахсар күнэ. Бэйэ-бэйэлэригэр иннинэн-кэннинэн хам сыстыбыт дьон уһун эриэн моҕойу санаталлара. Уочарат – биир тыынар-тыыннаах харамай. Тыына эрэ буолбакка өйө-санаата да бу түгэҥҥэ биир буолар.  Билигин санаатахха, букатын билбэт киһигэр сыстыаххынан-сыстан турарыҥ көрүдьүөс баҕайы эбит ээ. Аны, ким да бу уочараттан тахсар кыаҕа суох. Таҕыстыҥ эрэ бүттэҕиҥ: хам сыстан турар дьону төттөрү  силэйэн киирэриҥ саарбах. Онон ким да харыс сири сыҕарыйбат, дьөрү хамсаабат даҕаны. Арай, дөрүн-дөрүн күүтүүлээх малларын атыылаһан дьолломмут дьону «уһун моҕой» пал гына силлиир.    Киэсик кими эрэ соһутуон, дьээбэлиэн баҕаран ис-иһиттэн үөнэ көбүөхтээн кычыгылана турар. Јлүү түбэлтэлээх аттынан өмүрэх Миэлэппий оҕонньор бөтүөҥҥэ толору сүөгэйдээх аан диэки тахсаары сыҕаҥнаан эрэрин көрөр. Аттыгар чугаһаабытын кэннэ эмискэ ыстанан тиийэн чохчойо түһэн баран кулгааҕар часкыйан бытарытар. Онто доҕоор, уолуйбут оҕонньор “хонтуруолуттан тахсан” часкыйа-часкыйа, уочараттаан турар дьону аҥаар кырыытыттан сүөгэйинэн ыһан улахан айдааны, аймалҕаны таһаарар. Киэсик үөрүүтэ сүр. Киҥэ-наара холлубут уочарат уолу сүөгэйиттэн матаран, кэтэххэ биэртэлээн, эмэһэҕэ тэбиэлээн маҕаһыынтан үүрэн таһаарар.    Биир сайын Киэсик үрэх баһыгар оттоһо тахсан баран часкыйар кэмэлдьитин туура быраҕан төннүбүт үһү диэн истибитим.    Отчуттар хаптаһын дьиэҕэ олорбуттар. Киэсик охсор-харбыыр үлэҕэ мөлтөһүөр буолан, ас астааччыга илии-атах үлэһитинэн анаммыт. Биирдэ кылаабынай асчытын  сорудаҕынан ходуһа кытыытыгар үүнэр хаптаҕаһы үргүү сылдьыбыт. Санаата көнньүөрэн, ыллаан киҥинэйэ-киҥинэйэ, сир астыы сырыттаҕына кэннигэр ким эрэ тыынара иһиллибит. Маҥнай ыт сылдьар диэн аахайбатах, хайыһан да көрбөтөх. Онтон хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, туох эрэ сырдык туртаҥныыр үһү. Хайыһан көрбүтэ – куһаҕан баҕайы көрүҥнээх эмээхсин турар эбит. Уол эргиллэрин күүтэн туран кулгааҕар сыста түһээт мэйиитигэр олорон хаалар гына хатаннык-чуордук часкыйан тэһэ барбыт. Киэсэ отуутугар хайдах кэлбитин өйдөөбөт. Биир кэм сап-салҕалас буолбутун эрэ өйдүүр үһү. Онтон ыла дьону соһутара, часкыйара букатыннаахтык тохтообут. Хойут биллибитинэн Киэсиги асчыта куттаабыт. Киэсэ сотору-сотору соһутан-өмүрдэн миинин-хааһытын тохтороруттан хал буолан, үөрэтэн биэрбит.   Бүөтүр АРЫЫЛААХАП.
kyym.ru сайтан