Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хотугу сааһыттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хотугу сааһыттар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
29.07.2021 12:39
Дьоруонтай Кэрэмээһэп диэн Табаҕаттан төрүттээх доҕордоох этим. Иккиэ буолан, хоту тиийэн балыгы батыһа сылдьыбыттар. Улахан балык ыыр, төннөр кэмигэр ол атыытынан үлүһүйбүттэр. Ол сырыыларыттан хоту дойду сирин-уотун, дьонун-сэргэтин туһунан атаспыттан элбэҕи истибитим. Олортон сорҕото умнуллубат гына хатанан хаалбыт. * * * Дойду сиртэн хоту дойду барахсан өлгөм бултааҕынан, дьоно сайаҕастарынан аатырар. Булка олох кыраларыттан сыстаҕастарын, ама, ким саарбахтыай. “Арыт дьиэ үктэлигэр таҕыстыҥ да чугас талахха курупааскылар үрүҥ оҕуруо курдук түһэн олороллорун ытан, күөскүн булунуоххун сөп”,– диэн кэпсээччи. Мин ону урут оонньоон этэр диэн, соччо аахайбат эбиппин. Эбиитин “ааны арыйаат, ытыалыыгын” диэн, омуннаан кэбиһэн, олох да сымыйаргыырым. “Дьиэ муннугар саһан олорон, биир ытыынан хаһы да тэптэрэн ылаҕын. Күннээҕи күөс бэйэтинэн кэлэн биэрэр” диэн буолааччы... Булчуттар ити курдук кэпсээннэрин аҕабар кэлбит оҕонньоттортон элбэхтик истэн турабын. Төһө да кыра буолларбын, син ону-маны өйдөөн истэр эбиппин. Оҕонньоттор кэпсииллэрэ да кэрэхсэбиллээх баҕайы буолара. Сороҕор кэпсии олорон, тура эккирээт, түһэн эрэр хаастары үтүктэн көрдөрөллөрө. Ол да иһин баччааҥҥа диэри өйбөр хааллаҕа. * * * Аҕам суох буолбутун кэннэ, бэйэм хоту дойдуну көрөр чиэскэ тиксибитим. Били, оҕонньоттор кэпсээннэрин соччо итэҕэйбэт киһи, бэйэм омуннаах түгэннэргэ түбэһитэлээбитим. Илэ көрөммүн, саҥабыттан маппытым. Быков тумуһугар Хара Кумах диэн сир баар. Кыра үөт, талах онон-манан үүнэр дойдута. Мас олох аҕыйах. Харах ыларынан нэлэмэн сир. Ол иһин таҥаһы курдары үрэн сирилэтэр күүстээх тыал да тыал. Ол да буоллар сорох сиргэ арыы талах баар буолара. Хойуу талахха курупааскы халыҥ үөрэ түһэн ааһар эбит этэ. Түһэн олордохторуна, бирээмэ хаар түспүтүн курдук туртаһаллара. Мин эмиэ дьоҥҥо көҕүйэн барбытым. Биирдэ саа уларсан үөмэн киирбитим. Сыылан иһэн көрбүтүм, дьоннор номнуо иннибэр киирэн сыталлара. Ыппаттара. Тугу эрэ кэтэһэллэрэ. Холбуу сатыыллар быһыылааҕа. Олохтоох сааһыттар хайдах ыталларын көрөөрү, оҥостон олорбутум. Тохтоон “сойута-сойута” үөмэн, олох түһэн олорор сыырдарын тэллэҕэр диэри ыкса киирбиттэрэ. Кумах сыырга сытан эрэ ол хойуу баҕайытык үмүөрүһэн олорор курупааскылары ытыалаан таммалата оонньообуттара аҕай. Ытталлар да биһиги дойду дьонун курдук өлөрбүттэрин уруйдаан эккирэспэт дьон эбит этэ. Сыталлар. Хамсаабаттар. Ол аата уоскутар быһыылара үһү. Бу курдук үстэ түөртэ кэтэһэ-кэтэһэ ыталлар. Чугаһынан бу курдук арыы талах иккиэйэх эрэ. Килэмиэтир аҥаарын курдук тэйсэн сыталлар. Ыксаабыт курупааскы үргэн, ол арыыга көтөн тиийэн түһэр. Ол аайы сотору буолаат, онно эмиэ саалар тыастара биирдэ-иккитэ иһиллэр-иһиллибэт таһыргыыр. Онтон сотору буолаат, былыт курдук хойуу курупааскы үөрэ бастаан ыттарбыт арыытыгар төттөрү тэлээрэн кэлэр. Бу икки ардыгар умна охсон кэбиһээхтииллэр эбит. Мин кэтээн олорор сааһыттарбар чуо көтөн кэлэн, эмиэ иннилэригэр талахха иилистэ түһэллэр... Дойдубар биир эмэ куртуйах икки атахтааҕы көстөөх сиртэн көрөр, оччо ыраахтан көтөн күпсүйэн хаалар. Манна буоллаҕына ыттара-ыттара, эргиллэн кэлэ турар! Бэркиһээн да төһөнү бэркиһиэм баарай. Көрөн олордохпуна икки арыынан бырахса сылдьан дьонум ыт да ыт. Биир ытыыга аччаабыта иккилиини сууллараллара. Ол да буоллар, хайа муҥун, курупааскылар да сылайдылар быһыылааҕа. Арыылар икки ардыларыгар түһэн хороспуттара. Ону көрөөт, сааһыттар туран, өлө сытар курупааскыларын талах быыһыттан куулга хаалаталаан барбыттара. Киһи соһуйуох, курупааскылар олорбуттарын курдук олорон хаалбыттара! Саа ылбат сиригэр барбах көтө түһэн баран, түһүнэн кэбиһэллэрэ. “Өссө да ытыалыы түһүөх киһи өлөрбүтэ элбэҕиттэн сүрүргээн туран кэллэ дуу” дии санаабытым. Дьэ, таба тутан ытыы, тулуур, көтөр хайдах буоларын билии бэрдэ диэтэҕиҥ! Бэркэ ыталлар эбит этэ. Ыттара олорор курупааскылар өлөн, тиэрэ түһэн, атахтарын иҥиирэ тардыалыы сытар курупааскылары сэргээн көрөр курдуктара. Онтубун, дьэ, улаханы көрбүттээх буоламмын, кэһии оҥостон, уолаттарга кэлэн кэпсиибин. Дьонум олох кыһаллыбаттара. Биһиги ынаҕы ыырбыт курдук саныыллар быһыылааҕа. * * * Кэлин тоҕо бу курдук буоларын быһааран биэрбиттэрэ. Оччолорго курупааскы айанныыр эҥин диэни хантан билиэм баарай. Өрүү эргийэ көтө сылдьан эрдэхтэрэ дии саныырым. Ону баара, дьэ, көтөрүм эмиэ айан бөҕөнү айанныыр эбит. Халыҥ да үөрдээх буола мустан сыҕарыйар үһү. Арыыларга сайын төрөөн-ууһаан, мустан баран ыкса күһүн, саас айанныыр. Оннук арыыттан сылайан киирбит курупааскылары сэриилииллэр эбит. Ол иһин сылайан, олорон биэрэр кэмнэрин билэр буоланнар, тахсан туттумахтаһан эрдэхтэрэ. Анаан оҥостон, тоһуйа сытан ытыалыыллар. Икки арыынан тэҥҥэ ыппаттар. Биир арыыга ытар кэмҥэ анарааҥҥы арыыга чуумпу. Ол иһин холбуу-холбуу таммалата оонньууллар эбит. Оннук курупааскылыылларын Түмэппий оҕонньор үгэ-хоһоон гынан кэпсээтэҕэ. Ийэм эмиэ итэҕэйбэт этэ. Омуннаахтык күлсэллэрин истэ олорон: “Эмиэ тугу-тугу эрдэн эрэргит буолла?!” – диэн сэргээбэт этэ. Киһи илэ көрдөҕүнэ, эт кулгааҕынан иһиттэҕинэ эрэ итэҕэйэр эбит. Маяк Абрамов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан