Кэпсээ
Войти
Регистрация
Алтан биһилэх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Алтан биһилэх
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
01.10.2020 14:50
Ыра санаа оҥостубут саҥа кыбартыырабытын бэрт уһуннук өрөмүөннэтэн, дьэ, бүтэрдилэр. Сарсыҥҥыттан сыр-мыр көспүтүнэн барыахтаахпыт. Бастакынан барыахтаах дьоҕус миэбэллэрбитин хайыы-сах дьаарыстаатыбыт. Киһим кураанах хопполорун ыла даачалаата. Суруйар остуолум быардарын сүөкээн, буолар-буолбат кыра “бөхтөрү” бакыаттарга уган бэлэмниибин. Ол олорон дьэҥкир дьоҕус хоппо муннугар салгынтан хараара өспүт чараас алтан биһилэҕим сытарын ылан эргим-ургум тутабын. Хас сыл аастаҕа буолла, ол кэмтэн?! Кэмигэр күндү да этэ. “Этэ” диэн буолуо да, билигин да күндүтүйэн, төһө да бэйэбэр билиниэхпин баҕарбатаҕым иһин, баччааҥҥа диэри быраҕыллыбакка сыттаҕа. Дириҥник үөһэ тыынабын. Бэрт тиэтэллик ойон тураат, бааннаҕа тиэтэйэбин. Тиис суунар бороһуогу ылан диискэ баатаҕа биһэ-биһэ биһилэхпин кылбаччы анньан кэбиһэбин. Мэктиэтигэр, саҥатыгар түһэн, лаампа уотугар күлүмүрдүү түспүтүн астына одуулуубун. Арай... арай дьон истиҥ сыһыана бу киэргэл курдук, кыратык баҕарыаҥ эрэ кэрэх, соттуҥ да саҥатыгар, оннугар түһэ охсор буоллун! Суох. Оннук кыаллыбат. Биһилэхпин аата суох тарбахпар бэрт эрэйинэн киллэрэбин. Бэйэм эрэ буолбатах... тарбаҕым кытта сонообут. Уруккуга “төннөн” дууһалыын сырдыахча буолан иһэн, сүөм түһэбин. * * * Лешка миигиттэн түөрт сыл аҕа этэ да, тоҕо эрэ өйбүнэн-санаабынан баһыйтарбыппын санаабаппын. Кинилиин Доҕордоһуу болуоссатыгар буолар сааскы оһуокай кэмигэр көрсүбүппүт. Аармыйаттан саҥа кэлбит байыаннай куормалаах уолу көрөөт да, тута сөбүлүү көрбүтүм. Анаабыт курдук, оһуокай быыһыгар “тройка” оонньуу үгэннээн турара. Кини биир табаарыһа уоллуун кэлэн, миигин ылбыттара. Өр өтөр буолбатаҕа, уолбутун үөһээ куурус кыргыттара тутан хаалбыттара. Биһиги иккиэйэҕин илии-илиибититтэн тутуһан салгыы хаамар дьолломмуппут. Леша миигиттэн быдан үрдүк буолан саҥарарыгар лаппа төҥкөйөрө. Ааппын-суолбун, ханна үөрэнэрбин ыйытара. Кими да талбакка икки-үс куруугу ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ эргийэ сатаан баран, аттыгар турар ыскаамыйаҕа олорбуппут. Киин улуустан сылдьарын, бэҕэһээ эрэ көтөн кэлбитин эппитэ. Ити күнтэн ыкса доҕордоспуппут. Дьонугар тахсан ыйга тиийбэт кэм буолаат, куоракка олорор убайын тэрилтэтигэр суоппарынан киирбитэ. Онтон аны мин үөрэҕим бүтэ охсон дьиэлиир кэмим кэлбитэ. Арахсыахпытын хайа хайабыт да баҕарбат курдуга. Биһиги табыллыах быабытыгар убайа аах даачаҕа көһөн, үс күн икки хостоох кыбартыыра биһиги көмүс ньээкэ уйабытыгар кубулуйбута. Иккиэ бэйэбит бириэмэни букатын билбэккэ аһарарбыт. Бастакы түүммүт онно буолбута. Кырыллыбытынан кыыс оҕо бастаан куттаныы бөҕө. Улахан кыргыттар сүр ыарыылаах, хаан кэлэр диэн, бэрт кутталлаах гына сүрдээн-кэптээн кэпсииллэриттэн атыны оччолорго ыччат билбэт этим. Ол да буоллар, тапталлааҕым көрдөһүүтүн утарыам дуо. Билиэх-көрүөх да санаа ханна барыай? Бастаан утаа петтининэн бүтэр дьон, ол сарсыарда дьахтардаах эр киһи ыкса сыһыаннарын муҥутуур чыпчаалыгар ыттыбыппыт. Бастаан утаа атахпын кыпчыйан баран, икки аҥыы ыытан быстымаары, хара сор этим. Билигин сонньуйабын. Таптыыр доҕорум сып-сылаас уостарынан ыксарыы-ыксары уоспар сыстан, өр да өр уураабыта. Устунан тылын айахпар киллэрэн-таһааран, дириҥ дьиҥ уураһыыга киирбиппит. Тыынара тыастанан, тыҥаан хаалбыт илиилэрбин киэр силэйэн, тиэрэ сытыаран
эрэрэ... Иһим түгэҕин диэкинэн хаһан да билбэтэх дьикти, кытаанах сылаас, сэрэнэрдии таарыйар-таарыйбат анньан, иһирдьэ киирэн бытаан-бытааннык сууралаан, сэрэнэн-сэрэнэн анньыалаан барбыта. Бастакым буолан, син биир куттанарым, санаабар, кэннибинэн чинэрийэн куотан биэрэн иһэбин. “Тохтоо, тохтоо дии” диэн, быыһыгар ааттаһабын. Оччоҕуна тохтуур. Ол да буоллар туохха эрэ соруммут эр бэрдэ өр куоттара оонньообот буоллаҕа. Буолан баран, мин киниэхэ бастакы буолбатах этим. Ону кэлин өйдөөбүтүм. Оттон оччолорго иккиэммитигэр бастакы курдуга. Дьиибэргиэм иһин, ол күн туох да хаан кэлбэтэҕэ. Оннук айылаах ыарыыны да билбэтэҕим. Киэһэтин, хаһыс да сырыыбытыгар, биллэр-биллибэт биспит этэ. Лешам туох да диэбэтэҕэ. Буолуохтааҕын курдуга. Үс күн кыл түгэнэ курдук бүтэ охсон, мин дойдубар көтөр чааһым бу тиийэн кэлбитэ. Урут да, аны да уйан киһи, кэм да харах уулаах арахсыбытым. Порт киоскатыттан бу алтан биһилэҕи ылан кэтэрдибитэ. “Эн мин кэргэним буоллуҥ. Миигин куруук санаар, күһүн эрдэ соҕус кэлээр. Көрсүөхпүт”, – дии-дии уураан-сыллаан атаарбыта... * * * Межгородкаҕа тиийэн, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ хайаан да эрийэр этэ. Билиҥҥи курдук суотабай сибээс ыра санааҕа да суоҕа. Аныгыскыга хаһан эрийиэҕин этэрэ, оччоҕо ол күн мин төлөпүөннээх дьүөгэбэр барарым. Эрэй диэтэҕиҥ. Оннук уһун сайын мин олохпор, арааһа, хаһан да буолбатаҕа быһыылаах. Көрсүһүүбүт эмиэ “Индия киинэтэ диэн сымыйа” этэ. Уот кыһыл оруоса хас да дьөрбөтүн суулуу тутан, букет оҥотторбутун пуорка илдьэ киирбит этэ. Урукку өттүгэр тута уопсайга айанныыр кыыс, таксинан киһим убайын аах даачаларыгар тиийбиппит. Ахтылҕаннаах, алыптаах көрсүһүү үөрүүтэ онно этэ! Санаабар, биһиги саҕа дьоллоох дьон суоҕа. Бэл, үлэҕэ, үөрэххэ хойутаан, туһунан араллаан буола сыһарын баардылаабатахпыт. Оттуллубат даача халлаан тымныйан, киһи хоноругар сөбө суох буолуор диэри ыал курдук олорбуппут. Ол кэнниттэн тус-туһунан, кини – убайын аахха, мин уопсайбар көспүппүт. Көрсүһэр кэммит, сүрүннээн Лешка үлэтинэн иллэҥэ суох буолара элбээбититтэн, сэдэхсийэн барбыта. Биирдэ кыргыттарым Лешаны хаһыс да төгүлүн массыынаҕа атын кыыһы олордо сылдьарын көрбүттэрин кэпсээтилэр. Кэлээтин кытта ону ыйытааччы буоллум. “Көннөрү доҕордоһобут. Ол бобуллар дуо?» – диэн, киһиҥ, хата, төттөрү ыйытар. Харахпын тиэрбэс курдугунан көрөн баран, “итинник буолар буоллаххына...” диэт, ааны хайа быраҕын тахса турдум. Олоро түһэн баран тахсыбыт этэ. Ол кэннэ ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалла. Сыттык илийэ хонор кэмэ саҕаламмыта. Үөрэхпэр да хаҕым эрэ олорор. Дьүөгэм биир субуотаҕа сэргэхсийэн кэлиэх диэн, киинэҕэ бардыбыт. Онтум... биэс-алта эрээт нөҥүө Лешам биир кырасаабыссаны ыбылы кууһан аҕай олорор эбит... Хайдах тахсан барбыппын, уопсайбар тугунан да тиийбиппин өйдөөбөппүн. Ол кэнниттэн кинини умнарга сананным. Өсөһүм да бэйэм киэнэ. Уруккуттан миигинниин эрийсэ сатыыр, аллараа этээскэ олорор уол баара. Кини ханна ыҥырар да, барсан иһэбин. Ол эрээри ол барахсан олус ытыктабыллаах сыһыаннаах. Эр киһи быһыытынан атаакалыы-хайыы сатаабат.
Арай атаарарыгар сэрэнэн уураан ылар. Биирдэ оннук бакаалаһа турдахпына, арай ким эрэ кэннибиттэн көрөр. Ыраата түһэн баран кэннибин хайыспытым... Лешам турар. Хараҕын көрүө этигит. Кэлэйии, хомойуу. “Били, бэйэтэ ып-ыраас киһи!!” – диэн, боруоста оргуйан кэллим. Кэлэн кэпсэтэ сатаата. Чугаһаппатым. Онуоха киһим: «Дьахтар оҥорбут киһиҥ ити дуо?! Ш... Бэтэрээнэн да эбит»,– диэт, өһөччү көрөн турар. Мин тылбыттан матан хааллым. Биир да тыл сатаан ыгыллан тахсыбата. Кэлэйиим өссө дириҥээн, сүүрэ турбутум... Ити кэнниттэн кинини уонча сыл буолан баран куорат ыһыаҕар көрсүбүтүм. Кэргэннэммитин, икки кыыстааҕын кэпсээбитэ. Кыһыйыам быатыгар, миигин эрэ дьиҥнээхтик таптаабытын, бастакы түүҥҥэ уорба санаа кини сыыһа хардыыны оҥорорго тиэрдибитин билиммитэ. Ол кыыһын буолбакка, атыны ылбыт үһү. Оҕолорун олус таптыыр этэ. Оччолорго ыал буола илигим да, ыал буолбутум быданнаата, уруккунан сирэй-харах анньыбат дьиҥнээхтик таптыыр киһини көрсүбүппүн үллэстибитим. Кини дьоллоох буолуохпар баҕарбыта. Ыраатан баран, кэннибин хайыһан көрбүтүм, сол да миигин сайыспыттыы көрөн турара. Дьэ, ити курдук, эр дьон ардыгар киһи өйүнэн, сүрэҕинэн да ылымматтыы, өйдөөбөттүү быһаарыналлар эбит этэ. Киниэхэ туга тиийбэт этэй? Акаары!!! Мин балыйтарыы абатын билбитим син ааһа быһыытыйан, тоҥ сүрэхпин ириэрэн, атыны таптыыр, эр киһини хаттаан итэҕэйэр дьолу билбиппэр Дьылҕа Хааммар махтанабын. * * * Кылбаччы ыраастаммыт алтан биһилэхпин бэрт эрэйинэн устубутум уонна хаһан да харахпар көстүөн, уруккуну санатыан баҕарбатахтыы, бөх угар иһиккэ элээрдэн кэбиспитим. Саатар, алтан ээ! Көмүстэн атыны иилиммэт буолбута быданнаабыт хотун дьахтар тугун харыһыйдамый? Барбыт – барыахтаах, бүппүт – бүтүөхтээх. Саҥа дьиэҕэ саҥа олох саҕаланыахтаах. Тапталлаах кэргэммин “таҥнаран”, атыны санаабыт, хараастан ылбыт буруйбун билинэн, санаабар, киниэхэ тапталым өссө күүһүрэн кэлбитин билбитим. С.Т.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан