Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыстапаан... Стеша... уонна Москуба куорат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыстапаан... Стеша... уонна Москуба куорат
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.05.2023 18:24
Маайыс Ыстапаанын Москуба куоракка үөрэттэрбитэ бэһис сылыгар барда. Бу нэһилиэккэ кийиит буолан кэлиэҕиттэн үөрэнэ сылдьар эрдээх аатыран, саатар туспа дьиэлэммэтилэр даҕаны. Эрин үөрэттэрэр киһи быһыытынан, оҕолорун Ыстапаан дьонугар хааллара-хааллара, дьыссаат куукунатыгар үлэлиирин таһынан, харчы өлөрө сатаан, тэрилтэтин хотунун кытары кэпсэтэн ньээнньэлиир, эмиэ да остуорастыыр. Инньэ гынан түүнүн-күнүһүн ыпсаран сылдьаахтыыр. Хамнаһын ылла да улахан аҥаарын киһитигэр ыытар. Ыстапаана, бастаан утаа сылга иккитэ, онтон «харчым суох» диэн, сылга биирдэ эрэ кэлэн барар. Саатар, хайдах сылдьаргын суруйуоххун диэтэҕинэ: «Бириэмэм олох тиийбэт, күнү-күннүктээн — үөрэх сырсыыта. Дьэ, үөрэхпин бүтэрдэрбин эрэ, оҕолорбутун илдьэ Дьокуускайга көһүөхпүт...» — диэн эрэннэрбитэ ыраатта. Маайыс үлэтиттэн арыт үлтү кырбаммыт киһи курдук, бырда быстан, нэһиилэ соһуллан кэлэр. Баар-суох эрэммит киһитэ чугас суоҕуттан, саатар сурук суруйан абыраабатыттан кыһыйан, сыттыга илийиэр диэри ытыыр. «Аҕыйах сылы тулуйуохха, сотору кэлиэ, оччоҕо этэрин курдук, оҕолорбутун илдьэ куоракка көһүөхпүт; мин баҕалаах үөрэхпэр, дьэ киириэм этэ уонна үчүгэй үлэни булан киһилии олоруохпут» диэн уоскутунар. Маайыс Ыстапаанын субу кэлиэхтээх диэн, күнүн ааҕа сырыттаҕына: «Барбат буоллум. Манна үчүгэй төлөбүрдээх үлэ көһүннэ», — диэн суһал тэлэгирээмэ тигинээн кэллэ. Маайыс, ону ааҕаат, ахтыбыт санаатыгар эбитэ дуу, бастаан кэлбэт буолбут диэн хомойо санаата. Долгуйан, сүрэҕэ бүллүргэччи тэбиэлээн ылла, хараҕын уута бычалыйан таҕыста. Онтон Ыстапаан ийэтэ Аана: «Хайыы, оҕолорум сотору Москуба ыала буолсуккут дии...», — диэн күлүм аллайбытыгар, чочумча турбахтаан баран, чахчы даҕаны диэн, улаханнык сэргэхсийдэ. Аны, дьэ, Москубаҕа тиийэн хайдах олохсуйуохтарын ыатарар идэлэннэ. Долгуйуу улахана. Киһи сатаан да санаабат үлүгэрэ. Суох-суох, Москубаҕа олох барыам суоҕа. Ол-бу буола сылдьыбатын, бэйэтин манна аҕалыахпыт. Били тэлэгирээмэни тутуохтарыттан, киһилэрэ ытыс да саҕаны суруйбата. Ууга тааһы бырахпыттыы мэлийдэ. Арай дэриэбинэ дьахталлара Ыстапаан ханна барбытын таайа сатаан, арааһы бары ыаһахтыыллар: «маннааҕытын бырахпыт үһү.., Москубаҕа саҥа нуучча ойохтоммут.., сөпкө гынар үөрэҕэ суох дьахтары манаан олоруо дуо, үөрэхтээххэ бардаҕа дии.., хайа эрэ дьахтардыын сылдьарын көрбүттэр.., ону-баара Дьокуускайга баар үһү», — эҥин диэн, буолары-буолбаты бары таайан көрөллөр. ...Ыстапаан үөрэҕин бүтэрбитэ икки сыл буолла. Ол тухары биирдэ да баарын биллэрбэтэ. Киһи эрэ дьиксинэр суола. Москуба курдук улахан сиргэ туох баҕарар буолуон сөп. Маайыс, муҥур уһугар өйө-санаата ыһыллан, утуйар уута көттө, аһыыр аһа да ас буолбата. Толору эттээх-сииннээх дьахтар кууран-хатан, хайдар аҥаара эрэ хаалла. Дэриэбинэ дьоно көрүстэхтэринэ: «Дойдулаан хаалбаккаҕын, былыр үйэҕэ араҕан барбыт киһини күүтэн сордоноҕун?» — диэн, арыт аһынан сүбэлээн ылаллар. Маайыс бара соруммута буоллар, барбыта ырааппыт буолуо этэ да... Ыстапаанын таптыыра бэрт. Хайдах оҕолорун аҕата суох хаалларыай, хайа уонна туох да сылтаҕа суох тоҕо арахсыай? Ама, икки сыл сурук суруйбата диэн арахсыа дуо? Баҕар, чахчы сурук суруйар да солото суоҕа буолуо. Баҕар, суругун тиксэрбэттэрэ буолаарай? Хайыах баҕайыный? Ити үлүгэр сыранан үөрэттэрэн баран, улахан үлэһит буолбутун кэннэ, ама арахсыахтара дуо? Ол гынан баран дьон ыаһаҕа диэн сүрдээх. Тыала суохха мас хамсаабат. Маайыс курус санаа хамначчыта буолан, арааһы бары эргитэ санаата. *** Биирдэ Маайыс Дьокуускайга кыра кыыһын балыыһаҕа көрдөрө киирэ сырытта. Арай оптуобус тохтобулугар биир киһи, тугу эрэ этэ сатаан кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, тоҕоноҕуттан ылбытыгар соһуйан өлө сыста. Хата, киһитэ: «Ыстапаан кэлбитэ дуо?» — диэн ыйытааччы буолла. Ким буоларын бу диэн билэ охсубатар да: «Кинини хантан билэҕиний?» — диэн, хап-сабар ыйыталаһа оҕуста. «Хайа, бииргэ балыктаан баран умнан кэбистиҥ дуо?» — диэн күлбүтүгэр, дьэ өйдүү биэрдэ. Арба, биир сайын Москубаҕа бииргэ үөрэнэр доҕорум диэн, хоту дойду киһитин илдьэ кэлэ сылдьыбыттааҕа. Кэргэнэ суруйбатын, тугу да биллэрбэтин туһунан этиэҕин төһө да кыбыһыннар, хайыаҕай, баҕар, ханна баарын билэрэ буолаарай диэн: — Ыстапаан кэлбэтэҕэ. Устунан үлэлии хаалабын диэн тэлэгирээмэ ыыппыта... Уонна биирдэ да биллэрбэтэ. Баҕар, эн билэриҥ буолаарай? – диэт, бөтө бэрдэрэ-бэрдэрэ, хараҕыттан уу-хаар баста. Киһитэ соччото суох балаһыанньаҕа киирбитин, дьэ өйдөөн мух-мах буолла. Көрсүбүтүн да кэмсиннэ быһыылаах. — Биирдэ да суруйбатаҕа даа? Ама, доҕор?! Оттон биһиэхэ хам-түм да буоллар суруйар ээ, — диэт, сыыһа саҥардым дуу диэбиттии улаханнык симитиннэ. — Тыый, оннооҕор дьонугар, оҕолоругар суруйбат эрээри, табаарыстарыгар суруйар эбит дуу?! – киһититтэн кэлэйэн, хараҕыттан уу хачылыйан таҕыста. Онтун харытын таһынан туора хаһыйан кэбистэ. – Миэхэ бэрт түргэнник Ыстапаан Москубатааҕы аадырыһын аҕал. Харчы буллум да көтүөм. Хайдах буола сылдьарын илэ харахпынан көрдөхпүнэ биирдэ эрэ уоскуйуом. Киһитэ, түргэн үлүгэрдик сиэбиттэн блокнотун хостоон, Ыстапаан аадырыһын булан биэрдэ. Маайыс соҕуруу буолуохтааҕар, Дьокуускай куоракка да үктэммитэ ахсааннаах. Ол эрээри Ыстапаанын хайаан да көрсө барарга бигэтик сананна. Дьүөгэлэриттэн иэстэһэн, дьонун биэнсийэтин эбинэн, онтон-мантан мунньан-тараан, бырайыаһыгар тиийэр харчыланна. Онон сарсыарда көтөрдүү оҥостон пуорка киирдэ. *** Москуба пуордугар түһэн баран, кымырдаҕас уйатын ыспыт курдук кыймаҥнас киһиттэн хараҕа иирэ сыста. Ханна эрэ ыксыыллар, субу түҥнэри көтөн ааһыах курдуктар. Саатар, Ыстапаан ийэтэ уолбар диэн сүөгэй, барыанньа биэрэн ыыппыта, эчи ыараханын. Дьиҥэ, сурук да суруйан абыраабат киһиэхэ тугун эмиэ сүөгэйэй-тайматай дии санаан, өһөҕүн киллэрэн, сонно муостаҕа олордон кэбиһээри гынан баран тохтоото. Баҕар, Ыстапааным эрэйдээх өрүттүбэт ыарыыга ылларан суккуруур дууһата эрэ сытара буолуо диэн, эмиэ да аһына санаата, уйадыйан ылла. Таһырдьа тахсан такси тутан баран, маннык аадырыска барыахтаахпын диэн кумааҕытын көрдөрдө. Киһитэ киэбирэ соҕус «аҕыс мөһөөх» диэбитигэр, Маайыс сыыһа иһиттим дуу, хайдах дуу диэн нууччалыы куһаҕаннык да саҥардар, быһаарсан баран тэйэргэ сананна. Онуоха киһитэ «ханнык баҕарар киһиттэн ыйыт, бары маннык диэхтэрэ» диэн өрө күүдэпчилэннэ. Хайыай, Москубаны харчы хамсыыр куората диэбиттэрэ. Саатар, биир эмэ, билэр соҕус киһини кытта кэлбитим буоллар диэн кэмсинэ истэ. Чэ-чэ, билигин Ыстапааммар тиийдэрбин эрэ, барыта быһаарыллыа диэн уоскутунна. Такси суоппара ону-маны ыйыталаһан көрдө да, Маайыс эрэйдээх тыла суох киһи курдук төбөтүн тоҥхох гыннара олордо. Аанньалаах кэпсэтии тахсыа суох диэтэ быһыылаах: киһитэ муусукатын улахан баҕайытык холбоон кэбистэ. Икки чаас кэриҥэ Москуба устун айаннаан баран, биир үрдүк этээстээх дьиэ иннигэр хорус гына түстэ. Дьиэ ааныгар олорор эмээхситтэртэн эрэй бөҕөнөн ыйдаран-ыйдаран, Ыстапаанын аанын, дьэ булла. Долгуйара диэн сүрдээх. Тыын ылан, чочумча турбахтаан баран кунуопканы баттаата. Аан нөҥүө дьахтар саҥата умайыктанна: «Кто там ещё?». Маайыс атын сиргэ тиийэн хааллым дуу диэн атыҥыраан: «Ээ, асыыбылас» диэтин кытары аан аһылынна. Хартыынаттан түспүт курдук кыраһыабай кыыс күп-күөҕүнэн көрөн турар. «Дебуска, исбините, асыыбылас, набиэрнэ... мне Ыстапаана надо...», — диэн киэр хайыста. Анарааҥыта кып-кыра, хап-хара дьахтары көрөн өйдөөбөтөх курдук үөһэттэн аллараа, аллараттан өрө көрөн таһаарда уонна: «Кто-кто? Аа-а..., наверно из Якутии... — диэт, — Стеша-а, твои родственники, вернее тетя... », — диэбитигэр, анараа хостон бэйэлээх-бэйэтин Ыстапаана мохоруобай халаакка сууланан тахсан кэллэ. Эмиэ да Ыстапааҥҥа дылы, эмиэ даҕаны олох атын киһиэхэ дылы. «Хайдах-хайдах баҕайыный» дии санаата. Манныгы эрэ көрүөм диэбэтэх киһи тугу саҥарыай. Киһитин көрдө, дьахтары көрдө, соһуйан хаалан иһиттэн саҥата кыайан тахсыбата. Муннун анныгар тугу эрэ буугунуу сатаата да, туох диэхтээбитин ким да өйдөөн истибэтэ. Ыстапаан ыран, дьүүкээрэн хаалбыт Маайыһын эмиэ билэ охсубата. Онтон: «Маайыс... Маайыс... эн дуо?» диэн саҥа таһаарда. Кини тыаҕа баар Маайыһа хайдах манна кэлэн хаалыаҕай? Туох да диэн булбата. Итии чоххо баттаабыт курдук кып-кыһыл буолан хаалла. «Ыстапаан, бу мин дии, Маайыспын..., ама, билбэтиҥ дуо..?», — дии-дии хараҕыттан уу-хаар баста. Тула өттө барыта туман курдук устан барда. Биирдэ өйдөммүтэ, Ыстапаана ыстакааҥҥа уу кутан букунайа сылдьар. Кинини дьыбааҥҥа сытыарбыттар. «Стеш, а че, тетка твоя странная какая-то? И так еле-еле... Смотри-ка ты. Родственников еще не хватало...», — диэн атаахтаабыт оҕо курдук чубугуруур. Өссө «түөткэ» диэбит буола-буола диэн Маайыс иһигэр кыһыйа санаата. Ама, мин Ыстапааным бу нуучча дьахтарын кытары бииргэ олороро буолуо дуо диэн итэҕэйбэтэ. Баҕар, көннөрү дьукааҕа буолуо дии санаан хараҕын аспыта, дьахтара кини Ыстапаанын кууһуоҕунан- кууһан аҕай турар. «Иди, Танечка, потом поговорим, ладно..?», — диэн, албын саһыл курдук ньылбаардан, сыллаан-уураан атаарда. Маайыс хараҕын аспытыгар, Ыстапаана киһи эрэ буоллар, ыстакааннаах уутун биэрдэ. — Ыстапаан, өйдөөбөтүм ээ. Бу аата тугуй? – били ыстакааннаах уутун киэр аста. — Маайыс... Маайыс, мин бу... — туох да диэн булумуна мух-мах барда. – ити көннөрү кыыс ээ. — Көннөрү диэбит буола-буола. Сибилигин аҕай сыллаан-уураан атаарбатыҥ дуо? Тоҕо сымыйалыыгын? Ойох гынан олорор эбиккин буолбат дуо... Үөрэхпин бүтэрдэрбин эрэ Дьокуускайга көһүөхпүт диэбитиҥ дии... Ханна баарый Дьокуускайыҥ? Тоҕо эн биһигини сити курдук сидьиҥник албыннаатыҥ? Тоҕо..?! Хас сыл күүттүбүт эйигин? Саатар, биир тылы суруйар кыаҕыҥ суох этэ дуо?! Бэйэм үөрэммэккэбин наар эйигин үөрэттэрээри түүннэри-күнүстэри үлэлээн сордоммутум, бу баар дуо махталыҥ?! – дии-дии Маайыс эрэйдээх уйа-хайа суох марылаччы ытаан барда. — Маайыс, Маайыс түксү, ытаама. Киһи сүрэҕин хайытыманы-ый... — Өссө эн сүрэҕин хайдар дуо, дьиккэр? Онтон мин дууһам төһөлөөх ытаабыта буолуой, ити дьахтары көрөн сүрэҕим тохтуу сыста буолбаат... Баҕайы, саатар оҕолоргун аһыммаккын дуо?! — Аһынабын ээ. Дьиэтэ-уота суох буолан ити дьахтарга олоробун ээ. Ханна да барар сирим суох этэ... — Сымыйалаама! Тоҕо үөрэххин бүтэрэн киһилии дьон курдук дойдугар баран хаалбатаххыный? — Онтон манна үлэлээбитэ буолабын дии... — Ханна үлэлээбиккин этэҕин? Үлэлээтим диэн биирдэ эмэ харчы ыыппытыҥ дуо? Суох буолбаат... барытын ити дьахтарга сиэтэ олордоҕуҥ... Акаары... — Маайыс, Маайыс инньэ диэмэниий. Манна сыана ыарахан ээ. Уонна хамнаһым аҥаарын манна дьиэ ылаарыбын уура сытабын. — Ити дьахтарга дьиэ ылан биэрээри уура сытаҕын дуо? Оттон биһиги?! Далай акаары, ити күөх харах эн харчыҥ эрэ иһин бииргэ олорор. Таптаан олороро буолуо диигин дуо?! Өссө ол ууруу харчыгын уорда ини... — Бааҥҥа сытар. Итэҕэйбэт буоллаххына баран көрүөхпүт. Эс, хайдах атын киһиэхэ дьиэ ылан биэриэхпиний. Эһигини көһөрөн аҕалыам этэ буоллаҕа. Манна буолбатах буоллаҕына, Дьокуускайга баҕас олох үчүгэй дьиэ кэлэр кыахтаах... — Ол харчыгын ылыахпыт уонна бүгүн төннөбүт. Онон бүтэр. — Оо, сэгэттэйим сыыһа, аҕыннахпыын. Оннооҕор үөҕэр тылыҥ кытары минньигэстик иһиллэр. Кэлбитиҥ тоҕо баҕас үчүгэйэй... Бэйи эрэ, Маайыс, оттон дьиэм, үлэм? Таня... — Ол-бу буолума... Өссө Танялаах баҕастаах. Сирэйгин-хараххын тырыта тыытыам, саҥаран көр эрэ! *** — Стеш, тетку обратно отправил да? Ты дома? Ты где? В ванной да? У меня сюрпри... – дии-дии Таня туох баар хоһу барытын эргийэн көрдө. Стешата ханна да суох. Таҥас ыйыыр ыскаабы аһан көрбүтэ — кубус-кураанах. Аһыыр хоско кэлбитэ, били «аймах» дьахтар аҕалбыт сүөгэйэ уонна барыанньата турар. Кылана түһээт, астаах иһиттэри муостаҕа түҥнэри садьыйан кэбистэ. Уонна: «Стеша-аа, ты сволочь...», — диэн кылана-кылана ытаан барда. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан